Күүтүүлээх күндү көрсүһүү
Саха дьахтар таҥаралаах… Уот харахха этиллибит, уостан түспэт этии чаҕылхай туоһулара сааскы сандал киэһэҕэ Хатастааҕы «Тускул» КК муһуннулар. Этиллибит кэмҥэ, болдьоммут чааска улам-улам эбиллэн, көрөөччү, сэргээччи, «ыалдьааччы», көмөлөһөөччү үксээтэ.
Фойебыт иһэ көрсүһүүттэн үөрэн сэбэрэлиин сэргэхсийбит, тугу эрэ таайтарыылааҕы, кэрэни, үтүөнү көрөргө-истэргэ бэлэм дьонунан туолла. Хайдах эрэ ис-иһиттэн тахсар истиҥ, иһирэх тыын кэлэр. Бу киэһэ Хатаспыт эбэлэрэ олоҕу көрүүлэрин, дьиэ кэргэн тутулун тэрийэр кистэлэҥнэрин, дьоҕуру сайыннарыыны уонна да атын араас албастарын үллэстэр тэрээһиннэрэ буолан ааста. Уран тылы оһуор-дьарҕаа оҥорон кэпсиир, хоһуйар дьоммут барыта сааскы кэми дьахтарга, ийэҕэ, эбэҕэ холуйаллар. Сааскы кэм хас биирдии да күнэ бэйэтэ туһугар бырааһынньык, сүргэ көтөҕүллүүтэ буоллаҕа.
Тэрээһиммит бу күннэргэ буолан ааспыт «Якутия мастеровая» диэн киэҥ далааһыннаах, дириҥ суолталаах СӨ Норуот маастардарын күнүгэр өтөрүнэн кэлбэтэх ситиһии ситимин туппут далбардары эҕэрдэлээһинтэн саҕаламмыта барыбытын да үөрүү көтөлүгэр олорто. Ол курдук, «Тускул» КК иһинэн үлэлиир «Дом ремесел» мааны далбара, төрүт ииһи сөргүтүүгэ, чөлүгэр түһэриигэ, үйэтитиигэ дьоһун үлэлэрдээх, хотоойу, хорсун санаалаах СӨ Үтүөлээх бырааһа, СӨ уус-уран оҥоһуктарын маастара, элбэх оҕолоох ийэ, эйэҕэс эбэ Людмила Степановна Саввина «СӨ норуотун маастара» уонна уһун сылларга иис-күүс эйгэтигэр буспут-хаппыт, норуот айымньытын араас көрүҥэр холоммут, үрдүк таһымнаах үлэлэрдээх Мария Сергеевна Дегтярева «СӨ Уус-уран оҥоһуктарын маастара» диэн бочуоттаах ааттары ылбыттарын туоһулуур дастабырыанньа уонна түөскэ кэтэр бэлиэ, Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан Бочуотунай грамоталары туттулар. «Тускул» КК дириэктэрэ Валентин Азотович Чепалов Дьокуускай куорат уокуруктааҕы дьаһалтатын Култуураҕа управлениетын Махтал суруктарын туттарда. Маны таһынан Маастардар күннэригэр ситиһиилээхтик кыттан бириистээх миэстэҕэ тиксибит СӨ Уус-уран оҥоһуктарын маастара Андрей Лукич Малышев эмиэ наҕараада тутта.
Дьэ ол кэннэ киэһэбит сүрүн ис хоһоонун арыйар «Эйэҕэс эбээ» тэрээһин кыттыылаахтара долгулдьуһан таҕыстылар. Саха норуодунай суруйааччыта Семен Данилов:
«Иэримэ дьиэни дьиэлиир, сиэннэрин иитэр,
Уһун үйэлэригэр бүппэт дьаныардаахтар,
Уонна дьэ бар дьон быстыбытын салгыыр
Имииһит дуу, иистэнньэҥ дуу идэлээхтэр…» - диэн хоһуйбут ыал ийэлэрэ, эбэлэрбит кимнээхтэрий:
Татьяна Рожьевна Абрамова – элбэх оҕо ийэтэ, биэс сиэн эбэтэ, Хатастааҕы «Сир симэхтэрэ» уһуйаан үлэһитэ, «Айхал» үҥкүү ансаамбылын (салайааччы СӨ култууратын туйгуна Татьяна Григорьевна Жиркова), «Хатасталаана» дьахталлар кулууптарын (салайааччы СӨ норуотун маастара Людмила Степановна Саввина) чилиэнэ;
Октябрина Васильевна Оконешникова – элбэх оҕо ийэтэ, уон сиэн эбэтэ, Хатастааҕы элбэх оҕолоох ийэлэр түмсүүлэрин, Дьахтар сэбиэтин, «Баҕарах» түөлбэ актыыбын чилиэнэ, «Кэрэчээнэ» уһуйаан үлэһитэ;
Елена Афанасьевна Павлова – элбэх оҕо ийэтэ, уонча сиэн эбэтэ, СӨ Музыка үрдүкү оскуолатын үлэһитэ, «Киэҥ хочо» түөлбэ олохтооҕо;
Мария Николаевна Ямова – элбэх оҕо ийэтэ, уонча сиэн эбэтэ, тус бэйэтэ тэрилтэлээх, илиҥҥи үҥкүү кулуубун, модельнай агентство чилиэнэ;
Александра Петровна Ефимова – истиҥ иһирэх ийэ, эйэҕэстэй эбэ, «Маалгын» түөлбэ, «Алгыс» бэтэрээннэр кулууптарын салайааччыта.
Бары да даҕаны олох дьолун, аһыытын-ньулуутун билбит, ураты көрүүлээх-истиилээх, дьоһун дьон. Кинилэр билэллэр – 90 сыллар ыһыллыылаах-тоҕуллуулаах, мунаах боппуруостардаах кэмнэрин, судаарыстыба тутула уларыйан, олоххо сыһыан, сүрүн өйдөбүл уларыйыытын, эрэнэн-итэҕэйэн ис сүрэхтэриттэн баҕаран туран туппут дьоллоох олохторо коммунизмҥа тиийиэхтээҕэ ыһыллыбытын, хамнаһа, үлэтэ суох хаалыы кыһыытын-абатын. Ону барытын сахалыы өйдөрүнэн санааны сааһылаан, сатабылларын туһанан, кыраттан да элбэҕи таһааран, түөн саҕаттан тирэхтэнэн, сап саҕаттан салҕанан, ииһи-күүһү өрө тутан, үлэни-хамнаһы кыайан, оҕолорун барыларын атахха туруоран, үөрэхтээн, олох киэҥ аартыгар таһаарбыттара. Дьэ ол кэннэ орто дойду олоҕун истиҥтэн-истиҥ, ыраастан ыраас, дьикти, кэрэ, минньигэс иэйиитин – сиэн оҕоҕо тапталы сүрэхтэрин, дууһаларын нөҥүө аһарбыт дьон. Бииртэн биир түһүмэх ситимнэһэн, эйэҕэстэй далбардар толору уобарастара тахсан истэ.
Тугу да сыыска-буорга түһэрбэккэ, муодаттан тахсыбыт, аччаабыт дуу таҥаска-сапка, туттуллубут тэриллэргэ иккис тыыны биэрэн, харах хайҕыыр, тупсаҕай көрүҥнээх оҥоһуктар көһүннүлэр. Ол курдук, Александра Петровна муннук аайы мунньуллар, тиэргэн аайы тэлээрэр, ойуурга, тыаҕа үрдэ суох элбэхтик көтүөккэлиир чараас салапаан «маечкаттан» дьиэҕэ-уокка наадалаах, орон таһыгар, киирэр ааҥҥа, душка, баанньыкка атах анныгар ууруллар кустук өҥүнэн оонньуур коврик арааһын көрдөрбүтүн бары да сэргээтибит. Өссө эбиитин маастар-кылаас биэриэхпин сөп диэн ытыс тыаһын ылыан ылла. Биир саҕынньахтан игирэлэргэ саҕынньах, джинсыттан эҥин эгэлгэ таҥас-сап, олбох, суумка, сэлээппэ, сибиитэрэттэн капор, сэлиэччик, соннортон, былаачыйалартан аттарыллан оҥоһуллубут орон, дьыбаан сабыылара, эргэ миэбэли сэргэхситэр саҥа истиэҥкэлэр, олоппостор…. – бу барыта көрөөччү биһирэбилинэн туһанна.
Аныгы үйэ хардыытыгар сөп түбэһэн компьютерга аахтаран, ойуулатан, быысапка, мозаика арааһын, уруһуй эриэккэһин тэлгэппиттэрин ааҕан сиппэккин. Арай биири сөҕөҕүн – киһи, баҕалаах буоллаҕына, наһаа да элбэҕи оҥоруон-тутуон, айыан сөп эбит. Онно күҥҥүн-дьылгын аттарыннаххына, барытыгар бириэмэҥ тиийэр эбит диэн.
Хас биирдии эбээ утум ситимэ көлүөнэ дьоннорун кытта сценаны толору тахсыбыттара киһини уйадыта долгутар ураты кэрэ, истиҥ көстүү. Мария Ямова кыыһа Татьяна илиитин иһиттэн тахсыбыт сахалыы таҥастаах тахсыбыта, Татьяна Абрамова уолунаан Ванялыын вальстаабыта, Октябрина Оконешникова сиэннэринээн үҥкүүлээбитэ, Лена Павлова сиэннэринээн саха санаабыта барыта баар төрүт аспыт арааһын көрдөрбүтэ, Александра Ефимова кыыһын, сиэнин кынат гынан хаампыта барыбытын да үөртэ, сүргэбитин көтөхтө.
Өссө биири бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын. Тэрээһиҥҥэ бары даҕаны олоҕо суох омуннурбат, төрүөтэ суох өрүкүйбэт, күүркэйбэт дьоһун дьахталлар мустубуттара биллибитэ. Бэйэ-бэйэҕэ убаастабыллаахтык, болҕомтолоохтук сыһыаннаһыы баара истиҥ, эйэҕэс эйгэни үөскэппитэ.
Тэрээһиммитин СӨ Норуотун маастара Л.С. Саввина төрүт ииһи сөргүтэр, археологическай, историческай сүдү суолталаах үлэлэрин кэтэн тахсыбыт дьүөгэлэрэ киэргэттилэр. Өссө биир оннук харах халтарыйар, сүрэх өрүкүйэр дьикти кэрэ көстүүтэ – СӨ Уус-уран оҥоһуктарын маастара М.С. Дегтярева тикпит кытыылаах соннорун дефилетэ. Манна «Тускул» КК «Утум иис» холбоһугун далбардара таҕыстылар. Көрдөрүү бүтэһигэр маастардар бэйэлэрэ тахсыылара махталлаах ытыс тыаһын ылла.
Түһүмэхтэр быыстарыгар дорҕоонноох куоластаах доллоһута ыллыыр эр дьоннор сэргэхситтилэр – Николай Протасов дэгэрэҥ тэтимигэр олордон доҕуһутта, Анатолий Колачев киэҥ, дэлэй, тэтимнээх ырыалара сибилигин туруоран үҥкүүлэтиэх курдук доҕуруҥнатта, Александр Степанов хойуу эттээх куолаһа эбээбитин, чугас дьоммутун санатар ырыалар долгуннарыгар киллэрдэ. Андрей Малышев ийэҕэ анаммыт иһирэх ырыата чараас, дьэҥкир, ыраас эйгэ долгунугар күөлэһиттэ.
Дьүүллүүр сүбэ Хатас оскуолатын дириэктэри иитии үлэтигэр солбуйааччы Роман Обоюкин, «Айхал» үҥкүү ансаамбылын солистката, урбаанньыт Наталья Павлова, «Тэтим» араадьыйа, үгүс элбэх ырыа түһүлгэлэрин ылбаҕай ыытааччыта Индира Софронова састааптаах үлэлээтэ. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн, дьүүллүүр сүбэ хас биирдии чилиэнэ анал бэлэхтээх кэлбит.
Күрэхпит үрдүк таһымнаахтык барыытыгар күүс-көмө буолбут спонсордарбытыгар махталбыт муҥура суох улахан. «Розтор» хаһаайыстыбаннай табаардар маҕаһыыннара, «Сабай тай» доруобуйаны, туругу чөлүгэр түһэриигэ үлэлэһэр киин, «СИС» массаас кабинета, «Смартлэш» сэбэрэни тупсарар киин, Наталья Павлова, Индира Софронова анал бириистэрэ, ону таһынан аймах-билэ, доҕор-атас, үлэлиир кэлэктииптэр, түмсүүлэр анал бэлэхтэрэ, этэргэ дылы, кыттааччылары сыарҕалаах ат кыайан соспот үлүгэр элбэх бирииһинэн маанылаатыгар. Бары анал ааттары туттулар. Оттон муҥутуур кыайыылаах аатын Елена Афанасьевна Павлова сүктэ.
Дьэ ити курдук унньуктаах уһун тохтобул, кэлэри-барары хаарчахтыыр дьаһаллар сымныыр кэмнэрин таба тутан, күүтүүлээх күндү көрсүһүү буолла. Манна даҕатан эттэххэ, куйаар ситимин утаҕын таба тутан, инстаграм страницабытыттан истэн-билэн кэлбит Ньурба, Нам, Бүлүү улууһун олохтоохторугар барҕа махтал. «Тускул” КК киинэ бу тэрээһин үрдүк таһымнаах барарыгар бары бииргэ буолан бэлэмнээтибит уонна ыыттыбыт.