Көһөҥө талаан
Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун артыыһа, ССРС физическэй култуураҕа уонна спорка туйгуна, 60-с сылларга өрөспүүбүлүкэ чэпчэки атлетикаҕа рекордсмена, Москва куорат уонна Уһук Илин чөмпүйүөнэ, Мэҥэ Хаҥалас, Кэбээйи, Амма, Үөһээ Бүлүү улуустарын уонна Майа, 1-кы Тыыллыма, Тойбохой нэһилиэктэрин, Дьокуускай куорат, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах олохтооҕо, Саха хомсомуолун бириэмийэтин лауреата, дэгиттэр талааннаах Аркадий Михайлович Алексеев бирииһигэр балаҕан ыйын 14 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майатын стадионугар быйаҥнаах көмүс күһүнү көрсө сахалыы многоборье көрүҥнэригэр өрөспүүбүлүкэ аһаҕас турнирын түһүлгэтэ тэриллэр.
Дэгиттэр киһи күүһүн-күдэҕин көрдөртөөбүт түгэннэрэ сөҕүүнү-махтайыыны үөскэтэллэр. Олор тустарынан бэйэтиттэн, “Умнуллубат стартар” кинигэтиттэн, үгүс ыстатыйалартан, биир дойдулаахтарыттан билиэххэ сөп.
Култуураны уонна спорду өрө тутан
Аркадий Алексеев, бастатан туран, саха норуотугар уостан түспэт ырыалары бэлэхтээбит байааннаах ырыаһыт, мелодист, айылҕаны дьүһүйэр айанньыт быһыытынан биллэр. Тус олоҕун бүтүннүүтүн култуура киэҥ эйгэтигэр анаан кэллэ. Үгүс ситиһиилэрдээх, Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ.
Тас көрүҥүнэн сахаҕа кыраһыабай, бөдөҥ, күүстээх, модьу-таҕа көрүҥнээх, эдэр, эрчимнээх саастарыгар үрдүгэ 180 см, ыйааһына 90-ча киилэни үктүүр этэ. Билигин да онтун 87 сааһыгар ыһыктыбакка сылдьар, киһини чуҥкуппат дэлэй сэһэннээх-сэппэннээх, бэрт сэргэх, дьоһун туттунуулаах-хаптыныылаах.
Биһиги бүгүҥҥү сырдатыыбыт Аркадий Михайлович спорка анаабыт олоҕун кэрчиктэригэр ананар. Кэпсэтиибитин күүһүн-кыаҕын хантан сүспүтүн билээри, төрүттэриттэн саҕалаатыбыт.
«Төрүттэрбиттэн бэриллибит буолуон сөп»
“Аҕам Мэхээлэ саха киһитигэр бэйэтин кыанар, айылҕа оҕото, байанайдаах булчут этэ. Ойуурга киирдэ да, киһи сатаан сиппэт киһитэ. Үрдүгэ 171 см, ыйааһына 71 кг уонна онтон сонооботох киһи. Мас мутугуттан тутуһан үстэ аҥаар илиибинэн тардынар этим диирэ. Дараҕар сарыннаах, гимнаст курдук, иһэ олох суох, тараһата күүрэ сылдьар буолара. Ыһыахтарга курдаһан тустууга кыайталыыра. Уус, сааһыт, ытааччы бэрдэ, быһах оҥорор эҥин этэ. Булт диэн баран, сибилигин кэлээт, төттөрү барара. Андылыыр, кустуур. Айылҕаны билэрэ бэрт этэ. Ойуур быһыытын, ханна муҥур мас, тиит, бэс чагда баарын эндэппэккэ билэрэ. Мунан хааламмыт мөҕүллэн аҕай биэрэрбит. Уонна сыыһарбын сөбүлээбэт этэ. Инньэ гынан, аҕабын кытта сылдьар кутталлаах соҕус буолара. Сыыстыҥ да, дьэ, иэдээн. Ытан сыыспыт булкун хайаан да эккирэтиннэрэн, буллартарара. Миигин хаһан даҕаны сыллаабатаҕа, төбөбүттэн имэрийбэтэҕэ, уол оҕоҕо олох атын сыһыаннааҕа. Наай гыннар, хата, бу киһибит баар буолан, бачча куобаҕы охтордубут, оччо көҕөнү сууллардыбыт диэн кэпсиирэ. Биирдэ санаатахха, эр киһи диэн эр киһи, олох атын буолуохтаах. Аҕыйах саҥалаах уонна кытаанах этэ. Өй хаата, киэҥ-холку майгылаах ийэм Кэтириис “оҕолоргун наһаа мөҕөҕүн” диэн наар көмүскэһэн тахсар этэ. Инньэ гынан, үчүгэйдик ииппитэ диэн аҕабар сүрдээҕин махтанабын. Сундулуччу көрбүт, киҥнээх-наардаах эһэм Мэхээс мин тоҕус саастаахпыттан от оҕустарара. Ийэм буоллаҕына биир да буукубаны билбэт, хаһыаты аахпат, сахалыы өйдөөх. Тыыллыма нэһилиэгин ыһыахтарыгар сүүрэрэ, кыайталыыра эбитэ үһү. Аҕата Ылдьаа оҕонньортон, Лукиннарынан эһэбиттэн, хайҕанар этибит. Ынах хомуйа, борооску көрдүү, наар миигин илдьэ барара. Ол иһэн иҥнэри тиити собус-соруйан кылыйан кэбиһэр, ону үтүктэммин, кыайан ойбокко, мутукка иилиллэн умса баран түһэбин. Уонна, саамай дьиктитэ, кырдьыар диэри ааһан иһэр ыҥыырдаах акка кэнниттэн тайанар да, мэҥэстэ түһэрэ. Дьэ, сүрдээх киһи этэ. Били, уһуннук хааман сылайан, олорсоору инньэ гынара. Хайдах эрэ, иэҕэҥнээн хаамар, хаамара иһиллибэт, атаҕар чэпчэки оҕонньор этэ. Чэ, онтон туох эмэ бэриллибитэ дуу, суоҕа дуу, билбэппин. Аҕам маадьаҕар соҕус атахтаах, дьэ, тыаҕа киирдэ да, олох кыыл курдук барар, мин сиппэккэ, накаас бөҕөнү көрөбүн. Мин спортсмен бэрдэ буоллаҕым дии, киһини олох быһан кэбиһэрэ.
Аҕабыныын биирдэ балтараа биэрэстэлээх сиргэ 28-тыы куобаҕы сүгэн турабыт. Оччолорго 17 саастаахпын. Ону-маны көтөҕөлүү сылдьар эдэр, модьумсуйар уол этим. Сайылыкпытыгар кэлээт, биир куобаҕы бүтүннүү сиэн баран утуйан хаалабын. Нөҥүө күнүгэр икки көстөөх Майабытыгар үөрэнэ бэлисипиэтинэн тиийэрим. Балаҕан ыйа бүтүөр диэри сайылыкпытыгар олорорбут. Оннук эт-сиин кытаанах эрчиллиитин, буһуутун-хатыытын ааспытым. Ийэлээх аҕабын үлэҕэ-олоххо үөрэппит бастакы учууталларбынан ааҕабын. Төрөппүттэрим оҕолорун үөрэттэрэ сатыыллара, үөрэхтээх дьон буолан тахсарбытыгар кыһаллаллара”.
Тэҥнээҕэ суоҕа
Оччолорго, ааспыт үйэ 50-60-с сылларыгар, тыа дэриэбинэтигэр спорт саалата, тренер суох кэмигэр, оҕолор оскуола көрүдүөрүгэр сүүрэн-көтөн тыыннарын таһаараллара. Аркадий оҕо эрдэҕиттэн спорка баҕалааҕа биллибитэ. Илиитигэр түбэспит хаһыаттан-сурунаалтан ааҕан билбитинэн, спордунан дьарыктанарын саҕалаабыта. Харатааҕы дьиэтиттэн оскуолатыгар диэри сүүрүүнэн сылдьара. Майа оскуолатын физкултуураҕа учуутала Михаил Михайлович Негнюров спорка уһуйбута. 1952с. уон түөрт саастааҕар аан бастаан хайыһарга күрэхтэспитэ. Штанганы көтөҕүүгэ ССРС спордун бастакы маастара Михаил Скрябинныын ыкса доҕордоспута, бииргэ дьарыктаналлара. Оройуон күрэхтэһиилэригэр элбэх көрүҥнэргэ бастаталыыра. Ахсыс кылааска өрөспүүбүлүкэ оҕолоругар 400 м сүүрүүгэ уонна копьену быраҕыыга чөмпүйүөннээбитэ.
Ол сайыныгар физкултуура учууталлара “куораттан тойоттор кэлэллэр үһү” диэннэр, Майа стадионугар отучча оҕону муспуттар. Өрөспүүбүлүкэ спордун салайааччылара Николай Николаевич Тарскай, Валерий Пантелеймонович Кочнев, Семен Семенович Жирков кэлэннэр Аркадий сүүрэрин бэлиэтии көрбүттэр, хайҕаабыттар. “Колхозник” уопсастыба бэрэссэдээтэлэ Афанасий Кирикович Софронов Арассыыйа күрэхтэһиитигэр Краснодарга илдьэн кытыннарбыта. Ити Арассыыйаҕа аан бастакы кыттыыта этэ. 1958 с. өрөспүүбүлүкэ чемпионатыгар улахан ыйааһыҥҥа тустубута, күүстээх бөҕөһү ыраастык кыайбыта эрээри, судьуйалар мөккүһэн бараннар, хаттаан туһуннарбыттарыгар, уопутунан баһыйтаран хотторбута. Кэлин быһый, илиитигэр “баардаах” уолу тустууга ыҥыра сатаабыттарын, “соҕуруу үөрэххэ бараары сылдьарынан” буолумматаҕа.
Спорка эргиччи дьоҕурдаах оскуола үрдүкү кылаастарыгар үөрэнэр Аркадий Алексеев өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин чемпионаттарыгар кыайыыларын иһин Саха АССР спорка Кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Н.Н. Тарскай илии баттааһыннаах грамоталары пятиборьеҕа, ыарахан атлетикаҕа, көҥүл тустууга, хайыһарга, чэпчэки атлетикаҕа, копьену, диискэни быраҕыыга, 400 м, 200 м сүүрүүлэргэ, атах оонньуутугар ылаттаабыта. Үөрэх миниистирэ Саввин туттартаабыт грамоталара эмиэ бааллар. 200, 1500 м сүүрүүлэрдээх, уһуну ойуулаах, үҥүүнү, диискэни быраҕыылардаах биэс спорт көрүҥнэрдээх пятиборьеҕа 1966 с. диэри иннин кимиэхэ да биэрбэтэҕэ.
Москватааҕы Ленин уордьаннаах И.В. Сталин аатынан физкултуура уонна спорт институтугар үөрэнэр 1959–1963 сылларыгар чэпчэки атлетиканан утумнаахтык дьарыктанарын салҕаабыта. Москваҕа спорт саала элбэҕэ, дьарыктанарга усулуобуйа бөҕө. Саха сириттэн кылыы рекордсмена Петр Местников, тустуу маастардара Анатолий Габышев, Владимир Корякин бааллара. Сүрдээх кыахтаах, бэйэтинээҕэр төрөлкөй уҥуохтаах-иҥиэхтээх нуучча, омук уолаттарын кытта бииргэ үөрэнэн, тэҥҥэ “буспута-хаппыта”. ССРС чөмпүйүөннэрэ, призердара бааллара. Бэйэлэрин көрүҥнэригэр бастаталыыллара, миэстэлэһэллэрэ. Олимпийскай оонньуулар, аан дойду чөмпүйүөннэрэ Валерий Брумель, Игорь Тер-Ованесян, Олег Федосеев үрдүкү куурустарга үөрэнэллэрэ, эрчиллэллэрин көрөрө. Копьены быраҕыыга аан дойду рекордсмена Владимир Кузнецов илиитин иһигэр киирэн дьарыктаммыта. Чэпчэки атлетикаҕа бастакы разряд нуорматын толорбута. Москваҕа пятиборьеҕа чөмпүйүөннээбитэ.
Дойду киин институтун устудьуона Аркадий Алексеев эт-сиин өттүнэн өссө төлөһүйбүтэ, сайдыбыта. Сүүрбэччэлээх ыччат спорка тус көрдөрүүлэрэ үрдээбиттэрэ. 1963 с. Москваҕа Сталин аатынан физкултуура институтун бүтэрбитин бэйэтин дьолунан ааҕар. Спорт, күөн күрэс киһи күүһүн, кыаҕын эбэр, кыайыыга дьулуһууну, ыарахаттартан толлубат буолууну үөскэтэр, киһи санаата бөҕөргүүр диир.
Институтун бүтэрэн, дойдутугар Майаҕа эргиллэн кэлэн, эрчиллэрин өссө күүһүрдүбүтэ. Алаас сыырдарын өрө-таҥнары сүүрэр-ыстанар, тиит суон мутугар атахтарынан таҥнары ыйаастан туран биилин-тараһатын имитэр. Ыарахан тимирдэри көтөҕөлөөн, икки бууттаах гиирэлэринэн оонньоон, илиитин иҥиирдэрин, саннын былчыҥнарын кытаатыннарар. Күҥҥэ үстүү-түөртүү чаас дьарыктанан, баар күүһүн-кыаҕын эбиммитэ.
Саха сиригэр буолуталыыр күрэхтэһиилэргэ көхтөөхтүк кыттыталыыр, ситиһиилэрдэнэр. 1964 сыл атырдьах ыйыгар чэпчэки атлетикаҕа, десятиборьеҕа уонна копьену быраҕыыга олохтообут рекортарын иһин Саха АССР “Урожай” уобаластааҕы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Афанасий Егорович Алексеев илии баттааһыннаах грамотатынан наҕараадаламмыта.
Тапталлаах Сахатын сиригэр 29 төгүл чөмпүйүөннээбитэ. 1964 с. Петропавловск-Камчатскайга копьену 62 м 80 см быраҕан кыыратан, итиэннэ пятиборьеҕа 2956 очкону хомуйан өрөспүүбүлүкэҕэ олохтообут рекортара, ити көрүҥнэргэ күрэхтэһиилэр тохтотуллубуттарынан, күн бүгүнүгэр диэри охсуллубакка тураллар. Ол да буоллар, рекорд аата рекорд. Кэлин, баҕар, сөргүтүлүннэхтэринэ, аныгы эт-сиин өттүнэн сайдыылаах, анал эрчиллиилээх ыччаттар тупсарыахтара турдаҕа. Чэпчэки атлетикаҕа Сибиир уонна Уһук Илин тоҕус төгүллээх чөмпүйүөнэ. 1973 с. диэри, а.э. 36 сааһыгар диэри күрэхтэспитэ — спорка улахан бэриниилээҕин туоһута.
Спорду кэпсиир-сырдатар комментатор быһыытынан дьоҕура арыллыбыта. 1964 с. Дьокуускайга тэлгэммит Арассыыйа көҥүл тустууга чемпионатын хаамыытын тустууну таптааччыларга өйдөрүгэр-санааларыгар тиийэр гына итэҕэтиилээхтик тиэрдибитэ. Саха АССР спортивнай уопсастыбаларын уонна тэрилтэлэрин Сойууһун Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Михаил Кочнев илии баттааһыннаах грамотанан наҕараадаламмыта. Саха араадьыйатыгар уонна телевидениетигэр спорт редакторынан таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. ССРС бастыҥ спортсменнарын, үтүөлээх тренердэри кытта атах тэпсэн олорон кэпсэтэрэ.
Күүс-күдэх, эрчим чахчылара
1961-1964 сыллардаахха күннээн-күөнэхтээн сылдьан сурукка-бичиккэ тиһиллибит көрдөрүүлэрэ билигин да үрдүктүк сыаналаныахтарын сөп. 100 м 11,2 сөк. (Грознай), Москваҕа 200 м 22,9 сөк., 400 м 51,6 сөк., 800 м 1мүн 58,8 сөк., 1500 м 4 мүн 17,1 сөк. кэлитэлээбитэ, 6 м 37 см уһуну ойбута.
Анал дьарыктаах сылдьан диискэни 43 м 03 см ыраахха элитэрэ, копьену 62 м 80 см ыраахха быраҕара, дьаадыраны 12 м 97 см анньара. Штанганы 102,5 кг сыыйа өрө анньара (жим), 92,5 кг эмискэ өрө анньара (рывок), икки илиинэн 127,5 кг өрө анньара (толчок), уҥа-хаҥас илиилэринэн 80-72,5 кг өрүтэ анньара (толчок), санныгар 180 кг штанганы санныгар ууран олорон турара (приседание). Илиитигэр “баардаах”, бөҕө систээх буолан, Аркадий Алексеев күүһүн-кыаҕын тургутар түгэннэртэн туора турбат буолара. 1977 с. сэтинньи ыйыгар эстрада артыыстарын уонна мелодистары кытта Орто Халымаҕа гастролласпыта. Онно үс Халыма оройуоннарыгар күүһүнэн-күдэҕинэн биллибит Николай Гуляев диэн саха киһитин ааттааҕа көтөҕөлөөбүт 491 кг ыйааһыннаах тааһа Эбээх бөһүөлэгэр сытарын туһунан сэргии истибитэ. Ким да сыҕарыта илигэ үһү. “Күүстээх Гуляев тааһа” хайа да өттүттэн тутарга-хабарга табыгаһа суох сүүнэ сымара таас буолан биэрбит. Ону биллиилээх ырыаһыт тоҥуу хаар устун сытар сириттэн сүүрбэ миэтэрэ тэйиччи үтүрүйэн, сытар миэстэтин уларыппыт. Ол Күүстээх Гуляев уола Афанасий Николаевич Гуляев Аркадий Михайлович куораттааҕы кыбартыыратыгар кэлэн, илэ көрөн, итэҕэйэн, хонон-өрөөн, хайҕаан ааспыт.
80-с сыллар саҕаланыыларыгар “Урожайдар” үлэлиир кэбиниэттэрэ Орджоникидзе уулуссатын 21 №-гэр турар икки этээстээх спорткэмитиэт мас дьиэтигэр баара. Бэрэссэдээтэлинэн саҥа талыллыбыт Аркадий Алексеев кэбиниэтин ис бараанын уларытан өрөмүөннэппит. Хос ортотугар ким да кыайан туруорбатах киппэ тимиртэн уһаарыллан оҥоһуллубут икки этээстээх сейфэ сытарын бастакы холонуутугар өрө тардан туруоран кэбиспит. Ити туһунан дуобакка аан дойдутааҕы категориялаах судьуйа Дмитрий Сыромятников куруутун сөҕөн ахтар.
Тренерскэй үлэ
Институту бүтэрэн кэлбит эдэр исписэлиис ылбыт идэтинэн Дьокуускайга 1-кы №-дээх Оҕо спортоскуолатыгар чэпчэки атлетика тренеринэн анаммыта. Билиҥҥи мээрийэ турар сирин оннугар мас таҥара дьиэтэ турара, спортоскуола онно баара. Оскуола оҕолоруттан уонна университет устудьуоннарыттан үгүс өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөннэрин, призердарын таһаартаабыта. Олор ортолоругар аатырбыт кылыыһыттар Иван Гороховы, Николай Санниковы, спринтер Евгений Приманы, 400 м Николай Неворотовы дьарыктаабыта. Бары – өрөспүүбүлүкэ рекордсменнара. “Сэргэлээх” уопсайдарын 12-с корпуһун 87-с хоһугар Николай Санниковы, Иван Гороховы, Слава Окороковы кытта бииргэ олордохпутуна Аркадий Михайлович кэлэн байааныгар саҥа айбыт ырыаларын иһитиннэрэн сэргэхситэрэ. Евгений Прима эмиэ киирэ сылдьар буолара. Киһи көрөн астынар, быһыы-таһаа мааны, сүһүөхтэрин үрдүгэр сүр чэпчэкитик дугунан, ойо-тэбэ сылдьар уолаттар этилэр!
Өрөспүүбүлүкэ спордун салайыы эйгэтигэр
Тэрийэр-салайар, өйдөөх-төйдөөх, саҥа идеялардаах тренер быһыытынан 1967 с. госкомспорт отделыгар, 1971-1980 сс. идэлээх сойуустар Саха уобаластааҕы сэбиэтигэр култуурунай-маассабай үлэ отделын сүрүн инструктордарынан ананан үлэлээбитэ.
1980 с. өрөспүүбүлүкэ “Урожайын” бэрэссэдээтэлинэн конференциянан талыллыбыта. Орто дойдуттан 40 сааһыгар ыарахан ыарыыттан хомолтолоохтук туораабыт А.П. Стручков оннугар кэлбитэ. Бэрэссэдээтэли солбуйааччынан Ю.П. Баишев үлэлээбитэ. Анатолий Петрович идеятын уонна бэйэтин көрүүлэрин холбоон, ол хайысхалары тутуһан спорт маассабаһа көтөҕүллүбүтэ. Манчаары спартакиадаларын киэҥник пропагандалыыр, спортивнай баазаны сайыннарар сыаллаах-соруктаах, 1981, 1983 сс. Майаҕа, 1985 с. Бүлүүгэ, 1987 с. Аммаҕа тэрийтэлээбитэ. Композитор Марк Жирков дойдутугар 800 киһилээх хор туруоруллубута. Онтон ыла атын-атын оройуоннарга, улуустарга буолуталыыллар. Стадионнар тутуллаллар, бигэ баазалар тэриллэллэр. Саха сирин “Урожайа” РСФСР иһинэн көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамяны биэс төгүл ылары ситиспитэ. 1981 с. Намҥа Тыа сирин Спортивнай оонньуулара ыытыллыбыттара. Олимпийскай чөмпүйүөн Роман Дмитриев көҥүл тустууга турнира Эдьигээнтэн куоракка аҕалтарыы ситиһиллибитэ.
Болҕомто көҥүл тустууга уонна боксаҕа ууруллубута. Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүгэр, Майаҕа тренердэр В.П. Уваров, В.В. Васильев көмөлөрүнэн тустуу, бокс баазалара тэриллибиттэрэ. ВЦСПС-тан (ССРС идэлээх сойуустарын киин сэбиэтэ) туруорсуллан, дириэктэрдээх, завучтаах, буҕаалтырдаах, уонча тренердээх тустуу, бокс салаалардаах “Олимпийскай солбук оскуолата” спорт биир бөдөҥ тэрилтэтэ баар буолбута. Боксаҕа тардыллыбыт Ньурба рингэтигэр “Спартактары” кыайаннар, “Урожайдар” бастаабыттара. Уус Алдаҥҥа, Намҥа, Ньурбаҕа, Майаҕа бокс баазалара тэриллибиттэрэ. Гиирэ спорда өрө тутуллубута. Уус Алдаҥҥа, Чурапчыга, Аммаҕа хайыһар спорда салгыы күүскэ сайдыбыта. Хайыһары Бүлүү бөлөх оройуоннарга таһаарар сыаллаах-соруктаах аан бастаан “коньковайы” баһылаабыт өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ Альберт Трофимовы Сунтаарга ыытан, хайыһар күрэхтэһиилэрэ тэриллибиттэрэ. “Ситиһиилэр бааллара”, – диэн Аркадий Михайлович астына ахтар. Дьокуускайга Күөх хонууну баһылаан, хайыһар спордун маассабаһын үрдэтэр сыаллаах-соруктаах ылсан үлэлээбитэ.
Дьылҕаҕа махтаныы
“Бэйэм дьылҕабар махтанарым диэн улахан сыыһаны оҥорботохпуттан. Иккистээн олорор баҕам суох, баар кыахпынан спорка күрэхтэһэммин, кыайар баҕабын, тренердиир идэбин олоххо киллэрдим. Сахабыт сирин туһугар, ыччакка холобур буолар гына олорор, үлэлиир сыалы-соругу толордум”, – диэн Аркадий Михайлович санаатын үллэстэр. Айылҕаттан айдарыылаах дьоҕурдаах, саха норуотун тапталлаах ырыаһыта, мелодиһа, чаҕылхай спортсмен, физкултуура уонна спорт төлөннөөх тэрийээччитэ, салайааччыта Аркадий Михайлович Алексеев күн бүгүнүгэр диэри айар-тутар үлэтин үгэнигэр сылдьар. Бу ааспыт кыһын спорт лауреаттарын чиэстээһин дьоро киэһэтигэр физическэй култуура уонна спорт эйгэтин чулууларыгар туттарыллар Саха АССР, РСФСР уонна ССРС үтүөлээх тренерэ Д.П. Коркин аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатын аатын ылла.
Балаҕан ыйын 14 күнүгэр Майа стадионугар Аркадий Михайлович Алексеев бирииһигэр “Дыгын оонньууларын” кыайыылаахтара Горнайтан Дьулустаан Ноговицын, Кэбээйиттэн Алексей Уваровскай, “Тоҕус Томтор” кыайыылаахтара Ньурбаттан Владимир Федоров, Чурапчыттан Павел Друзьянов, Тулагы Геракла Артем Ветров, Амма “Олоҥхотун ыһыаҕар” үтүө өйдөбүлү хаалларбыт Гарри Сдвижков уонна да атыттар, барыта уон алта Сахабыт сирин күүстээх боотурдара “Кус быһый, ат бөҕө” күөн күрэскэ кыттыахтара. Мүччүргэннээх, сытыы түгэннэри көтүтүмэҥ, кэлэн көрүҥ, биһирээҥ, астына-дуоһуйа сынньаныҥ!