Кини барыбытыгар “күөх уот” этэ...
Кини чахчы да килбиэннээх олоҕу олорон, килбиэннээх үлэни үлэлээн кэлбитэ. Быйыл, алтынньы 7 күнүгэр 65 сааһын туолуохтаах этэ. Арай, баара буоллар... Төһөлөөх элбэх киһи, чугас дьоннорун сүтэрбиттэр “баара буоллар” диэн тыллары кыһыйан-абаран, хоргутан, сонньуйан этэллэрэ буолла. Оннооҕор мин 11 сааспар суох буолбут аҕабын, билигин баара буоллар диэн испэр оҥорон көрөбүн, сиэннэрин, хос сиэннэрин көрөн үөрэн, төһө эрэ дьоллонуох этэй дии саныыбын.
Федот Федотович Пермяков, биһиги күндү күтүөппүт, улахан эдьиийбит баар-суох тапталлаах кэргэнэ, Уус Алдан улууһугар 1955 сыллаахха Суоттуга күн сирин көрбүтэ.
Федот Федотович тыа хаһаайыстыбатын ханнык да салаатыгар үлэлээтэр улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьара. Кини олоҕун тиһэх күннэригэр диэри звено, биригээдэ салайааччытынан үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини дойдутугар, үлэтигэр бэриниилээх, чахчы патриот этэ.
Дьылҕа Хаан ыйааҕын кытта сорох түгэннэргэ киһи сөбүлэспэт. Үчүгэй буоллун, куһаҕан кэллин, дьылҕабыт оннук ыйдаҕа диибит. Оттон күөгэйэр күнүгэр сылдьар, билигин даҕаны оту-маһы кытта тустан, сүүрэ-көтө, үлэтин боппуруостарын, дьиэтин-уотун тэҥинэн салайа сылдьыбыт киһи орто дойдуттан барыыта кими баҕарар хомотор, соһутар, ытатар.
Биһиги күтүөппүт Федот Федотович Пермяков, олус эдэр сааһыгар баара-суоҕа 53-гэр, бу орто туруу бараан дойдуттан барбыта. Кини биһиэхэ күтүөт эрэ быһыытынан буолбакка, аҕа табаарыспыт, убайбыт, аҕабыт да курдук оруолларга сылдьыбыта.
1982 сылы көрсөр сылбытыгар, Сана дьылга күтүөт кэлэр диэн буолла. Мин онно 6-с кылаас оҕото этим. Убайым аах, Костялаах, кэргэнин Света дьонугар Баатаҕайга илдьэ барбыттара. Онон күтүөтү көрбөтөҕүм. Арай, дьиэбэр кэлэн баран эдьиийбиттэн: "Төһө кыраһыабайый?" - диэн ыйыппыттаахпын. Оҕоҕо ол эрэ наада буоллаҕа. Сөдүөтү билэр дьон кини кыраһыабайыгар улаханнык наадыйбат буолуохтаахтар. Ол оннугар кини киһи быһыытынан үлэһитэ, аламаҕайа, көмөҕө кэлэ охсоро, сүбэтэ-амата кини кыраһыабай буолуохтааҕын сүүс төгүл барытын солбуйбута буолуо дии саныыбын.
Сөдүөт хайа күтүөт буолуоҕуттан барыбытыгар сөбүлэтэн барбыта. 1982 саас, бастакы кыыс оҕолоро Саргы күн сирин көрбүтэ, мин онно алтыс кылааһы бүтэрбит оҕо, Саргыбын көрө сайылыы диэн, эдьиийбэр көмөҕө утаарыллыбытым. Сөдүөт уhун сайыны быһа оттуу барара. Эдьиийим ардах түһэрин наһаа кэтэһэр этэ, оччоҕо оччуттар дьиэлэригэр кэлэллэрэ. Сөдүөт кэллэҕинэ бырааһынньык курдук буолара, дьиэлэрин иһэ олохтоох кулууптан итэҕэс буолбат этэ. Ол курдук, баян, гитара тыаһа, ырыа-тойук түүҥҥэ диэри ньиргийэрэ. Сөдүөт “Аҕынным даҕаны дьоннорбун" диэн ырыаны ыллаатаҕына, мин хоско киирэн ийэбин ахтан ытыырбын өйдүүбүн. Бэйэм да ыал кыра оҕото буоларым таһынан, дьиэбиттэн аан бастаан тэйиим буоллаҕа.
Мин Суоттуга дьүөгэлэрдэммитим, хоспоххо ыаллаах буола оонньуурбут. Күтүөтүм хаһан да туохха да аккаастаабат, хаһан да оҕону мөхпөт этэ. Кыһыҥҥы сынньалаҥмар кэллэхпинэ кини ДТ-75 тыраахтарыгар олорсоору гаражка барсарым. Мин саҕа дьоллоох киһи суох буолара! Онно тиийэн күтүөтүм уолаттары кытта кэпсэтэр, тута кэлбэт, мин онно аттыттан арахпакка сылдьабын. Онтон дьэ биир эмэ массыына дьиэбитигэр аҕалан биэрэр. Гараж да чугас быһыылаах этэ, аҕыйах миэтэрэни олорсоору киэһэ хойуут да буоллун, атаахтаан барсарым.
Биирдэ сааскы каникул кэннэ, атын тиэхиньикэ көстүбэккэ "Беларусь" тыраахтарынан Кэптэнигэ аҕалан биэрбиттээх. Ол курдук, оччоттон баччаҕа диэри, кэлин ыал да буолбуппут кэннэ Суоттуга хаһан да хаайтаран сыппыппытын өйдөөбөппүн. Сөдүөт куруук сүүрэн-көтөн, кими эрэ кэпсэтэн тиэхиньикэ, массыына булан баран тэйэрэ.
Суоттуну “эһиги базаҕыт" диэн ааттыыра. Дойдулаан, куораттаан да иһэн хайаан да тохтоон ааһабыт, эдьиийбит минньигэс аһын аһаан баран биирдэ айанныыбыт.
Сөдүөттээх Роза наһаа элбэх эрэллээх доҕоттордоохтор, билигин да сибээстэрин быспаттарыттан үөрэбит эрэ. Кинилэр доҕотторо бићиэхэ эмиэ күндү дьон, ыал буолаллар. Ханна да көрүстэрбит кэпсэтэн, сонун үллэстэн ааһабыт. Уопсайынан, Сөдүөт дьону түмэр ураты талааннааҕа. Кини дэлэй кэпсээнэ, ырыата-тойуга хаһан да бүппэтэ. Киирбит киһини хаһан да чэйдэппэккэ ыыппаттар, дьиэ иһэ куруук толору киһи, оҕо-аймах буолара. Ол үгэс билигин да халбаҥнаабакка тутуһуллар.
Өссө биир түгэни санаан ааһыахпын баҕарабын. Эмиэ оҕо сылдьан этэ, табаарыһа Мэхээньик Миисэ “Ниватынан” Кэптэниттэн биһигини ыла кэлбиттэрэ. Суоттуга диэри алаастарынан барбыппыт. Биһиги айаммыт куруук түүн буолара. Ийэбит онно мөҕүттэр этэ, Сөдүөт түүннэри сылдьарыттан. Оттон, күннээҕи үлэтин-хамнаһын бүтэрэн баран кэлээхтиир буоллаҕа. Ол айаннаан иһэн наһаа элбэх куобаҕы бултаабыттарын өйдүүбүн. Сотору-сотору иккиэн күүдэпчилэнэ түһэллэр, омуннара-төлөннөрө да дьикти, тохтуу-тохтуу куобахтары түҥнэри ытыалыыллар. Бэрт көрүдьүөс, байанайдаах айан буолта.
Сөдүөт үлэһититтэн киһи эрэ сөҕөрө, куруук ыксыы, дьаһайа сылдьар, дьиэҕэ биирдэ олорон-сытан ылбат, этэргэ дылы "хонор хоноһо, сылдьар ыалдьыт" буоллаҕа. Кини элбэх оҕону, ыччаты үлэҕэ үөрэппитэ саарбаҕа суох. Аны сүбэлиирэ-амалыыра, ким эрэ тугу эмит көрдөстөҕүнэ аккaaстaммaтa. Чугас дьонугар, аймахтарыгар, табаарыстарыгар төһөлөөх үтүөнү оҥорбутун киһи ааҕан сиппэт буолуохтаах. Суотту аҥаара доҕоро-атаһа, аймаҕа этэ, оччолорго... Аны ол дьон тус олохторун кытта оҥорсорун таһынан, оҕолоругар, сиэннэригэр тиийэ туох кыһалҕалаахтарын барытын быһаарсара. Уопсайынан, биһиги Сөдүөппүт Таҥараттан дьоҥҥо көмөлөһөргө айыллан кэлбит курдук саныырым. Онтугар тугу да махталы көрдөөбөт, буолуохтааҕын курдук саныыра. Суотту дьонугар көмөлөһөр киһи, бићиэхэ аймахтарыгар төһөлөөх элбэх үтүөнү-өҥөнү оҥорбута буолуой? Оҕо эрдэхпититтэн куруук баар киһибит суох буолбутуттан тулабыт иччитэхсийбит курдук буолбута. Билигин дьэ оҕолоругар, сиэннэригэр төһөлөөх көмө буолуо этэй? Этэргэ дылы, туора дьоҥҥо тиийэ көмөлөһөн баран, сиэннэрин, оҕолорун үөрүүлэрин үллэстибэккэ барбыта олус да кыһыылаах. Аны кини хаһан да "Кубаларын көтүппэт", "Тус хотутун" тардан кэбиспэт. Билигин биирдэ эмит муһуннахпытына, Сөдүөппүт таптыыр ырыаларын уйадыйа ыллыыбыт. Кини айылҕа биэрбит ураты куоластааҕа. Ханна да сырыттын ыллыы-туойа сылдьара, байааҥҥа, гитараҕа олус үчүгэйдик оонньуура.
Кини төһө да буулаҕа бухатыыр көрүҥнээҕин иһин олус уйан дууһалааҕа, сымнаҕас майгылааҕа. Мин атаах буолан, кыратык дьээбэлээтэҕинэ өһүргэнэ охсорум, сороҕор утары да саҥарарым. Онуоха аҕа киһи быһыытынан дьарыйар, сэмэлиир диэни билбэтэ, күлэн эрэ кэбиһэрэ. Кэргэммин Баһылайы кытта олус эйэлээх, убайдыы быраат курдук биллэхтиилэр этэ. Иккиэн олус тапсаллара, биири толкуйдууллара. Кэргэним бастаан күтүөт буолан кинилэр боруоктарын атыллаабыта. Эдьиийим сүүрэн-көтөн, кэпсэтэн-ипсэтэн кыракый көрсүһүү, билсиhии тэрийбиттэрэ. Онно, хомойуох иһин, Сөдүөт Кэбээйигэ от тиэйэ сылдьар буолан сатаан кэлбэтэҕэ.
Паром үлэһиттэрин кытта табаарыстаһарын билбэт киһи суох буолуохтаах. Паром хоҥнон баран, Сөдүөт массыыната иһэрин көрөн төннүбүт түгэннэрэ элбэҕэ. Кини оннук элбэх табаарыстардааҕа диэн өссө төгүл хатылаан этэрбин баалаамаҥ.
Оскуола кэннэ Суоттуга кэлэн үлэлии сылдьар эдэр киһи үҥкүүгэ барарым. Уолаттар Сөдүөт балта диэн билсэллэрэ. Кинилэргэ Сөдүөт диэн аат элбэҕи этэрэ. Ким да атаҕастаабата, бары ытыктыыллара көстөрө, дьиэбэр тиийэ этэҥҥэ атааран биэрэллэрэ.
Сөдүөт уопсайынан нууччалыы эттэххэ, "мировой парень, душа компании" этэ диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Билигин кинини суохтуур киһи элбэх буолуохтаах. Ыарахан ыарыыга ыалдьа сылдьан хара күүһүнэн айанныыра, элбэх дьыаланы быһаарсыбыта, куруук үлэтин туһунан саныыра. Олус күүстээх санаалааҕа. Куоракка онкологическай балыыһаттан аккаастанан тahaaрбыттарыгар, кирилиэһи нэһиилэ түһээхтиир киһи этэ, уһаабат диэбиттэрэ. Мин хараҕым уутун нэһиилэ кыатана-кыатана кэннилэриттэн испитим. Уһаабат диэбит киһилэрэ эдьиийим көрүүтүнэн-истиитинэн массыына уруулугар олорбута, куоратынан-тыанан өссө да балайда сылдьыбыта.
Күтүөтүм барахсан бу орто дойдуттан барыаҕыттан биһиги аймахха элбэх уларыйыы буолла. Аҥаардас бэйэтигэр элбэх сиэн эбилиннэ, биһиги эмиэ эһээ, эбээ буоллубут. Сөдүөт баара буоллар, бу үөрүүлэргэ барытыгар кыттыһыахтаах этэ. Ол да буоллар кини үтүө санаата үөһэттэн барыбытын араҥаччылыы, көрө-истэ сылдьара буолуо диэн бүк эрэнэбит. Үчүгэй киһи үтүөтэ хаһан да умнуллубат, кини билигин ырай олоҕор тиийэн эмиэ үлэлээн-хамсаан бурҕачыта сылдьара буолуо диэн испитигэр саныыбыт.
Тапталлаах күтүөтүм, Сөдүөтүм, эдьиийим тапталлаах кэргэнэ, сиэн оҕолорум ытыктыыр аҕалара, эһэлэрэ, эн сырдык аатыҥ биһиги сүрэхпитигэр куруук тыыннаах сылдьыаҕа.