Кинилэр кыайыыны уһансыбыттара
«Мин күндү төрөппүттэрим туһунан билиһиннэриэхпин баҕарабын.
Үлэ инники кирбиитигэр сылдьыбыт, сэрии кэмигэр түүнү-күнүһү билбэккэ үлэлээбит, ыарахаттары турууласпыт күндү дьоммут бары "Аҕа дойду сэриитин кэмигэр үлэҕэ килбиэнин иһин" мэтээлинэн наҕараадаламмыттар. Олор истэригэр биһиги ийэбит Мария Федотовна Румянцева эмиэ наҕараадаламмыта. Аҕабыт Алексей Михайлович Рожин 1917 сыллаахха Уус Алдан улууһун Дүпсүн нэһилиэгэр колхуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн хара үлэни, тыа сирин кыһалҕалаах олоҕун этинэн-хаанынан билэн улааппыта. Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр техникумҥа үөрэнэн буҕаалтыр идэтин ылбыта. Бастаан Дүпсүҥҥэ колхуоска суотчутунан үлэлээбитэ. Аҕабыт бастыҥ комсомуол, кэлин хомуньуус буолбута, онон ханна аныылларынан үлэлиирэ, инники күөҥҥэ сылдьара. Тустаах үлэтигэр сүрдээх эппиэтинэстээх, бэриниилээх киһи быһыытынан биллэрэ. Ол үлэлии сырыттаҕына ахсааҥҥа дьоҕурдааҕын билэннэр, ыаллыы олорор Найахы нэһилиэгэр оскуолаҕа математика учууталынан анаан ыыталлар.
Саҥа үлэлээн истэҕинэ Аҕа дойду сэриитэ саҕаланар. 1941 сыл күһүнүгэр аармыйаҕа бэбиэскэ кэлэр. Анал быраастар хамыыһыйаларын быһаарыытынан, доруобуйатын туругунан тыылга үлэҕэ ананар. Донбааска таас чох хостооһунугар ыыталлар. Күүстээх хара үлэҕэ, аас-туор олоххо кыайыы туһугар диэн күүскэ үлэлииллэрэ. Кэлин хайдах сылдьыбытын ыйыттахха, олох кэпсээбэт этэ, «туох үчүгэйин истээри гынаҕыт» диирэ. Ол гынан баран тылын тамаҕыттан иһиттэххэ, балачча ыарахан кэмнэри ааспыт. 1946 сыллаахтан колхуоһугар салгыы буҕаалтырынан үлэлиир.
Ол сылдьан ийэбитин Мария Федотовна Румянцеваны көрсөр. Ийэбит Дүпсүн нэһилиэгин Бээди учаастагар Алексеевтар диэн элбэх оҕолоох ыалга 1930 сыллаахха төрөөбүтэ. Кырачаан кыысчааны оҕото суох аймахтарыгар Кэтэриинэ уонна Сөдүөт Румянцевтарга (Куутук) иитиэххэ биэрбиттэр.
Сэрии сылларын оҕолоро... Эмиэ бары ол саҕанааҕы оҕолор курдук аас-туор олох, аччыктааһын, тоҥуу-хатыы, күүһү таһынан үлэ... Кинилэр оонньооботох оҕо саастара аан дойдуга сэрии кутаата күүдэпчилинэ турдаҕына ааспыта. Кырдьаҕастар, дьахталлар уонна кыра оҕолор сэриигэ барбыт оҕолорун, убайдарын, урууларын, биир дойдулаахтарын солбуйбуттара. Уончалаах оҕотуттан ытык кырдьаҕаһыгар тиийэ бары дьаныардаах үлэҕэ туруммуттара. Ама да ааспытын иһин ынырык сыллар эбиттэр. Сэриигэ дьону саанан-саадаҕынан өлөрөр-өһөрөр эбит буоллахтарына, улахан дьон, ол иһигэр кыра оҕолор манна төрөөбүт сирдэригэр-уоттарыгар хоргуйан өлөллөрө-сүтэллэрэ.
Кыайыыны уһансыыга тыа сиригэр тыыл үлэтигэр оҕолор сүрүн күүс буолбуттара. Кыра саастаах оҕолор үлэлэрин тыа сирин оройуоннарыгар олус күүскэ туһаммыттара, ол барыта Кыайыыга туһуланара. Кырдьаҕас оҕонньоттор уонна дьахталлар салалталарынан 10-ча саастаах оҕолор кытта хонуу уонна бааһына үлэлэригэр кытаанах режиминэн үлэлээбиттэрэ. Сэрии кэмигэр ийэбит улахан дьону кытта тэҥҥэ бары үлэҕэ сылдьыбыт. Кыайыы туһугар харыстаммакка, сыралаһан үлэлээбит, ол кэм ыар, сут-кураан сылларын дьарамай санныларыгар сүкпүт, тулуурдаахтык аһарбыт оҕолортон биирдэстэринэн кини буолар.
Аҕалаах ийэбит 1949 сыллаахха сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолан, 9 оҕону төрөтөллөр, улаатыннараллар. Кинилэр оҕону иитиигэ уопуттарын туһунан «Норуот педагогикатыгар тирэҕирэн» диэн Үөһээ Бүлүү улууһун 2008 сыллааҕы Чиряевскай ааҕыыларынан 2013 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэҕэ «Олох дьолун түстээбит мин төрөппүттэрим» диэн дакылааты ааҕыаххытын сөп (Ааптар суруйуутугар).
1965 сыллаахха аҕабын Уус Алдан оройуонун «Найахы» отделениетыгар кылаабынай буҕаалтырынан аныыллар. Манна биэнсийэҕэ тахсыар диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ.
Төрөппүттэрбит дьоллоох, эйэлээх олоҕу түстээн хаалларбыттарын кэнчээри ыччаппытыгар кэпсиир, кинилэринэн киэн туттарбытын, таптыырбытын, махтанарбытын биллэрэр — биһиги ытык иэспит»,— диэн ийэлээх аҕатын туһунан кэпсээнин түмүктүүр орто кыыстара Галина Алексеевна Чукрова (Рожина), СӨ Үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Учууталлар учууталлара, Үөһээ Бүлүү Дүллүкү нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Уус Алдан улууһун Найахы нэһилиэгин социальнай-экономическай сайдыытыгар кылаатын иһин анал бэлиэ хаһаайына, СӨ уопсастыбаннай түмсүүлэр үлэлэрин сайдыытын өйүүр «Эйгэ» уопсастыбаннай тэрилтэ бырабылыанньатын чилиэнэ, «Норуот билиниитэ» бэлиэ хаһаайына, СӨ “Дууһабытынан эдэрбит” эрэгийиэн киинин үрүҥ көмүс волонтера, Найахытааҕы “Утум” уопсастыбаннай түмсүү салайааччыта.
Рожиннар оҕолоро бары үөрэхтээх, үлэһит дьон буолан, Сахабыт сирин араас улуустарынан, Найахынан ыал буолан түөлбэлээн олороллор. Күн бүгүн 8 оҕолоро, отучча сиэннэрэ, биир оччо хос сиэннэрэ кинилэр олохторун салгыыллар, Кыайыыны уһансыбыт, эйэлээх олоҕу тутуспут төрөппүттэрин, эһэлэрин, эбэлэрин Алексей Михайлович уонна Мария Федотовна ааттарынан киэн тутталлар.
Сырдык ыллык үктэллэнэн, күүстээх санаа үрдэллэниҥ диэн баҕа санаам бастыҥын этэн, ахтыыны бэчээккэ бэлэмнээтим.
Кулун тутар 29 күнэ 2020 сыл.
Найахы нэһилиэгэ Уус Алдан улууһа