22.10.2022 | 10:00

Күнүү уонна таҥнарыы

Күнүү уонна таҥнарыы
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Күнүү уонна таҥнарыы тиэмэтэ хайдах эрэ бэйэ-бэйэлэригэр чугас курдуктар. Таптыыр киһигин кимиэхэ эрэ күнүүлүүгүн, кимниин эрэ сылдьарын, суруйсарын билэҕин. Сороҕор күнүүлээбит киһиҥ таҥнарымыан эмиэ сөп. Суруйсуу, кэпсэтии – бу таҥнарыы буолбатах, оттон эт-хаан өттүнэн сылдьыһыы – бу, дьэ, дьиҥнээх таҥнарыы, сиэр-майгы өттүнэн сатарыйыы, этэргэ дылы, аньыыны оҥоруу. Бүгүн ааҕааччыларбытыгар икки араас кэпсээн.

Таҥара табатын курдук кэрэ кэргэнин таҥнарар

Лена, 33 саастаах, куорат балыыһатыгар сиэстэрэнэн үлэлээбитэ. Кини мин биир дойдулааҕым, онон биллэр биричиинэнэн аатын-суолун уларыттым. Кэргэнэ суох, хайдах эрэ куруук иллэҥэ суох курдук этэ. “Как белка в колесе” диэн кинини ааттыахха сөп. Хастыы да дьуһуурустубаны ылар, утуйар, сынньанар да иллэҥэ суох, биир эмит өрөбүл түбэстэҕинэ, ийэтигэр дэриэбинэҕэ баран көмөлөһөр, кылгастык да буоллар сынньанан кэлэр. Уоппускатыгар кытта дьону солбуйар. Ким, туох иннигэр бу айылаах үлэлиирин, харчытын кимиэхэ уурарын ыйыттахха, “оннооҕор кутуйах хаһаастаах буолар” диэн, кэпсэтиини атыҥҥа көһөрөн кэбиһээччи.

Дьэ бу Ленабыт биир киһини көрсүөҕүттэн, олоҕо бүтүннүү уларыйар. Ол курдук, балыыһаҕа саҥа быраас үлэлии кэлэр, дьуһуурустубаҕа бииргэ түбэһэллэр. Ленаттан икки сыл балыс. Бииктэр диэн ааттаах. Лена бэйэтин көрүнэр, оҥостор иллэҥэ суох буолан, бу киһи кинини көрүө эрэ дии санаабат. Онон киһитэ киниэхэ болҕомтотун уурарын бастаан дьиибэргии саныыр. Салгыы Лена кэпсээнин истиэххэ: “Бастаан массыынатынан дьиэбэр илдьэрэ, онтон үлэбитигэр бииргэ аһыыр буолбуппут, биир эмит өрөбүлүгэр киинэҕэ ыҥырара. Бу кэмҥэ үөрүүбүттэн, дьолбуттан халлааннаан көтүөх курдук сылдьыбытым. Оттон биир үтүө күн Бииктэр кэргэннээхпин диэн билиммитэ. Ол күн тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буолан хаалбытым. Мин даҕаны ыал буолан, оҕо төрөтөн ийэбин үөрдүөхпүн дэлэ баҕарбатым буолуо дуо? Киһим биһилэх кэппэт буолан, улахаҥҥа уурбатаҕым. Онтон биэс сыл ыал буолан олорорун, оҕолоро суоҕун кэпсээбитэ, сыһыаммыт тымныы, биир интэриэспит суох диэбитэ. Оттон эйигин кытта барыта үчүгэй, кэрэ диэн сүрэхпин эмиэ уулларбыта.

Ол курдук чугасыһан, таптал кутаа уотугар умайбыппыт, киниттэн ордук эр киһини билбэтэҕим диэххэ сөп. Барыта наһаа үчүгэй этэ, олус болҕомтолоох, атаахтатар, арай, кэргэннээҕин санаатахпына, олус хараастарым, баҕар, арахсан миэхэ кэлиэ диэн эрэнэрим. Быыспар социальнай ситимнэринэн Бииктэр кэргэнин көрдүү сатаабытым да, булбатаҕым. Арай Ольга диэн ааттааҕын билбитим. Ол кэннэ кинини дьоллуур эрэ туһугар олорбутум. Иккиэммититтэн кими таларын бэйэтэ билиэ диирим.

Биир күн куорат улахан эргиэн киинигэр барбытым. Маҕаһыыннары кэрийэ сылдьан наһаа билэр куоласпын иһиттим. Ол Бииктэр эбит этэ. Тута биллим, киһим, хата, миигин көрбөтө. Дьолго, оччолорго бары мааскалаах сылдьарбыт. Бииктэр соҕотох буолбатах этэ. Аттыгар олох хартыынаттан, сурунаалтан түспүт курдук олус мааны, кыраһыабай дьахтар сылдьара. Этэргэ дылы, бэлэм модель. Уп-уһун, ырыган, бүгүүрэтэ диэн, мин курдук намыһах, эттээх-сииннээх буолбатах. Дьонум бэйэ-бэйэлэрин кытта үөрэ-көтө кэпсэтэллэр, күлсэллэр, олус дьоллоох көрүҥнээхтэр. Тарбахтарын көрбүтүм, иккиэн биһилэхтэрин кэтэ сылдьаллара. Онон кэргэнэ буоларын тута билбитим, ону ааһан Витя Ольга диирин истибитим.

Тута саһар аатыгар барбытым, долгуйан нэһиилэ тыын ылбытым. Онтон кэлин уоскуйан, дьиэбэр тиийэн сыта-тура толкуйдаан, тоҕо миигин көссүү курдук илдьэ сылдьарын, ол быыһыгар тоҕо миигин диэн, итиччэ кыраһыабай ойохтоох эрээри, 30 сааһын ааспыт, боростуойдук таҥнар, ону ааһан, эттээх, модельнай көрүҥэ суох дьахтары булла диэн санааҕа түспүтүм”.

Бу кэннэ Лена улахан толкуйга түспүт этэ, салгыы сыһыаммытын хайдах гынабыт, туох диибин диэн. Онтон кэнники истибитим, Бииктэртэн ыарахан буолан хас да сыллаах мунньуллубут уоппускатын, декретин холбуу ылан, кимиэхэ да, Бииктэргэ да эппэккэ, этэҥҥэ оҕолонон, дьоллонон, билигин дэриэбинэҕэ ийэтин кытта олорор. Үлэлии тахсар да буоллахпына, атын балыыһаҕа көһүөм, Бииктэргэ оҕотун туһунан быктарбаппын, арай уолум улаатан ыйыталастаҕына эрэ этиэм диэн кэпсээнин түмүктээбитэ.

 

Аны кэлэн ол кэми эргиппэппин

Эр киһи дууһатын мээнэ арыйбат, буолаары буолан табыллыбатах олоҕун. Ол да буоллар истибиппин кини аатыттан кэпсииргэ сананным.

“Мин кэргэмминээн үс сыл курдук олордум. Оҕоломмотохпут, төһө да баҕардарбыт, былааннаатарбыт, онуохаҕа сатаан тиийбэтэхпит. Элбэх доҕоттордоох этибит, онон өрөбүллэргэ шашлыктаан, куорат таһыгар сынньанан, кыһынын эмиэ кимнээххэ эмит көрсүһэн бириэмэбитин олус көхтөөхтүк, бэһиэлэйдик атаарарбыт. Куоракка үөрэммит буолан, мин доҕорум элбэх, оскуолатааҕы да, аармыйатааҕы да. Үксүбүт манна куоракка олохсуйа, үлэлии хаалбыта. Ол иһин сибээспитин быспат этибит. Кэргэним Мила доҕотторбун, кылааһым оҕолорун барыларын билэрэ, миигиттэн икки сыл балыс, эмиэ мин оскуолабар үөрэммитэ. Доҕотторум да кэргэммин бэйэ киһитинэн билинэллэрэ, тоҕо диэтэххэ биһиги онус кылаастан доҕордоспуппут, онтон кини тапталлаах кэргэним буолбута. Табаарыстарбыт эмиэ ыал этилэр, онон дьиэ кэргэнинэн доҕордоһорбут. Бырааһынньыктары, төрөөбүт күннэри бииргэ ыларбыт, ыалдьыттаһарбыт, ситиһиибитигэр үөрэрбит. Этэргэ дылы, ыарахан да, үтүө да кэмнэрбитигэр куруук бииргэ этибит. Биһиги испитигэр туох да айдаан, таҥнарыы эҥин тахсыбат этэ. Доҕоруҥ таптыыр кыыһа – бу сибэтиэй дьыала, бобуу, кини диэки хайыһан да көрүө суохтааххын.

Ол да буоллар мин туспар соччото суох биир түгэн тахсыбыта. Арай мин күнүүһүт буолан турдум, ону ааһан бэйэм эрэ киэнэ диэн, нууччалыы “собственник”. Ол туохтан диир буоллаххытына, арай Милам социальнай ситимҥэ биир доҕорбун Сиидэри кытта суруйсар эбит. Бэйэтэ онтун кистээбэт. Суруйсуулара аһаҕас. Арай туох эрэ куукунаҕа сыһыаннааҕы атыылаһары ырыталлар. Сиидэрдээх саҥа миэбэл атыыласпыттар, Мила ону ыйытар, хайдах өҥнөөҕүй, сыаната хаһый о.д.а. Анараата хаартыскалары ыытар, хайҕыыр, кэпсиир. Өссө атыыбытын сууйа кэлээриҥ диир. Биллэн турар, бу суруйсууларыгар киһи дьаахханара суох курдук этэ да, мин тоҕо эрэ “үөнүм” хамсаата. Ол туһунан Милабар эппэтим гынан баран, сарсыныгар Сиидэри кытта кэпсэттим. Киһим Милалыын олус чугастыы билистибит, ол эрэн бэйэм Надябын кимиэхэ да биэрбэппин, кинини хаһан да таҥнарар санаам суох диэн күллэ.

Мин уоскуйан быстыбатым. Ол киэһэ кэргэммин кытта кэпсэттим уонна дьон эрин кытта кэпсэтэрин булгу боптум. Мин эрэ буолбатах, Сиидэр кэргэнэ биллэҕинэ, сөбүлүө суоҕа диэтим. Милам күллэ уонна суруйсуо суох буолан эрэннэрдэ. Ол онон хаалла гынан баран, дьонум нэдиэлэ эрэ тохтоотулар, эмиэ суруйсубутунан бардылар. Бу сырыыга миэбэли буолбакка, аны уоппуска туһунан кэпсэттилэр. Ханнык муораҕа сынньана барар ордугун быһаарсаллар эбит. Ол киэһэ мин олуһун кыыһырдым. Милаттан төлөпүөнүн былдьаан ылан Сиидэргэ аҕыйах “минньигэс” тылы суруйдум. Сарсыныгар табаарыспынаан үлэбэр көрсөн кэпсэтиини салҕаатым. Түөһүттэн хам тутан ылан сахсыйдым уонна Мила контагын соттордум. Киһим олус кыһыйда, сотторон баран төбөҕүн баран көрдөр диэтэ. Онтон ыла миигин кытта кэпсэппэтэ.

Дьэ итинтэн ыла кэргэмминээн сыһыаммыт тымныйан киирэн барбыта. Сиидэрдиин кэпсэтиибитин бырастыы гымматаҕа. Быһата, ол кэмтэн олохпут огдолуйбута. Кимнээххэ да ыалдьыттыы барбат буолбуппут, өрөбүллэргэ кэргэним ийэтигэр барар этэ, мин соҕотох хаалан баран иһэрим, мээнэ тэлэбиисэр көрөн баран олорорум. Милам мин өрөбүллэри хайдах атаарарбын ыйыталаспат да этэ, эгэ, бииргэ утуйар, оҕолонор туһунан санаа баар буолуо дуо. Ол курдук биир күн кураанах дьиэҕэ тиийэн кэлбитим. Кэргэним малларын хомуйан баран төрөппүттэригэр көһөн барбыт этэ. Суут да олус судургутук араарбыта, этэргэ дылы, үллэстэр баайбыт да, оҕобут да суоҕа.

Ол кэмтэн алта сыл ааста. Милам били Сиидэр быраатыгар кэргэн тахсан толору дьоллоохтук олорор, иккис оҕолорун күүтэллэр. Сиидэр Надятын кытта олорор, оҕолоро оскуолаҕа киирдэ. Бырааттыылар дьиэнэн доҕордоһоллор.

Оттон мин Милабынаан арахсыахпыттан соҕотоҕун олоробун, кэргэн ылбатаҕым. Дьахтар кэлэр, барар, бастайааннай диэн суох. Хата, арыгы иһэрим элбээтэ. Сороҕор олорон эрэ саныыбын ээ: “Чэ суруйустуннар, чэ доҕордостуннар. Онуоха туох баарый? Мин кинилэри таҥнарыыга дуу, туох эрэ аһаҕас сибээскэ дуу туппатаҕым эбээт. Милабынаан олус үчүгэйдик олорбуппут, оҕолонор былааннаах этибит. Ону барытын бэйэм акаары күнүүбүнэн алдьаттым”. Оттон сорох ардыгар: “Сөпкө гыммыппын, арай дьонум суруйсан баран, онтулара улаатан бардын, тапталга кубулуйдун, оччотугар күлүүгэ барыам этэ”,- диэн алы гынабын.

Онон сөпкө гыммыппын дуу, сыыһа быһыыламмыппын дуу диэн билигин да билбэппин. Ол да буоллар уруккуну төннөрөр, ол кэми эргитэр кыах суох буоллаҕа”.ф

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....