«Кэмҥин түһэн биэримэ» сэһэн уус-уран суолтата
Кулун тутар ый бүтүүтэ Саха сиригэр биллэр суруналыыс, публицист, хоһоонньут Борис Павлов «Кэмҥин түһэн биэримэ» диэн саҥа сэһэнин сүрэхтэниитэ буолан ааспыта. 90-с сылларга устудьуоннаабыттар эдэр саастарын кэмин туһунан сэһэни сэргээн, элбэх киһи тыл эппитэ. Сэһэн тула кэпсэтии оччотооҕу олохпут араас өрүттэрин киэҥник хабан, санаа атастаһыыта эмиэ киэҥ, дириҥ ис хоһоонноох буолбута. 90-с сыллар биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр литератураҕа, искусствоҕа өссө да ырытылла, сыаналана илик. Оттон Борис Павлов «Бэйэм кэммэр командировка» диэн бастакы публицистикатын хомуурунньугуттан саҕалаан бэйэтин кэмин туһунан киэҥник сырдаппыт суруналыыс, суруйааччы. Бу иннинэ 2020 сыллаахха «90-с хаҕыс тыаллаах сыллартан» диэн оччотооҕу кэм дьоруойдарын суруйбут ыстатыйаларын хомуурунньуга тахсыбыта.
Тыл этээччилэр көлүөнэ иннигэр эппиэтинэс диэн баар, Борис Павлов бу сэһэнэ ол туоһута, бэйэбит көлүөнэбит туһунан кинигэлэр тахсыахтарын наада эбит, сэһэни биһиги аныгы устудьуоннарга уонна Өрөспүүбүлүкэбит 100 сылыгар бэлэх курдук ылынныбыт диэн дьоһуннаах санаалары эппиттэрэ. Поэтесса Сайа эппитинии, суверенитет былааҕын күөрэччи көтөхпүт көлүөнэ этэрэ, кэпсиирэ, дьиҥэр, элбэх да, интэриэһинэй да.
Онон 90-с сыллар тустарынан ааҕааччылар кэпсэтиилэрин «Киин куорат» хаһыакка бэчээттиибит.
Надежда Осипова
Бэйэтин кэмин кырдьыгын итэҕэтиилээхтик, ылыннарыылаахтык, ааҕааччыны долгутар уус-уран тылынан тиэрдии суруйааччы сүрүн анала буолар. Кини көннөрү умсугутуулаах уобарастары эрэ айарынан муҥурдаммакка, тыл, култуура, төрөөбүт литература туһугар эппиэтинэс сүгэн, дириҥ уобарас нөҥүө бөлүһүөктүү анаарыахтаах, ааҕааччытын толкуйдатыахтаах, аймыахтаах уонна угуйуохтаах.
Борис Иванович Павлов «Кэмҥин түһэн биэримэ» диэн саҥа кинигэтигэр киирэ сылдьар сэһэнин ырытыах иннинэ, кэм-кэрдии айымньы айылларыгар, суруйааччы үөскүүрүгэр ураты суолталааҕын бэлиэтиир наада. Кэм мөккүөрүттэн үөскээн тахсыбыт санаалартан-оноолортон, идиэйэлэртэн айымньы конфлига, персонаж тиһигэ айыллан, чочуллан, таҥыллан тахсар. Борис Павлов устудьуоннаабыт сыллара, үөрэммит, үлэлиир куората, алтыспыт үөлээннээхтэрэ – бу кэм сүрүн дьоруойдара. ХХ үйэ 90-ус сылларын туһунан ахтылҕан (ностальгия) суруналыыс, бэйиэт Борис Павлов үгүс кинигэтигэр биллэр-көстөр матыып буолар.
Ол да иһин суруйааччы уларыта тутуу кэмигэр устудьуон сааһа ааспыт ХХ-с үйэ дьалхааннаах сылларын сүрүн тиэмэ оҥорбута өйдөнөр.
Үрдүк идеаллардаах сэбиэскэй литература сүрүн геройдара пионер, коммунист, учуутал этилэр. Билигин ыччакка холобур буолар маннык уобарастар суохтар. Онон аныгы суруйааччыга сүрүн герой уобараһын айар икки төгүл ыарахан буолара бэккэ өйдөнөр. Борис Павлов, уустугурдубакка, икки үйэ алтыһыытыгар, бүтүн общественнай строй ыһыллыытыгар саҥа уонна эргэ алтыһар мөккүөнүн билбит бэйэтин көлүөнэтин биһирэбиллээх да, омсолоох да өрүттэрин хайдах баарынан суруйар. Онон дьиҥ олохтон төрөөн тахсыбыт, итэҕэтиилээх, иһирэх сэһэргээһин – сэһэн биир ситиһиитэ. Кырдьык даҕаны, маннык кэм эриирдээх сюжеты, уйулҕа судургута суох хамсааһыннарын, уустук характердары үөскэтэрэ биллэр буоллаҕа.
Сэһэн быстах-быстах 17 чаастан турар, ол айымньы идиэйэтигэр эмиэ сөп түбэһэр, олох кылгас кыл түгэннэртэн турарын, биирдиилээн дьон дьылҕатыттан тиһиллэрин санатар. Чаастар утум-ситим тиһиллэн, сороҕор бэйэ-бэйэлэрин кытта алтыһан, сороҕор тэйсэн, ыраатан, ардыгар көрсүһэн, олох уустук суолун көрдөрөллөр.
Сайсарыга төрөөбүт дьиэтин урусхалланыытын көрөн турар худуоһунньук Гера уобараһынан оччотооҕу ыччат сырдык ырата эстиитэ, сарсыҥҥыга эрэлэ суурайыллара итэҕэтиилээхтик арыллар. Төрөөбүт дьиэ уобараһа кэҥээн, саҥа ассоциативнай аргыс-өйдөбүллэринэн хаҥаан, төрөөбүт дойду уобараһыгар тиийэ хабааттар, үгүс дьон-сэргэ олоҕун аймаабыт Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыытын көрдөрөр символ уобараска кубулуйар.
Маннык ыһыллыы, мунуу матыыба хас биирдии герой дьылҕатыгар хатыланар. Оруна суох буруйданан, уон сыл хаайыыга сытан тахсыбыт Эркин диэн эдэркээн устудьуон икки үйэ алтыһыытыгар тэмтэрийбит саха ыччатын уобараһын түмэр. Олох хараҥа өттүн тутуспут, хаайыы дьылҕаламмыт, криминал эйгэтигэр кыттыспыт, тиһэҕэр устугас олохтоммут саха ыччата – ити кэм сиэртибэлэрэ.
Бу эдэр дьон дьылҕатыгар ХХ үйэ 90-ус сылларын сонун, саарбах даҕаны көстүүлэрэ (бастааҥҥы импортнай табаарынан эргинии, хараҥа криминал эйгэтэ, кэрэ кыргыттар куонкурустара, рок бэстибээллэр, атыы-урбаан-предпринимательство о.д.а. саҥа олох өрүттэрэ) дьэҥкэрэн ааһаллар.
Уларыта тутуу үгүс үтүө өрүтэ – омук быһыытынан бэйэни билинии, норуот култууратыгар интэриэс, дьон өйүн-санаатын уһуктуута, ыыр, эйгэ кэҥээһинэ эмиэ персонажтар олохторугар сүрүн суолталаммыта көстөр.
Борис Павлов геройдарын сүрүн хаачыстыбалара – эппиэтинэстээх буолуу. «Бу дьүһүммүнэн дойдубар, дьоммор хайдах тиийиэхпиний» диир Эркин, үөрэнээччилэрин туһугар долгуйар Татыйык кыыс, төрөөбүт куоратын таптыыр Гера... дойдуларын, дьоннорун, норуоттарын туһугар эппиэтинэстэрин өйдүүллэр. Ол хаачыстыбалара кинилэргэ быыһанар, быыһыыр суолу тобуларга, олох хараҥа өрүтүттэн сырдыкка дьулуһарга көмөлөһөр.
Эркин, Гера, Татыйык уобарастарыгар саха ыччатын сэмэй, хорсун-хоодуот майгыта, кэрэ дьүһүнэ бэлиэтэнэр. Кинилэр сүрэхтэрин муннугар саһыаран сылдьар баайдара – төрөөбүт тыллара, олоҥхо уран уобарастара, саха киһитин туһунан идеаллара.
Айымньы архитектониката логичнай, сааһыламмыт. Сэһэн эдэр дьон бэрт сэргэхтик оһуохайга тэриниилэриттэн, оһуохайга киирэн хаамыыларыттан саҕаланар уонна эмиэ оһуохай түһүлгэтинэн түмүктэнэр. Ол курдук оһуохай символ быһыытынан олох эргимтэтин, циклын бэлиэтиир. Үҥкүү тас өттүгэр туран хаалыы, ситимтэн быстыы бу сэһэҥҥэ олохтон туорааһын, олох хараҥа өттүгэр үктэнии курдук өйдөнөр. Эркин уол эрэйдээх-муҥнаах сыллара ити оһуохай хаамыытыгар мунууттан, сэргэстэһэ иһэр киһи ытыһын ыһыктыыттан саҕаламмыт буоллаҕына, ааҕааччы үөрүөн иһин, бүтэһигэр сүрүн герой оһуохай тэтимигэр төннөрүнэн, сэргэстэһэр илии кытта ыкса сиэттиһэринэн түмүктэнэр.
Ааптар персонажтарыгар барыларыгар олох олорор, көнө суолга турар, быыһанар кыах биэрэр. Ол кини бэйэтин көлүөнэтигэр эрэлин, тапталын бэлиэтэ буолар. Дойдутун, дьонун-сэргэтин өйөбүлүнэн быыһаммыт Эркин, кырасаабыссалар куонкурустарыгар кыайбытын тэҥэ сөбүлүүр идэтин таба тайаммыт Татыйык, бэйэтин айар суолун көрдөнөр худуоһунньук Гера, суруналыыс Тимир, Техас Гаанньа саҥа олоххо, саҥа дойдуга олорор кыахтарын ыһыктыбаттар.
Сэһэҥҥэ туспа ураты уобарас быһыытынан Дьокуускай куорат уобараһа киирэр уонна үс сүрүн концепт-өйдөбүлгэ тирэҕирэр. Бастатан туран, бу университет-куорат. Үгүс ыччаты түмэ тарпыт, дьол, таптал, үөрэх уйата буолбут Сэргэлээх куорат иһигэр куорат буолан көстөр. Сэргэлээх уобараһа саха литературатыгар, ордук аныгы прозаҕа балачча сырдатыллар. Борис Павлов Сэргэлээҕэ устудьуоннар дьылҕаларыгар кыттыгастаах уобарас буолан, тыыннанан, дириҥээн, эрдэтээҥҥи суруйааччылар хоһуйбут Дьокуускай Хотун уобарастарын салгыыр. Дьоллоох Дьокуускайга дьол көрдөһө кэлбит саха сороҕор табыллан, сороҕор дьолтон матан төннөрө биһиги литературабытыгар биир биллэр матыып. Киһи тургутуутун, хатарыллыытын (инициациятын) бэлиэтиир бу матыып саха төрүт өйдөбүлүттэн, национальнай хартыынатыттан силис тардар.
Дьокуускай иккис ураты көстүүтэ – атыы-эргиэн куората. Киһи уонна куорат уустук сыһыаннаһыытыгар сүрүн табаар киһи буолан хаалар трагическай өрүттэрин бу сэһэҥҥэ эмиэ көрөбүт. Арыгыһыт буолан хаалбыт Лира, кырасаабыссалар куонкурустарыттан кэрэ кыргыттары талан Москубаҕа илдьэр продюсер арыйар сюжета – куорат, чаҕылхай эрээри, албын уоттарыгар албыннаппыт дьон иэдээнэ. Атыы-эргиэн алдьатыылаах эргииригэр Эркин эмиэ түбэһэ сыһар. Үгүс харчынан угуйан, хараҥа дьыаланан дьарыгырарга уолу ыҥырар саарбах үөлээннээҕэ Дьуон, саха дьонун арыгынан-пиибэнэн сутуйар кэлии предприниматель, төрөөбүт-үөскээбит уһаайбатын харчытын пирамидаҕа уган албыннаппыт Жанна – ити кэм үөскэппит уобарастара.
Куорат үһүс көстүүтэ – түрмэ-куорат. Василий Яковлев-Далан, Иван Гоголев, Егор Неймохов, Эдуард Соколов о.д.а. суруйааччылар айымньыларыгар ойууламмыт түрмэ уус-уран топос быһыытынан бу сэһэҥҥэ эмиэ көстөр. Дьокуускай сырдык-ыраас куорат, наука, култуура киинэ эрэ буолбакка, хараҥа, кирдээх, күлүк өрүттээх эмиэ көстөр. Ол хараҥа өттө түрмэ, балыыһа, өрүс вокзалын, кирдээх уулуссалар, самнайбыт дьиэлэрдээх кварталлар көстүүлэринэн ситэриллэр.
Ити курдук Дьокуускай куорат хас да мөссүөнэ араас өрүттээхтик арыллыбытын, ХХ-с үйэ 90-с сыллардааҕы персонажтарын дыьлҕаларын салайар, быһаарар оруоллаах туспа уобарас буолан сэһэргэммитин сэҥээрдим, айымньы уратытын, уус-уран идиэйэни тиэрдэр, кэм тыынын көрдөрөр сонун ньыма диэн сыаналаатым.
Куоракка утары бинарнай өйдөбүллээх уобарас – төрөөбүт түөлбэ. Төрөөбүт сир күүскэ күүс эбэр, эмтиир, быыһыыр анала эмиэ, биллэн турар, саха киһитин тус менталитетын уратытын көрдөрөр. Куорат сиргэ киирэн, уулусса топологиятыгар сыстан, күлүк уобарас буола кубулуйбатах сэһэн геройдарын дьылҕаларын ааҕааччы кэрэхсиир, хайҕыыр, кинилэри кытта тэҥинэн ырааһырар, быыһанар.
Ити курдук суруйааччы быыһык кэмнээҕи көлүөнэ үөрүүтүн, эрэлин, ыарыытын, кэмсиниитин түспэтийбит киһи билиитинэн, мындырынан, уопутунан, ситиһиитинэн сыаналыыр. Кэрэхсэбиллээх, мөккүөрдээх, түһүүлээх-тахсыылаах, уларыйыылаах-тэлэрийиилээх кэмнэргэ олорон ааспыт үөлээннээхтэрин туһугар эппиэтинэс ылынан, айымньы оҥорон үйэтиппит Борис Павлов сэһэнэ уратытык, күүстээхтик уонна сонуннук көһүннэ. Борис Ивановичка айар үлэтигэр үрдүк ситиһиини, проза жанрыгар хорутуулаахтык ылсан, өссө бөдөҥ жанрга, ромаҥҥа, холонон көрөрүгэр, үгүс чаҕылхай айымньыны айарыгар-тутарыгар баҕарабын.