31.10.2024 | 16:00

Күүстээх-уохтаах Бүөтүр Баттаахап

Күүстээх-уохтаах Бүөтүр Баттаахап
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Алтынньы 18-20 күннэригэр Москваҕа буолан ааспыт аан дойду пауэрлифтиҥҥэ чемпионатыгар Сахабыт сирин мас тардыһыытынан уонна тимиринэн дьарыктанар маастардара чаҕылхайдык кытыннылар.

Үһүө буолан күрэхтэһэннэр, үһүөн кыһыл көмүс мэтээллэри ылаттаатылар. Аан дойду чөмпүйүөнэ, рекордсмена, нуучча бухатыыра Михаил Кокляев бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан сырытта, эҕэрдэлээтэ. Күүстээх пауэрлифтердар туруоруммут сыалларын-соруктарын толордулар. Санааларын ситэн кэллилэр. Үөлээннээхпин Петр Петрович Баттаховы кытта көрсөн кэпсэттибит.

Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх оҕо спортоскуолатын мас тардыһыытыгар тренерэ, мас тардыһыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин спордун маастара, пауэрлифтиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Иван Иванович Копырин 75 кг 55-59 саастаахтарга “Аполлон-аксельга” бастаталаата уонна армлифтиҥҥэ спорт маастарын нуорматын толордо. Кини иитиллээччитэ, И.И. Шамаев дириэктэрдээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи физмат лицей 10 кылааһын үөрэнээччитэ, мас тардыһыытыгар спорт маастара, тутум эргииргэ өрөспүүбүлүкэ уолаттарын рекордсмена Бүлүү ыччата Саян Макаров 56 кг становой тягаҕа уонна “Аполлон-аксель” эрчиллиигэ,  становой тягаҕа 142,5 кг тобугар диэри тардан бастаталаата, маастарга хандьыдаат нуорматын толордо.

Ньурба Чаппандатыттан төрүттээх-уустаах Петр Петрович Баттахов мас тардыһыы уонна хапсаҕай маастара, пауэрлифтиҥҥэ норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара, пауэрлифтинг араас көрүҥэр аан дойду, Европа, СНГ дойдуларын, Арассыыйа элбэх төгүллээх чөмпүйүөнэ. Учуутал идэлээх. Орто оскуолаҕа физиканы үөрэтэн биэнсийэҕэ тахсан баран, Дьокуускайга 20 №-дээх оптуобус маршрутун салайбыта. Билигин Дьокуускайга охранаҕа үлэлиир Петр Петрович Баттахов 70-74 саастаах бэтэрээннэр бөлөхтөрүгэр пауэрлифтинг түөрт көрүҥэр бастаталаата уонна бэһис төгүлүн абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын ылары ситистэ!

Мас тардыһыы маастара, хапсаҕайдьыт Петр Петрович пауэрлифтининэн 2016 сылтан дьарыктанар. Аан бастаан 64 саастааҕар Курскайга пауэрлифтиҥҥэ аан дойду чемпионатыгар становой тягаҕа 200 кг тобугар диэри таһааран кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Ол ситиһиититтэн кынаттанан күн бүгүнүгэр диэри утумнаахтык эрчиллэр. Пауэрлифтиҥҥэ аан дойдуга уонтан тахсата бастаталаата. Бу сырыыга “силовой двоеборьеҕа” уонна “бицепска” маастар нуорматын толордо.

40-80 саастаах бэтэрээннэр биэстии сылынан араарыллан күрэхтэстилэр. Түмүк коэффициенинэн, формуланан таһаарыллар. Штанганы сүкпүтүн, анньыбытын, ыйааһынын, сааһын учуоттааннар, кыайыылаах коэффициенинэн, формуланан быһаарыллар. Петр Петрович кэпсииринэн, күрэхтэһии олус судургута суох, уустуктардаах.  Тактическай киирсиилэрдээх. Сөбүлүүр көрүҥэр “становой тягаҕа” – өрө тардыыга санаалааҕа, табыллан, улахан төһүү буолбут. Норуоттар икки ардыларынааҕы спорт маастарын нуорматын толорбут. Инньэ гынан “становой тягаҕа” Саха сиригэр үс “мсмк” баар буолла – Александр Скрыбыкин, Николай Копырин уонна Петр Баттахов.

“Бицепскэ” маҥнайгы холонуутугар улахан ыйааһыны сакаастаан, икки күүстээх утарсааччытын салыннартаан, күрэхтэһии саҕаланыытыгар “уматалаабыт”. “Бицепскэ” олорор сиргин, көхсүгүн истиэнэҕэ сыһыаран бараҥҥын штанганы көтөҕүүгэ 52,5 кг көтөхпүт. Онтон 60 кг сакаастаабыт. Дьоно оннооҕор элбэҕи сакаастаан баран кыайбатахтар. Урут 55 кг көтөҕөр эбит. Ыарахан көрүҥ диэн ааттыыр. Троеборьетыгар ыйааһынын түһэринэн, 100 кг ыйааһыннаахтарга киирсибит. “Ыйааһын түһэрбитим оҕуста”, – диир. “Жимҥэ” – сытан эрэ сыыйа өрө анньыыга 90 кг ылбыт, урут 100 кг киһилээбэтэ үһү. Тобугар диэри 197,5 кг тарпыт. Тэҥ саастыылаахтарын кыайталаабыт.

“Становой тягаҕа” норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах спорт маастара Петр Баттахов:

– Дьиэм таһыгар, иһигэр бэйэ оҥоһуута даҕаны, заводской даҕаны снарядтар бааллар. Уонна күрэхтэһиигэ барыам иннинэ Дзержинскэй уулуссаҕа баар “Статика” уонна Залогка баар “Эрэл” фитнес кулууптарга дьарыктанабыт. Онно саастаах, ситиһиилээх диэннэр, 50 бырыһыан чэпчэтиилээхтэр, сауналаах, үчүгэй. Үчүгэй көрүҥ. Бэйэ бодотун тардына сылдьарга, эккин-сииҥҥин, олоххун-дьаһаххын көрүнэргэ көмөлөһөр. Быраас хонтуруолугар турабын. Дабылыанньам сарсыарда үрдүк буолар, дьарыктанным даҕаны, “космонавт давлениета” буолар. Таах сытарым буоллар, бу дойдуга баар да буоларым биллибэт этэ, дьиҥинэн. Куһаҕан дьаллыктан аккаастанаҕын. Бэйэҕин көрүнэҕин. Сыаллаах-соруктаах сылдьаҕын. Аһылыкпар хаарчахтааһын оҥостубаппын. Натуральнай бэйэбит эппитин, балыгы, үүт аһылыгы сиибин. Кэлиини сиэбэппин. Арыылааҕы-сыалааҕы туттуна сатыыбын эрээри, сыалааҕы сөбүлүүбүн, сыа сэниэ, эрчим биэрэр. Кофены испэппин, үүттээх хара чэйи иһэбин. Ууну ис дииллэр да, элбэҕи испэппин. Оҕо эрдэхпинэ, алтыс кылаастан оскуоланы бүтэриэхпэр диэри, көлө-илии звенотугар илиинэн охсууга сылдьыбытым. Аҕам үчүгэй охсооччу этэ, 2 га охсоро. Оҕонньоттор ууну иһэрдибэттэр этэ. Күн оройугар, сыралҕан куйааска олордон аһаталлара. Бөтүрүөп, Ыспааһаптар эҥин таҥараларын күннэрэ кэлэллэр, ол аайы чугууҥҥа ынах арыытын уулларан, алаадьы бордурҕаччы сиэтэллэрэ. 75 саастаах оҕонньоттор от охсоллоро, кыдамалыыллара, түстүүллэрэ. Атырдьаҕынан хабан ылаллар, чэпчэки да оту ыарыарҕатаҕын дииллэрэ.

Дьэ, итинник, оҕо эрдэҕиттэн илии үлэтигэр эриллибит-мускуллубут Петр Петрович Баттахов күн бүгүнүгэр диэри тэтиэнэх, күүстээх-уохтаах, тапталлаах Сахатын сирин аан дойдуга аатырдар-сураҕырдар! Эҕэрдэлиибит.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Дорҕоон уонна медитация
Дьон | 09.11.2024 | 14:00
Дорҕоон уонна медитация
Бүгүн «Кэпсиэхпин баҕарабын» рубрикабытыгар эдэркээн кыысчаан Вера Аюмины кытта бэйэтин чараас санныгар хайдахтаах ыарахан тургутуулары ааһан, тапталлаах кэргэн, иһирэх ийэ, талааннаах Далбар Хотун таһымыгар тахсыытын туһунан сэһэргэһиэхпит.   – Вера, аҕаҥ эппит тылларын бастаан хайдах ылыммыккыный? – Аҕам: «Икки күүс холбоспут ньэҥирин уйуох тустааххын, эйиэхэ маны салайынар кыах  бэриллибит», – диэн...