22.02.2022 | 16:13

Кадеттар олоххо бэлэмнэр

Кадеттар олоххо бэлэмнэр
Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Дьокуускайдааҕы кадетскай оскуола-интэринээт эт-хаан, өй-санаа, билии-көрүү өттүнэн эргиччи сайдыылаах, олоххо бэлэмнээх уолаттары иитэн-такайан таһаарар. 
Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччы, педагогическай наукалар кандидата Юлия Тихоновна Антонова ыалдьыттыыр.

Ураты оскуола

– Кэпсэтиибитин историяттан саҕалыахха. Биһиги оскуолабыт 2000 сыллаахха олунньу 7 күнүгэр СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев Ыйааҕынан аһыллыбыта. Билиҥҥи туругунан 140 оҕо үөрэнэр, 9 взводтаахпыт (кылаас). 7 кылаастан 11 кылааска диэри уолаттар үөрэнэллэр.

“Общевоинская дисциплина” уонна “Военно-прикладная физкультура” диэн эбии икки чаастаахпыт. Уолаттар бу хайысханы олус сөбүлүүллэр, сэргииллэр. Манна бэлиэтээн эттэххэ, оҕолор эт-хаан, өй-санаа, култуура өттүнэн уларыйаллар, ону төрөппүттэр бигэргэтэллэр.

Оскуолабыт кадетскай эрэ хайысханан муҥурдаммат. Ол курдук, 7-тэн 9-с кылааска диэри оҕолор обороннай-спортивнай хабааннаах инженернэй-техническэй хайысханан профильнай иннинээҕи үөрэҕи ылаллар. Оттон 10-11 кылаастарга эмиэ ити хайысханан профильнай бырагырааманан үөрэнэллэр. Ити үөһэ эппит предметтэрбинэн байыаннай үөрэхтээһиммитин олоххо киллэрэбит. Онно эбии дьарыктар киирэн биэрэллэр – куруһуоктар, секциялар. Быйыл “Аччыгый хамандыырдар оскуолаларын” тэрийэн ыыппыппыт. Дириэктэрбит Алексей Александрович уолаттары кытта олус бэркэ үлэлиир.

Выпускниктарбыт 100% аттестат ылаллар, талбыт хайысхаларынан үрдүк уонна орто үөрэх кыһаларыгар туттарсан киирэллэр. Эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттараллар. Холобур, нуучча тылыгар 96 баалга диэри үрдүк көрдөрүүлэнэбит. Профильнай математикаҕа БКЭ түмүгэ эмиэ үчүгэй.

Орто сүһүөххэ саха тылын уонна култууратын хайаан да үөрэтэллэр. Иккис омук тылынан ньиэмэс тылын киллэрбиппит.

Кадетскай оскуоланы бүтэрбиттэр бары байыаннай буолаллар дуо диэн ыйытыы биэрэ иликкинэ быһа түһэн эттэхпинэ, манна элбэх ирдэбил баарын бэлиэтиирим тоҕоостоох. Оннук үөрэххэ туттарсар оҕолор байыаннай-врачебнай хамыыһыйаны ааһаллар. Олортон олох аҕыйах бырыһыана эрэ хапсар. Сыһыаннаах дьон сүүмэрдээһин хайдаҕын бэркэ билэллэр уонна өйдүүллэр. Эт-хаан өттүнэн доруобай оҕолор эмиэ сыыйыллаллара баар суол. Байыаннай-врачебнай хамыыһыйа ирдэбилэ оннук кытаанах. Бэл диэтэр, кыратык хаптаҕай уллуҥахтаах буол, миопатиялаах буол – ааспаккын. Оннооҕор муус доруобай, ол эрээри этигэр кыһыл мэҥнээх оҕо кииримиэн сөп.

– Ханнык байыаннай үөрэх кыһаларын кытта үлэлэһэҕитий? Оҕолор үөрэххэ киирэллэрэ хайдаҕый?

– Пандемия иннинэ профтурдары тэрийэр этибит. Уһук Илин байыаннай үрдүк үөрэх кыһаларын кытта үлэлиибит. Биһиги оҕолорбут Санкт-Петербург, Москва байыаннай академияларыгар үөрэнэллэр. Ону таһынан, УФСИН, ЫБММ, ФСБ, ИДьМ хайысхаларынан үөрэххэ киирэллэр. Гражданскай үрдүк үөрэх кыһаларын туһунан эттэххэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ кытта биир ситимнээхтик үлэлиибит. Онно байыаннай кафедра арыллан эрэриттэн сүрдээҕин үөрэн олоробут.

Эбии үөрэхтээһин

– Бу үлэ уолаттар гендернэй уонна личностнай уратыларыгар тирэҕирэн оҥоһуллубута. Ону сэргэ, оҕолор, төрөппүттэр баҕалара учуоттанан тыырыллыбыта. Биллэн турар, үксэ эти-хааны сайыннарар аналлаахтар. Ол курдук, уолаттар хапсаҕай, тустуу, бокс уо.д.а. спорт көрүҥнэринэн дьарыктаналлар. Маны таһынан, уопсай воинскай дьиссипилиинэлэр бааллар. Уолаттар “Музееведениены” олус сэргииллэр, сөбүлүүллэр.

Науканан утумнаахтык дьарыктаналлар. Уолаттар туһаналлара, билэллэрэ-көрөллөрө, эбинэллэрэ элбэх. Ону өйдөөн, өссө сайыннарар соруктаах бырайыактыыр, чинчийэр хайысханан эбии дьарыктар бааллар. Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи “Науки юношей питают” научнай-практическай конференциябытын онус төгүлүн ыытаары олоробут.

Маны сэргэ, уолаттар “Этикет кадета” диэн дьарыгы олус сөбүлүүллэр. “Ориентированиеҕа” компаһынан үлэлииргэ үөрэнэллэр. Аныгы үйэҕэ ИКТ компетентность хайаан да наада диэн санааттан “Алгоритмизация и программирование” эбии киирбитэ. ФГОС ирдэбилинэн “Финансовая грамотность” диэн дьарыктаахпыт. Кылгастык кэпсээтэххэ, итинник.

Патриотическай иитии ыйа

– Оскуолабыт иһинэн “Авангард” диэн патриотическай иитии киинэ үлэлиир, бүтүн өрөспүүбүлүкэни хабар. Биһиэхэ байыаннай тиэхиньикэ арааһа кэлбитин истибиккит буолуо. Ол курдук, СӨ Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн “Авангард” диэн паарка арыллыахтаах. Өссө эбии тиэхиньикэ кэлиэхтээх. Ону таһынан, сыл аайы бу ый чэрчитинэн “Армейский городок” диэн байыаннай-патриотическай бэстибээл буолар. Быйылгы тэрээһин Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар ананна. Учууталларбыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах онлайн уруоктары, викториналары, кылаас чаастарын иилээн-саҕалаан ыыттылар. Инженернэй-техническэй хайысхалаах буолан, математиканы өрө тутабыт. Ол курдук, “Решение математических задач при изучении экономико-географического положения Якутии” диэн интегрированнай уруоктар ыытылыннылар. Ону сэргэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылаахтарын, историятын үйэтитэр, үүнэр көлүөнэҕэ тиэрдэр  кылаас чаастарыгар өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 300-тэн тахса оҕо кытынна. Маннык уруоктары тиһигин быспакка ыытарбыт ордук эбит. Ону баҕалаах оҕо элбэҕэ көрдөрдө.

Күн солото суохтар

– Интэринээккит усулуобуйата хайдаҕый? Оҕолор хоско хастыы буолан олороллоруй? Күҥҥэ хаста аһыылларый?

– Саастарын учуоттаан, икки ротаҕа араарбыппыт. Эксээмэннээх кылаастар интэриэстэрэ биир диэн санааттан 9, 11 кылаастарбытын бииргэ олордобут. Улахаттар кыраларга таҥастарын ыраастыырга, тиктэргэ көмөлөһөллөр. Оҕолор күҥҥэ биэстэ аһыыллар. Күннээҕи эрэсиимнэрин уол оҕоҕо сөп түбэһэр гына аттаран оҥоробут. Уруок сарсыарда 8 ч.10 мүн. саҕаланар. Эбиэт кэннэ эбии үөрэхтээһин дьарыктара буолаллар. Иллэҥ кэмнэригэр спорт саалатыгар тахсан мээчиктииллэр. Кадет төлөпүөнү өрө тутан сытар солото суох. Быыс көһүннэ эрэ, таҥаһын-сабын ыраастанар. Уол оҕо бэйэтин көрүнэрэ, дьаһанара, чэнчис буолара – биир туспа ирдэбил.  

Манна эбэн эттэххэ, төрөппүт кэмитиэтин кытта ыкса үлэлиибит. Улуу педагогтар эппиттэринэн, оскуола-төрөппүт-үөрэнээччи диэн үс хайысха барыта тэҥинэн, биир тыынынан салайтардаҕына, оҕо сайдар. Биирдэстэрэ туора ойдоҕуна, үөһэ тахсар кыахтара суох. Онон төрөппүттэрбитин кытта ыкса ситимнээхпит.

– Педагогическай састаапкытын билиһиннэриэҥ дуо?

– Атын оскуолалартан уратыбыт – кэлэктиип 60 бырыһыана эр дьон. Педсастааппыт 80%-на үрдүк категориялаах. Бары үлэлэригэр бэриниилээх, уол оҕону иитиигэ ураты көрүүлээх учууталлар. Офицердарбыт бары спорт маастарыгар кандидаттар. Онон оҕолор ситиһиилээх эр киһи, ыал аҕа баһылыга буола улааталларыгар бэйэбит учууталларбыт – тыыннаах холобурдар. Манна даҕатан эттэххэ, выпускникпыт Анатолий Владимирович Николаев номнуо үөрэҕин бүтэрэн, учуутал үрдүк аатын сүгэн, биһигини кытта тэбис-тэҥҥэ үлэлии сылдьарыттан олус үөрэбит.

Сүүмэрдээһин

– Пандемия саҕаланыаҕыттан сүүмэрдээһин хайдах ыытылларый? Быйыл хаһан, хайдах буоларый?

– Бастаан үгүс түбүккэ түспүппүт. Ол курдук, иллэрээ сыл уолаттары дистанционнай көрүҥүнэн сүүмэрдээбиппит. Билигин номнуо 8-с кылаас буоллулар. Былырыын хааччахтааһын миэрэтэ арыый сымнаан, приемнай хамыыһыйа санитарнай-эпидемиологическай ирдэбиллэри тутуһан үлэлээбитэ, икки кылааһы ылбыппыт.

Бэс ыйын саҕана буолар. Иһитиннэриини барытын оскуола сайтыгар, инстаграмыгар таһаарабыт. Туттарсар уолаттар нэдиэлэни быһа интэринээккэ олороллор, кадет олоҕун билэллэр. Ийэттэн, аҕаттан тэйэн, туспа олорорго төһө бэлэмнээхтэрэ көстөр. Байыаннай-полевой хомуур буолар, “Эдэр байыас оскуолата” ыытыллар. Онно математикаҕа, нуучча тылыгар, омук тылыгар, историяҕа билиилэрин тургутан көрөбүт. Психолог оҕолору кытта хайаан да кэпсэтэр.

 

Үөрэҕи, спорду, науканы тэҥҥэ

– Биһиги оҕолорбутунан, выпускниктарбытынан киэн туттабыт. Үөрэххэ киирэн да баран, оскуолаларын умнубаттар, сибээстэрин быспаттар.

Уол оҕону иитиигэ элбэх хайысханы хабар ордук. Үөрэҕи, спорду, науканы тэҥҥэ дьүөрэлиир оҕо эргиччи сайдар. Биһиги кадеттарбыт 11 кылааһы бүтэрэллэригэр олоххо бэлэмнээх буолан тахсаллар. Ийэ, аҕа көрүүтүттэн-истиититтэн тэйэн, интэринээккэ олорон, бэйэлэрин дьаһана, көрүнэ үөрэнэллэрэ үтүө түмүктээх.

Оскуола аадырыһа:  Дьокуускай куорат, Марха микрооройуона, Дзержинскэй уул., 17. Төл. 20-41-89 (дириэктэр Корякин Алексей Александрович)

Сайт:

https://ykt-ks.obr.sakha.gov.ru/

Инстаграм:

@ykt_cadet_school

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...