29.07.2022 | 16:07

Кэрэ буоларга көмөлөһөр чэйдэр

Чэй – киһи ис туругун тупсарарын таһынан, тас көстүүбүтүгэр олус туһалаах, сөпкө истэххэ доруобуйаны тупсарар саамай туһалаах  утах.
Кэрэ буоларга көмөлөһөр чэйдэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Чэй көмөтүнэн холестерины намтатыахха, сүрэх уонна тымыр ыарыыларын сэрэтиэххэ, тириини тупсарыахха сөп. Ол иһин тыһыынчанан сылынан чэйи сүрүн утах оҥостон олорор омуктар бааллар.

Ромашкаттан чэй

Кэрэ сэбэрэлэнэргэ бастатан туран үчүгэйдик уубутун хана утуйуохтаахпыт. Үчүгэйдик утуйарга ромашкаттан оҥоһуллубут чэй көмөлөһөр. Уутун хана утуйар, сынньанар киһи тас көстүүтүттэн тута биллэр.

Аптекаҕа атыыланар ромашкаттан чэй оҥостон иһэбит, пакетиктарын харахпыт анныгар уурунан мааска оҥостобут.  Маны тэҥэ, кытарбыт, бааһырбыт тириини уоскутарга ромашка уутунан соттор эмиэ туһалаах.

Ромашкаҕа кверцитин диэн киһи тириитин күнтэн харыстыырга, салгын буортулаах дьайыытын утары охсуһар эттиктэр бааллар.

Жасмин

Наһаа үчүгэй сыттааҕын ааһан, бу чэй вирустары уонна бактериялары утары охсуһар, иммунитеты өйүүр. Кырдьыыны бытаардар, экзема, хатаал курдук тирии ыарыыларын эмтиир. Жасмин чэйин истэххэ аһара сыаланар тириигэ көмөлөһөр, уоскутар.

Күөх чэй

Тирии күнтэн харыстанар күүһүн улаатыннарар. Күн сыралҕаныгар аһара сылдьар тирии араагар тиэрдиэн сөбүн өйдүөхтээхпит.

Күөх чэйгэ баар элбэх радикаллардаах катехиннар сирэй мырчыстаҕаһын утары охсуһаллар. Бу катехиннар сирэй тириитин өлбүт клеткаларын тилиннэрэр кыахтаахтара науканан дакаастанан турар.

Ройбуш

Кыһыл Буш чэйи Соҕуруу Африкаҕа тыһыынчанан сыллар устата иһэн кэллилэр. Омуктар бу чэйи үксүн тирии ыарыыларын эмтииргэ иһэллэр эбит. Кыһыл чэйгэ баар флавоноидтар сирэйгэ тахсар хатаалы үчүгэйдик оһордоллор. Ройбуш чэйи атыылаһаргытыгар кырдьыыны утары үлэлиирин, организмы барытын чэбдигирдэрин өйдөөрүҥ.

Хара чэй

Күннэтэ иһэр хара чэйбит кырдьыыны утары үлэлиир, киһиэхэ сэниэ биэрэр. Кофеиннаах буолан хаан баттааһынын үрдэтэр, иммунитеты күүһүрдэр, тымныйыыны, вирустары утары үлэлиир.

Хара чэйи хойуу гына оҥостон, сойутан баран тоник курдук сирэйгит тириитин соттуҥ.

Одуванчиктан чэй

Одуванчик – сыыс от бииһин ууһа, ол иһин ханна баҕарар өлгөмнүк үүнэр. Салаакка, барыанньаҕа туттуохха сөп. Сирэй тириитин тупсарарга эмиэ олус туһалаах үүнээйи. Одуванчик чэйин истэххэ ис-үөс үлэтэ тупсар, бэрээдэктэнэр – ол аата сирэйбит тириитэ сырдыыр.

Имбирь

Имбирь чэйэ араас тымныйыыны, сүһүрүүнү организмтан кыйдыыр күүстээх. Организм аһы буһарар уорганнарын үлэлэрин тупсарар чэй. Ханнык баҕарар чэйгэ имбирь силиһин кырбаан куттахха тумууга, гириипкэ олус туһалаах, ыарыһах тыынара кэҥиир, бүөлэммит мунна аһыллар. Онон ханнык баҕарар ыарыыны аһарынарга уонна тоҥон-хатан үлэлээн кэлэр дьон сылааны таһааралларыгар, итиини киллэринэллэригэр бу чэй туһата баһаам.

Мята

Ис үлэтэ кэһиллиитин бэрээдэктиир, ис таһаардаҕына кытта туһалыыр. Сыалаах тириилээх дьон сирэйдэрин бу чэйинэн суунуохтарын, хойуутук оҥорон баран тоник курдук соттуохтарын сөп. Мяталаах чэй истэххэ киһи организмыгар эбии эстрогеннар үөскүүллэр, бу гормоннар тирии хатаалын, араас бааһын утары үлэлииллэр.

Маҥан чэй

Күөх чэйдээҕэр элбэх антиоксиданнардаах. Саамай аҕыйахтык араас обработканы ааспыт чэй буолан туһата атыттардааҕар хас эмэ төгүл элбэх. Бактериялары утары үлэлиир эттиктэрдээх. Тирии коллагенын уонна эластинын таһымын тупсарар буолан, кэрэ сэбэрэлэнэргэ олус туһалаах чэй.

Улун

Барыларыттан ураты амтаннаах чэй. Өр кэм истэххэ сирэйи сырдатар, пигментнэй бээтинэлэри суох оҥорор.  Табахсыттарга атын чэйдэртэн ордук туһалаах – организмы табах дьаатыттан ыраастыыр.

Чэй тэллэйэ (чайный гриб)

Киһи тириитин токсиннарын таһаарар. Антиоксиданнар, пробиотиктар кыра мырчыстаҕастары суох оҥороллор, тирии сибиэһэй көрүҥнэнэр. Күҥҥэ сиэтэн баран бу тэллэй уутунан соттон эмтиэххэ сөп.

Матча чэй

Японияттан төрүттээх чэй. Сып-сырдык күөх өҥнөөх чэй элбэх иҥэмтиэлээх эттиктэрдээх - хлорофил, антиоксиданнар, натуральнай антибиотиктар, бактериялары утары охсуһар катехиннар.

Матча бороһуога косметологияҕа мааскаларга, кремнэргэ уонна лосьоннарга туттуллар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...