Кэһиилээх Уола: «Бэйэтэ даҕаны билбэтинэн сүтэрбит эбит тылын»
1996 сылтан Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Николаев ыйааҕынан олунньу ый 13 күнэ Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүнэн биллэриллэн турар. Бу түгэн өрөспүүбүлүкэ норуоттарын тылларын сайыннарыыга уонна харыстааһыҥҥа туһуланыахтааҕа биллэр. Өрөспүүбүлүкэ норуоттарын биир бэрэстэбиитэлэ – долган, букатын аҕыйах ахсааннаах хотугу норуот, бүгүн ыраах Анаабыр улууһугар баара-суоҕа тыһыынчаттан эрэ тахса ахсааннаах түөлбэлээн олорор. Долганнар ийэ тылларын тоҕо умуннулар?
Ол туһунан биһиги долган норуотун биир чаҕылхай уола – Анаабыр улууһун бочуоттаах гражданина, Бүтүн Арассыыйатааҕы инбэлииттэр уопсастыбаларын чилиэнэ, Үлэ бэтэрээнэ, "Гражданскай килбиэн", "Хоту дойдуга үтүөлэрин иһин" анал бэлиэлэр хаһаайыннара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Николай Лукич Туприн-Кэһиилээх Уолун кытта кэпсэттибит.
– Николай Лукич, Саха сиригэр долган диэн омук баарын киһи эрэ барыта билбэт эбит. Төрүттэриҥ туһунан сырдата түһүөххэ эрэ. Долган диэн тыл суолтата тугуй?
– Мин саныахпар, долган диэн тыл айылҕа уонна тыа киһитэ диэн суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, кини табатын уонна түүлээх булдун эккирэтэн, айылҕаҕа, туундараҕа олоҕун моҥуур. Ол тухары олох олорору таһынан тыыннаах хааларга туруулаһар.
Билиҥҥи туругунан долганнар ахсааммыт тыһыынчаттан эрэ тахсабыт. Онно эбиллэллэр Красноярскай долганнара. "Өрөспүүбүлүкэ долганнара" диэн бөлөхтөөхпүн, онно бу икки сир долганнара мустан олороллор, санаа үллэстэллэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ Красноярскайтан элбэх долган кийииттээхпит. Онон омук быһыытынан кэккэбит хаҥыырыттан үөрэбит.
– Оттон бэйэҥ хантан хааннаах, кимтэн кииннээх буолаҕын?
– Ахсынньы аан-даам тымныытын кэмигэр 19 чыыһылаҕа 1944 сыллаахха Саха АССР Анаабыр оройуонун Үрүҥ Хайа дэриэбинэтигэр колхуостаах дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтүм.
Үлэ, олох түгэннэрэ,
Оҕо, уруу ситимэ
Биэс уон икки сыл биллибэккэ
Ааспыта эбитин түргэнин, -
диэн строкаларбын ситэрэн, бэйэм дьиэ кэргэним туһунан сырдаттахха, устудьуоннуур эдэр саастарбар таптал иэйиитигэр куустаран, Мэҥэ Хаҥалас Наахаратын кыыһын Евдокия Илларионовналыын билсиһэн, 1967 сыллаахха ыал буолбуппут. Үс оҕолонон, тоҕус сиэннэнэн, хос эбээ, эһээ аатын сүгэр дьолго тиксибиппит. Кэргэним барахсан бу орто дойдуттан барбыта....
Олох суола өссө сайдыаҕын,
Ыар ыарыы кыаххын былдьаан,
Кэрэчээн бэйэҕин булгу сөрөөн,
Суох оҥорбута орто дойдуттан.
Олохпор суохтуу саныыбын эйигин
Эн кэннигиттэн олорор кэмнэрбэр,
Аттыбар буолуоххун олустук баҕаран,
Тулабар көрдөөн хааман ылабын...
– Оттон Кэһиилээх Уола диэн таптал ааттааххын. Бу туһунан кэпсиэҥ дуу?
– Ийэм Елена Ефремовна Туприна көс дьонун олоҕор ураһа дьиэҕэ күн сирин көрбүт. Кыыстара төрөөбүтүн сарсыныгар кыыл табалар кэлэн биэрбиттэр. Ол бултарын чоҥкутун силиитин сии олорон, үөрэн, саҥа төрөөбүт кыыстарыгар Кэһиилээх диэн таптал аат иҥэрбиттэр.
Ийэм барахсан мин уон саастаахпар, ыалдьан, көрөн олордохпуна бу орто дойдуттан айаннаабыта. Мин киниэхэ күҥҥэ көрбүт суос-соҕотох оҕотобун. Ийэбэр санаам баҕатынан, ис дууһам иэйиитинэн үйэлэргэ махталбын уонна кини ыра санаатын утумун салҕаан, кини аатын ааттаан, Кэһиилээх Уола диэн псевдоним оҥостоммун, суруйар идэнэн дьарыгырабын.
– Саныахха, кырдьык, ыарахан. Оттон талан ылбыт идэҥ, хаһан, ханна, туохха үөрэммитиҥ туһунан кэпсии түстэргин...
– 1962 сыллаахха Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар ветеринар идэтигэр үөрэнэ киирбитим. Бу идэбин ылаат, төрөөбүт оройуоммар "Анаабыр" сопхуоска ананан үлэбин саҕалаабытым. Устудьуон олоҕун бииргэ тэлбит эдэр сааһым доҕотторо миэхэ олус күндүлэр. Билигин бары да аҕыс уоннаах ытык саастаах дьон буолабыт. Дьолго, аныгы төлөпүөн сибээһинэн күннэтэ сонуннаһа олорор чугас доҕоттордоохпун. Кырдьаҕас дьон сиэринэн сүбэнэн, тылынан бэйэ-бэйэбитин өйөһөн, эҕэрдэлэһэн күммүтүн атаарабыт. Бука бары ытыктабылынан сыһыаннаһабыт.
Үлэбин ветврачтан саҕалаан, сопхуос рабочкомунан, парткомунан үлэлии сылдьыбытым. Салайааччы быһыытынан Анаабыр оройуонун тыатын хаһаайыстыбата сайдыытыгар, хоту дойду тыйыс айылҕатыгар үлэлиир дьон интэриэһин көмүскээһиҥҥэ сылдьыбыт кэмнэрбин сылаастык ахтабын.
Таба иитиллэр дьылҕата –
Лабыктата төһө баарын,
Табаһыт киһи санаатынан
Туундара сирин харыстыахтаах.
Ол иһин тутуһуохтаах
Зоотехник этэр этиитин,
Үөрэх этэр быраабылатын,
Сир харыстанар сокуонун.
– Николай Лукич, оҕо эрдэххиттэн көрө улааппыт табаҕын туойбатах хоһоонуҥ суоҕун кэриэтэ курдук истэбин. Таба эн олоххор туох суолталааҕый?
– Дьээ, диэ... Таба, бастатан туран, хоту дойду хоһуун дьонун миинэр миҥэлэрэ, ыраахтарын чугаһатар, кыаллыбаттарын ыпсарар эрэллээх доҕордоро буоллаҕа. Туундара киэҥ киэлитинэн тамайа айанныыр табабыт туһунан, чахчы, үгүс-элбэх хоһоонноохпун, кэпсээннээхпин даҕаны. Бэйэм бу хоту дойдуга төрөөбүт, улааппыт, үлэлээбит уонна олорор киһи буоларым быһыытынан, табабын, мин хоһуйбатахпына, ким хоһуйуой?!
– Сыыйа, дьэ, айар үлэҕэр киирдибит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһугар хаһан киирбиккиний?
– Долган поэттарыттан бастакынан 70-с сылларга Огдоо Аксенова Суруйааччы сойууһугар киирбитэ. Оттон мин Дьокуускай куоракка баар "Сайдам" кинигэ кыһатын дириэктэрэ, суруналыыс М.П. Лыткина этиитинэн, бар дьонум көмөтүнэн суруйааччы үрдүк аатын сүкпүтүм.
– Долган поэзията сахаттан туох уратылааҕый?
– Дьэ ону мин этэр кыаҕым суох. Арай саха норуодунай поэта Иван Мигалкин долган омук поэзията саха поэзиятыттан уратыта олус нарын, сэмэй эрээри, дириҥ ис хоһооннооҕугар сытар диэбитин истибиттээхпин.
– Оттон эн бэйэҥ айар суолгар тугу тутуһаҕын?
– Хоһооннорбор, кэпсээннэрбэр ураты тыйыс эрээри уйан айылҕалаах хоту дойдубун, кини туруу үлэһит дьонун сырдатар, кинилэр ааттарын киэҥ эйгэҕэ таһаарар, үйэтитэр, кинилэр нөҥүө омукпут төрүт дьарыгын өрө тутар, тарҕатар, ыччакка патриоттуу санааны иитэр хайысханы тутуһабын.
– Аҕыйах хонугунан Ийэ тыл күнүн бэлиэтээри олоробут. Манна эн тус санааларыҥ?
– Хас биирдии норуот туллар тутааҕа, баар-суох баайа – ийэттэн иҥэриллибит ийэ тыла. Хомойуох иһин, билиҥҥи балысхан сайдыылаах үйэҕэ ол баайбытын былаҕайга былдьатар кутталлаахпыт.
Бар дьоммут бары маны өйдөөн, кэнчээри ыччаппытыгар ийэ тылын иҥэриигэ кыһаллар түгэнигэр эрэ улуу нуучча тылын сэргэ төрөөбүт тылбытын умуннарыахпыт суох этэ. Оттон бэйэм долган омугум төрөөбүт тылын бүгүҥҥү дьылҕатын туһунан элбэҕи эппэккэбин, бар дьоммор санаабын хоһооммунан тириэрдиим дуу.
Устан ааһар олоҕор,
Долган омук дьылҕатыгар,
Бэйэтэ даҕаны билбэтинэн
Сүтэрбит эбит тылын.
Олох сайдар түгэнигэр,
Үөрэх-билии далыгар,
Саха омук тылыгар
Баһыйтарбыт долган тыла.
Сахалыы тылынан үөрэнэммит
Симэлиппит эбиппит тылбытын,
Саҥа үйэ саҥатыгар
Долган буоларбытын билиннибит.
Тыла суох омук...
Толору омук буолбатах.
Сүппүт тылбытын көрдүөххэ,
Кэнчээри ыччаппытыгар үөрэтиэх.
Долгаан омук суруктаах,
Саҥарар төрөөбүт тыллаах,
Бэйэтэ эмиэ фольклордаах,
Ону тэҥинэн олоҥхолоох.
Дьэ, итинник. Хомойуох иһин, бу билиҥҥи олохпутугар чахчы буола турар быһыы-майгы эбээт.
Эбэтэр манныгы ааҕыахха сөп.
Сабардаан түһэр сайдыы
Тэтимнээхтик айанныыр хардыыта,
Суолугар баары уккуйуута,
Бэйэтигэр сөрөөн буккуйуута.
Аҕыйах ахсааннаах норуоттар
Тылларыгар-өстөрүгэр сабыдыала
Кимэн киирэн иһиитэ
Биллэн иһэр сымсатык.
Төрүт саҥа сүтүүтэ –
Омук эстэр ыллыга,
Саха омук буолуута –
Сахалыы тыыны иҥэриигэ.
– Бүгүҥҥү көлүөнэ долганнар саха, нуучча тылыгар баһыйтардылар диэтиҥ. Оттон эн көлүөнэҥ хайдах этэй?
– Мин оскуолаҕа киириэхпэр диэри дьоммунаан холкутук төрөөбүт тылбынан саҥарар, кэпсэтэр этим. Онтон оскуолаҕа киирэн сахалыы, нууччалыы тылынан үөрэнэн, сыыйа бу тылбын туттубат буолан хаалбытым. Бүгүн бу хас биирдии аҕыйах ахсааннаах норуот иннигэр турар кыһалҕа. Билигин маннык проблема саха омугун иннигэр турар. Ону мэлдьэһэр кыах суох.
– Дьэ, ити баар чахчы. Эн элбэх хоһооҥҥор ыччакка туһаайыылааххын.
– Эдэр дьоҥҥо төрөөбүт дойдуга тапталы, өбүгэ ситимин тиэрдэр баҕа баһаам:
Билиҥҥи кэм киһитэ
Өбүгэ дьонуттан уратыҥ –
Үөрэхтээх буолаҥҥын, сайдан,
Олорор олоххун тупсар.
Билиилээх киһи сатабыллаах,
Үөрэхтээх киһи өйдүөхтээх
Үлэ киһини дьоллуурун,
Киһилии киһи оҥорорун.
Эбэтэр:
Өйдүү санаа эн,
Өбүгэттэн силис тардан,
Кинилэртэн сүбэ ылан
Киһи-хара буолбуккун.
Билбитиҥ эн кинилэртэн
Үлэ, үөрэх абырыырын,
Үлэттэн киһи дьоллонорун,
Үлэттэн олоҕуҥ тутулуктааҕын.
– Айар дьоҥҥо айымньылара төрөппүт оҕолорун кэриэтэ буоллахтара дии. Бу туһунан кэпсээриий.
– Билиҥҥи туругунан 12 кинигэлээхпин. Бу кинигэлэрим тахсалларыгар Анаабыр улууһун салалтата – Сааскылаах, Үрүҥ Хайа администрациялара, аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар ассоциациялара сүрүн спонсордарбынан буолаллар. Түгэнинэн туһанан бука барыларыгар махталбын тириэрдэбин. Кинилэр кэмигэр өйөбүллэрэ суох кинигэлэрим күн сирин көрүөхтэрэ суоҕа эбитэ буолуо.
– Ол да кинигэлэр тахсаннар буолуо, “Николай Туприн тыллара» диэн ырыалар иһиллэн эрдэхтэрэ...
– 18 ырыа ылланар. Мелодистар Егор Неустроев, Сергей Сыроватскай, Егор Толбонов, Агния Туприна (Аланта) матыып оҥороннор, хоһооннорум ырыа буолан ыллана сылдьалларын үөрэ истэбин.
– Анаабыр улууһугар аны общественник быһыытынан биллэҕин.
– Кыһалҕаттан кэлбит дьарыгым эбитэ дуу. 14 сыл устата Анаабырга инбэлииттэр уопсастыбаларын салайан үлэлэппитим. Ыраах улуус дьоно буоларбыт быһыытынан судаарыстыба биэрэр көмөтүгэр махталбыт улахан. Ону ааһан бэйэбит кыахпытынан көрөммүт күннээҕи олохпут уйгута бэйэбит илиибитигэр баарын өйдөөммүт, бэйэ бэйэбитигэр кытаанах кэми тутуспутунан сылаас тылынан өйөһөн, наада буоллаҕына көмөлөсүһэн олохпут оҥкулун оҥостобут.
– Бэйэҥ доруобуйаҥ туһунан кэпсии түс эрэ.
– 1985 сылтан харахпынан инбэлиит буолбутум. Харахпын чөлүгэр түһэрээри уопсайа 9 эпэрээссийэни ааспытым. Хомойуох иһин, медицина мин ыарыыбын кыайбата. Оҕо сылдьаммын кэтэхпинэн мууска түспүтүм түмүгэр ханнык да эпэрээссийэ быыһаабат ыарыылаахпын.
Чугас өйүүр, өйдүүр дьонноох эрэ буоламмын, баччаҕа кэллим. Көрбөт буолан баран олохпун салгыы хайдах, тугу дьарыктанан олоробун диэн санааттан суруйар үлэнэн умсугуйан барбытым.
– Ити хас сыллаахха этэй?
– Ити 1998 сыл этэ. Маҥнайгы кинигэбин таһаарарбар Иван Федосеев, Степан Дадаскинов улахан тирэх буоланнар, онтон кынаттанан, санаам күүһүрэн, салгыы айар үлэҕэ киирэн испитим. Киһиэхэ кыра да наада диэн итинниги этэн эрдэхтэрэ. Оччотооҕу кэммэр олохпор маннык дьоннуун көрсүбүппэр сүрдээҕин махтанабын.
– Николай Лукич, аны атын ыарыы буулаан, икки улахан эпэрээссийэни ааспыккын иһиттим...
– Олох диэн, кырдьык, сүрдээх уустук. Киһи хаһан да билбэтэх түгэннэрэ эмискэ буолаллар. Дойдубар өттүкпүн булгу түһэммин, мин дьолбор, Дьокуускайтан хирург тиийэн, бар дьонум төлөбүрүн оҥорон, миэстэтигэр суһал эпэрээссийэ ыытыллан атахпар саҥа туран эрдэхпинэ, аны атын ыарыы өрө туран, ууга-уокка киирэн таҕыстым.
Ол курдук, аны бу аҕыйах хонуктаахха онкология диэн балыыһаттан тахсан олоробун. Бачча улахан икки эпэрээссийэни этэҥҥэ ааспыт киһи бу хамсык ыарыыны аһарыам диэн бигэ эрэллээхпин.
Саамай кутталлаах ыарыыбар бириэмэтигэр эпэрээссийэ оҥоһуллубутугар, маннык ыарахан кэммэр күүс-көмө буолбут дойдум дьонугар, бары аймахтарбар, бииргэ устудьуоннаабыт доҕотторбор түгэнинэн туһанан “Киин куорат” хаһыат нөҥүө барҕа махталбын тириэрдэбин. Ханнык да ыксаллаах, ыарахан кэм тирээтин, санааны түһэрбэт күүстээх буолуҥ, бэйэ-бэйэҕэ маннык болҕомтолоох сыһыан, үтүө дьыала өрүү баар буоллун. Күнэ да суох күннэр дьол, үөрүү туругунан туоларын эппинэн-хааммынан билбит кырдьаҕас киһи баҕа санаам итинник. Быһаарыылаах кэмнэрбэр күн-ый буолбут үрүҥ халааттаах аанньалларбар эмиэ махталым муҥура суох!
... Бүгүҥҥү ыалдьыппыт туһунан саха норуотун ытыктыыр киһитэ, Анаабыр улууһун бочуоттаах гражданина, суруналыыс Степан Дадаскинов үтүө тылынан ахтыбытын тумнан ааһар сатаммат курдук: "Николай Лукич "Тоҥус уолабын" диэн биир кинигэтин аата. Ол эбэтэр "тоҥус" диэн уһулуччу сирдьит, булчут, табаһыт, балыксыт идэтин баһылаабыт хотугу киһини ааттыыллар... Мин санаабар кэрэхсибиллээҕэ: таба – бүтүн норуот дьылҕата буоларын быһа-бааччы этэр. «Табалаах эрэ буоллахпытына тыыннаах олоруохпут", - диир. Бу өбүгэлэрбит эрэ буолбакка, бүгүҥҥү кырдьаҕас табаһыттар кэс тыллара эбит». Эмиэ биллиилээх суруналыыс Акулина Харбаева Николай Туприн-Кэһиилээх Уолун туһунан: "Төрөппүт дьоммут төрүт идэлэрин туругурдар туһугар туох баар өйүн-санаатын уурар суруйааччы", - диэн эппитин бүгүҥҥү маанылаах ыалдьыппыт бу хоһоонугар көрөбүт:
Өбүгэ көс олоҕу
Таба туһугар анаабыта,
Табатын көрөн-харайан,
Солбуйар көлүөнэтигэр хаалларбыта.
Ол барыта ситиһиллибитэ
Дьаныардаах, кыһамньылаах үлэнэн,
Таба туһугар олохтон
Үлэ сокуонун тутуһууттан.
Билиҥҥи көлүөнэ эмиэ
Олоҕун сыала буолуохтаах,
Табатын өссө элбэтэн,
Үүнэр көлүөнэҕэ туттарыахтаах.
Оттон биһиги ытыктабыллаах ыалдьыппытыгар Николай Лукич Туприҥҥа-Кэһиилээх Уолугар тулхадыйбат күүстээх санаатыгар өссө күүһү, этэҥҥэ буолан айар үлэтигэр иэйиини уонна долган омук ийэ тыла сир үрдүттэн симэлийбэккэ, кэлэр көлүөнэлэргэ бара туруон баҕарабыт.