Ким доҕордоох — ол дьоллоох!
Бу ырыа тылларын ааспыт үйэ оҕото, ыччата бары да билэр этибит. Ким иилэ хабан ылбат буолуой “Аахса барбаппыт атын омук диэн” ырыа саҕаланна да кылааһынан, остуолунан, ансаамбылынан ыллыырбытын. Бу ырыа күүстээх тыллара биһигини, оччотооҕу сэбиэскэй кэм оҕолорун түмпүтэ, сомоҕолообута, үрүҥ, хара диэн арахсыы суох этэ. Сойуус оҕолорун кытта суруйсуу муода этэ. Мин Азербайджан өрөспүүбүлүкэ Баку куорат кыыһын кытта балачча суруйсубуппут, почтанан баһыылка ыытыһарбыт, “Солнечный Азербайджан” диэн кинигэтэ билигин да баар.
Мин бүгүҥҥү балаһабар дьахтар киһи буоларым быһыытынан дьүөгэ туһунан кэпсэтээри гынабын. Бэйэм олохпор, эдэрбэр, орто сааспар диэххэ сөп, олус элбэх дьүөгэлээх этим. Кыратык билсибит киһибин “подругам” дии охсорум. Кэлин дьиҥнээх доҕор, дьүөгэ диэни атыннык сыаналыыр буоллум. Онон эрэллээх кыргыттарым, этэргэ дылы, разведкаҕа барыан сөптөөх, бойобуой табаарыс да дэнэр ахсааннаах дьүөгэлээхпин. Ол эрэн эрэнэбин, кинилэр миигин хаһан баҕарар сүүспүттэн, кэтэхпиттэн өйүөхтэрэ, күнүс буоллун, түүн буоллун, куһаҕаммар, үчүгэйбэр тэҥҥэ сылдьыахтара, сүүрэн кэлиэхтэрэ диэммин чахчы ис сүрэхпиттэн этэбин.
Хаһан эрэ 20 сыл анараа өттүгэр билсибит дьүөгэм холодильникка сыһыарар магнитка бэлэхтээбитэ: “Старый друг, лучше новых двух” диэн суруктаах. Хайдах эрэ ис хоһоонугар улахан суолтабын уурбатаҕым. Билигин дьэ кэлэн өйдөөтүм, бииргэ ууга-уокка сылдьыбыт дьүөгэлэрим, эн-мин дэсиһэн, үлэлээн-хамсаан, ыараханы тэҥҥэ туораабыт доҕор кыргыттарым быдан эрэллээхтэрин, хаһан да түһэн, таҥнаран биэрбэттэрин. Ол курдук ити дьүөгэм бэлэхтээбит муударай тыллардаах магниткатын тэлэбиисэргэ тугу да көрөрүм суох буоллаҕына, урукку, хал буолбут киинэбин хаттаан көрдөхпүнэ олус астынабын, урукку доҕорбун көрсүбүт курдук сананабын, уонна, биллэн турар, дьүөгэм бэлэхтээбит магниткатын саныы түһэбин.
Мин олохпор үтүө доҕоттору, дьүөгэлэри, кыргыттары көрсүбүтүм. Барыларын кытта алтыһабын, билсэбин диир кыаҕым суох. Бэйэм да соччо наһаа аламаҕай, элэ-сала көтө сылдьар киһи буолбатахпын. Ол эрэн истиҥ, чугас киһибэр хаһан баҕарар көмөлөһөр, сүбэ-ама буолар кыахтаахпын, туох кыалларын-кыаллыбатын барытын оҥоруохпун сөп.
Оскуола эрдэхтэн биир дьүөгэлээхпин. Кинилиин 9-с кылааска, кини учаастактан үөрэнэ кэлбитигэр билсибиппит, тута өйдөһөн дьүөгэлии буолбуппут. Ол курдук күн бүгүн да сибээспитин быспаппыт, истиҥ дьүөгэлиибит. Аны туран, табаарыстарбыт соһуйуохтарын иһин биирдэ эмит билсэбит, төлөпүөнүнэн кэпсэтэбит. Оҕолорбут ыйыталлар, “хайа төһө билсэҕит, кэпсэтэҕит, хайдах олороллор, оҕолоро, сиэннэрэ?” диэн. Онуоха хаһан бүтэһикпин кэпсэппиппин сороҕор өйдөөбөппүн. Аата, дьиибэтин дэһэллэр. Дьэ, оннук дьүөгэлиибит биһиги. Сыл устата үстэ-түөртэ да кэпсэтиэхпитин сөп. Ол оннугар чааһы-чааһынан сэлэһэбит. Бэйэбит да күлсэбит ээ, эмиэ да олус дьүөгэлиибит, эмиэ да кыыһырсыбыт дьон курдук кэпсэппэккэ сылдьабыт. Кини дэриэбинэҕэ олорор, сайын дойдубар таҕыстахпына “кэл” диэтим да, суолга да туран кэлэн тэйэр. Оннооҕор куоракка ыҥырабын, киэһэ кэпсэтэ олорон: “Хата сарсын кэлбэккин да, тыйаатырга билиэттээхпин”, – диэтэхпинэ, массыына була охсон кэлэр. Мин кини туруору майгытын, кэтэмэҕэйдээбэтин, атыттар курдук кэтэх санаата суоҕун сөбүлүүбүн.
Оттон биир дьүөгэм баар, кэпсэппэтэхпитинэ туохпут эрэ итэҕэс курдук буолар. Дьэ кинилиин туох баар испитин-таспытын, тугу аһаабыппытын, астыырбытын, дойдубут дьонун, ким эрэ олоҕун-дьаһаҕын барытын кэпсэтэбит, ырытабыт. Арааһа, “сплетня” да диэн ааттанара буолуо. Ол дьүөгэбин мин “бойобуой подругам” диэн астынан ааттыыбын. Кини билбэтэҕэ-көрбөтөҕө суох. Ол чахчы. Куоракка ханна туох чэпчэкитик атыыланарын, туох эмэ мунаахсыйар ыйытыыларбар хоруйу, ас астааһынын, тууһааһынын, харайыытын, ким туох этэй диэн урут олорбут дьону, биир дойдулаахтарбытын, уопсайынан, барытын-барытын, киһи ааҕан да сиппэтин кини олус муударайдык ийэм дуу, эдьиийим дуу курдук сүбэлии-амалыы сылдьар. Ону таһынан кэһиитэ, куруук илии тутуурдаах сылдьара, оҕолорум тута “ээ, киниттэн ыйыт, билэрэ буолуо” диэхтэригэр дылы саамай чугас, истиҥ киһим. Аны туран сорох ырысыабы төлөпүөнүнэн быһаара сатаан баран, аһын туппутунан дьиэбэр кэлэн астаан, көрдөрөн барбыт түбэлтэтэ элбэх. Билбэтэ, көрбөтө диэн суох. Дьэ бу дьүөгэбин кытта ууга-уокка, сэриигэ да барыахпын сөп. Кини баар, киһи саамай эрэнэр киһитэ, хаһан да эйигин таҥнарбат, хомоппот мин саамай чугас киһим. Дьүөгэм олус чиэһинэй, аһыныгас, аһаҕас, элэккэй. “Эн, уопсайынан, социальнай эйгэҕэ үлэлээ, наар дьоҥҥо көмөлөһө сылдьаҕын, Мать Тереза курдуккун”, – диэммин күлэбин.
Дьүөгэм буолан бүппүтэ...
Марианна, тыа сирин дьахтара:
–Дьүөгэ диэн эрэллээх, хаһан баҕарар өйдүүр, өйөһөр киһиҥ буолара. Мин оннук дьүөгэлээх этим. Кини миигиттэн алта сыл аҕа. Биһиги билсибит сылбытыгар иккиэн бэйэ-бэйэбитин өссө да билэ илик саҥа көрсөр дьон биир нэһилиэккэ, биир тэрилтэҕэ үлэлии кэлбит этибит. Мин кыыс оҕо эрдэхпиттэн кэпсэтинньэҥ киһи кэпсэтэ охсон билистибит. Ол сыл сүрдээҕин бодоруһан эдьиийдии балыс курдук буоллубут. Ол кэмтэн элбэх сыл ааспыта, биирдэ өйдөөбүппүт дьүөгэлии буолбуппут 30-ча сылтан тахсыбыт эбит. Ол тухары ыал буолбуппут, оҕо-уруу төрөтөн, дьиэ-уот туттан, сорох ардыгар сүтэрсэн кэбиһэ-кэбиһэ син биир көрсөн, олох-дьаһах хайдаҕын билсэр этибит.
Онтон дьэ, оҕолор улааттылар, мин киниэхэ сылдьабын, олох-дьаһах, оҕолорбут туһунан кэпсэтэбит. Кини наһаа үчүгэй уруһуйдьут, иитээччи идэлээх этэ, онтукатын толору туһаммакка дьиэтигэр оҕолорун көрөн олорбута, кэргэним сөбүлээбэт диэн. Мин ону дьүөгэ быһыытынан сүбэлии сатыырым, олорон хаалыма, үлэлии сатаа, дьоҕургун таһаар, оҕолоруҥ улааталларыгар таах олорон, уопсастыбаттан тэйэн хаалыаҥ диирим. Оҕолор кыраларыгар эрэ наада буолабыт, оҕо улааттаҕына бэйэтин көрүүтүнэн, сөбүлүүрүнэн сылдьар буолар, онно соҕотоҕун олорон хаалаары гынаҕын дуо диирим. Хомойуом иһин, мин эппитим курдук буолбута. Биһиги кыыһырсыыбыт, өйдөспөт буолуубут кини сааһыран баран наар дьону буруйдуур идэлэммититтэн этэ. Мин оҕолорум улаатаннар, тус бэйэм сөбүлүүр дьарыктаах буоламмын, эмиэ кэргэннээҕим, ол эрээри ханна баҕарарбынан сылдьарым, үлэлиирим, кини дьиэҕэ олорон хаалбыт этэ. Оҕолоро улаатан устудьуон буолан барбыттара, кэргэнэ ыраах суолга үлэлиирэ, өр үлэлээбит тэрилтэтэ ыһыллан куоракка үлэлии киирэбин диэбит этэ. Дьэ, онно саҕаламмыта дьүөгэм олоҕу “анаарыыта”. Оҕолор эрийбэттэр, эрэ ханна эрэ үлэлиир, кинини бары соҕотохтуу хаалларбыттар, ким да киниэхэ кыһаллыбат буолбут... Мин ону тулуйа сатаатым, саатар ийэтэ өлөн хаалла, онно олох да иэдэйээри гынна, миигин мөҕүттэр, кэлбэккин, миигин умуннуҥ, оннук-маннык. Үлэтэ булан аралдьый диэтим, онуоха үлэттэн олох тэйбит эбиппин диэтэ, иистэн ээ диэтим, сакаас ылан баран сакаасчытын кытта тапсыбата. Дьэ, ити курдук сырыттаҕына бырааһынньыкпар ыҥырдым. Дьүөгэм кэлбэтэ, эҕэрдэлээбэтэ даҕаны, хата үөрүүбүн кэпсээбиппэр, хайаан миигин ыҥырдыҥ диэн хомоппутуттан дьүөгэлэһэн бүппүтүм. Уонна бу быһыыттан биири өйдөөбүтүм, киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор, олох диэн биир, ол курдук үчүгэй дьүөгэ эмиэ биир, ол эрээри киһи бэйэтэ сатаабатаҕар тулалыыр дьону буруйдуура сыыһа диибин. Наар ытана олорууттан туох да туһа тахсыбат, ол кэриэтэ үтүө дьүөгэм сүбэтэ диир буоллаххына, сүбэни сүбэ курдук, олоҕу олох курдук ылынар оруннаах дии санаатым. Истиҥ дьүөгэҕит сүбэтин истиҥ, тустаах кэмҥэ туһаныҥ!