Кэлэр кэскилбитин бэйэбит талабыт!
Уопсастыбаннай эйгэ бастыҥ бырайыактарын быһаарар Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһын туһунан хаһыаппытыгар сиһилии суруйдубут, кэпсээтибит. Көхтөөхтүк кыттыҥ диэн элэ-была тылбытын эттибит. Ол эрээри куорат холугар ыллахха, куолас аҕыйах диэххэ сөп. Маныаха хас да сабаҕалааһын баар. Ону ырытан көрүөххэ, таарыйа куоластааһын хаамыытын билсиэххэ.
Нэһилиэнньэ санаата учуоттанар
Бастакытынан. Дьон-сэргэ “куоластааһын” диэн тылы тириитин таһынан киллэрэр буолбута ыраатта. Кырдьык, кэнники кэмҥэ “лайк” туруорартан хал буоллубут, “репостууру” да ыарырҕатабыт. Бассаапка “сиэммэр куоластаа”, “билэр киһим оҕотун өйөө” диэн көрдөһүү-ааттаһыы күн аайы кэлэр. Өссө ааспыкка “эн ыыппыккар куоластаабытым, бу сырыыга эн куоластаа” диэн иэс баайсыы да баар. Ол иһин нэһилиэнньэ “куоластааһынтан” сылайбыта биллэр.
Иккиһинэн. Куорат кур бэйэтэ кубулуйбат, улаханнык уларыйбат диэн муҥатыйааччы, ытанааччы үгүс. Хомойуох иһин, олорор сирэ сайдарын туһугар кыһаллыбат киһи элбэх. Хайдах эрэ аанньа ахтыбат, улахаҥҥа уурбат буолуу эмиэ ырылхайдык көстөр. Ол эрээри санаабытын түһэрбэппит, билигин да бириэмэ баар, тапталлаах куораппыт тупсарын туруулаһааччы элбииригэр эрэнэбит.
Үсүһүнэн. Дьон ыксаабат буолуохтарын сөп. Түмүктэнэрэ ыраах, кэлин дииллэрин эмиэ истибитим. Кытаатыҥ, куоластааҥ, сыл-хонук биллибэккэ ааһыа.
Төрдүһүнэн. Ааспыт нүөмэргэ матырыйаал бэлэмниирбэр дьон санаатын ыйыталаспытым. Сорохтор бэйэбит улууспут эбийиэгэр куоластаатыбыт, биир эрэ куолас бэриллэрэ соччото суох диэбиттэрэ. Биһиктэрин ыйаабыт сирдэрин өрө туталларын баалыахпыт дуо? Cуох буоллаҕа. Кырдьык, ханнык баҕарар киһиэхэ киинэ түспүт, орох тэппит сирэ күндү.
Бэсиһинэн. Ханнык баҕарар куоластааһыҥҥа сомоҕолоһуу, түмсүү көстөр. Араас онлайн куонкурустарга үксүн ким хоторуй? Саамай сөп! Дьиэ кэргэниҥ, аймахтарыҥ, доҕотторуҥ өйөөтөхтөрүнэ, күүс-көмө буоллахтарына кыайыы кынаттанаҕын. Оттон бу куоластааһыҥҥа нэһилиэнньэ – сүдү күүс.
Куоластааһынынан дьон санаата учуоттанар. Ол эбэтэр ханнык бырайыак олоххо киирэрин нэһилиэнньэ бэйэтэ быһаарар. Хас биирдии куолас күндүтэ итиннэ сытар. Кыайбыт эбийиэк федеральнай үбүлээһинтэн өйөбүл ылар уонна 2022 сылга “Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ” национальнай бырайыак чэрчитинэн тупсарыы үлэтэ ыытыллар. Маны өйдүөх тустаахпыт.
Биир нэдиэлэ иһигэр хамсааһын баар!
Ыам ыйын 18 күнэ, оптуорунньук, киэһэ 22.00 чаас. 14.gorodsreda.ru сайтка киирэн көрөбүн. Кыайыы паарката 6319 куоластаах, Сайсары күөл кытыла уонна Ийэ скверэ – 4170.
Сэрэдэҕэ сарсыарда харахпын тыыра тардаат, бүтэһик чахчылары киирэн бэрэбиэркэлиибин. Чаһы 8 чаас 20 мүнүүтэни көрдөрөр.
Кыайыы пааркатын бырайыагар 6394 киһи куоластаабыт. Бэҕэһээҥҥиттэн +75 эбиллибит!
Сайсары күөл кытыла уонна Ийэ скверэ тупсарылларын туһугар 4218 куолас киирбит. Хамсааһын баар! +48.
Ааспыт нүөмэргэ тахсыбыт матырыйаал суруллар уонна таҥыллар кэмигэр сыыппаралары сыымайдаабыппыт, кыттааччы ахсаана төһө эбиллэрин кэтээн көрбүппүт. Ол чахчылары бу сырыыга хатылыыбыт.
Ыам ыйын 10 күнэ. Сайсары күөлүн кытыла уонна Ийэ скверэ тупсарылларын 1194 киһи туруорсубут. Оттон Кыайыы пааркатыгар 1271 киһи куоластаабыт.
Ыам ыйын 11 күнэ. Киэһэлик көрбүтүм, Сайсары күөлүн кытыла уонна Ийэ скверэ – 1297 куолас. Онтон икки-үс чааһынан киирэн бэрэбиэркэлээбитим – 1317. 20-нэн эбиллибит диэн үөрбүтүм. Оттон эмиэ ити быыһык кэмҥэ Кыайыы паарката бастаан 1436 куоластааҕа, киэһэ 21.30 чааска 1485-кэ тиийбитэ (+49). Бу аата кутуйах хаамыытынан да буоллар, хамсааһын син тахсарын бэлиэтэммиппин.
Ыам ыйын 12 күнэ. Матырыйаал туттарыллар, хаһыат типографияҕа таҥыллан барар. Онон сарсыардааҥҥы эрэ сыыппаралары холобурдуубун. 8 чаас 50 мүн. 1330 киһи Сайсары күөл кытыла уонна Ийэ скверэ тупсуон баҕарарын биллэрбит. Кыайыы пааркатыгар 1528 куолас киирбит.
Нэдиэлэтээҕи түмүк. Сайсары күөл кытыла уонна Ийэ скверэ +2888 куолас. Кыайыы паарката +4866 куолас.
Тэҥнээн көрдөххө
Быйыл Бүтүн Арассыыйатааҕы куоластааһыҥҥа биһиги өрөспүүбүлүкэбититтэн 13 муниципальнай тэриллии кыттар: Алдан, Ленскэй, Мииринэй, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Покровскай, Дьокуускай куораттар. Ону таһынан Айхал бөһүөлэк, Майа, Нам, Сунтаар, Чурапчы сэлиэнньэлэрэ.
Ааспыкка бу эбийиэктэр кэтээн көрөөһүммэр киирбиттэрэ. Биир нэдиэлэ устата уларыйыы төһө барбытын сыаналыахха.
Майа, Мэҥэ Хаҥалас. Бэҕэһээҥҥи туругунан Комсомольскай болуоссат Механизатордар сквердэрин кэннигэр хаалларбыт. Куоластарын ахсаанын күнүнэн көрүөххэ. Оптуорунньук, киэһэ 22.00 ч. ааһыыта. Бастакы эбийиэк бырайыагын 4215 киһи биһирээбит, сэрэдэ сарсыарда икки куолас эбиллибит – 4217 тэҥнэспит. Иккис эбийиэк олоххо киирэрин 39 киһи туруорсубут (оптуорунньук көрдөрүүтэ), сэрэдэ сарсыарда бииринэн эбиллибит – 40 буолбут.
Аны билигин ааспыт нэдиэлэни кытта тэҥниэххэ. Бу сыыппаралары “Киин куорат” хаһыат ыам ыйын 13 күнүгэр тахсыбыт нүөмэргэ холобурдаабытым. Ыам ыйын 11 күнүгэр киирэн көрбүтүм, Комсомольскай болуоссат 3141 куолаһы хомуйбут этэ. Оттон Механизатордар сквердэрэ – 36-ны.
Чурапчыга Ленин болуоссата ааспыт нэдиэлэттэн иннин биэрбэтэх. Ыам ыйын 18 күнүгэр киэһэ 1088 куолас этэ. Бэҕэһээ сарсыарда 1097 буолбут. 9 киһи эбии кыттыбыт.
Оттон Кыайыы скверэ тупсарын 80 киһи турууласпыт (оптуорунньук туругунан). Бэҕэһээ сарсыарда көрбүтүм – 81.
Ааспыт нэдиэлэ сыыппаралара: Кыайыы скверэ – 17 куолас. Ленин болуоссата бастаан иһэрэ – 244 куоластааҕа.
Норуот күүһэ – көмүөл күүһэ
Ааспыкка куоластааһыны кутуйах хаамыытыгар тэҥнээбит эбит буоллахпына, бу сырыыга сыыдам акка холуубун. Кырдьык, дьон бүтэһик күннэргэ уһуктара – баар суол. Сылдьан баран “бабат-татат” диирбит кэмнээх буолуо дуо. Онон бу хаалбыт аҕыйах күҥҥэ кыттааччы ахсаана элбиирэ күүтүллэр.
«LETO» компетенция киинэ иһитиннэрбитинэн, ыам ыйын 6 күнүгэр куоластааһыҥҥа 10 267 Саха сирин олохтооҕо кыттыбыт. Уонча күн иһигэр төрөөбүт сирдэрэ тупсарын туһугар сүрэхтэринэн-быардарынан ыалдьар, долгуйар киһи ахсаана элбээбит. Ол курдук, ыам ыйын 18 күнүнээҕи туругунан 30 тыһыынчаттан тахса куолас буолбут.
Хайдах куоластыыбыт?
14.gorodsreda.ru сайтка киирэҕит.
Дьокуускай куораты талаҕыт, куоластааһыҥҥа киирбит эбийиэктэри булаҕыт: Кыайыы паарката/ Сайсары күөл кытыла уонна Ийэ скверэ.
«Госуслуги» порталга киирэҕит эбэтэр регистрацияланаҕыт. Формаҕа араспаанньаҕытын, ааккытын, аҕаҕыт аатын, төрөөбүт күҥҥүтүн-дьылгытын, олорор сиргитин, электроннай почтаҕыт аадырыһын, төлөпүөҥҥүт нүөмэрин суруйаҕыт.
Ханнык уопсастыбаннай эйгэ тупсарыллыахтааҕын талаҕыт: Кыайыы паарката эбэтэр Сайсары күөл кытыла уонна Ийэ скверэ.
Киин куорат олохтоохторо куоластааһыҥҥа көхтөөхтүк кытыннахтарына, Кыайыы паарката олоххо киириэ, Дьокуускайбытыгар өссө биир өйдөбүнньүк бэлиэтэ баар буолуо. Эбэтэр Сайсары күөлбүт кытыла, Ийэ скверэ тупсарыллан, киһи эрэ кута-сүрэ тохтуур сиригэр кубулуйуо. Инникитин бу эбийиэктэр тапталлаах куораппыт эргийэр киинэ буолуохтара.
КЫТТЫАХХА! КУОЛАСТЫАХХА! КЫАЙЫАХХА!