22.01.2023 | 13:00

Ким үлэлиир — ол сыаналанар

Суруналыыстар ардыгар көмүс хостооччулар курдукпут. Кимиэхэ да биллэ-көстө илик норуот барҕа баайын – талба талааннаахтары, үлэһит үтүөлэрин булан, киэҥ эйгэҕэ таһаарабыт. Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ сыла биллэриллибититтэн, туруу үлэһит дьону сырдатар буолбуппутуттан олус үөрдүбүт.
Ким үлэлиир — ол сыаналанар
Ааптар: Айыына КСЕНОФОНТОВА
Бөлөххө киир

Кинитэ суох сатаммаппыт

Бу санаатахха, кини сыралаах үлэтин оҕом уһуйааҥҥа сылдьар кэмигэр бэлиэтии көрбүт эбиппин. Кыһыҥҥы сарсыарда  кырачааммын тапталлаах уһуйааныгар салаасканан соһон кэлэрбэр олбуору ыраастааччы ат сүүрдэр киэҥ-куоҥ тиэргэн хаарын кичэллээхтик күрдьэн, киирэр үктэллэри сиппийэн хайыы үйэ барбыт буолара. Бу хас чааска туран үлэлии кэлэрий? Тоҕо хаһан да көстүбэтий? Оҕолор тэлэкэчийэ көтөр тэлгэһэлэрэ кыһыннары-сайыннары оннук ырааһа.

Ыал хайдаҕа тиэргэниттэн көстөр дииллэринии, уһуйаан туһунан сырдык өйдөбүл киирэр аантан саҕаланара. Ити курдук хас биирдии тэрилтэҕэ харах далыгар сылдьыбат, ол эрээри кинилэрэ суох кэлэктиип сатаммат дьоно баар буолар. Үксүн олус сэмэйдэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсэнэллэрин сөбүлээбэттэр, биллэ-көстө сатаабаттар. Бүгүҥҥү сэһэргэһээччибит биир оннук. Георгий Халдеев – Дьокуускай куорат 51 №-дээх “Кэскил” уһуйаанын тумус туттар үлэһитэ. “Георгийа суох биир да күн сатаммаппыт, туох баар кыһалҕабытын быһаарааччы, үүтү-хайаҕаһы бүөлээччи киһибит – кини”, – дииллэр бииргэ үлэлиир дьоно.

Ыал улахан оҕото, дьиэ кэргэн аҕа баһылыга

Киһи диэн кинигэ кэриэтэ. Кэпсэтэн истэҕиҥ аайы саҥаны билэҕин. Дьоруойбут олоҕо эмиэ оннук. 

Георгий Романович Халдеев 1958 сыллаахха Уус Алдан улууһун Тумул бөһүөлэгэр күн сирин көрбүтэ. Быйыл, этэҥҥэ буоллаҕына, бэс ыйыгар 65 сааһын туолуохтаах.

– Ыал улахан оҕотобун. Бииргэ төрөөбүттэр төрдүөбүт, бары үрдүк үөрэхтээх дьоммут. Балтым Анна Романовна Алексеева Тумул орто оскуолатыгар завуһунан үлэлиир, икки оҕолоох, икки сиэннээх. Быраатым Роман Романович Халдеев Мэҥэ Хаҥалас Маттатыгар олорор, спортивнай оскуолаҕа волейбол тренеринэн үлэлээбитэ, билигин доруобуйатынан тохтообута, түөрт оҕолоох. Аччыгый балтыбыт Акулина Романовна Дьячковская Усуйаана улууһун Депутатскай бөһүөлэгэр кийиит буолан тиийбитэ, онно улуустааҕы Үөрэх управлениетын сэбиэдиссэйэ.

Кэргэним Татьяна Дмитриевна Сунтаартан төрүттээх, Дьокуускайдааҕы сервис техникумугар дириэктэри солбуйааччынан үлэлиир. Икки уоллаахпыт. Улахаммыт Георгий Казахстаҥҥа олорор, Омскай тэрилтэтигэр үлэлиир, кэргэннээх, биир оҕолоохтор. Аччыгыйбыт Дмитрий “Якутскэнерго” үлэлиир, кэргэннээх, кыыс оҕолоохтор.

Бэйэм идэбинэн үлэ учууталабын. Бастаан Дьокуускайдааҕы 1-кы №-дээх СПТУ-ну бүтэрбитим, онтон Томскайга үөрэттэрэ ыыппыттара,  “производственнай үөрэх маастара” идэни баһылаан кэлбитим уонна училищебар маастарынан үлэлээбитим. Ол кэмҥэ СГУ иһинэн үлэ учууталларын бэлэмниир кэтэхтэн үөрэх аһыллыбыта. Биһигини Үөрэх управлениета эксээмэнэ суох быһа киллэрбитэ. Кэтэхтэн үөрэммит бастакы выпускпут. 25 буолан бүтэрбиппит.

Салайааччы суолун талбатаҕым

Мин санаабар, оҕону үлэнэн иитэр үчүгэй. Тыа сиригэр улааппыт дьон кырабытыттан дьиэ ис-тас үлэтигэр сыстыбыппыт. Балбаах тиэйиитэ, муус таһыыта, мас кыстааһына, хаар күрдьүүтэ, от бэлэмнээһинэ – үлэбит элбэҕэ. Хотоҥҥо субуотунньуктарга үгүстүк тахсарбыт, араас дьуһуурустубалар тэриллэллэрэ.

7-8 кылааска “Водовоз” массыына суоппарыгар көмөлөһөөччүнэн үлэлээбитим. Аҕам нэһилиэккэ бастакы суоппар этэ, ол иһин кыра эрдэхпиттэн бу идэни баһылыахпын баҕарарым. Аармыйаҕа сулууспалаан кэлээт, суоппарга үөрэммитим, оҕо сааһым ыра санаатын толорбутум.

9-10 кылааска оскуолаҕа хомсомуол сэкирэтээринэн үлэлээбитим. Мунньах, тэрээһин, субуотунньук элбэҕэ. Оскуоланы бүтэрэрбэр райкомол бастакы сэкирэтээрэ Василий Васильевич Баишев ыҥыран ылан инструкторынан үлэлэппитэ, Москваҕа хомсомуол оскуолатыгар үөрэттэрэ ыытар былааннаах этэ. “Миэнэ буолбатах” диэбитим, сөбүлээбэтэҕим, салайааччы суолун талбатаҕым.

Таптыыр үлэм – мин үөрүүм

 “Кэскил” уһуйааҥҥа 2005 сыллаахха кэлбитим, ол эрээри атын сиргэ үлэлиир буолан, манна эбиэттэн киэһэ сылдьарым. 2012 сыллаахха саҥа уһуйаан тутуллубута. Онно сэбиэдиссэйим ыҥыран, официальнайдык үлэҕэ ылбыта. Бастаан олбуору ыраастааччынан, оробуочайынан сылдьыбытым. Билигин “рабочий по обслуживанию здания” диэн дуоһунастаахпын. Өрөмүөн, миэбэли көрүү-истии, оҥоруу, тэрээһиннэргэ киэргэтии үлэтэ. Ону сэргэ, бөлөхтөргө туох наадатын, тугу көрдөһөллөрүн оҥорон биэрэбин – оонньуур, олоппос, остуол уо.д.а. Күн солото суох курдукпун, сороҕор өрөбүлгэ кытта кэлэбин. Уурайаары куттаатахпына, ыытымаары гыналлар. Син наадалаах буолан сылдьабын быһыылаах (сэмэйдик күлэр).

Таптыыр үлэм – мин үөрүүм. “Кэскилбэр” бырааһынньык курдук кэлэбин. Уһун өрөбүллэргэ, уоппускабар үлэбин ахтабын. Оҕо эйгэтэ ураты үчүгэй. Кэлэктииппин олус сөбүлүүбүн, мэлдьи өйүүллэр. Тугу көрдөһөллөрүн, этэллэрин оҥоробун. Миэбэли көрө сылдьан өрөмүөннүүбүн. Бөлөхтөргө дьоҕус төгүрүк остуоллары, олоппостору, оҕолорго оонньуурдары оҥорбутум. Холобур, хабылык, хаамыска, тырыыҥка, “Тыксаан”, “Күөрчэх”. Дьоҕус станоктаахпын, үнүстүрүмүөн бөҕө ылан биэрбиттэрэ, онон үчүгэй. Көтүмэх үлэни сөбүлээбэппин. Оҥорбутум үйэлээх, киһи санаатыгар киирэр буолуохтаах. Ис испиттэн кыһаллан, хаачыстыба туһугар үлэлиибин.

Үс доҕорбор беседка оҥорбутум. Харчы туһугар үлэлиирбин сөбүлээбэппин, кыаҕым баарынан, тугу сатыырбынан көмөлөһөбүн. 60 сааспар уһуйааным тиэргэнигэр ураһа туппутум. Быйыл үбүлүөйбэр эмиэ тугу эрэ толкуйдуом. Былырыын таһырдьа саад оҥорон саҕалаабыппыт, сайын водопад туруоруохтаахпыт.

Мин худуоһунньук, улахан уус буолбатахпын, геометрияны туһанабын. Оскуолаҕа черчениеҕа Федот Иванович Васильев диэн олус үчүгэй учууталга үөрэммитим. Араас олимпиадаларга кыттарым, өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада финалыгар иккитэ ыҥырыллыбытым. Учууталбыт дьиэтигэр кытта бэлэмниирэ. Ол билиибин билиҥҥэ диэри олохпор туһанабын.

– Биһиги уһуйааҥҥа эрдэ кэлэрбит ээ. Эн хайыы үйэ хаары күрдьэн, тиэргэни ыраастаан барбыт буоларыҥ. Хас чааска үлэлии кэлэр этигиний?

– Ол саҕана оруобуна Залог оройуонугар дьиэ ылан көспүппүт. Хаар түһэр күнүгэр үлэбэр сарсыарда 5 чааска сатыы кэлэрим. Сарсыардааҥҥы салгын ырааһа, чэбдигэ, олус үчүгэйэ. Дьон кэлиэхтэрин иннинэ хайаан да суол таһаарыахтаах буоллаҕым дии.

Волейболлуу ойобун

– Ааспыкка киэһэ хойут: “Спортзалтан саҥа кэлэн бассаапкын көрдүм”, – диэбиккэр соһуйбутум. Ханна дьарыктанаҕын?

–  60 сааспыттан “Спорт – жизнь” диэн волейбол бөлөҕөр сылдьабын. Алена Аммосова, Константин Чичигинаров мунньаллар, күрэхтэһиилэри тэрийэллэр. Бэйэбит грамота, мэтээл оҥорторобут. Быйыл номнуо икки күрэхтэһии буолан ааста. Икки мэтээллэнним, сыл саҕаланыыта үчүгэй (мичээрдиир).

Бөлөхпүтүгэр 70-тан тахсыбыт дьон кытта бааллар. Бэл диэтэр, Хатастан дьарыктана кэлэллэр. Кинилэри холобур оҥостобун. Сорохтор Бэтэрээннэр өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэригэр бэлэмнэнэ сылдьаллар. Нэдиэлэҕэ икки күн “Кыайыы 50 сыла” спорт дыбарыаһыгар, бээтинсэҕэ 35-с №-дээх оскуолаҕа, өрөбүлгэ сибээс колледжыгар дьарыктанабыт. Ону таһынан дьиэбиттэн чугас 3-с №-дээх оскуолаҕа эдэрдэри кытта оонньуубун. Нэдиэлэҕэ биэс күн иккилии чаас эрчиллэбин. Тобугум ыалдьар, инфарктаабытым. Онон аргыыйдык сылдьабын, бэйэм баҕабынан дьарыктанабын. Ол да буоллар киэһэ аайы волейболлуу ойобун. Саалаҕа киирдэхпинэ, туохпун барытын умнабын.

Үлэтэ, хамсаныыта суох сатаммаппын.  Сайын уоппускабар дойдубар оттуу тахсабын. Балтым аах сүөһүлээхтэр. Урут уолаттарым оҕо эрдэхтэринэ илдьэ барарым, билигин үлэһиттэр, онон уоппуска ыллахтарына эрэ сылдьыһаллар. Төрөөбүт дойдубар күүс-сэниэ эбинэн кэлэбин. Эһэм дьиэтэ баар, соло буолан өрөмүөннүү иликпин, балаҕан туттар баҕа санаалаахпын. Уоппускам кылгас, сороҕор бүтэ илигинэ ыҥыраллар. Күһүөрү уһуйааҥҥа өрөмүөн саҕаланар, үлэ элбэх.    

Дьоллоох киһи диэн кимий?

Георгий Романович иллэҥ кэмигэр кроссворд, филворд, кейворд таайарын сөбүлүүр. Хаамарын туохтааҕар да ордорор. Үксүн сатыы сылдьар. Быраастар хамсаныҥ, күҥҥэ 10 тыһыынча хаамыыны оҥоруҥ диэн сүбэлэрин тутуһар. Аһын-үөлүн көрүнэр, балык, быыппах (бэйэлэрэ оҥостоллор), күөрчэх, лэппиэскэ, оҕуруот аһа кини остуолугар хайаан да баар буолар.

– Үлэлии үөрэммит киһи ханнык да ыарахантан чаҕыйбат. Ким үлэлиир – ол сыаналанар. Үлэ барыта үчүгэй. Холобур, ити ыраах айаҥҥа сылдьар суоппардары ылан көрүҥ. Уһуйааннар оҕо туһугар үлэлииллэр. Барыта норуот, сайдыы туһугар. Үлэ дьонун өрө тутуохха, айхаллыахха наада. Харчы эрэ туһугар хамсанар киһи туһаны аҕалбат. Ис сүрэҕиттэн үлэлиир эрэ киһи дьоллоох дии саныыбын, – диэн Георгий Романович кэпсэтиибитин түмүктүүр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....