Үҥкүү тыла оҕо ис эйгэтин, уратытын арыйар
Саха сирин култууратын уонна искусствотын энциклопедиятыгар улахан буукубаттан суруллубут уһуйааччы Зоя Гаврильевна Ксенофонтова олоҕун 43 сылын оҕо иитиитигэр анаабыта. Кини Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Сир симэҕэ” оҕо образцовай үҥкүү ансаамбылын уус-уран салайааччытынан бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.
Зоя Гаврильевна – ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ. Бүгүн кини үҥкүү оҕо иитиитигэр үрдүк суолтатын туһунан сэргэх сэһэнин ааҕаргытыгар ыҥырабын.
Алыптаах эйгэҕэ абылатан
– Төрөппүттэрбит биһигини үлэни таптыырга, олохтон үөрэргэ, тулалыыр кэрэни өйдөөн көрөргө үөрэппиттэрэ. Сытыы, тэбэнэттээх, мэник кыыс буолан, Мүрү алааһым сибиэһэй салгынынан ыймахтанан, лыах курдук үөрэ-дайа кустуктанан, сүүрэ-көтө сэгэлдьийэн, кэрэни кэрэхсии улааппытым. Музыка алыптаах эйгэтэ оҕо эрдэхпиттэн угуйара. Араадьыйанан музыка тыаһын иһиттим да, илиим-атаҕым бэйэтэ хамсаан, өйбөр оҥорон көрө-көрө үҥкүүлээн барарым. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар уус-уран самодеятельноска кыттар этим. Аан бастаан сыанаҕа тахсан толорбут “Кырачаан хаастар” үҥкүүбүн билигин да үчүгэйдик өйдүүбүн. Ити кэмтэн үҥкүүһүт буолар баҕа санаам күн-түүн улаатан испитэ.
Ол курдук, оскуола кэнниттэн Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар училищеҕа хореография салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Саха бастакы балерината А.В. Посельская уонна норуот үҥкүүтүн уһуйааччыта Г.Т. Марков кылаастарыгар дьарыктаммытым. Сыл-хонук түргэнник ааһан, саҥа “буһан тахсыбыт” идэтийбит хореограф Уус Алдан улууһугар, төрөөбүт-үөскээбит дойдубар, кулуупка үлэбин саҕалаабытым. Бу кэми олоҕум биир саамай умнуллубат өйдөбүлэ гынан сүрэхпэр сөҥүөрэн илдьэ сылдьабын. Ол кэмҥэ олоҕум суолугар көстөн ааспыт С.Г. Васильев, В.С. Парников курдук ытыктыыр дьоммун, бастакы настаабынньыктарбын, дириэктэрдэрбин М.П. Саморцеваны, С.И. Максимованы олус күндүтүк саныыбын.
Биһиги фольклортан саҕалаан, үҥкүү бары хайысхатынан дьарыктанарбыт. Бороҕоҥҥо оройуоннааҕы култуура дьиэтигэр үҥкүү-ырыа кэлэктиибигэр хореограбынан үлэлиир кэммэр улахан дьон бөлөҕүн кытта тэҥҥэ оҕо бөлөҕүн тэрийбитим. Ол талбыт оҕолорбун сүрүн састаап оҥорон, “Кэнчээри” оҕо кэлэктиибигэр үҥкүү бөлөҕүн тэрийбитим.
Айар үлэ кистэлэҥэ
Үҥкүүһүт буоларга күн аайы дьарык наада. Эт-сиин эрэ өттүнэн буолбакка, ис турук эмиэ бэлэм буолара ирдэнэр. Маны таһынан эппиэтинэс, бэрээдэк эмиэ оруолу оонньуур. Саамай сүрүнэ диэн идэҕэр бэриниилээх буоллаххына, ханнык баҕарар ыарахаттары туоруугун. Мин кими да араарбакка, барыларыгар биир тэҥ сыһыаным, кырдьыксыт, ирдэбиллээх буолуум үлэбэр олус көмөлөспүтэ. Оҕону кытта үлэлиир сүрдээх интэриэһинэй, үөрэнээччи аһаҕас майгыта, баай фантазията уһуйааччы уонна туруорааччы да быһыытынан айар үлэҥ аартыга аһылларыгар көмөлөһөр. Үҥкүү тыла оҕо ис эйгэтин, уратытын арыйар. Оҕолор дьоллоох харахтарын, үөрэ-көтө үҥкүүлээн дайалларын көрөртөн ордук кэрэ туох кэлиэй?! Күннээҕи кыһалҕа да умнуллар, ыарахан да кыайыллар.
Үөрэнээччи дьарыкка үҥкүү тиэхиньикэтин эрэ баһылаабат, кини айар дьоҕура, киһи быһыытынан ис култуурата, тулалыыр эйгэҕэ сыһыана, эппиэтинэстээх буолуута сайдар. Маны таһынан, кэлэктииби кытта сатаан алтыһа, бэйэтигэр кэрэни уһугуннара, киһи быһыытынан арылла үөрэнэр.
Мин оҕо талаанын мүччү туппатах эрэ киһи диэн санаанан салайтаран үлэлээбитим. Оҕо тоҕо үҥкүүнү талбытын ыйыталаһан, кэпсэтэн, үҥкүү историятын, биллиилээх үҥкүүһүттэр олохторун кытта билиһиннэрииттэн саҕалаан, музыка иһитиннэрэн, хамсаныылары үөрэтэн баран, аа-дьуо дууһатын таарыйар туруорууларынан интэриэһин көҕүлээн, үҥкүү алыбар киллэрэрим. Дьэ, ити кэннэ үөрэнээччи устунан кэрэни кэрэхсиир, дьон-сэргэ ортотугар бэйэтин эрэллээхтик сананар буолар. Оҕолор үҥкүү ис хоһоонун билэн, ханнык уобараһы айалларын билиэхтээхтэр, онно уһуйааччыны кытта тэҥҥэ үлэлиэхтээхтэр.
Өрөспүүбүлүкэ аатын ааттаппыт “Чэчир”
Үөрэнээччилэр уонна пионердар дыбарыастарыгар үҥкүү куруһуогун салайааччытынан үлэлиир кэммэр, 1975 сыллаахха, “Чэчир” ансаамбылым Саха комсомолун бириэмийэтин лауреатын аатын ылбыта. Араас таһымнаах күрэхтэргэ, бэстибээллэргэ кыттан, ситиһии көтөллөөх кэлэрбит. Дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка Саха литературатын уонна искусствотын күннэригэр кыттар дэлэгээссийэ састаабыгар киирэн, саха оҕолоро Большой тыйаатыр сыанатыгар аан бастаан тахсан үҥкүүлээбиттэрэ. 1979 с. “Чэчир” ансаамбыл “Артек” лааҕырга оҕо үҥкүүтүн кэлэктииптэрэ баран сынньанар суолун аан бастаан арыйбыта уонна онно Л.И. Брежнев ыалдьыттаабыт аан дойдутааҕы “За счастливое детство в мирном мире” бэстибээлгэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Ити сыл Москуба куоракка Аан дойдутааҕы дьахталлар кэнгириэстэригэр анаммыт Большой тыйаатырга буолбут Бүтүн Сойуустааҕы кэнсиэркэ кыттыбыппыт. Саха оҕолоро буолуохтааҕар, идэтийбит артыыстарбыт да бу тыйаатыр сыанатыгар тахса илик кэмнэригэр “Чэчир” ансаамбыл бастакынан ситиһиилээхтик үҥкүүлээн, аан дойду дьахталларын биһирэбиллэрин, махталларын ылбыта. 1982 с. “Чэчир” оҕолоро Саха сирин култууратын уонна искусствотын декадатыгар Арассыыйа судаарыстыбаннай кэнсиэртиир саалатыгар өрө көтөҕүллүүлээхтик үҥкүүлээбиттэрэ. 1987 с. Кириэмил сийиэһин дыбарыаһыгар аан дойдутааҕы дьахталлар кэнгириэстэригэр анаммыт улахан кэнсиэркэ кыттан, үөрүү кынаттанан, дойдубутугар кэлбиппит. Бу кэмҥэ СӨ үтүөлээх артыыһа, искусство билимин наукатын кандидата М.Я. Жорницкаялыын бииргэ үлэлээбиппит. Кини сүбэтинэн оҕоҕо аналлаах үҥкүүлэри туруорарга холоммутум. Онтон 1990 сыллаахха “Сир симэҕэ” оҕо үҥкүү ансаамбылын тэрийэбин. Бу кэлэктиипкэ хаһыс да көлүөнэ күн бүгүнүгэр диэри үҥкүүлүү сылдьар.
Үйэлээх үҥкүүлэр
Үҥкүү тиэмэтин көрдүүр ураты толкуйу эрэйэр. Күннээҕи олох көстүүлэриттэн, кинигэни аахтахпына, киинэ көрдөхпүнэ, иэйии тиийэн кэлэр. Сороҕор музыка бэйэтэ үҥкүү тиэмэтин кэпсиир. Хаачыстыбаннай үҥкүү дьон болҕомтотун тардар ис хоһоонноох буолуохтаах. Мин санаабар, үҥкүү туруорар кэмҥэ хас биирдии хамсаныы араас майгыны көрдөрөр буолан, оҕо артыыс быһыытынан дьоҕура сайдар, арыллар, ис кыаҕын арыйар, эмоциятын, настарыанньатын хонтуруоллана, этин-сиинин, өйүн-санаатын ис туругун кытта дьүөрэлии үөрэнэр.
Грант Григорян музыкатыгар туруоруллубут “Ягодки” үҥкүү – ансаамбыл киэн туттуута, элбэх киһи дууһатын, кутун туппута. Бу үҥкүүнү хас көлүөнэ оҕото барыта үҥкүүлүүр. Москуба куоракка ыытыллыбыт Саха сирин күннэригэр кыттан, элбэх көрөөччү биһирэбилин ылбыта, Туапсе куоракка “Орлята России” күрэххэ, Бишкек куоракка “Юные таланты” аан дойдутааҕы бэстибээлгэ үрдүктүк сыаналаммыта. Маны таһынан Кытайга ыытыллыбыт фольклор бэстибээлин хас да төгүллээх кыайыылааҕа.
Оҕолор бэйэлэрин саастарыгар сөп түбэһэр үҥкүүнү үҥкүүлүөхтээхтэр. Оҕо үҥкүүтүгэр мэник-тэник оҕо саас, кинилэр кыһалҕалара, баҕа санаалара көстүөхтээх. Ол курдук, “Говоруньи” олус сырдык, тэбэнэттээх, чэпчэки үҥкүүнү ансаамбыл кырачаан артыыстара толорон, “Танцует Якутия” өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ “Бастыҥ туруоруу” анал аат хаһаайына, “Орлята России” күрэх лауреаттара буолбуттара.
“Оһуор үҥкүүтэ” саха оһуорун-мандарын уратытын таба өйдөөһүнтэн, айар толкуйтан, элбэх сыраттан туруоруллубута. Бу үҥкүүнү эмиэ бары көлүөнэ киэн тутта толорор. Бииртэн биир көлүөнэ бэйэ-бэйэтин солбуйсан иһэр, оттон үҥкүү үйэлэргэ хаалар. “Тоҕо оннук буоларый?” диэн ыйытыы үөскүүр. Хоруйа биир – искусство сырыы аайы саҥаттан төрүүр аналлаах.
Оҕо бэйэтин омугун, төрдүн-ууһун, историятын билэригэр анаммыт үҥкүүттэн элбэххэ үөрэнэр, олоҕор төһүү күүс оҥостор. Кини киһи быһыытынан иитиллэн тахсарыгар уһуйааччы оруола улахан. Оҕо тапталга угуттанан иитиллиэхтээх. Ол гынан баран куһаҕаны, үчүгэйи араара улаатарын ситиһиллиэхтээх.
Үҥкүүнэн дьарыктанар кыыс тас көрүҥэ, ис туруга кэрэ, сымнаҕас, элэккэй буолар диэн элбэх сыл оҕо эйгэтигэр үлэлээбит уопутум көрдөрөр.
Зоя Гаврильевна бастакы выпускниктара номнуо ыал эбэлэрэ, эһэлэрэ. Күн бүгүнүгэр диэри билсэ-сураһа олороллор, бэйэ-бэйэлэрин үтүө тылынан ахтыһаллар. Үгүс үөрэнээччитэ кини суолун батыһан, үлэһит бастыҥнара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын, үөрэҕириитин туйгуннара буолбуттара.
Сыл аайы муус устар 29 күнүгэр Терпсихора бырааһынньыгар элбэх төрөппүт: “Оҕолорбут маннык ыраас санаалаах уһуйааччыга иитиллэн тахсыбыттарыттан үөрэбит”, – диэн махтаналлара Зоя Ксенофонтова өр кэмнээх үлэтин үрдүк сыанабыла буолар