23.11.2022 | 13:18

Күндү таммах

Күндү таммах
Ааптар: Бээрийэ кыыһа Хотойук Айгыына
Бөлөххө киир

Орто дойду омуннаах олоҕо диэн былыргы олоҥхоһуттар олоҥхолоон онолуйалларын саҕана, Сир ийэ барахсан  үүнэн силигилээн, ото-маһа, сиппит кыыс уһун мааны суһуоҕун санатан уурбут-туппут курдук суугунуу күөгэлдьийэрин саҕана, киһи барахсан аарыма айылҕатын атарыхсыппакка олорорун, сайдарын саҕаттан кини баара. Тыыннаах эйгэлээх, уус уран тыллаах, ураннык уһанар норуот кутугар... - диэн Ааныс эбээлэрэ кырачаан сиэннэрин мунньан, бу аарыма саастанан да баран оҕоһуттуу, дьиэ көрөн, чэй өрөн киһи туһалааҕа бу дьиэҕэ кини буоллаҕа.

Ааныс аҕыс уон хаарын толору ааһан эрэр кырдьаҕас, бу олоҕор арааһы бары көрөн-истэн кэллэ ини. Кини уран уйулҕатын арыйан көрөр киһи, кини сиэдэрэй мэйиитин уларсар киһи бу дойдуга уһулуччу өйдөөх профессор курдук буолуо эбитэ буолуо. Дэлэҕэ,  өбүгэлэрбит кырдьаҕастарын сир түннүгэ диэн ааттыахтара дуо.
Арҕааттан хара былыт быһыта ойон тахсан, айылҕа ото-маһа тымныы сүүрээннээх хахсаат күн буолуоҕун билгэлиирдии суугунуу турда. Ааныс сай сарсыарда эрдэ туран, урут туох хайа иннинэ, сааһын туоһулуурдуу мыччыстыбыт сирэйин сууна охсон, аргыый аанын боруогун атыллаан күүлэҕэ таҕыста. Күүлэтин аанын тэлэйэ арыйан, онно анаан олорор олбохтоох олоппоһугар аргыый үөһэ тыыммытынан олорунан кэбистэ. Хайдах эрэ ыраахтан киһи аргыый сирийэ көрдөҕүнэ, Ааныс барахсан санаата үрүҥ холууп буолан көтөн тахсан, кылыыҥкайдыы оонньообут тумулун күөх ньаассын отугар, кыыс куо буолан бастакы тапталын билбит кытылыгар көтө турда. Бастакы барыта хаһан да күндү дииллэр...

Оо, ол кэмнэри төннөрөр киһи, Ааныс өссө  дьоллоох буолуо этэ дуо? Ол эрээри, хайдаҕын да иһин, билигин да тутан олорор дьолун Ааныс туохха да биэрбэтэ буолуо... Аарыма кырдьаҕас бу олорон тугу саныырын ким билиэ баарай, ол эрээри, ырааҕы одуулуур симириктээн ылар көрүүтүттэн, мичээрдээн сырдаан ылар иэдэһиттэн, чох хара хараҕыттан күндү таммах бу кэмҥэ өрүү таҥнары суккуруур.

Чараас уйулҕа уонна сүрэх оспот бааһа кыайан умнубат түгэниттэн эбитэ дуу, эбэтэр олох-дьаһах ытыллар күөрчэхтии уларыйыытыттан эбитэ дуу, эбэтэр сир ийэ ынчыгын истэриттэн эбитэ дуу, ааҕааччы эн бэйэҥ сыаналаа. Киһи диэн кимий, кини хаһан киһитийэрий дуу, кини хаһан киһи диэн ааты ыларый дуу. Ол эрээри киһи диэн киһи диэххит, кини айылҕаттан быстыбат ситимнээх айылҕа сорҕото диэххит, хайа эрэ омук биир сирэйэ диэххит. 
Киһи диэн бу сиргэ тоҕо күндүнүй?


- Хотуой, ыл ньирэйдэргин хотонтон таһааран ыыталаа, тэлгэһэҕэ мэччийэ түстүннэр..., ол оҕоҕун көр, ити ынаххын ыа,  оккун киллэр... - ити курдук бииртэн биир үөгүлүүр аҥардаах сорук, сэттэлээх Ааныска нарын хачаайы санныттан түспэт. 

Ол аайы кырабын диэбэккэ, кыра көмөлөһөөччү үрүҥ лыах оттон окко, сибэккиттэн сибэккигэ тэлээрэ көтөрүн курдук кыысчаан сүүрэн иһээхтиирэ. Оннук биир күһүөрү сайын кинилэргэ бартыбыал тутуурдаах, хортуустаах, кылбачыгас саппыкылаах киһи киирэн кэлбитэ.
- Ыаллар, үтүө буолуҥ, хайа ким баарый дьиэлээхтэр? –тсабыы быыһыттан кэтэх хостон лэппэллибит баттахтаах кыра кыыс ойон таҕыста, хап-хара хараҕынан  киирбит киһини соһуйан көрөн турда.
- Хайа, тоойуом, дьиэҕэ ким баарый, дьонуҥ?
- Мин баарбын, ийэм хонууга оттуу, аҕам ыраах барбыта, - диэн хоруйдаах буолла.
- Ээ, оттон бу кимий? - кыра киһи ытаан бэбээрбитин истэн киирбит киһи сабыыны өҥөс гынна.
- Ити мин балтым, мин кинини ийэбит кэлиэр диэри көрөбүн.
- Ээ, ийэҥ ол төһөҕө кэлиэй?
- Ийэм балтыбын аһата сотору кэлиэ, - диэтин кытта ыксаан аҕылаан Ааныска ийэтэ киирэн кэллэ.
- Бай, Доропуун дорообо, хайа бу ханна баран иһэҕин? - кыыс ийэтэ аҕылыырын быыһыгар сураһар.
- Ээ, бу үөрэх чааһынан эһиэхэ кэллим. Кыыскын ааҕар балаҕаҥҥа үөрэттэрэ биэриэҥ этэ диэн кэпсэтээри, - Доропуун аргыый кэлбит сыалын этэ олордо.
- Иэхэйбиин, мин үөрэниэм этэ, - кыыс истэ туран үөрэн ытыһын таһынна.
- Ээ, эмиэ туохпут ол үөрэҕэй-тайматай. Манна үлэбит-хамнаспыт үмүрүйбэт, от кыаттарымаары ол ыксала дии...
- Ээ, инник диэмэ, бу кыыскын үөрэхтээх киһи оҥордоххуна бэйэҥ абыраныаҥ дии.
- Ээ, ол абыранаммын байа түһэбин дуу, үлэм аҕайыыр дуу. Чэ, онон-манан мээрилээмэ. Суох, онон суох... - кыысчаан ийэтэ татыаккаланна. 


Улахан дьон кэпсэтиилэрин истэ турбут Ааныска кыысчаан үөрүүтэ симэлийэн, кырачаан иэдэһигэр, дьэп-дьэҥкир харах уута сурулуу сүүрдэ. Ити аата кини баҕарар баҕатыттан, ол билбэт эрээри олус кэрэттэн көрө маппытын сүрэҕин оҕото биллэ, уйулҕата ытаата.
Таһырдьа күлэн мичилийэ турбут күнү ыар былыт кэлэн сабардаатын кытта, тымныы бөдөҥ таммахтар хаппыт буор сабараанньа үрдүгэр тобугуруу түстүлэр. Ити итинэн бүппүтэ, үөрэх туһунан кэпсэтии хатыламматаҕа, ол бастакы бааһа Ааныска сүрэҕэр оһор-оспот хаалбыта. 

Дьиэ дьиэлээн, оҕо-уруу көрөн, ийэтигэр илии-атах буола сүүрэр кыысчаан сотору кэминэн ситэн, киһи таптыы көрөр нарын кыыһа буолан, чараас үрүҥ субалаах мааны хатыҥныы сириэдийэ улааппыта. Кыыс ыллыы-туойа сарсыардатын көрсөрө, ыаҕайа тутан таптыыр алааһын халдьаайытыгар дьэдьэннии, отоннуу, кырылас кумахтаах күөлүгэр сөтүөлээн, сылаас кумаҕар таалалаан, айылҕа бэйэтэ чочуйбутун курдук тупсан, киэркэйэн испитэ. Олох, айылҕа ирдэбилинэн сүрэҕэ барахсан биир эр бэрдин таба көрөн, ону сэмээр кистии таптаан, онтон күнэ тыган, онтон киэһээтэ ырыалана сылдьыбыта. 

Уоллаах кыыс бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэ таптаһан, сүрэхтэрин тэҥҥэ ыллатан, буор куттарынан тапсан дьоллоох дьон бу сиргэ кинилэр эрэ курдук санаһа сылдьар үтүө кэмнэрэ этэ.
Ааныс бүгүн туохтааҕар да дьоллонон турда, бөөлүүн түһээтэҕинэ көмүс ардахха сөтүөлээн, кэрэ да кэрэ хатыҥнардаах алааска, биир үрдүк да үрдүк томторго ыттан тахсыбыт түүлэ мэйиитигэр хатаммытын, хайдах эрэ ким эрэ олоҕун туһунан киинэ курдук көрбүтүн саныы-саныы, ол көстүү ала-чуо киниэхэ тосхойорун баҕалаах сырытта. Бүгүн киэһэ ыам кэнниттэн кинилиин көрсүөхтээх, буоларын курдук кини кэлэн сэмээр көхсүттэн имэрийэн, нарын тарбахтарыттан тутан хаамсыахтара, түүҥҥү алаас чуумпутун иһиллиэхтэрэ, сииктээх от сибиэһэй сыта дыргыйыа, түүҥҥү күөх туман кинилэри саһыарыа. Арай ханна эрэ ыраах кинилэр дьоллорун үллэстэн кэҕэ кыыл кэҕийиэ, онтон сайыҥҥы күн бастакы сардаҥалара чаҕылыйа тыган эрдэҕинэ,  уол кыыһы нарыннык уураан, күндү малы тутардыы кууһан, эмиэ көрсүөх буолан сипсиһэн атаарсыахтара.

Бастакы таптал кэрэ утахтара, саҥа тыллан эрэр ньургуһуннуу нарын, сымнаҕас буолан, халыан сыһыан манна кыттыспат. Ааныска таптыыр уоллааҕын ийэтигэр хайдах этиэҕин күн аайы толкуйдуур буолла, киниттэн атын уолу билбэт даҕаны. Биир күн туох баар хорсунун киллэрэн, ийэтин кытта кэпсэтэргэ быһаарынна.
- Ийээ, мин кэпсэтиэм этэ... - Ааныска ийэтин диэки хап-хара харахтарынан чоҕулуччу көрдө.
- Ол тугу кэпсэтээри гынаҕын? Үүккүн омуһахха түһэрдиҥ да, оҕолорун таҥаһын сууйдуҥ да, бүгүн таайыҥ аахха киэһэ арыы илдьиэҥ этэ... Таһынааҕы Балбаара үүт үлэспитэ, ону таһааран биэрээр эрэ... - Ааныска ийэтэ буоларын курдук өрүү үлэнэн, соругунан симэ олордо.
- Ийээ, эн аҕабытын кытта хайдах билсибиккитий? - симиттэ-симиттэ кыыс сураста.
- Ээ, оттон дьон курдук билистэхпит дии... Ону? - ийэтэ кыыһын көрө түстэ, - Хайаабытый?
- Ийээ, мин... биир... доҕор уоллаахпын, кинини наһаа таптыыбын, өскөтүн... - диэн истэҕинэ ийэтэ саба хаһыытаата.
- Билиҥҥэттэн дуо, хотуой? Ол бу уолланан-кыыстанан көр эрэ, оҕолоргун, дьиэҕин-уоккун көрбөккө, өссө... - диэн ийэтэ сотторунан сыбаата. Кыыс сылбырҕатык ойон турда, аһаҕас аанынан таһырдьа ойон, аттынааҕы хатыҥ чараҥ диэки сүүрэ турда. 


Хойуу лабаалаах хатыҥҥа сүүрэн тиийэн, хатыҥы кууспутунан, уйа-хайа суох хомойон ытаан, кыыс нарын иэдэһинэн дьэҥкир бөдөҥ таммахтар сурулуу сүүрдүлэр. Бу таммахтар, хайдах эрэ олус ыксаабыттыы уонна тохтоло суох сүүрдүлэр.
Кууһан турбут хатыҥа баараҕай лабааларынан сапсыммахтаан, хайдах эрэ кыыһы кууһардыы кыра күөх сэбирдэхтэр, кыыс синньигэс кэрэ таһаатыгар билиннилэр, ханна эрэ этиҥ этэн ньириһийдэ. Тыа чуумпура иһийдэ да, ыаҕастаах уунан ардах кэлэн курулаччы түһэн, харах уутун далааһынын курдук кутан курулатта. Таптыыр нарын сүрэх хомойоро дохсун. Ааныска сүрэҕэр иккис улахан баас абытай ыарыынан биллэн, кыыс чараас санна ардахха илибирии турда.

Сыллар ыксаабыт күһүҥҥү былыттыы үтүрүһэ аастар ааһан истилэр, Ааныска суорумньунан ыал буолан, Бүөтүрү кытта олорон, оҕо-уруу тэниттэ. Ийэтэ суорумньуһуту булан, онон кэпсэтии ыытан, Ааныска таптыыр уоллааҕын истэ барбакка, кыыһын сүөһүлээх-астаах киһиэхэ кэргэн, былыргы кэһиллибэт сокуон баарын курдук, кыыһын олохтообута. Ааныска хайыай, ийэтин тылыттан үйэтигэр тахсыбатах кыысчаан, сүрэҕэ умайбат киһитигэр кэргэн буолан, дьахтар аналын толорон, билигин бэйэтэ ыал ийэтэ. Кырачааннарын, сүөһүтүн кытта бодьуустаһар.

Бүгүн окко киирии бастакы күнэ. Кэргэнин окко тэрийэн, ас-өйүө бэлэмнээн, улахан уончалаах уолун аҕатын кытта көмөлөһүннэрэ ыытаары түбүгүрэ сырытта.
- Дьахтаар, хайа ханна дьөлө түстүҥ, аспыт-үөлбүт ханна баарый?
- Баар, баар, бу бэлэмнээн бүтэрдим. Ити уолгар киэһээ кумаар түһэрэ буолуо, хомуһуолун кэтэрдээр эрэ... - Ааныс, ийэ барахсан, оҕотун хараанныы турда.
- Ээ, ньээҥкэлэммэтин, кумаар сиэбитэ диэн, эр киһи тулуйдун! - эр киһи сөҥ куолаһынан дьаһайда. Ааныс уолун ыҥыран, эрэ көрбөтүгэр оҕотун сыллаан, сылаас тыллары этэн, кууһан атаарда.
- Оҕом кытаат, күүскэ көмөлөс аҕаҕар, аҕаҥ этэрин толорон иһээр, мин оҕом туһа киһитэ, - диэн кууһа-кууһа сыллаата. Оҕо эгди буолан, үөрэн өрө эккирээн аҕатын кэнниттэн өйүө тутуурдаах сүүрэн тэлэмээттэннэ. 

Таптала суох кураанах олох киһини кэбирэтэр, олох амтанын биллэрбэт, толору үөрүүнү бэлэхтээбэт. Ааныска оннук олохтон хачаайы бэйэтэ өссө иинэн-хатан, уута тиийбэт хатыҥныы от  илии-атах буола сылдьаахтаабыта. Ийэ да буолбут дьоло үөрдүбэт, биирдэ эмит эрэ кууһан сыллаатаҕа баара дуу, бэйэтэ да, таптал сылаас буолуохтааҕын умнубут киһи курдук буолан, бастакы тапталын сэмээр сүрэҕин түгэх холбукатыгар кистээн-саһыаран илдьэ сылдьар. Арай, ол тапталлааҕын кытта холбоспут буоллуннар, арай ийэтэ кинини өйдөөбүт, өйөөбүт буоллун даа, оччоҕо кини маннык быһаҕас дьолунан буолбакка, толору дьоллоох ийэ буолан, билигин төһөлөөх айымньылаах олоҕу олоруох этэй.
Ээ, аны кэлэн санаан да диэбиттии, көҥүлэ суох сүүрэр дьэҥкир хараҕын уутун туора сотунна, сүрэҕин бааһын уҕарыта сатыыр. Ол эрээри умнуллубатах таптал суоһа диэн баар эбит, ыарыыта, абытайа. Туолбатах ыра санаа чүөмпэтэ.
  
Сэрии уоттаах сыллара тураннар, алаастан кыахтаах эр дьону, эдэр уолаттары сэрии хомууругар ылан барбыттара. Алаас барахсан, ийэ айылҕа тыҥаан туран иһийбитэ. От үлэтэ кыаттарбакка, сүөһү өлүүтэ элбэҕэ, сайын хаһааҥҥытааҕар да аһыҥа кураана түһэн, сүөһү кыстыыр отун былаана кыаллыбат этэ, оннук ыар харах уулаах биэс сыл ааспыта, Ааныска аҕыс оҕотуттан үһүн эрэ тутан хаалан, аччык аас-туор олохтон син сыккырыыр тыына да хааллар, тыыннаах кыайыыга тиийбиттэрэ. Окко кыратыгар имиллибит уолчаана сэрии сылыгар сукка өлөөхтөөбүтэ, икки улахан кыыһын кытта биир уол оҕотун тутан хаалан, син колхозка кыттыһан уонна киһитэ сэрии кыттыылааҕа буолан, сэрииттэн кэлээт бааһырыыта уһаппатаҕа, сэрии огдообото буолан дьиэ тутан биэрэннэр, хаалбыт оҕолор син сэбиэскэй былаас кэмигэр суударыстыба өҥөтүнэн улааппыттара.

Ааныска кэргэнэ өлбүтүн кэннэ кимҥэ да чугаһаабатаҕа, син сыбааттаһа сатыыр дьон баара да, бэйэтэ буолумматаҕа. Ол курдук оҕолорун иитэн, бэйэтэ ыал оҥортоон син бу аарыма сааһыгар үктэннэ. Кыргыттар оччотооҕу кэмҥэ буоларыныы улахан кыыс учуутал, кыра кыыс быраас идэтин, арай кыралара уол хайдах эрэ иҥнэри үүммүт тиит мастыы өрүү кини буккуллан биэрэрэ...  Оскуоланы бүтэрэн, совхозка үлэлээн иһэн тохтуур, сылгыһыттаан иһэн арыгылыыр, чэ итинник сылдьан хаһан өйдөнөрө буолла...

 Биирдэ уол хас да күн арыгылаан баран, дьиэтигэр кэллэ, сыт-сымар, таҥас-сап, сирэй-харах дьаабыта. Ийэ барахсан мөҕөр-өйдөтөр аҥардаах көрүстэ:
- Дьэ, хайа муҥун иһэн тохтообоккун, дьонтон да кыбыстан бардым дии, хаһан бу өйдөнөҕүн, арыгыны ойох оҥосторуҥ буолла, сааһыҥ да ыраатта буолбаат. Толкуйданыый даа! - ийэ барахсан элэ-была тылын этэ олордо.
- Ээ, дьэ булан эттиҥ дии, аны мин бу буор иһээччи буоллум, ким кэлэн иннинэн буолан ойох тахсар үһү... Арыгыта баран аҕал, хата, ону-маны лахсыйа олорума...ттүөһэйбит дуу бу эмээхсин... - ордоотоото уола.
- Тукаам, бээ, сөп буолуо, киирэн утуйан хаал, саатар бүгүн, онтон өйдөннөххүнэ кэпсэтиэхпит этэ буоллаҕа, - диэн Ааныска туран, сиппит эр киһини соһо сатаата.
- Ээ, суох... утуйбаппын, хайаабаппын... - итирик уол эмискэ ойон туран илиитинэн ийэтин садьыйбыта, ийэтэ хачаайы барахсан кэннинэн тэмтээкэйдээн, кэннигэр турар олоппостон иҥнэн охтон төбөтүнэн оһох холумтаныгар сааллан түстэ. Тура сатаата, кыайан турбакка өйүн сүтэрдэ.

Итирик уола өҥөйөн көрдө, итиригэр буолан быһаарса барбакка бадарааннаах саппыкытынан ийэтин атыллаан, тыыннааҕар-өлбүтүгэр наадыйбакка тахсан абырыыр арыгытын көрдүү барда. Ыас хараҥа түүн, бу буола турар айдааны мэлдьэспиттии, эмиэ да туоһу буолбутуттан уонна көмөлөһөр кыаҕа суоҕуттан, кыбыстыбыт  сулустар эрэ куйаартан чуумпутук чыпчыҥнаһан ыллылар. Аанысканы сарсыарда эрдэ ыаллыы олорор дьүөгэтэ булан тыллаан, ыал буолбут кыргыттара оройуон балыыһатыгар киллэрбиттэрэ. Төбөтүгэр эчэйии ылан Ааныска нэһиилэ өйдөммүтэ, уһуктан кэлэн баран ханна-ханна баарын билбэтэҕэ, түүннэри хоммут орто кыыһын билбэттии мэндээриччи көрөн кэбиспитин, кыыһа куттанан бырааһы ыҥыра сүүрбүтэ.

Ааныска арай, хараҕын симэн сытан, туох-туох буолбутун өйдөөн кэллэ уонна олус дириҥник иһин түгэҕиттэн тыынан ылла, икки иэдэһинэн субуруйан, ыраас күндү таммахтар хараҕын устун суккуруу тоҕуннулар... Туох баар эрэлин ууран ииппит төрөппүт уолчаана арыгыһыт аатын ылан, дэриэбинэҕэ "Ааныска уола дуо" диэн дьон тылыгар сылдьарын санаан, бачча сааһыгар орулуур отутутугар диэри ыал буолбакка, ол дьолтон киэр хайыһа сатыы сылдьарыттан, эр киһи диэн,  кинини бу орто дойдуга бэриллибит соҕотох олоҕор дьоллообот аналлаах эбит дуу диир санаатыттан,  олус дириҥник курутуйа хомойон ытаата...

Күһүн силбик күннэрэ ыксаабыттыы ааһан, кырыа кыһын кыыдамнаан, томороон тымныытынан тоҥорон, сандал саас чуккуруу тохтон, таммалаан, самаан сайын салаллан, сандаарыйа тыган, саха дьонун мааны күннэрэ самаан сайыны үтүө үгэһинэн ыһыахтаан, биир төгүрүк сыл ааспытын, саҥа сылларын үөрэ көрсөр күннэрэ үүнэн турар. Аааныска бүгүн кыргыттарын, сиэннэрин кытта ыһыахтыыр түһүлгэҕэ, Кыыс Хатыҥа диэн сиргэ бараары тэринэ сырытта. Саха самаан сайынын көрсөр алаадьытын сырылаччы буһаран, кыынньар кымыстарын кутуталаан, иһит-хомуос бэлэмнээн түбүгүрэ, быыһыгар ардыгар аттыгар чыычаах курдук ойуоккалыыр сиэннэрин сыллаан ыла-ыла эбээ буолбутун билигин да итэҕэйбэт курдук мичээрэ сырытта. Арай, тэлгэһэҕэ массыына кэлэн тохтуур тыаһа иһилиннэ, сиэннэр таһырдьа ойдулар.  Ааныска иһиттэҕинэ эр киһи сөҥ саҥата, кыыс күлэр саҥата иһиллэн ааста, Ааныска хайдах эрэ сүрэҕэ мөҕүл гынан, бэйэтин бастакы тапталын санаан ылан, ыһыахха көрсүбүт күннэрэ бу бэҕэһээ курдук хараҕар көстөн ааста, ол икки ардыгар, дьиэҕэ "Ыаллар, ыһыаҕынан!" диэн уолун куолаһыгар майгынныыр саҥа иһилиннэ. Ааныска кэннин хайыһа түспүтэ, бэйэтин уола Өлүөскэтэ киирэн турар эбит.
- Ийээ, мин кэллим, - диэбитинэн чугаһаан ийэтин кууһан сыллаан ылла.
- Чээн, оҕом, Өлүөсүгүм кэлбит дии..., - ийэ сылаас мичээрин кытта, үөрүү таммаҕа кылабачыйда уонна уолун сүрдээх сылаастык кууһан сыста түстэ.
- Ийээ, мин соҕотох кэлбэтим, кийиит аҕаллым, Аанчыкпын... - диэн уол симиктик эттэ уонна кыыһын ыҥыран киллэрдэ. 

Арай күн чаҕылыйбыт сырдыгар, аргыый устан, уп-уһун суһуохтаах саһарчы көрбүт, хатыҥыр кыыс аргыый долгулдьуйа устан киирэн кэлэн, уолун кытта сэргэстэһэ турунан кэбистэ. Бу түгэҥҥэ, ийэ барахсан сүрэҕэ сүр күүскэ тэбиэлээн, өр күүппүт оҕотун дьолун көрбүт үөрүүтүттэн, орто дойду дьолун иэйиитин сыралыттан, этэ-сиинэ барыта сылаанньыйан, хайдах эрэ устан эрэрдии, олоҥхоттон түһэн кэлбит уоллаах кыыс туралларын курдук көрөн ылла. Ааныска үөрүүтүттэн саҥарар тыл да маннык түгэҥҥэ сымса курдук, саҥата суох кыыска чугаһаан, бу дьолбун үргүтэн кэбиһиэм диэбиттии аргыый кууһан, ийэлии сылаастык сырылаччы сыллаан ылла. Кини саҥарыахтаах тылларын оннугар, айылҕалаах, үөрүүнү-хомолтону барытын арыаллаһан кэлбит күндү таммахтара, сүрэҕин ньүөлсүтэр утахтара, икки иэдэһинэн дьол сардаҥатын чаҕылытан аргыый уруйдуу сүүрдүлэр. Ийэ барахсан уостара "Дьоллоох, буолуҥ, оҕолорум" диэн эппитин дьиэ, тэлгэһэ, айылҕа барыта истэн, үөрэн, күн күүскэ тыкта, чыычаахтар чоргуйа түстүлэр, аттар кистээн, ынах маҥыраан, оҕо-аймах үөрүүлээх күлүүтэ уонна саҥа ыал түстэммит дьоллорун Үөһээ Айыыһыттара доҕуһуоллуу түстүлэр...
 
Күндү таммах тыынар тыыннаахха барытыгар бэриллэр, кыыл-сүөл уйулҕатын, айманыытын, тапталын бэлиэтэ. Бу ып-ыраас таммахтар туоһулууллар киһи уйулҕата чарааһын, ырааһын. Бу күндү таммахтар дьолу, ардыгар сору арыаллыылар. Орто дойдуга хас биирдии киһиэхэ бу баар. Эн баай, дьадаҥы буоларгыттан иҥнибэт, ол эрээри бу Айыыһыттарбыт анаан биэрбит бэлиэлэрэ. Эр киһиэхэ кинилэр атыннык таммалыахтара, дьахтар, кыыс аймахха суруллуохтара, ол эрээри кинилэр киһи олоҕор сыыһатын, таппытын, кэмсиниитин, үөрүүтүн, дьоллонуутун бэлиэтин көрдөрөр күндү таммахтар буолаллар. Бу Айыыһыт бэлэҕэ.

https://t.me/kiin_kyorat_gazeta

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....