Күн кыыһа Анисья Колесова
Быйыл күһүҥҥүттэн “Саха” НКИХ Даана Сард айымньытынан «Мин таптыыр спутнигым» диэн саҥа киинэни көрдөрөр. Сахалыы саҥалаах эрэ барыта бу сериалынан олорор буолла диэтэхпинэ, бука, сыыспатым буолуо. Биир сүрүн оруолу Ньурбатааҕы көһө сылдьар драматическай тыйаатыр эдэр артыыһа Анисья Колесова толорор.
— Анисья, дорообо! Эйигин кытта эрдэ көрсөн кэпсэтиэх буолар этибит да, олох бокуойуҥ суох буолааччы. Онон муҥ саатар куйаар нөҥүө «Киин куорат» ааҕааччыларыгар бэйэҥ тускунан билиһиннэр эрэ.
— Нам улууһун саамай кэрэ, ураты айылҕалаах, үгүс-элбэх күөллэрдээх, өлгөм-дэлэй сир астаах, икки улуу эбэ – Алдан уонна Өлүөнэ – холбоһор сирдэрэ Арбын нэһилиэгиттэн төрүттээхпин. Колесовтар диэн ыал күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыстарынабын.
Култуура колледжын төрүт култуура салаатын бүтэрбитим. Билигин Улан-Удэҕэ Илин Сибиирдээҕи култуура уонна искусство институтугар “Киинэ уонна тыйаатыр артыыһа” идэҕэ кэтэхтэн үөрэнэбин.
— Тыйаатыр эйгэтигэр хаһан кэлбиккиний?
— Тыйаатыр уонна артыыс эйгэтигэр 2019 сыллаахтан баарбын. Үөрэхпин бүтэрэн бараммын Ньурба драматическай тыйаатырыгар артыыһынан үлэлии кэлбитим. Тоҕо бу идэни таллыҥ диир буоллаххытына, оскуола эрдэхтэн артыыс буолуохпун баҕарар этим. Ол ыра санаабын устудьуоннуурум тухары сүрэхпэр бигээн илдьэ сылдьаммын, саамай улахан баҕа санаабын толорбутум.
Ньурба тыйаатырыгар Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училищеҕа туттарса сылдьан дириэктэрбит, уус-уран салайаччыбыт Юрий Макаровы көрсөн кэлбитим. Бэйэм устудьуоннуу да сылдьан Ньурба тыйаатырыгар кэлиэхпин баҕарар этим. Юрий Алексеевич миэхэ сөбүлэҥин биэрэн, күн бүгүнүгэр диэри этэҥҥэ үлэлии сылдьабын. Түгэнинэн туһанан, тыйаатырбар махтанабын!
Биһиэхэ дьиҥ-чахчы айылҕаттан бэриллибит талааннаах артыыстар үлэлииллэр. Хас биирдии испэктээккэ артыыстарбыт ис-истэриттэн арыллан оонньууллар. Ньурба тыйаатырын ахтан ааһар буоллахха, бэрт сотору кэминэн кэтэһэр кэтэһиибит, баҕарбыт баҕа санаабыт туолаары турар. Ол курдук, саҥа дьиэҕэ-уокка киирээри, түбүк бөҕөтө. Олус иллээх-эйэлээх, сырдык дьону кытта үлэлиирбиттэн наһаа үөрэбин, астынабын.
Бэйэм артыыс идэтин талбыппыттан биир даҕаны күн кэмсиммэтэҕим, үлэбин наһаа таптыыбын. Күн ахсын тыйаатыр эйгэтигэр үөрэ-үөрэ барабын. Сыаната суох табыллыбаппын. Маннык үчүгэй эйгэҕэ сылдьарбар дьылҕабар махтанабын.
— Айар үлэҕэр туох ситиһиилээххиний?
— Хайа үлэлии кэлбит күммүттэн кыралаан оруоллар баар этилэр. Иккис сылбар СӨ култууратын туйгуна Алгыс Макаров режиссердаан туруорбут «Мария – Кыайыы саллаата» диэн СӨ үтүөлээх артыыһа Софья Баранова уонна театральнай кириитик Ангелла Попова суруйууларынан испэктээккэ сүрүн оруолу толорбутум. Моно-испэктээкпит дьон биһирэбилин ылбыта. Аан маҥнай онлайн халыыбынан көстүбүтэ, оруобуна хоруона хамсыга бүрүүкээн турар кэмэ этэ. Испэктээк сүрүн геройа Мария Слепцова диэн. Кини Нам улууһун Бөтүҥ дэриэбинэтиттэн төрүттээх, онон миэхэ уобараһы арыйарбар чугас курдук этэ.
— Сахалар сериаллары олус табан оҥорор буоллулар. Эн сериалга хайдах кэлбиккиний?
— Былырыын сайын саҕаланыыта арай биир үтүө киэһэ бассаабынан: «Ася, эйигин сериалга оруолга сүбэлээтим”,- диэн иһитиннэрии кэллэ. Өр-өтөр буолбакка, иһитиннэриигэ саҥа хоруйдуу сатыы олордохпуна, сериал режиссера Елена Эверстова суруйда: “Дорообо, эйигин сериалга уһулуохпутун баҕарабыт, сөбүлэһэҕин дуо? Эрдэттэн сэрэтэбин, оруол ыарахан соҕус”, - диэтэ. Уһуннук толкуйдуу барбакка сөбүлэспитим, биллэн турар, үчүгэй түгэни мүччү туппаппын буоллаҕа! Өссө өрө баран: “Эбээ эбэтэр ийэ оруолугар артыыскаҕа наадыйбаккыт дуо?”- диэн баран кэллиэгэбин Майя Петровнаны саныы түстүм. Елена тута Майяҕа суруйда, сөбүлэстилэр (бу иннинэ Майя Слепцова “Сүлүһүннээх таптал” сериалга үлэлээбитэ), инньэ гынан эдьиийбинээн иккиэн уһуллар чиэскэ тигистибит.
— Бэйэҥ оруолгун сөбүлээтиҥ дуо?
— Сценарийы ааҕан бараммын бэйэбэр чугас курдук ылыммытым, онтон олоххо киллэрэн оонньоон көрдөрөрбөр балайда ыарахан соҕус эбит дии санаабытым. Режиссер чахчы уопуттаах буолан, үлэ табыллан испитэ. Наһаа интэриэһинэй эбит, киинэ диэн! Бу сибилигин ытыы олороҥҥун, «Стоп!” диэтэхтэринэ, уоскуйа охсон, атын сыанаҕа уһуллаҕын.
— Бэйэҥ санааҕар, оруолгун төһө арыйдыҥ быһыылааҕый?
— Оруолбун төһө арыйбыппын, төһө кыайбыппын көрөөччү быһаарар буоллаҕа. Артыыс бэйэтин хаһан даҕаны үрдүктүк сыаналаммат.
— Хамаандаҕыт туһунан кыратык сырдат эрэ.
— Наһаа иллээх, бэһиэлэй хамаанда этибит. Ити, холобура, сериалга Уйгууна уонна Лора бэйэ-бэйэлэрин олох наһаа абааһы көрсөллөр, дьиҥнээх олоххо биһиги Ольга Спиридонова-Никалыын олус тапсыбыппыт. Барытыгар күлэн-үөрэн...
Режиссердарбыт, оператордарбыт, уот-күөс да туруорааччылар бэйэлэрин идэлэрин баһылаабыт дьон эбит. Камераҕа сыыһа тураары гыннаххына, тутатына көннөрөн, элбэх «дубль» оҥоһуллубат. Бииргэ оонньообут уолум Алдан Готовцев диэн, тутатына бэйэбитин өйдөһөн, үчүгэй кадрдар табыллыбыттар диирим тоҕоостоох.
— Төһө уһуннук уһулар эбиттэрий?
— Уоппускабытын барытын сериалга анаабыппыт.
— Эн бэйэҕин «Күн оҕото” диэн аатынан билиһиннэрэр эбиккин, бу туох суолталааҕый?
— Күн оҕото диэн аатым бэйэтэ туспа остуоруйалаах. Оҕо эрдэхпинэ куруук “күн таптыыр, күн курдук кыыс” диэччилэр. Улааппытым да кэннэ элбэх киһи күҥҥэ тэҥниирэ, ол иһин бу аат миэхэ чугас. Күн – сырдык уонна ыраас, куруук күлэ-үөрэ сылдьар киһи диэн чугаһатан ылынабын. Холобура, билигин сериалбытын ырытыһан суруйаллар, эрийэллэр. Бастакы сиэрийэлэргэ дьон миигин үксүн күҥҥэ холууллар эбит.
— Киинэҕэ уһуллар ордук эбит дуу, сыанаҕа оонньуур дуу?
— Сериалга бу мин бастакы холонуум буолар эрээри, тыйаатыр тыына ордук чугас эбит. Тыйаатырга ытыырга, олох ыраахтан, саҥаран-иҥэрэн, монологкун этэн хараҕыҥ уутун таһаарар буоллаххына, киинэҕэ ончу атын. Маннык дииллэр: «Билигин ытыыр сыананы устабыт, ытаары гыннаххына этээр, устан саҕалыыбыт”. Хараҕым уута кэлээри гыннаҕына, олорон эрэ ытыыбын. «Чэ, стоп!” диэтэхтэринэ, атын түгэҥҥэ уһуллаҕын. Аны туран, киинэҕэ киһи дьиҥнээх санааны-оноону ылыммат эбит дии санаатым.
— Хайдах эрэ дьээбэлээх-хооболоох кыыскын дии. Бука, мүччүргэннээх түгэннэрдээҕиҥ буолуо.
— Элбэх буоллаҕа дии, ол эрээри бу диэн төбөбөр туох даҕаны кэлэ илик. Ээ, биир маннык түгэн баар. Киһи, күллэҕинэ, букатын тохтообот буолар эбит. Арай биирдэ Нам уонна Кэбээйи улуустарынан “Ааспат арахпат” диэн испэктээкпитинэн гостуруоллуу сылдьабыт. Ханнык нэһилиэккэ буолбутун бу диэн өйдөөбөппүн. Арай сыанаҕа тахсаары тураммын быарым ууллуор диэри күллүм уонна сол турукпунан оонньуу таҕыстым. Тохтуу сатаатым да, олох бууса буорайдым, кычыгылана-кычыгылана күллүм, туттумматым сатаан! Дьэ, ол кэннэ, биллэн турар, сэмэлэммитим.
— Ол туохтан күлбүккүнүй?
— Арааһа, оонньуу сылдьар дьон тугу эрэ атыны саҥарбыттарыттан күлбүппүт быһыылааҕа, сыана кэтэҕэр турааччылар.
— Түмүккэ ааҕааччыларбытыгар баҕа санааҥ?
— Ааҕааччыларга баҕа санаам диэн, бу ыарахан кэмҥэ бэйэ-бэйэни харыстаһыах, бэйэ-бэйэҕэ истиҥ сыһыаннаах буолуох. Элбэх кинигэни ааҕыҥ, билиигитин хаҥатыҥ! Үрдүккэ талаһыҥ, үтүөҕэ дьулуһуҥ!
— Кэпсээниҥ иһин махтанабын! Алгыстаах аартыгыҥ арыллан истин, билииҥ-көрүүҥ хаҥыы турдун.