07.09.2021 | 12:00

Карина Семенова: «Олохпут саҕаланна»

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

«Күнүн-дьылын сөпкө аттарынар, сатаан былаанныыр киһи толору олоҕу олорор, кыаҕын барытын туһанар», – диэн бигэ санаалаах бүгүҥҥү ыалдьыппыт. Сэргэх сэһэргэһээччибитин үгүс ааҕааччы көрөн билэр буолуохтаах. Билсиҥ –  “Саха” национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа суруналыыһа, @oloxput_sa5alanna_planner ааптара, зумба тренерэ, блогер Карина СЕМЕНОВА.

Үөрэҕи, үлэни тэҥҥэ дьүөрэлээн

– Саха дьонун сиэринэн билсиһииттэн саҕалыахха.

– Мин Чурапчы Чыаппаратыттан төрүттээхпин. Оскуола кэнниттэн М.К. Аммосов аатынан ХИФУ суруналыыстыкаҕа салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Биир сыл “Кэскил” хаһыакка, онтон үс сылы быһа “Саҥа күн” биэриигэ практикабын барбытым. Онтон сахалыы тыллаах суруналыыс буолар баҕа санаабын ситэрэн, Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын үөрэтэр институту бүтэрбитим.  Устудьуоннуу сылдьан “Саҥа күн” биэриигэ үлэлии киирбитим. Бастаан таһаарааччы эрэдээктэрдээбитим, олоҕум сарсыарда 4.30 чаастан саҕаланара. Онтон кэрэспэдьиэнинэн, ыытааччынан үлэлээбитим, кэлин эрэдээктэргэ тиийэ үүннүм. Хас эпиир иннинэ: “Олохпут саҕаланна”, – диэн дьээбэлэнэн этээччибин. Онтон ыла ити этиинэн салайтарабын.

Кыра эрдэхпиттэн дьарыгым олус элбэх буолара. Ол иһин былааннанарга, бириэмэбин таба туһанарга үөрэммитим. Аны санаатахха, эбэм, ийэм миигин күөмчүлээбэттэр эбит. Сүрэҕим сөбүлүүр дьарыгар сылдьарбар көҥүл биэрбиттэригэр махтанабын. Эбэм Лыткина Мария Михайловна элбэххэ үөрэппитэ, ааҕыы эйгэтигэр сыһыарбыта. Ийэм Эверстова Надежда Гаврильевна – миигин өйдүүр, өйүүр киһим. Аннушка диэн балтылаахпын.

Сүрүн баайгытын халтайга бараамаҥ

– Былаанныыр үөрүйэҕиҥ туһунан сиһилии кэпсээ.

Сорохтор былааннанар туһата суох дии саныыллар. “Эс, мин хас да сиргэ үлэлээбэппин”, “бизнеһим суох”, “оҕо көрөн олоробун” дииллэр.  Дьиҥэр, хас биирдии киһи сыаллаах-соруктаах, баҕа санаалаах. Киниэхэ, бастатан туран, харчы буолбакка, бириэмэ наада. Күнүн-дьылын сөпкө аттарынар, сатаан былаанныыр киһи толору олоҕу олорор, кыаҕын барытын туһанар, этэргэ дылы, быыс-арыт булан эбии дохуот да оҥостуон сөп.

Аны үгүстэр элбэҕи ситиһээри, санаабыппытын оҥороору эрэ былаанныыбыт диэн өйдүүллэр. Киһи бэйэтигэр бириэмэ ордорунаары, сынньанаары  күнүн-дьылын торумнуур.

– Айылҕаттан бытаан дьон баар буолаллар. Төһө да ыксаабыттарын, баҕарбыттарын иһин түргэтиир кыахтара суох. Сорохтор биир кэм өрө биэрэн олороллор, сүүрүүнэн сылдьаллар, төрүөхтэриттэн түргэннэр-тарҕаннар. Аны сорохтор улахан саҥата-иҥэтэ суох сылдьан барытын бүтэрбиттэрэ-оһорбуттара баар буолар. Киһи темперамена тайм-менеджмеҥҥэ төһө дьайарый?

– Бытаан киһи, баҕар, икки-үс дьыаланы ситистин. Бэйэтигэр сөптөөх, табыгастаах эрэ буоллун.

Киһи күннээҕи былааныгар эниэргийэтин учуоттаан,  бэйэтигэр сөп түбэһэр, чахчы кыайар уонна наадалаах соруктарын туруорунара ордук. Былааннаммат киһи эниэргийэтин халтайга барыыр.

Мин оҕо эрдэхпиттэн эниэргийэм кыра. Бириэмэбин аттарынар үөрүйэҕим олохпор көмөлөһөр, туһалыыр. Холобур, көрсүһүүгэ кэлиэм иннинэ бириэмэ ордон хаалар. Бу кэмҥэ ханна эрэ баран кэлэрим дуу диэн санаа миэхэ кэлбэт. Ол аата туһата суох хамсаныылары оҥорбоппун.

Сорохтор суолталаах уонна бытархай дьыалаларын бииргэ испииһэктииллэр. Эбэтэр чэпчэкиттэн саҕалыыллар уонна уустук соругу эбиэттэн киэһээҥҥигэ хаһааналлар. Биллэн турар, киэһэ сылайаллар, эниэргийэлэрэ тиийбэт. Ити барыта туспа үөрэх.

Киһи бэйэтин кыаҕын билиниэхтээх. Былаанынан сирдэтиннэҕинэ улаханнык сылайбат. Кини сыалын-соругун ситиһэргэ турунар, эрдэттэн бэлэмнэнэр. Бириэмэ диэн баай.  Күн-дьыл биллибэккэ ааһар. Биирдэ өйдөөбүтүҥ – бээтинсэ. Бу билигин буола турар аны хаһан да хатыламмат, эргиллибэт, төннүбэт. Ол иһин «Билигин уонна манна олорорго дьулуһуохтаахпыт» диэн бэргэнник да этиллибит эбит.    

– Олох диэн олох. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр уларыйыы тахсыан, баҕарбатаҕыҥ да иһин былааныҥ ыһыллыан сөп. Оннук түгэҥҥэ тугу гыныахтаахпытый?

Кырдьык, ардыгар киһи күннээҕи былаана бэйэтиттэн эрэ тутулуктаах буолбат. Холобур, бүгүҥҥү тэрээһин атын күҥҥэ көһүө эбэтэр бириэмэтэ уларыйыа. Ол  иһин сорох дьон былааннамматах ордук дииллэр. Дьиҥэр, ньыматын эрэ сатыахха наада. Киһи сурунан баран, ол  аттыгар хаһаас испииһэгин оҥостуохтаах. Бу күннэргэ, нэдиэлэ устата эбии тугу гыныахтааҕын. Оччоҕо уларыйыы тахсарыгар кини бэлэм –  испииһэгин көрөр уонна онтон биир эмэ дьыалатын ситиһэр. Бириэмэтин халтайга ыыппат, туһалаахтык атаарар.

Киһи күн аайы биир хатыланарыттан хал буолар. Оннукка тугу эрэ саҥаны, сонуну киллэриҥ диэн сүбэлииллэр...

Кырдьык, үгүс киһи былааныгар “Оҕону дьыссаакка илт”, “дьыссааттан аҕал”, “килиэптэ атыылас”, “докумуону ыл”, о.д.а. күн аайы хатыланар, үөрэнэн хаалбыт соруктарын сурунар эбит. Итинтэн сылтаан “умайан”, уостан хаалар. Оннук буолбатын туһугар былааҥҥар эн бэйэҥ сайдаргар, эйиэхэ туһалааҕы эмиэ киллэриэхтээххин.  Киһи олоҕун хас биирдии салаатыгар болҕомто ууруон наада. Дьиэ кэргэни, үлэни, сынньалаҥы, бэйэ кыаҕын арыныыны, о.д.а. тэҥҥэ дьүөрэлиир ордук.

 Элбэххэ үөрэнним

– Үлэлии сылдьан ууга-уокка түспүт, ыксаллаах быһыыга-майгыга түбэспит көрдөөх түгэҥҥин кэпсээ.

– Биирдэ Петя Кулаковскай уонна Женя Арьянова биэриибит ураты соҕустук аастын диэн быһа эпииргэ атын сиртэн холбоннулар. Онтон кинилэр кэлиэхтэригэр диэри мин бэлэмнэммит тиэмэбинэн тахсыахтаах этим. 7-8 мүнүүтэ кэпсээтим, онтон көрөөччүлэргэ “Көрсүөххэ диэри!” диэтим. Түүппүлэбин устан, устуудьуйаттан тахсан иһэн көрбүтүм, арай ыалдьыт киирэн олордо. Ыытааччылар көстүбэттэр. Кулгаахпар куу-хаа бөҕө, тугу эрэ айманаллар. Арай режиссер: “Көмөлөһүҥ эрэ! Карина, төттөрү баран олор!” – диэн хаһыытыыра иһилиннэ. Хайыахпыный, ширматтан иҥнэн охто сыһа-сыһа, түүппүлэбин кэтэ-кэтэ сүүрдэҕим дии. Олорооппун кытта, тута быһа эпиир саҕаланна. “Биһиги билигин биэриибитин салгыы ыытабыт”, – диэтим уонна ыалдьытым диэки көрдүм... букатын билбэт киһим олорор (күлэр). Ол да буоллар, биэрии син этэҥҥэ ааспыта.

Аан бастаан ыытааччы быһыытынан эпииргэ тахсыбыппын бу баардыы өйдүүбүн. Мин дэлби киэргэнэн, оҥостон олоробун. Арай наушникка ким эрэ саҥарар, аттыбар Петя Кулаковскай эмиэ саҥарар. Ыалдьытым тугу эрэ кэпсиир. Тэбис-тэҥҥэ хас да киһи куолаһа иһиллэр, мин тугу да өйдөөбөппүн. Улаханнык тугу да ыйыппаппын, “ээ” эрэ диэн иһэбин. Билигин санаатахпына, күлүүлээх баҕайы эбит.

Тэлэбиидэнньэ былаанныырга, бириэмэҕин сөпкө аттарынарга үөрэттэҕэ? Эһиэхэ барыта хронометраж буоллаҕа.

– Кырдьык, үлэм мүнүүтэни, сөкүүндэни сыаналыырга үөрэттэ. Биэс сөкүүндэ иһигэр киһи элбэҕи этиэн, бу кыл түгэнигэр үгүс уларыйыы буолуон сөп. Онон 15 мүнүүтэ эрэ дуо диэн хаһан да мыыммаппын. Бу бириэмэҕэ тиийиэхтээх сирбэр тиийэбин, оҥоруохтаах дьыалабын таах оҥоробун.

Күммүн бириэмэнэн былаанныыр буолуохпуттан бэйэм тэтиммин биллим. Этиллибит аадырыска төһө түргэнник тиийэрбин быһа холоон суоттуубун.

 Туризмы сайыннарыахха, сатаан тэрийиэххэ

– Сайын ханнык саҥа бырайыактары таһаардыгыт?

– Быйыл “Сайын trip” диэн биэриибитинэн Мэҥэ Хаҥаласка, Чурапчыга, Тааттаҕа сылдьыбыппыт. Онтон Намҥа, Хаҥаласка ыалдьыттаабыппыт. Салгыы Бүлүү бөлөх устун айаннаабыппыт. Сахабыт сирин айылҕата олус да кэрэ! Туризмы сайыннарыахха, сатаан тэрийиэххэ эрэ наада эбит дии санаатым. Намнар турбаазаларын бэркэ оҥостубуттар диэн кэрэхсии көрдүм. Сунтаары олоҥхо дойдута дииллэрэ кырдьык эбит. Ураты тыыннаах, сахалыы куттаах улууһу олус сөбүлээтим. Таатталар сирдэрин-уоттарын аһата сылдьалларын, сиэрдэрин-туомнарын тутуһалларын, сахалыы ыраастык саҥаралларын, ийэ тылбытыгар, култуурабытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһалларын биһирээтим.

Чуумпуну ордук сыаналыыр буоллум. Тыаҕа чуумпута үчүгэйэ сүрдээх. Киһи өйдүүн-санаалыын сынньанар. Сахалар уу нуурал айылҕалаахпыт. Ол иһин чуумпуну ордоробут.

Сорох сиргэ туризм соччо сайда илик. “Биһиги өрүспүт суох” эбэтэр “хайабыт суох” дии саныыллар эбит. Ол эрээри сынньалаҥы ханна баҕарар тэрийиэххэ сөп. Өрүстээх эрэ сиргэ диэн буолбатах. 

Балаҕан ыйын 13 күнүттэн саҥа сезон саҕаланар. Эбиэт кэмигэр саҥа биэрии тахсыахтаах. Онно эрэдээктэр уонна ыытааччы быһыытынан үлэлиир буоллум. 

Сахалыы тыллаах блогер

– Билигин улахан тэрилтэлэргэ сахалыы кэпсиир, официальнай иһитиннэриини тиэрдэр үлэһит аҕыйах диэн көрөбүн. Хаһыат, тэлэбиидэнньэ үлэһиттэрэ комментарий көрдүүрбүтүгэр ыарахаттары көрсөбүт. Бу туһунан санааҥ?

– Оннук, ол иһин мэлдьи биир дьон көстөллөр, тахсаллар. Арааһа, уу сахалыы тылынан кэпсиэхтээхпит дии саныыллар, сыыһа саҥарыахпыт диэн кыбысталлар. Нуучча тыла туттуллар эйгэтэ киэҥ буолан, билигин булкуйан саҥарыы нуорма курдук буолла. Тыл үөрэҕэ суох дьоҥҥо, кырдьык, саха тыла ыарахана чуолкай. Ол иһин анал куурустар тэриллэллэрэ буоллар дии саныыбын.

– Блогердар киэҥ эйгэни хабаары, үксүн нууччалыы саҥараллар. Эн туох ирдэбиллэри тутуһаҕыный?

– Инстаграм – эниэргийэни атастаһарга олус үчүгэй сир. Ол иһин блогпар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһабын. Сорох стористарбын хаста да төхтүрүйэн уһулабын. Сахалыы ыраастык саҥарыахпар диэри. Блогпар Live style тутуһабын, күннээҕи олохпун көрдөрөбүн, бэйэм былаанныыр үөрүйэхпин кэпсиибин. Сурутааччыларым ханна сылдьарбын, тугу гынарбын кэтээн көрөллөр. Блогум туһалаах буоларыгар кыһаллабын. Мантан ыла саҥа тахсыбыт кинигэлэри билиһиннэрэр, кэпсиир буоллум.

Хаартыскаҕа, видеоҕа улахан болҕомтобун уурабын. Аҥаардас уу кутар үчүгэйдик көстүөхтээх дии саныыбын.

– Элбэх дьарыктаах киһи бириэмэни таба туһанар. Эн өссө спордунан, үҥкүүнэн дьарыктанаргын билэбит.

— Иккис кылаастан онуска диэри үҥкүүнэн үлүһүйбүтүм, “Алаҕаркаана” ансаамбылга дьарыктаммытым. Салайааччыбыт – Ольга Егоровна Баишева. Алтыс кылаастан аэробиканы уонна үҥкүүнү тэҥҥэ дьүөрэлээбитим.

Устудьуоннуур кэммэр ХИФУ, кэлин Дьокуускай куорат   аэробикаҕа сүүмэрдэммит хамаандаларыгар киирбитим. Онтон “Эндорфин” кулуупка зумбаны дьарыктыыр тренеринэн ыҥырбыттара. Уопсайынан, “сатаабаппын” диирбин, аккаастанарбын, төттөрүлэһэрбин сөбүлээбэппин. Иннибинэн сылдьарбын ордоробун.

– Киһи тас эйгэҕэ түргэнник бэринэр. Онтон хайдах харыстаныахха сөбүй?

Биһиэхэ тастан олус элбэх информация кэлэр. Үтүө даҕаны, мөкү даҕаны. Онтон харыстанар “хах” курдук оҥостобун. Сороҕор аттыбар һуу-һаа бөҕө буола турдаҕына, саҥарбакка, бэйэбэр бүгэн олоробун – блокноппун көрөбүн, сурунабын. Ол аата бу аймалҕан долгунун киллэрбэппин. Бириэмэни сөпкө туһанар буоллаххына, ханна да ыксаабаккын. Үксүн былаанын суруммат, өйүгэр тута сылдьар киһи долгуйар, ньиэрбинэйдиир.

Пандемия кэмигэр, онлайн олоххо тугу ситистиҥ?

Пандемия кэмигэр дохуотум икки төгүл үрдээтэ. Араас куурустарга үөрэнним. Үчүгэй хаартыска, суруйуу үгүс бириэмэни эрэйэр. Онон блогпун сайыннардым.

Билиҥҥи кэмҥэ бэйэ бэйэни кынаттыыр кэпсэтиилэр олус туһалаахтар. Киһи сатабылын дьоҥҥо үллэстиэхтээх. Мин былаанныы үөрэммитим уон үс сыл буолла. Онон биэс күннээх онлайн марафону ыытабын. Сахалыы буолан ордук сэргииллэр. Бастаан кылгас куурус курдук тэрийбитим. Онтон кэлин сайыннаран, продюсербын кытта үлэлиир, туспа сайтаах буоллубут. Билигин анкета оҥорон ыыттыбыт. Үксүн эбии дохуоттаныан баҕарар дьон маннык үөрэххэ наадыйаллар эбит. 25-30 саастаах ыччат, 35-тэн үөһэ саастаах дьон.

Киһи кыаҕа туохха барытыгар тиийэр

– Саха киһитэ барыта олус дьоҕурдаах, эргиччи талааннаах. Ол эрээри кыахтарын сыаналаабат дьон элбэх. Бэйэҕитин сэнэнимэҥ.

Киһи сыалын-соругун олоххо киллэрдэҕинэ дьоллонор, кынаттанар. Ол иһин баҕа санааҕытын төбөҕүтүгэр тута сылдьыбакка, сурукка тиһэн иһиҥ. Билигин үүнэргэ-сайдарга үтүө кэм! Киһи кыаҕа туохха барытыгар тиийэр. Баҕарыан, санаатын ууруон эрэ кэрэх, – диэн тылларынан Карина сэһэргэһиибитин түмүктүүр. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...