Кэрэ Киинэ Кыталыына: «Эдэр, эрчимнээх, күүстээх, хорсун санаалаах салайааччылардаах буоламмыт»
— Кыталыына, сэһэргэһиибитин хантан хааннааххыттан, кимтэн кииннээххиттэн саҕалыахха.
— Мин Муома оройуонун кииниттэн чугас сытар Соболоох диэн дьоҕус дэриэбинэҕэ төрөөбүтүм. Миигин кэрэ айылҕалаах сиргэ, кэрэ дууһалаах төрөппүттэргэ оҕо гынан анаан ыыппыттарыгар Үрдүк Айыыларбар өрүү махтанабын. Төрөппүттэрим Муома оройуонун сис ыала этилэр. Икки өттүттэн кэрэни эрэ кэрэхсиир удьуор уус, сылаас сыһыаннарынан тулалыыр эйгэлэрин сыдьаайынан угуттуур төрөппүттэрдээҕим. Аҕам Василий Петрович Корякин таптал аатынан Бааһыкаан диэн ыҥырыллар уордьаннаах сылгыһыт этэ. ВДНХ боруонса, үрүҥ, кыһыл көмүс мэтээллэринэн бэлиэтэммит хоту дойду хоһуун үлэһит киһитэ. Төрүттэрэ сылгы иитиитин төрүт дьарык оҥостубут Хаптаҕай Харабылла диэн аатынан биллэр. Аҕата быыпсай кинээс эбит. Зашиверскай таҥара дьиэтин биир да тоһоҕото суох туппут төрүттэрдээх. Ол саҕана таҥара дьиэтин мээнэ дьоҥҥо туттарбаттар. Аҕам өттүнэн төрүттэрим нуучча хаһаактара.
Ийэм Анна Афанасьевна Слепцова эмиэ удьуорунан бэриллибит тимир уустар сыдьааннара. Оччотооҕу туттар тэрили – хотууру, быһаҕы, кыптыыйы – оҥороллорун таһынан, ону-маны абырахтыыр, самыыр ньыманы туттар мындыр дьон эбит. Тугу барытын ымпыктаан-чымпыктаан оҥороллорун сэргэ саа кыра дэтээллэригэр тиийэ уһаналлара үһү диэн кэпсииллэрэ.
Биһиги бииргэ төрөөбүттэр алтыабыт. Бука бары ураты дьоҕурдаах дьоммут. Ийэ да, аҕа да өттүттэн кэлбит дьоҕурбут-талааммыт, кэрэни киинниир уратыбыт Корякиттар диэн араспаанньабытыгар кытта киирбиккэ дылы.
Мин оҕо сааһым далбараҥҥа, тапталга ааспыта. Биһиги төрөөбүт дьиэбит иһигэр чөл олох бары өттүнэн баара диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Үтүө сыһыан, сылаас эйгэ быһыытынан күннээх оҕо саас кэрэ кэмнэринэн толору билбит дьоллоохпун.
Төрөөбүт дьиэм истиэнэтигэр биир да хомойсуу, кыыһырсыы суох этэ. Оннук түгэннэр олох суох буолаллара. Арыгы иһии, табах тардыы курдук туһунан этэ да барыллыбат. Дьэ, оннук эйгэҕэ улааппыт ураты дьоллоохпун.
Остуол тула ийэм, аҕам, алта оҕо, өссө хоноһо, ыалдьыт дьон мустаммыт наар күлэ-үөрэ, күө-дьаа кэпсэтэрбитин саныыбын.
— Хас биирдии киһиэхэ эдэр сааһа ураты. Эйиэхэ?
— Биһиги саҕана элбэх оҕолоох ыал оҕолорун интэринээккэ олордон үөрэтэр этилэр. Бэйэбин бэйэм көрүнэ үөрэнэрбэр, бэйэм иннигэр эппиэтинэс ылынарбар, киһи быһыытынан тус суолбун булунарбар ол сылларым улаханнык көмөлөспүттэрэ. Саһаан туруоруута буоллун, от үлэтэ буоллун, кирпииччэ үктээһинэ буоллун – ханнык да үлэттэн туора турбакка, кыыс, уол диэн арахсыбакка, барытыгар көхтөөхтүк кыттан, үлэ үөрүйэхтэрин иҥэринэн улааттахпыт. Оччотооҕу октябренок, пионер, комсомол кэмнэр эмиэ туһунан уратытык аастахтара. Ити түмсүүлэр оҕо ис туругун сааһыланарыгар саамай сөптөөх политика эбит.
Оскуола кэнниттэн үөлээннээхтэрбин кытта «Оскуола – производство – үрдүк үөрэх» хамсааһынынан үөрэ-көтө пиэрмэҕэ үлэлии тахсыбытым. Бэйэбит дьиэбитигэр сүөһүлээх, хотонноох этибит даҕаны, ийэм төрүт сыһыарааччыта суох. Онон хаһан да ынаҕы ыабатах, хотон үлэтигэр сыстыбатах киһи олохпор биир саҥа кэрдиис кэм саҕаламмыта. Сүөһүнү хайдах баайары сатыахтааҕар, оту да хайдах киллэрэри билбэт киһиэхэ ийэм элбэх сүбэни биэрэрэ. Ол курдук оскуолам паартатыттан дьиҥнээх самостоятельнай олоҕум, үлэҕэ сыһыаҥҥа үөрэниим дьэ ити хотонтон саҕаламмыта.
Пиэрмэҕэ үлэлээммин бастыҥ үлэһиттэр сүлүөттэригэр Алдан улууһугар оройуонтан соҕотох дэлэгээт буолан кыттыбытым. Хаһан даҕаны дэриэбинэттэн тахсыбатах киһиэхэ ол бастакы айаным этэ. Алдаҥҥа көмүһү хостуулларын көрдөрөр экскурсияҕа сылдьыбытым – биир умнуллубат, дьикти түгэн.
Олоххо бэлэмнэнэр бастакы дьоһун хардыыларбын ити курдук оҥорбут эбиппин.
— Ийэҕин куруук махтана ахтаргын бэлиэтии көрдүм...
— Оннук буоллаҕа, ийэттэн ордук күндү бу орто дойдуга суох. Бэйэм улаатан баран таптыыр киһибиниин, Ньурба чулуу уола Александр Михайлович Никифоровтыын ыал буолбуппут. Уол, кыыс оҕоломмуппут, билигин элбэх сиэннээхпин. Бэйэм ыал ийэтэ, эбэтэ буолан олорон төрөппүт оҕоттон махтал тылларын истэр саҕа дьол бу орто дойдуга суоҕун биллим. «Эн сөпкө иитэҥҥин маннык ситиһиилэргэ кэллибит»,– диэн үлэһит буолан баран эппит тылларын сылааһа олоҕум ханнык да түгэнигэр угуттуур күүс. Билигин эмиэ сиэннэрбиниин ханнык баҕарар тиэмэҕэ аһаҕастык кэпсэтиэхпитин, бииргэ айанныахпытын сөп, оннук наһаа чугас, истиҥ сыһыаннаахпыт. Оҕолорум, сиэннэрим ситиһиилэриттэн эбэ киһи испэр үөрэбин, киэн туттабын. Олоҕум саамай кэрэ кэмнэрин сиэннэрбэр көрөбүн.
— Духуобунаска хайдах үктэммиккиний?
— Хайдах да кэмҥэ мин үөрэҕи өрө тутабын. Киһи саҥаттан саҥаны билэрэ киһи быһыытынан сайдарыгар туһата баһаам. Оҕолорбут улаатан Дьокуускайга устудьуон буолбуттарыгар, куоракка көһөн кэлбиппит.
Ол кэлэн үлэ диэтэххэ – үлэ, олорор сир диэтэххэ – дьиэ-уот, тиэхиньикэ арааһа баар ньир-бааччы ыал буолларбын даҕаны, син биир тугум эрэ тиийбэт курдуга. «Киһи орто дойдуга, ама, оҕо төрөтөөрү, таптаары, үлэлээри, аһаары эрэ кэлэр дуо?»– диэн санаа үүйэ хаайа тутара. Дьэ ол кэмҥэ "Бэйэни сайыннарыы" диэн Сайыына ыытар куурсугар сылдьыым бары үөрэммит үөрэхтэрбиттэн уратытык дьайбыта, киһи быһыытынан сайдыыбар бэлиэ суолу хаалларбыта. Онно сүүс киһилээх куурус сүүс киһитэ барыта сайдыбыт, үөрбүт-көппүт энергетикатыгар сылдьыы – олоҕум умнуллубат түгэнэ.
Саамай интэриэһинэйэ, киһи бэйэтин дьиҥин билиниитэ диэн баарын билбитим. Ол эбэтэр үчүгэй, талаан, дьоҕур эрэ өттүгүнэн буолбакка, бэйэҕэр баар итэҕэстэргин биллэххинэ, ону көннөрдөххүнэ эрэ сайдыыга кэлэргин өйдөөбүтүм.
Онно алтыспыт, бодоруспут биир санаалаахтарбын кытта, төһө да бириэмэ аастар, билигин даҕаны алтыһабыт.
Быһата, элбэх куоратынан араас үөрэххэ үөрэммитим эрээри, духуобунас үөрэҕин итиннэ барбыппын, дьиҥнээх олох оскуолатын ааспыппын бу сааһыран олорон арылхайдык өйдүүбүн. Билигин, ханна да сырыттахпына, духуобунас тула араас тиэмэҕэ семинар ыытабын. Ол курдук, киһи тоҕо олох олорорун, урукку олох диэн тугун, киһи бэйэтин билинэрин, миссиятын туһунан санааларбын, билиибин үллэстэр үгэстээхпин.
— Оччотугар тас дойдуларга айан эйиэхэ көннөрү күүлэй буолбатаҕа чахчы, киһи ис туругар үлэ дуо?
— Биэс уон сааспыттан саҕалаан тас дойдуларга айан мин олохпор саҥалыы интэриэһи тарпыта. Атын дойду олохтоохторун дьиэлэрэ-уоттара, сирдэрэ, тутуулара, итэҕэллэрэ, култууралара интэриэһиргэтэр буолбута, бэйэ бэйэлэригэр майгыннаспат өрүттэрэ бииртэн биир дойдуну көрөр, билсэр санааны үөскэппитэ. Уопсайа отучча араас дойдуга сырыттым. Арассыыйаҕа уон биир куоракка, Саха сиригэр уон улууска сылдьыбыт эбит буоллахпына, тас дойдуга сырыым быдан элбэх.
Ол иһигэр сиэннэрбин илдьэ сылдьан сири-дойдуну көрдөрбүт, атын омуктар култуураларын билиһиннэрэн кэлбит түгэннэрим умнуллубаттар.
— Киһи олоҕор бэйэтигэр эрэ сөптөөх түгэни көрсөн, ону талар диэн өйдөбүлү туох диигин?
— Мин олохпор талыы наһаа элбэх этэ. Биир түгэни санаан аастахпына, Хабаровскай куоракка уруһуйдуурбун көрөн художественнай үөрэххэ быһалыы ылабыт диэн этиигэ кыргыттарбын батыһан сөбүлэспэтэҕим. Билигин «арай ол өттүнэн барбытым буоллар?» диэн санаалар киирэн ылаллар.
Киһи бэйэтин олоҕун бэйэтэ ойуулуур. Уруһуйунан холустаҕа түһэрии оннугар эн бэйэҥ олоххун араас дьэрэкээн өҥнөөх кыраасканан уруһуйдуур, ойуулуур курдуккун эбит.
— Элбэх түгэнтэн саамай чаҕылхайдарыгар тохтоон ааһыах эрэ.
— Үс саханы үөскэппит, түөрт саханы төрүттээбит үс үллэр үөстээх Өлүөнэ эбэни дьиҥ эрдиинэн эрдинэн туораабыппын олоҕум биир чаҕылхай түгэнинэн сыаналыыбын. Ол курдук, Буотаматтан кэлэн иһэммит, сплавка сылдьан, бэйэбитигэр дьикти түгэни бэлэхтээбиппит.
Аны туран, Кыһыл муораҕа тиийэн аатырар "Коралловые рифы" сиргэ дайвинга кыттыбытым. Киинэҕэ көстөр курдук кислороднай мааска кэтэн, хаһан да харбаабат, орто сааһын ааспыт киһи күөх далайга киириитэ – туһугар саллыылаах этэ. Дьэ манныкка киһи бэйэтин кутталын кытта сирэй сирэйгэ көрсөн, быһаарыныыны ылынар. Маны ааһан, бэйэни кыайыы туругар кирии – киһи сатаан эппэт туруга.
Биһиги өбүгэлэрбит бэргэн даҕаны этиилэрдээхтэр. Дьиҥнээх «уу чуумпу» диэни уу түгэҕэр киирэн баран өйдөөбүппүттэн наһаа астыммытым.
Аны дьэ Туниска Африкаҕа бараммын парашютунан ыстаммыттаахпын. Эмиэ биир ураты турук. Муора үрдүнэн үөһэнэн көтөр диэн эмиэ хатыламмат. Круиз лайнерыттан 108 миэтэрэ боробулуоха страховкалаах ыстаммыттаахпын. Үрдүктэн кутталы кыайыы эмиэ биир улахан кыайыы буоллаҕа.
Египетка тиийэн Пирамида анныгар киирэн тахсыбыттаахпын. Кумах куйаар анныгар киһи тулуйбат итиитэ онно баар эбит этэ. Салгыҥҥа таҕыстаххына 40 кыраадыс куйаас сөрүүн буолан көстөр. Онон Пирамида түгэҕэр киирэ сылдьыбыт түгэн – эмиэ олоҕум биир дьикти бэлэҕэ.
Оттон Сахам сиригэр Бэстээххэ Абалаах диэн улахан бэстэрдээх сиргэ турар улуу эбэни өҥөйөн туран күн тахсыытын-киириитин көрөр дууһабар хайдах курдук дириҥник сөҥөн хаалбытын кэпсиэхпин этэр тыл тиийбэт.
— Талааннаах киһи барытыгар талааннаах диэн этии бары өттүнэн эйиэхэ сыһыаннааҕын көрөбүн. Ааҕааччыларбытыгар кэпсиэх эрэ.
— Дьахтар сатыырын барытын сатыыбын. Иистэн, ас астыыртан саҕалаан, уһанан бэйэ илиитинэн оҥорон таһаарыы туохтааҕар да күндүтүттэн дуоһуйуу диэн баар.
Айар-тутар талаан, дьоҕур барыта өбүгэлэрбиттэн ситимнэнэн кэллэҕэ эбээт. Онон хаһан баҕарар кинилэргэ махталым муҥура суох.
Баар этэ утаппыттыы хоһоон хоһуйуу, ол түмүгүнэн хомуурунньук тахсыыта. "Эбээ, аанньаллар бааллар дуо?"– диэн сиэним ыйытыытыттан тирэх ылан сиэннэрбэр анааммын остуоруйа суруйуута. Онтум «Кэскил» хаһыакка бэчээттэнэр этэ.
Хаһаайка сиэринэн үүнээйи, оҕуруот, сибэкки арааһын сөбүлээн олордобун. Норуокка «долларовай мас» диэнинэн биллэр бэйэбинээҕэр үрдүк буола улааппыт үүнээйим сибэккилээн турардаах. Кинигэҕэ сурулларынан, айылҕаҕа даҕаны сэдэхтик сибэккилиир эбит. Дьиэм иһин дизайнын бэйэм илиибинэн, санаабынан, баҕабынан оҥорорбун сөбүлүүбүн.
Биир дьиэм пирамида моһуоннаах аҕыс кырыылаах хостоох этэ. Биир дьиэбэр сиртэн дьиэ үрдүгэр тиийэ түннүк оҥорбуттааҕым. Өстүөкүлэни үс хос тутан, матырыйаал кыбытан, кыһынын кырыарбат түннүк буолан тахсыбыта. Ол саҕана пластик түннүк диэн хантан кэлиэй?! Бэйэм дизайнаан люстра, мас ордугунан харчы маһын, муоста паркетын, олоппос, остуол курдук маллары киэргэтии – бу барыта дууһам баҕатынан, сүрэҕим этэринэн. Төгүрүк аҥаара камин оһох оҥорбуттаахпын.
Онон хаһаайка быһыытынан дьиэбин-уоппун бэйэм баҕабынан киэргэтэр идэлээхпин.
Ону таһынан биир бастакынан сааһырбыт дьахталларга аналлаах таҥастары көрдөрүүгэ модель буоламмын рекламаларга кыттабын. Луиза Хей аффирмацияларын сахалыы тылбаастыы сылдьыбыттаахпын.
Бииргэ төрөөбүттэрим оҕолоро талааннарынан, дьоҕурдарынан өрөспүүбүлүкэ култуурунай эйгэтигэр, ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоҕа биллэр дьон буола үүммүттэриттэн, ситиһиилэриттэн үөрэбит. Ол курдук, убайым кыыһа Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балетын тыйаатырын солистката. Биир быраатым кыыһа балерина, эдэр сааһыгар норуодунай артыыскаҕа тиийэ үүммүтэ - үрдүк ситиһии. Быраатым уола эдэр дьон биһирэбилин ылар тату-маастар. Онон удьуор салҕанар, оҕолорбут киэҥ эйгэҕэ бэйэлэрин талан ылбыт идэлэринэн Корякиттары ааттата сылдьалларыттан үөрэбит.
— Кыталыына, айылҕаҕа тугу дьиктиргии көрөҕүн?
— Айылҕа араас көстүүлэриттэн халлааны сөбүлүүбүн. Сүүнэ улахан полотноҕа мүнүүтэ, сөкүүндэ аайы уларыйа турар улахан уруһуй курдук ылынабын.
Оҕо эрдэхпиттэн айылҕа модун күүһүн сөбүлүүбүн. Кини ол күүһү биһиэхэ этиҥинэн, чаҕылҕанынан көрдөрөр ураты тыаһын сэргиибин. Уонна ол тыаһын «Таҥара симфонията» диэн ааттыыбын. Маннык тыас ханна да суох, хаһан да хатыламмат. Музыка дорҕоонноро хайдах курдук араас өҥүнэн, түргэнинэн иһиллэрэ тэҥнээҕэ суох!
Айылҕа биир көстүүтүн – муоралыын бииргэ силбэһэбин. Кыһыҥҥы хаар кылабачыйарын бу биһиги иннибитигэр айылҕабыт бриллианы тэлгэппитин курдук ылынабын.
Күһүн төрөөбүт буоламмын эбитэ дуу, күһүнү сөбүлүүбүн. Кини үлэни барытын үмүрүтэн, киһини налыйыы, уоскуйуу туругар киллэрэрэ – ураты көстүү.
Онон айылҕабыт дьикти көстүүтэ тулабытыгар тохтоло суох буоларын өйдөөн көрөммүт, онтон астыныыны-дуоһуйууну ылыах кэриҥнээхпит.
— Бэйэҥ доруобуйаҕар хайдах көмөлөспүккүн үллэһин эрэ.
— Киһи буор кута эргэрэрин түмүгэр айгырыыр. Миэхэ оннук айгыраабыт кэммэр тоноҕоһум мөлтөөн, атаҕым аккаастаары ыксаппыта. Тугунан көмөлөһүнэбин диэн барытын үөрэппитим. Былчыҥнар тутан туралларын өйдөөммүн, араас йоганы, үҥкүүнү барытын боруобалаталаан бараммын, ушу диэн кытай гимнастикатыгар тохтообутум. Ушу – хамсаныы эрэ буолбатах. Туспа ис эйгэлээх. Ис туругу сааһылыыр, энергетическай кииннэри үлэлэтэр, сөпкө тыынарга үөрэтэр. Бу дьикти дьарыгы булбутум 12 сыл буолла. Бу күҥҥэ куоракка, өрөспүүбүлүкэҕэ хас да төгүллээх чемпион, призер буолабын.
Доруобай дьон дьарыктамматтар дии саныыбын. Мин бэйэм доруобуйам туһугар анаан тиийбитим. Уонна сааһырбыт киһиэхэ наһаа барсар, бытаан, сымнаҕас хамсаныылардаах гимнастика.
— Сахалыы ааты ылыныыга туох өйдөбүлтэн кэлбиккиний?
— Кыыс кэргэн тахсан атын араспаанньаны ылыннаҕына, кини атын киһи карматын сүгэр диэни истэр этим. Бэйэм аҕам араспаанньатынан Корякинаттан сахатытан Кэрэ Киинэ диэн буолбута.
Оттон Кыталыына диэн аатым Сайыына уһуйаанын кытта ситимнээх. Үөрэнэ сырыттахпына иннибэр илэ-бааччы кыталык түһэн, куорсунунан оонньоон, үҥкүүлээн барыыта эмиэ дьикти этэ. Онтон кууруска бары кумааҕыга суруллубут сахалыы ааттары талбыппытыгар миэхэ «Кыталыына» диэн түбэспитэ. Ол эмиэ бэлиэ курдуга. Хоһоон суруйарбар псевдоним курдук Кыталыына диэн бэчээттэнэр этим.
Онон үөһэттэн анаммыт аатым быһыытынан ылыммытым.
Аҕабын Бааһыкаан диэнинэн билинэр этилэр. Онон аҕам аатын үйэтитэн, Бааһыкаан кыыһа буолбутум.
Ити курдук Кэрэ Киинэ Кыталыына Бааһыкаан кыыһа диэн буолабын.
Бу орто дойдуга олох олоруу оҕо оонньуута буолбатах. Бэйэбин наһаа дьоллоох киһинэн ааҕынабын. Оҕолорум, сиэннэрим ситиһиилэрин тэҥҥэ үллэстэр кэммиттэн үөрэбин.
— Кыталыына, түмүккэ «Киин куорат» хаһыат ааҕааччыларыгар, Дьокуускай олохтооҕо буоларыҥ быһыытынан, куораппыт туһунан санааҕын үллэстэриҥ буоллар.
— Эппитим курдук, оҕолорбут устудьуон буолуохтарыттан Дьокуускай куорат олохтоохторо буолбуппут. Мин билигин «Аврора» медклиника саастаах дьоҥҥо аналлаах бырагырааманан үлэлиир салаатыгар сэбиэдиссэйдиибин. Манна өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан кэлэн сиһилии чинчийиини ааһаллар. Икки нэдиэлэ устата сынньанан, эмтэнэн, куораты көрөн, култуурунай бырагыраамаларга сылдьан бараллар. Үлэбинэн, бэйэм даҕаны сылдьан куоратым күннэтэ тупса, сайда турарыттан олус астынабын. Быйыл Ленин болуоссата чахчы да хапытаалынайдык оҥоһуллан эрэриттэн ис сүрэхпиттэн үөрэбин. Эдэр, эрчимнээх, күүстээх, хорсун санаалаах салайааччылардаах буоламмыт хас эмэ уонунан сыл сыппыт туох баар коммуникацияны барытын төрдүттэн уларытар маннык баараҕай үлэни ылсар буоллахтара диэн толкуйдаахпын уонна куорат биир олохтооҕо буоларым быһыытынан махтанабын.
Дьокуускай куораппар саамай сөбүлээн сылдьар сирдэрим – тыйаатырдар. Мантан күһүн болуоссаттар, уулуссалар сибэккинэн симэниэхтэрэ, от-мас суугуна киһи эрэ дууһатын сылаанньытыа турдаҕа.
Куораппыт бу курдук күнтэн күн сайда, тупса турара сыралаах үлэ түмүгэ буоларын өйдүүбүн. Ханна да түспэт элбэх хаары тиэйэн, ханна да түспэт элбэх ардах уутун оборторон сибэккинэн симэммит уулуссалары, болуоссаттары оҥорор көстүбэт үлэһит дьоҥҥо махтанабын.
— Кыталыына, Дьокуускай куорат салалтатыгар, куораты тупсарар туһугар сыралаһар боростуой үлэһит дьоҥҥо олус да уратытык махтанныҥ. Тус бэйэҕэр эмиэ олох бары кэрэтин баҕарабын.