19.09.2024 | 18:00

Күһүҥҥү сэрээккэ

Күһүҥҥү сэрээккэ
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Бары да, төһө кыалларынан, самаан сайыммыт хас биирдии күнүн көдьүүстээхтик, туһалаахтык атаара сатаатыбыт. Сайын устата айылҕалыын алтыһан, ыраас көй салгыҥҥа сүүрдүбүт-хаамтыбыт: оттооһун-мастааһын, сир астааһын үтүө түмүктээх буолла. Көмүс күһүнү, чугаһаан иһэр кыстыкпытын сэниэлээхтик, эрчимнээхтик көрсөргө кыһалынныбыт.

Бу ардахтаах, сөрүүн күннэргэ, “дьахтар быттанар” чаҕылхай күннээх  сарсыардаларга куорат олохтоохторо эдэрдиин-эмэнниин чэбдигирдэр сэрээккэлэргэ көхтөөхтүк тахсаллар. Хас биирдиилэрэ бэйэлэрин сөбүлүүр хамсаныыларын оҥороллор, тренажердарга дьарыктаналлар, сүүрэллэр, “скандинавскайдыы” уонна көннөрү хаамааччылар бааллар.

Сир ахсын, ол иһигэр киин куораппыт уулуссаларыгар, спорткомплекстар тэлгэһэлэригэр, болуоссаттарга тренажердар бөҕө туруорулланнар, дьон-сэргэ улаханнык сэргэхсийдэ. Араас идэлээх дьон, оҕо аймах, ыччат, аҕам саастаахтар стадионнарга, балаһааккаларга түмсэннэр сыл устата сүүрэллэр-хаамаллар, хамсаналлар-имсэнэллэр, доруобуйаларын бөҕөргөтүнэр, туруктарын тупсарынар буоллулар. Бу көрөргө олус үчүгэй! Бэл, тулаҥ сырдыырга дылы гынар.

“Юность” стадиоҥҥа элбэх сэрээккэлээччи баар. Арассыыйа, аан дойду түһүлгэлэригэр күрэхтэһэ бараары “Триумф” спорт уораҕайыгар эрчиллэр-бэлэмнэнэр түмсүүгэ олорор тустууктар, боксердар, турнирдарга кыттыыны ыла кэлбит ыалдьыттарбыт тренердэрин кытта сэрээккэлииллэр. 

Спортсмен ыччаттар, аҕам саастаах үлэ-спорт бэтэрээннэрэ, биэнсийэлээхтэр бэйэлэрин иннигэр араас сыалы-соругу туруоруналлар. Кыһыннары-сайыннары дьарыктаналлар, эрчиллэллэр.

Сааһын тухары тутуу үлэһитэ, болуотунньук, дьиэ-уот бөҕөнү күн бүгүнүгэр диэри дьэндэтэн таһаарар Егор Петров  “эһэлии хаамарын” сөбүлүүр: 

– Сэрээккэ туһата элбэх, бастатан туран, күннээҕи олохпор, үлэбэр. Сэрээккэм көмөлөһөн үлэлиибин. “Больничнай” ыла иликпин, бириэмэбин көдьүүстээхтик туһанабын. Сэрээккэ 15 көрүҥүн оҥоробун. “Эһэлии хаамыыны” Геннадий Петровтан ылбытым, сөбүлээтим. Былчыҥнарым барыта үлэлииллэр, тыынарым да тубуста, аҕылаабат буолар эбиккин. Стадиону эргийээччибин. Спортсменнартан холобур ылыахха сөп, кыраһыабайдар, эрчимнээхтэр.

Кыылтан-сүөлтэн чуучаланы оҥорор, бултуурун, айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр таксидермист идэлээх Анатолий Макаров:

– Урут дабылыанньам наһаа хамсыыр этэ, сэрээккэлээммин, ол буулаабыт кыһалҕабын суох оҥордум. Хамсаммыт күммэр сэниэлээх сылдьабын. Онтон сэрээккэбин көтүппүт күммэр хайдах эрэ нукаай курдук буолааччыбын. Күһүҥҥү булпар диэммин хамсаныыларбын арыый эбэн биэрэбин. Чуучаланы оҥоруунан дьарыгырбытым  лоп курдук 50 сыл буолла. Дойдубар – Элгээйи түмэлигэр үйэ чиэппэрэ үлэлээн бараммын, Университет зоологическай түмэлин тэрийэн үлэлэппитим, номнуо 25 сыл буолла. Онон, тулууру, күүһү-күдэҕи эрэйэр идэлээхпин.

Эндокринолог-быраас Владимир Гагарин, киҥинэйэн ыллыы-ыллыы, хаамарын ордорор:

– Итинник дьарыктанан, Казань куоракка Бүтүн Арассыыйатааҕы бэстибээлгэ кыттан, лауреат аатын ылан турабын. Ыллыыр тыынар уорганнарга туһалыыр, сатаан тыынарга үөрэтэр. Хаамыы эти-хааны эрчийэр, сүһүөхтэриҥ хамсыы-имсии сылдьар буоланнар сааһырыыны тэйитэр, эдэр курдук сананаҕын.

Географ-учуутал идэлээх, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Уопсастыбаннай палаататын чилиэнэ Сергей Сюльскай таһырдьа аан туманынан оргуйар -50 кыраадыс тымныыттан толлубат, Сайсары күөлү эргийэ хаамар:

– 2020 сыллаахха хамсык кэмигэр ковидтаан, тыҥам улаханнык эмсэҕэлээбитэ. Турарбын да ыарырҕатар буолбутум. Тыҥабар эрэ буолбакка, уопсай турукпар охсубута. Сүрэхпэр, хаан баттааһыныгар. Билигин да баарын биллэрэр эрээри, хаамыы, сэрээккэ турукпун сүрдээҕин чэпчэтэр. Сарсыарда хамсаннахпына, чэбдик санаа киирэн, күнү быһа сэргэх сылдьабын. Ол үлэҕэр сүрдээҕин көмөлөһөр. Доруобуйаҕын көннөрүнэҕин. Доруобай да эрдэхпинэ маннык элбэхтик хаампат этим. Хаамыыбын, бэл, 10 км тиэрдитэлээтим. Илии-атах, тараһа (пресс), имигэс буолуу хамсаныыларын оҥортуубун. Күнү быһа чэгиэн,  чэбдик, настарыанньалаах сылдьабын. Сэрээккэлээбэтэхпинэ, тугу эрэ толорботох курдук буолабын.

Сэрээккэ инструктора, анал байыаннай дьайыы байыастарыгар сиэккэ оҥоруутунан дьарыктанар волонтер, инбэлиит, ГТО-ҕа “кыһыл көмүс” бэлиэлээх 77 саастаах Декабрина Попова:

– Эдэр саастарбар физкултуура диэнтэн куота сылдьар этим, хаһан даҕаны спорка тардыспатаҕым. Онтон, эчэйэммин, төбөбүн өлөрөммүн, сиһим ыалдьар буолан, илиим-атаҕым эмиэ тостубута, сүрэҕим ыалдьар, хараҕым мөлтөхтүк көрөр буолан, онтум-мантым барыта куһаҕан буолан, сааһыран бараммын, 64-пэр, ютубунан, инстаграмынан (Арассыыйаҕа бобуулаах ситим – Эрэд.) сэрээккэлэри көрөн, кинигэни ааҕан, ону-маны үөрэтэммин, бэйэм турукпун бөҕөргөтөөрү, элбэх хамсаныылар комплекстарын сыымайдаабытым. Бэйэбэр туһалыыры, үчүгэйи оҥорору талан ылбытым уонна “скандинан” дьарыктаммытым. Бары былчыҥнарыҥ, сүһүөхтэриҥ, ис уорганнарыҥ барыта үлэлииллэр. Матвей Лыткиҥҥа Саха сиригэр барар наһаа үчүгэй дьарыгы саҕалаабытыгар махтанабын. Сиһим тостуулардаах, хайдыылаах. Бөҕөргөтүнэммин, “мышечнай корсеттаах” сылдьабын. Ити ыарыыларбыттан сэрээккэ наһаа туһалаата.  Бэйэм сааспар туругум үчүгэй. Хамсаныы, сэрээккэ күүстэринэн.

Оҕолорун батыһыннарбыт төрөппүттэр кэлэн сэрээккэлииллэр. “Кэнчээри” оҕо уһуйаанын иитээччитэ Яна Антонова 4 №-дээх оскуола 3-с кылааһыгар үөрэнэр сиэнин Дамиры кытта футбол мээчигин тэбиэлии, сүүрэ-көтө сылдьаллара көрөргө наһаа үчүгэй:

– Сэрээккэлииргэ, хамсанарга эһэбит Геннадий Иванович Петров уһуйар. Сайсары күөл тула сүүрүү бөҕө буолабыт. Бу сиэммит 2 сааһыттан сэрээккэлэһэр, аны улаатан, футбол оскуолатыгар киирэн, футболист буоллубут, – диир кини.

– Футболга түргэнник сүүрэҕин, мээчигинэн арааһынай трюктары оҥоробут уонна мээчигинэн оонньуубут. Сатабылбын сүтэримээри, эбэбин кытта эбии эрчиллэбин, – диэн санаатын үллэстэр Дамир Устинов.

 

Сарсыардааҥҥы чэбдигирдэр сэрээккэ киһи туругун тупсарар, күннээҕи сэниэни биэрэр суолтата сүҥкэн. Күһүҥҥү сөрүүн салгыҥҥа хамсаныахха, үүнэр күммүтүн эрчимнээхтик  саҕалыахха!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Дорҕоон уонна медитация
Дьон | 09.11.2024 | 14:00
Дорҕоон уонна медитация
Бүгүн «Кэпсиэхпин баҕарабын» рубрикабытыгар эдэркээн кыысчаан Вера Аюмины кытта бэйэтин чараас санныгар хайдахтаах ыарахан тургутуулары ааһан, тапталлаах кэргэн, иһирэх ийэ, талааннаах Далбар Хотун таһымыгар тахсыытын туһунан сэһэргэһиэхпит.   – Вера, аҕаҥ эппит тылларын бастаан хайдах ылыммыккыный? – Аҕам: «Икки күүс холбоспут ньэҥирин уйуох тустааххын, эйиэхэ маны салайынар кыах  бэриллибит», – диэн...