07.10.2023 | 10:00

Киһи ис уонна тас кэрэтэ дьүөрэлии буоллаҕына...

Киһи ис уонна тас кэрэтэ дьүөрэлии буоллаҕына...
Ааптар: Лина ЯКОВЛЕВА
Бөлөххө киир

Кини Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар «Хоровое пение» куруһуок салайааччытынан 50-тан тахса сыл устата тиһигин быспакка үлэлээбитэ. Бу сыллар тухары хас да көлүөнэ оҕо музыканы, ырыаны таптыырга, сөпкө ыллыырга үөрэммитэ. Светлана Макарьевна Шестакова – улахан буукубаттан суруллар уһуйааччы, хормейстер, идэтин толору баһылаабыт маастар, РСФСР норуотун үөрэхтээһинин, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ уопсай үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ.

Үрдүк маастарыстыба

Светлана Макарьевна улахан буукубаттан суруллар Уһуйааччы аатын ыларыгар киһи саарбахтаабат. Кини талаана, үлэһитэ, оҕолорго, идэтигэр таптала, музыкаҕа бэриниилээҕэ барыбытын сөхтөрөр.

Светлана Макарьевна биир сүрүн уратытынан ылыммыт дьыалатыгар эппиэтинэстээҕэ, дириҥ билиитэ, музыкаҕа үөрэтии араас ньыматын толору баһылаабыта буолар. Кини дьарыктарыгар мэлдьи сылаас тыын илгийэр, намыын музыка оҕону кэрэҕэ, сырдыкка угуйар буолара.

Хас биирдии кини үөрэтэр, ыллатар ырыатын тыла оҕону патриотизмҥа, төрөөбүт дойдуну таптыырга, үтүө санаалаах буоларга, ырыа дьоруойдарыгар аһыныгас сыһыаҥҥа иитэр. Ол курдук ырыа тылыгар-өһүгэр ураты болҕомтолооҕо – уһуйааччы үлэтин биир сүрүн ирдэбилэ.

Светлана Макарьевна хас биирдии оҕоҕо ураты сыһыаны олохтуур буолан, төһө да өр сыллар ааспыттарын иһин, үтүөҕэ, кэрэҕэ сирдээбит үөрэнээччилэрэ кини туһунан сүрдээх истиҥник, сылаастык саныыллар.

Светлана Макарьевна элбэх оҕону холбоон үөрэтэр сатабылын кэрэхсиибит. Ол курдук, кини бүтүн үстүү кылааһы хорга дьарыктыыр араас бырайыактары олоххо киллэрбитэ. Онно 100-тэн тахса оҕону хабан туран үөрэтэрэ, итини таһынан төрөппүттэри кытары хорга ыллатара – кини үрдүк маастарыстыбатын бэлиэтэ.

Тугу ыллыыргытын өйдөөҥ...

Биһигини Оҕо айымньытын дыбарыаһыгар  ырыа хонуута холбообута, бииргэ сиэттиһиннэрбитэ, ситимнээбитэ. Мин Светлана Макарьевнаҕа эмиэ үөрэнэн турардаахпын. Оҕо дыбарыаһыгар ырыа ансаамбылын тэрийэн, араас күрэхтэргэ кыттарбыт. Кини ырыа хас биирдии строфатыгар олус болҕомто уурар этэ, куолас ханан, хайдах үрдүүрүн, намтыырын барытын ымпыгар-чымпыгар тиийэ үөрэтэрэ. Светлана Макарьевна: “Тугу ыллыыргытын, ырыаҕыт ис хоһоонун өйдөөн туран, ону тиэрдэргэ дьулуһуҥ”, – диэн сүбэлиирэ уонна олох сэрэнэн, хаһыытаабакка ыллааҥ диирэ өйбөр хатанан хаалбыт. Онтон ыла ханна баҕарар ырыа ыллыыр түгэммэр куоласпын кыччатан, сэмэйдик, хаһыытаабакка ыллыы сатыыбын.

Оҕо иитиитигэр музыка суолтата

Оҕо эрдэхтэн ырыа тылын өйдөөбүт, музыка кэрэ эйгэтин сүрэҕэр-быарыгар иҥэриммит, араас иэйиини этинэн-хаанынан билбит оҕо кэрэни кэрэхсии, үтүөнү үксэтэ сылдьара саарбаҕа суох. Араас түгэҥҥэ үөскүүр киһи сыһыаныгар сырдыгынан эрэ сылдьар буолан, куһаҕан дьаллыкка киирэн биэрбэт, ылларбат дьиҥ кытаанах туруктаах буолар. Билиҥҥи кэмҥэ бу ордук наадалаах.

Светлана Макарьевна оҕо сааһа Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр ыараханнык ааспыт буолан, биһиги олохпут иллээх-эйэлээх, халлааммыт сырдык ыраас, оҕо сааспыт дьоллоох буоларын туһугар турууласпыт ытык-мааны дьоммутугар, сэрии бэтэрээннэригэр ураты сылаас сыһыаннаах. Ол да иһин сыл аайы кини үөрэнээччилэрэ, куорат араас оскуолаларын оҕолоро бэтэрээннэргэ анаан бэлэх кэнсиэртэрин тэрийэллэрэ үтүө үгэскэ кубулуйбута.

Кини оҕолору кытта өр сыллаах үлэтин түмүгэр араас таһымнаах күрэхтэргэ үрдүк ситиһиилэрдээх. Ол курдук, үөрэнээччилэрэ “Поющая Туймаада”, “Күөрэгэй”, “Главная песня о Родине”, “Бриллиантовые нотки”, о.д.а. күрэхтэргэ кыайыылаах аатын ылбыттара.

Билигин төһө да бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор, Светлана Макарьевна баай уопута, маастарыстыбата куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар күн бүгүҥҥэ диэри үрдүктүк сыаналанар. Ол курдук биһиги киэн туттар уһуйааччыбыт араас таһымнаах күрэхтэр, бэстибээллэр солбуллубат дьүүллүүр сүбэлэрэ, экспертэрэ буолар.

   

Үтүө холобур

Светлана Макарьевна сүрдээх мааны, таҥаһыгар-сабыгар мэлдьи барсар араас сэлээппэлэрдээх, онтулара сиэдэрэй сибэккилэрдээх, хас биирдии таҥнар уобараһа барыта толкуйданан-анаан оҥоһуллубутун курдук туга барыта сөрү-сөп, дьүһүнэ, быһыыта барыта бэйэтигэр барсар. Кини намыын ырыаҕа хоһуллар мааны куба курдук устан иһэрин киһи ыраахтан көрөн билэр. 

 

Светлана Макарьевна – идэтин үрдүк таһымҥа баһылаабыт, олоххо айымньылаах сыһыаннаах, эдэр көлүөнэҕэ холобур буолар киһибит. Тыыннаах тылы, музыканы толору баһылаабыт буолан, оҕо чараас кутун тутар, өйүн-санаатын сааһылыыр, оҕону иитиигэ олук уурсар биһиги киэн туттар, тарбахха баттанар уһуйааччыбыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...