03.02.2022 | 11:55

«Кэрэх» кэрэхсэбиллээх киэһэтэ

«Кэрэх» кэрэхсэбиллээх киэһэтэ
Ааптар: Вера Старкова — Чараҥ кыыһа, СӨ Култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Бөлөххө киир

Тохсунньу тоһуттар тымныытын сылаас тыынынан илгийэн, Чурапчы улууһун Халыҥ Хадаарыгар тыыннаах доҕуһуол, дохсун ырыа дьоро киэһэтэ буолан ааста.

Айар суол аартыга

50 сыл анараа өттүгэр Хадаар нэһилиэгэр саҥа култуура дьиэтэ тутуллан, култуура сайдыытыгар алгыстаах аартык арыллыбыта. Оччолорго биһиги сэттэлээх-аҕыстаах оҕолор дьон-сэргэ сүргэтэ көтөҕүллүбүтүн бу баардыы өйдүүбүт. Онтон ыла оҕо, эдэр сааспытыгар кэрэҕэ тардыһыыбыт барыта бу култуура дьиэтигэр, кини сценатыгар ааспыта. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбытыгар кылааһынан кэнсиэрдэр, оскуола, нэһилиэк бэстибээллэрэ ыллыыр, үҥкүүлүүр, уус-уран ааҕыыны баһылыыр дьоҕурбутун арыйбыттара. Бу санаатахпына, бары жанрга барытыгар холоммут эбиппит. Биир бэйэм кулууппут үлэһитэ Валентина Дмитриевна Пинигина ааҕар хоһоонун долгуйа истэрбиттэн, гастроллуу кэлэр драмтеатрдар оонньуулларын умсугуйа көрөрбүттэн култуура үлэһитэ буолар баҕам күөдьүйбүтэ.

70-80 сылларга дойду үрдүнэн Вокальнай-инструментальнай ансаамбыллар тэриллэннэр, эдэр ыччат, чуолаан уолаттар үгүстэрэ гитара тутуурдаах буолаллара. Биһиги кылааспыт оҕолоро онтон туора турбатахтара. Кылааһынан кэнсиэргэ ирдэбил быһыытынан хайаан да музыкальнай нүөмэр баар буолуохтааҕа. Биһиэхэ Коля Михайлов баяҥҥа, Федя Харитонов ФАЭМИ-га оонньууллара. 1980 сыллаахха 10-с кылааһы бүтэрэн, кылааһынан ыччат-комсомольскай фермаҕа үлэлии сырыттахпытына култуура дьиэтигэр Вокальнай-инструментальнай ансамбль тэриллибитэ. Ким тэрийбитин бу диэн өйдөөбөппүн, арай эмиэ оҕо эрдэҕиттэн дууһатын муусукаҕа туттарбыт Прокопий Давыдов үөрэтэр быһыылааҕа. Биһиги кылааспыт уолаттара Федя Харитонов, Гоша Лукин, Толя Собакин ансаамбылга  оонньууллара.

                       

Онтон кыым саҕан буоллаҕа, бэйэтэ ырыа айарга холоно сылдьар Федор Харитонов көҕүлээһининэн “Кэрэх” рок-группа тэриллибитэ. Александр Иванов – барабанщик, Егор Кузьмин – басист, Егор Лукин – клавишник, салайааччы, соло гитарист – Федор Харитонов.

Бөлөх “Кэрэх” диэн аатын истээт, киһи хайдах эрэ дьиксинэ быһыытыйар.

Онно Федор маннык эппиэттиир:

 – Сүтэн эрэр Сахабыт Итэҕэлин тиһэх Туоһута Кэрэх буоларын иһин бөлөхпүтүн “Кэрэх” диэн ааттаабыппыт.

“Тоҕо Рок  хайысхатын талбыккытый?” ыйытыыга хоруйа:

– Сибиэһэй Салгын курдук Сонун Сүүрээҥҥэ бэйэни холонон көрөөрү.

Кырдьыга да оччолорго «рок” диэн саҥа сүүрээҥҥэ уолаттар дохсуннук киирбиттэрэ. Ол курдук, саха рок музыкатын үрдүкү таһымҥа таһаарбыт “Табык” рок бэстибээлгэ 5 төгүл кыттыбыттара. Онтон үһүгэр Гала концертка кыттары ситиспиттэрэ.

Кылгастык «Табык» туһунан

1990 сыллаахха Антонида Корякина, Михаил Тумусов, Дмитрий Васильев, Александр уонна Семен Ермолаевтар көҕүлээһиннэринэн Дьокуускайга “Табык” рок-бэстибээл маҥнайгы дорҕооно дуорайбыта. Чурапчы Хадаарыттан “Кэрэх” рок-бөлөх бу бастакы бэстибээлгэ “Мин сахабын”, ”Булчут”, “Кэрэх” диэн Федор ырыаларынан олус ситиһиилээхтик кыттан, “Бастыҥ дебют”, Александр Иванов – «Бастыҥ инструменталист” анал ааты ылан, Югославияҕа путевканан наҕараадаламмыттара.

Бэстибээл маҥнайгы лауреаттарынан «Чороон», «Чолбон», «Айтал» рок-бөлөхтөр буолбуттара. 1991 с. номнуо норуоттар икки ардыларынааҕы статуһу ылбыт бэстибээлгэ «Valvontakomissio» (Финляндия), «Камчатка» (Санкт-Петербург), Кыдырали Болманов (Казахстан), «Биосинтез» (Тува), «Лама» (Тува), «Тыва» (Тува), Александр Чавынчаг (Тува), «Ай-Тал» (Сунтаар), «Сэргэ» (Майа), «Сээдьэ» (Аллараа Халыма), «Хардыы» (Майа), «Чороон» (Дьокуускай), «–72°С» (Дьокуускай) кытары сэргэ Чурапчы Хадаарыттан кэрэхтэр кыттыыларын туһунан «Табык» хаамыытын сырдатар “Трилистник” сурунаалтан быһа тардан аахтахха: “Якутский рок был представлен наиболее широко. Сильное и серьезное впечатление произвели ансамбль “Чороон” (Якутск, художественный руководитель Георгий Сергучев) и тойук-группа “Ай-Тал” (поселок Сунтар, руководители Юрий и Александр Спиридоновы). Интересно показали себя группы “Сэргэ”, недавно созданная “Кэрэх” и подающая надежды “Хардыы”,- диэн бэлиэтээбиттэр.

“Табыкка” араас сылларга Артемий Троицкай, Борис Гребенщиков, Андрей Макаревич, Константин Кинчев, Жанна Агузарова, Сергей Галанин, «Нервы» бөлөх, онтон да атын биллиилээх рок-музыканнар уонна рок-бөлөхтөр ыалдьыттаабыттара. Ити курдук кэрэхтэр биллиилээх рок-музыканнары кытта биир үрдэлгэ, биир эргимтэҕэ дохсун дорҕоон доҕуһуолланан, модун ырыа аргыстанан, тэбис-тэҥҥэ сылдьыбыттара. Ситиһиилэриттэн кынаттанан уолаттар утаппыттыы айан-тутан барбыттара, кулуупка хоноллорун да кэрэйбэккэ ырыаларын чочуйаллара. Араас тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлара. Биэс сылларын бэлиэтээн нэһилиэктэрин ыһыаҕар улахан кэнсиэр тэрийбиттэрэ.

Кэлин сылларга  дьылҕа хааннарын ыйааҕынан олохторун оҥостон үлэ, олох үөһүгэр сылдьан, атын-атын нэһилиэктэргэ олорон бииргэ оонньууллара тохтообута. Ол да буоллар сахалыы толкуйдаах, хорутуулаах санаалаах, ырыа куттаах Федор ырыа суруйарын, гитарнай ырыалар күрэхтэригэр кыттарын тохтоппотоҕо. Кини билигин эт бэйэтэ айбыт 10 ырыалаах, элбэх хоһоонноох. Үгүс ырыалара саха радиотын фондатыгар бигэтик киирэн, дьон сөбүлээн истэллэр.

 

25 сыл кэннэ түмсүү

Хадаардааҕы “Тускул” Култуура киинигэр өр сыллаах туруорсуу, эккирэтиһии кэнниттэн вокальнай-инструментальнай ансаамбылга аналлаах аппаратура ылыллан, “Кэрэх” бөлөх хаттаан хомулларыгар төрүөт буолла. Өр сылларга баҕарбыт баҕалара сүргэлэрин көтөҕөн, уолаттар ааспыт сыллары аахсыбакка, куоппут кэмнэртэн курутуйбакка, Намтан, Дьокуускайтан хомуллан, ырыа аргыстаах, дорҕоон доҕуһуоллаах эдэр саастарын биһигэр Халыҥ Хадаардарын култууратын дьиэтигэр муһуннулар. Илиилэригэр гитараларын ылан, барабааннарын охсон, синтезатордарын холбоон, өрөөбүт уостарын өһүлэн, хоммут уостарын хоҥуннарар ырыаларын ыллаатылар, мастыйа быһыытыйбыт тарбахтара имиллэн, кылгас кэм иһигэр бэлэмнэнэн, бэртээхэй кэнсиэри көрөөччүлэригэр бэлэхтээтилэр, ааспыт кэм тэтимигэр киирдилэр.

Кэнсиэри Култуура уонна искусство колледжын устудьуона, “Тускул” норуот айымньытын дьиэтин уус-уран салайааччыта Надежда Артемьева дипломнай үлэтин быһыытынан туруорда. Кытыннылар: сүрүн састаап Александр Иванов – барабанщик, Егор Кузьмин – басист, Егор Лукин –клавишник, салайааччы, соло гитарист – Федор Харитонов, түһүм кэмҥэ соло гитариһынан сылдьыбыт Илья Владимиров, оҕо эрдэҕиттэн ырыа диэн баран муннукка ытаабыт Иннокентий Елисеев. Быыс аһыллыаҕыттан сабыллыар диэри кэнсиэр көрөөччү хабыллар ытыһын тыаһынан доҕуһуолланна. Кырдьыга да дьон-сэргэ итэҕэл тирэхтээх, санаа күүһүн саҕар, кукка-сүргэ дьайар, сахалыы тыыннаах кэрэхтэри кэтэспитин, “Кэрэх” саха итэҕэлинии кэхтибэтэҕин астына бэлиэтээтим. Бу күн уолаттары нэһилиэк салалтата, улуустааҕы “Хадаар” түмсүү, Култуура управлениета, чугас дьонноро эҕэрдэлээтилэр. Улуус култууратын сайдыытыгар кылааттарын бэлиэтээн, барыларыгар “Сцена бэтэрээнэ” үрүн көмүс бэлиэ туттарылынна. Түмүкпэр оҕо сааһым доҕотторугар кэрэхтэргэ:

Айар-тутар дьоҕургут ахсаабатын,

Оҥорор-тутар дьулуургут уостубатын,

Ыралаах ырыаҕыт ыллана турдун,

Тыыннаах доҕуһуол туругурдун! – диэн алгыс тылларбын аныыбын.

 

Төрөөбүт түөлбэбэр, тапталлаах Хадаарбар «Кэрэхтэри» кэрэһэлиир саҥа талааннар тахсалларыгар, утум ситимэ салҕанарыгар  эрэнэбин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...