05.10.2021 | 16:30

Кэргэним төннүө дуо?

Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Ыал буолуу, дьиэ кэргэҥҥэ кийиит, күтүөт кэлиитэ олохпут биир саамай чаҕылхай, умнуллубат түгэнэ буоллаҕа. Хайа киһи, төрөппүт, уруу-аймах кинилэр дьоллоохтук олороллорун баҕарбат буолуой. Уруу киэһэтигэр кэлбит ыалдьыт хас биирдиитэ кинилэргэ уһун дьоллоох олоҕу баҕарар эбээт. Оттон ол дьоллоро уһаабатын, алдьаммыт чааскы курдук үлтүрүйдүн, онтон сылтаан олохторо сатарыйдын. 
Бүгүн ааҕааччыларбар кэргэниттэн арахсан баран төттөрү холбоһо сатыыр уонна арахсан баран төттөрү холбоспут, дьолу хаттаан билбит икки суругу бэчээттиэм.

“Мин  сыл анараа өттүгэр кэргэн тахсыбытым. Бастаан, биллэн турар, сибэкки, сакалаат, таптал, уҥа-таала уураһыы барыта баар этэ. Куорат биир мааны рестораныгар уруу тэрийэн ньиргиппиппит. Оттон билигин бииргэ олорботохпут сылтан орто. Биэс саастаах уол оҕолоохпут.

Сыбаайбабыт кэнниттэн сыһыаммыт аҕыйах кэминэн хайдах эрэ тымныйан киирэн барбыта. Кэргэним миигин дьахтар да, киһи да быһыытынан сыаналаабатын хайдах эрэ сэрэйбитим. Илиитин биирдэ да көтөхпөтөҕө. Ол оннугар куруук туохтан эрэ ньиэрбинэйдиир, миигин үөрэтэн тахсар, сыыһабын-халтыбын ыйар буолбута. Сылтахтаах да, сылтаҕа да суох сулуйан тахсыы саҕаламмыта. Оттон бэйэтэ өрөбүллэргэ доҕотторун кытта балыктыы, бултуу ыстанара.

Хайдах эрэ депрессия саҕаланыах курдук буолбута. Бэйэбин көрүммэт, кырааскаламмат да буолбутум. Дьиҥэр, бэһиэлэй бөҕөтө, ханнык баҕарар хампаанньаны тутар киһи этим буоллаҕа. Ону таһынан аны уойан киирэн барбытым. Онуоха кэргэним: “Сибиинньэ курдук уойаары гыммыккын, аҕыйахта аһаа”, – диэн күргүйдүүрэ. Дьахтарга мантан ордук атаҕастабыл, сэнээһин баар үһүө.

Бу кэмҥэ тэрилтэбэр эмиэ кэргэнин кытта кыыһырса сылдьар, өйдөспөт киһи болҕомтотун уурбута. Хайдах эрэ биир кыһалҕалаах буоламмыт уопсай тылы була охсубуппут. Кыралаан көрсүһэр, куорат устун күүлэйдиир, хаамсар этибит. Биирдэ үлэм күнэ  субуотаҕа түбэспитэ. Ол кэннэ киһим миигин дьиэбэр атаарбыта, массыынаҕа олорон уураспыппыт, онтон дьиэбэр ыҥырбытым. Кэргэним суоҕа, оҕом төрөппүттэрбэр баара. Хайдах эрэ “минутная слабость” диэн киирбитэ быһыылааҕа, кэрээммиттэн тахсыбыппын, ол киһини кытта ороҥҥо баар буолбуппун билбэккэ хаалбытым. Ол кэмҥэ бэйэбин буруйдаах да курдук санамматаҕым.

Бу түбэлтэ кэргэним кулгааҕар тиийбит этэ, ыалларбыт кэпсээтэхтэрэ буолуо. Улахан айдаан тахсыбыта, иһит алдьаныылаах, чымадаан хомуйуулаах. Уолбун сиэппитинэн, төрөппүттэрбэр барбытым.

Билигин кэлэн бэйэбин буруйданабын. Били кэллиэгэм мин диэки хайыһан да көрбөт, ойоҕунуун эйэлэспиттэр үһү, онон наада буолан бүппүппүн. Кэргэммин кытта уолун ыла кэллэҕинэ эрэ көрсөбүт. Уларыйыы бөҕөтө буолбут. Иһэрин бырахпыт, спордунан дьарыктанар, тас көстүүтэ тупсубут, үрдүк хамнастаах дуоһунастаммыт. Саахсанан арахса иликпит, бүтэһик көрсүһүүбүтүгэр киһим сайабылыанньата биэриэххэ диэтэ. Онно дьэ өйдөөтүм, арахсыахпын баҕарбат эбиппин!

Кэргэммин хайдах төннөрөбүн, киниэхэ эрэллээх, тапталлаах ойох буолуохпун баҕарарбын хайдах дакаастыыбын. Кэргэни төнүннэрэр ханнык ньыма баарый, сүбэлээҥ дуу...”

“Олох диэн тыл суолтата – өлбөккө, охтубакка олоруу, туохха барытыгар бэйэҥ бэйэҕинэн буолуу. Ыал буолуу бу орто дойдуга кэлбит киһи анала. Ыал буолуу чахчы ыраас, күүстээх тапталынан буолар.  Ыраас – ол аата ону-маны, кими да үтүктүбэккэ, күүстээх – ол аата, ханнык эмэ түгэн үөскээтэҕинэ олоҕуҥ туһугар туруулаһыы. Бэйэҥ өйгүнэн, сүрэххинэн, баҕаҕынан. Биһиги саха дьахталлара тапталбыт ураты. Тугунан? Эппиэтинэһинэн. Мин бастакы кэргэммин улаханнык таптаабакка, таптал диэни билэ илик кыыс оҕо тахсыбытым, ыал буолуум эрэ диэн.  Үс оҕоломмуппут. Ыал буоллуҥ да эппиэтинэһи сүгэҕин, бэйэҕэр, бу кэргэн буолбут киһигэр, таптаа-таптаама, онтон оҕолонноххутуна ол эппиэтинэс өссө икки бүк элбиир, үрдүүр. Таптаабат кэргэни кытта олоруу  ыарахан этэ, ол эрээри, тус олохпор, онтон оҕолорбор эппиэтинэстээх буолан элбэҕи уйбутум. Таптаабат да кэргэммэр, кини туһугар санаарҕыыр, кыһаллар  этим. Ол эрээри содур куһаҕан быһыы-майгы, арыгы иэдээнэ кэлэтэн, олохпут огдолуйбута. Ийэ киһи буоларым быһыытынан тапталбын, эппиэтинэспин оҕолорум туһугар биэрбитим, ол олоххо тулуурум буолбута. 
Бастакы олоҕум арахсыынан бүппүтэ. Ол эрээри хаһан эрэ таптал кэлиэ диэн эрэл сүппэтэҕэ. Иккистээн олохпун хорсуннук оҥостон, эмиэ ыал буолбутум. Иккис кэргэним эмиэ иһэр-аһыыр этэ, ол да буоллар арыгытын эмтэтэн, үлэ булан олохпун  киһилии олорорго оҥосто сатыырым.  Онтон хайдах эрэ кэргэним миэхэ болҕомто уурбат буолбута.  Барыта баарын үрдүнэн. Дьахтарданна дуу диир санаа киирэ сылдьыбыта, ол эрээри ол санаа олоҕо суоҕа. Оччотугар бу иккис киһибин таптыырым бэрдиттэн тоҕо маннык буолла диэн ырыта сатыыр буолбутум, тугу мин сыыһа гынным, тугу сатаабаппыный диэн.  Оннук биэс сыл олоро сатаан баран, бэйэм ыйытыыларбар хоруй булбакка, тэйэн биэрэргэ санаммытым. Ол эрээри сокуонунан арахсарга ыксаабатаҕым, тэйиччи баран куораттан улууска олорбутум. Ол олорон  табылларынан сураһабын, киһим хайдах олорорун билэ сылдьабын. Туора сиргэ таптал көрдөөбөтүм, онно баҕам да суох уонна наар бу киһибэр хайдах эрэ тэҥнии тутабын. Оннук биир сыл сырыттым, онтон сэмээр туох эрэ сорук булбута буолан көрүстүм, соһуйуом иһин, киһим эмиэ үөрдэ. Эйэлэһэргэ ыҥырда. Мин испэр киниэхэ тапталы иитиэхтии сылдьар киһи сөбүлэнним. Көрдөхпүнэ киһим уруккутуттан уларыйбыт, саҥарара, сыһыана, майгыта сымнаабыт курдук буолбут. Эр киһи эмиэ толкуйданар эбит, кэм-түгэн биэриэххэ баар эбит дуу дии санаатым.
Биһиги, саха дьахталлара, тыйыс айылҕаҕа үөскээбит, олорор буоламмыт, куппут-сүрбүт атын, тулуурдаахпыт, киэҥ көҕүстээхпит. Аныгы кэм кыргыттара, ыал ийэлэрэ кэргэттэргитин тулуйан-тэһийэн сыаналааҥ, таптыыр буоллаххытына харыстааҥ, өйдөспөт араас түгэн үөскээтэҕинэ сай сахалыы олоро түһэн кэпсэтиҥ диэн сүбэлиибин. Эр киһини кэпсэтэргэ үөрэтиэххэ баара, мин киһибиниин ыһыылаах-хаһыылаах да буоллар кэпсэтэн көрбүппүт, билигин ону санаатахпына күлүөх санаам кэлэр. Таптал баарын-суоҕун, уостубутун, киһи оҥорор дьайыытыттан билиэххэ, онно сөптөөх сыанабылы биэрэ үөрэнэр ордук эбит. Саха эр киһитэ омуктар курдук тапталын кэпсии, этэ сылдьыбат. Кини дьайыытынан көрдөрөр, судургу уонна көнө быһыытынан. Баҕар, кырдьык бэйэ-бэйэттэн сылайыы кэмэ тургутук курдук кэлэн ааспыта буолуо дуу дии саныыбын”.                                               

Арахсыыны хайдах уйуохха, тулуйуохха?
Кэргэннии буолбут дьон арахсыахтарын иннинэ хас эмэ сыл бииргэ олорбут буолаллар. Биир, биэс, сүүрбэ, отут. Ол тухары дьиэ кэргэн бигэ тирэхтээх буоларыгар хас биирдиилэрэ күүстэрин, тапталларын, үптэрин-харчыларын уураллар. Ону таһынан үтүө үгэстэрэ: сарсыарда аайы туран үүттээх чэй иһии, сайынын даачаҕа, дэриэбинэҕэ барыы, бииргэ сынньаныы, муораҕа күүлэйдээһин, Саҥа дьылы төрөппүттэргин кытта ылан баран доҕотторгор барыы о.д.а.
Маннык үгэстэр сарсыҥҥы күҥҥэ эрэли үөскэтэллэр, атын туох да мэһэйдиэ, үгэс кэһиллиэ суоҕун курдук сананаҕын. Кэргэнниилэр ыал буолалларыгар бэйэ-бэйэлэригэр куруук бииргэ буолуохпут диэн андаҕар бэрсэллэр эбээт. Ол түгэҥҥэ хайалара да хаһан эрэ олохпут огдолуйуо, былааммыт ыһыллыа, арахсыахпыт диэн өйдөрүгэр оҕустаран да көрбөттөр.
Арахсыы туһунан иһитиннэрии соһуччу уонна олус хомолтолоох. Чуолаан ийэҕэ, аҕаҕа, чугас дьоҥҥо. Арахсыы – бу тугу эрэ сүтэрии. Чугас киһигин эрэ буолбакка, туох эрэ улахан суолталааҕы, күндүнү, солбуллубаты. Сарсыҥҥы күҥҥэр эрэл сүтэр, бу улахан охсуу, оҕустарыы. Мантан сылтаан хайалара эрэ хаһан да иккистээн олоҕун оҥостумуон сөп. 
Арахсыыны хайдах этэҥҥэ аһарар боппуруос олус ыарыылаахтык турар. Маныаха ким буруйдааҕын ырыта, көрдүү сатыыр наадата суох. Бу хаһан баҕарар “ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии” хомолтолоох сонун буолар. 
Талбыт курдук бары “сайдыылаахтык”  уу-чуумпутук, эйэ дэмнээхтик арахсар кыахпыт суох. Санаа түһүүтэ, буомуруу, муунтуйуу ханна барыай. Онон санааҕа-онооҕо ылларбыт киһини чугас дьоно бырааска барарыгар күһэйиҥ, тылгытыгар киллэриҥ. Депрессиялаах киһи аралдьыйыан наада. Уруккуну-хойуккуну эргитэн, сүрэҕин бааһын хат-хат “хастаан” ытыан-соҥуон оннугар, үлэҕэ умса түһүөхтээх, оҕолоох буоллаҕына оҕотунан дьарыктаныахтаах, туох эмэ интэриэһинэй, урут солото суох буолан илиитэ  тиийбэтэх дьарыгынан үлүһүйүөхтээх. Киһи олоҕун инникитин, күүһэ-кыаҕа тиийэринэн, сырдык гына ыралаан көрө сатыахтаах. Куһаҕан балаһа кэннигэр хаалбытын курдук саныахтаах, кэнэҕэс кинини үтүө эрэ күүтэрин  итэҕэйиэхтээх. Соҕотохсуйуу – санааҕа ылларбыт киһиэхэ олус кутталлаах буолуон сөп. Ол иһин доҕотторгут, билэр-билбэт дьоҥҥут ортолоругар сылдьа сатааҥ. Холобур, уулуссаны, паарканы, маҕаһыыннары кэрийиҥ. Спорт саалаларыгар сылдьыаххытын сөп. Арахсыы төһө да ыарыылаах буоллар, олох итинэн түмүктэммэтин өйдөөҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...