22.04.2023 | 14:00

«Күн Чөмчүүк» 2 мөлүйүөннээх граны ылла!

Муус устар 14-16 күннэригэр Бурятия өрөспүүбүлүкэтин Улан-Удэ куоратыгар Бүтүн Арассыыйатааҕы айар кэлэктииптэр бэстибээл-куонкурустарын Сибиир уонна Уһук Илин уокуруктарын хабар II-с түһүмэҕэ буолан ааста.
«Күн Чөмчүүк»  2 мөлүйүөннээх граны ылла!
Ааптар: Наталья ГРИГОРЬЕВА, Таатта
Бөлөххө киир

Бу «Култуура» национальнай бырайыагынан айар кэлэктииптэргэ анаммыт грантовай бырагырааманы дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин өйүүр. Санатан эттэххэ, бэстибээл I-кы түһүмэҕэр дойду үрдүнэн араас регионтан барыта 278 кэлэктиип кыттыбыта. Аан бастакытын Луганскай, Донецкай норуодунай өрөспүүбүлүкэлэр уонна Запорожскай уобалас кыттыбыттара кэрэхсэбиллээх. Саха сириттэн 5 кэлэктиип кыттыбытыттан Таатта улууһуттан «Күн Чөмчүүк» фольклор норуодунай ансаамбыла талыллыбыта. 20 бастыҥ кэлэктиип иһигэр киирэн, Бурятияҕа бэйэбит өрөспүүбүлүкэбит аатын көмүскээн, кыайан-хотон, ситиһии үктэллэнэн, 2 мөлүйүөн солкуобай иэннээх грант тутан, үөрүү өрөгөйүн биллэ. Ол туһунан салгыы сэһэргиэхпит.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин генеральнай дириэктэрэ Сергей Степанович Семенов:

– Саха омук култуурата уус-уран өттүнэн кэрэтинэн, ис хоһооно баайынан, идеята дириҥинэн, киэҥинэн даҕаны бэрт үрдүк кэрдиискэ турар. Маннык бэстибээлгэ Саха сирин талба талааннаахтара, дьоһун дьоҕурдаахтара, норуот тылынан уус-уран айымньытын сүгэ сылдьар дьон куруук ситиһиилээхтик кытталлар. Быйыл күннээх Бурятия сирэ-уота Саха сиригэр улахан кыайыыны тосхойдо. Бэстибээли Бурятия култууратын миниистирэ Соелма Дагаева, В.Д. Поленов аатынан Арассыыйатааҕы норуот айымньытын судаарыстыбаннай дьиэтин дириэктэрэ Т.В. Пуртова арыйдылар. Барыта 11 регионтан (Саха сирэ, Бурятия, Алтай, Тыва, Хакасия өрөспүүбүлүкэлэрэ, Камчатка, Кемеровскай, Хабаровскай, Забайкальскай кыраайдар, Иркутскай уобалас) 14 кэлэктиип 4 номинациянан –  «Оркестр уонна норуот инструменнара», «Норуот үҥкүүтэ», «Фольклор» уонна «Норуот ырыалара» – күөн көрүстүлэр. Тыҥааһыннаах киирсии, илин-кэлин түсүһүү кэнниттэн “Култуура” национальнай бырайыак 2-лии мөлүйүөнүн ыллылар: “Күн Чөмчүүк” фольклор норуодунай ансаамбыла (Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Таатта улууһа), «Эхын Буян» фольклор норуодунай ансаамбыла (Бурятия, Закаменскай к.), “Jанылга” фольклор норуодунай ансаамбыла (Алтай, Шебалино к.), «Коритэв» норуодунай национальнай ансаамбыл (Камчатка, Петропавловск-Камчатскай к.), “Эзир-Уя” норуодунай художественнай кэлэктиип (Тыва Өрөспүүбүлүкэтэ, Эрзинскэй оройуон). Маны таһынан I истиэпэннээх дипломнары туттардылар. Таатта талааннаах дьонунан өрүү баай. Эдэрдии эрчимнээх «Күн Чөмчүүк» фольклор ансаамбыла хорсуннук, киэҥ далааһыннаахтык кыттан, бу бырайыакка Саха сиригэр өтөрүнэн кэлбэтэх кыайыыны аҕалла.

Бурятия Өрөспүүбүлүкэтин норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрин солбуйааччы Сергей Доржиевич Доржиев:

– Саха сириттэн «Күн Чөмчүүк» ансаамбыл бэстибээл киэргэлэ буолла. Баай историялаах, дириҥ култууралаах саха омугун баай-талым таҥаһа-саба – бууктаах сон, түүлээх дьабака, кылыгырыы тыаһыыр үрүҥ көмүс симэх, дьүрүһүйэр хомус, кылыһахтыыр кырыымпа тыастара бука барыбытыгар сүрэхпит ортотунан ааста, ыраахтан-чугастан кэлбит ыалдьыттары сөхтөрдө. Тас кэрэ көстүүгэ улахан болҕомтону уурбуккут олус кэрэхсэбиллээх, куонкурска кыттар матырыйаалы, култуураны дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэр сыалы-соругу быдан чэпчэтэр. Ыраах тымныы Саха сириттэн кэлэҥҥит күннүү күлүмнээн, сулустуу чаҕылыйан, сүрдээх дьоһуннаахтык кытынныгыт. Эһиги норуоккут ырыатын-тойугун, дуораһыйар оһуохайын наһаа сэҥээрэн иһиттибит. Сергей Степанович бэлиэтээбитинэн, ансаамбыл кыттыылаахтара бары эдэр дьон эбиккит. Үгүс национальнай өрөспүүбүлүкэлэр кыһалҕаларын курдук биһиэхэ эмиэ төрөөбүт тылы, төрүт култуураны харыстыыр, күүһүрдэр, сайыннарар сорук күүскэ турар. Эһиги эдэр дьон бэйэҕит тылгытын-өскүтүн олохтоохтук тута сылдьаргытын, киэҥ эйгэҕэ маннык дьоһуннук билиһиннэрэргитин астынан туран холобур оҥостобут. Күннээх Бурятияттан куорсун анньынан, аартыккыт арыллан, мантан ыла өрөспүүбүлүкэҕит тас өттүгэр тахсар кыахтанныгыт. Арассыыйа бастыҥ 20 ансаамбылыгар киирэҥҥит, дойду бэрэсидьиэнин гранын сүүйэҥҥит, күннээх Бурятияҕа кэлэр баҕа санааҕыт туолбутунан эһигини кытта тэҥҥэ үөрэбит. Аны күһүн алтынньы ый 16 күнүгэр дойдубут тэбэр сүрэҕэр Москва куоракка Уһук Илин уонна Сибиир уокуругу Бурятия, Алтай, Тува, Камчатка норуодунай ансаамбылларын кытта дьоһуннаахтык көмүскүү бараргытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

«Күн Чөмчүүк» фольклор норуодунай ансаамбылын салайааччыта Сахаяна Григорьевна Колодезникова:

– «Күн Чөмчүүк» 2013 сыллаахха муус устар 5 күнүгэр 5 киһи састааптаах тэриллибитэ. Билигин кэҥээн, сайдан-тупсан, 13 буоллубут. Улан-Удэҕэ кытта барар чиэс биһиэхэ оҕуруо курдук тиһиллэн, сап саҕаттан саҕыллан табыллан испитэ. 2022 сыл Култуура нэһилиэстибэтин уонна норуот искусствотын сылыгар анаммыт “Наше наследие” бэстибээл түмүктүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи көрүүтүгэр “Фольклор” номинацияҕа кыайаммыт, Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтэ биһигини 450 тыһ. солкуобайынан наҕараадалаабыта. Ол харчыбытынан ансаамбыл бары кыттыылаахтарыгар сахалыы бууктаах сону кытары хороох дьабака тиктэрдибит. Таҥаспыт эскииһин СӨ уус-уран оҥоһукка маастара М.В. Степанова оҥордо, тигиитин Таатта эдэр иистэнньэҥэ С.А. Старостина, дьабакабыт түүтүн В.Н. Собакина тиктилэр. Бурятия сирэ-уота биһигини сылаас тыынынан иилии кууһан, дьоно-сэргэтэ аламаҕайынан сүрэхпитин сылаанньытта. Биир дойдулаахпыт Амматтан төрүттээх Валентина Адамова иилээн-саҕалаан Байкал эбэҕэ илдьэ сырытта. Кустук курдук куоһанан, ох курдук оҥостон, саҥа таҥаспытын Улуу Байҕал кытылыгар алгыс этэн сүрэхтээтибиппит күүспүтүгэр күүс, сэниэбитигэр сэниэ эбэн, эрэл кыымын саҕан,  санаабытын ситистибит, кыайыы кынаттанан, үөрүү өрөгөйдөнөн, өрөспүүбүлүкэбитин аатын араас омук ортотугар чиэстээхтик көмүскээтибит. “Олоҥхо дойдутун туойабын” композициябытыгар норуот ырыатын сэргэ олоҥхолоон доллоһутан, тойуктаан, туойан, көтөр-сүүрэр саҥатын, айылҕа тыаһын үтүктэн, хомуһунан дьүрүскэнинэн, оһуохай тойугунан киэргэттибит. Култуура колледжын уһуйааччыта М.Н. Винокуров сүбэ-соргу буолан, кыттыахтаах бырагыраамабыт ситэн-хотон, чочуллан, кырыыланан, силигин сиппитэ. Куонкурска биир дойдулаахпыт Таатта Уолбатыттан төрүттээх, Хабаровскай кыраай “Сэрункэр” үҥкүү норуодунай ансаамбылын салайааччыта Ким Маргарита Даниловнаны кытта билистибит. Кини аҕата Д.Д. Егоров Таатта норуодунай тыйаатырын режиссера, Лука Турнин чугас доҕоро, Тааттаҕа бастакы фольклор бөлөҕүн тэрийбит киһи. Онон сүргэбит өссө өрө көтөҕүллүбүтэ. Ансаамбылбыт быйыл норуодунай ааты ылбыта, бу кыайыыбыт тэриллибиппит 10 сылыгар дьоһун бэлэх буолла диэн сыаналыыбыт. Биһиги кыахпытыгар эрэнэр, куруук сөптөөх суолу-ииһи тэлэр, толкуйу тобулан биэрэр дьоммутугар: СӨ Норуот айымньытын дьиэтин фольклорга сүрүн үлэһитэ А.В. Васильеваҕа, Улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Г.Г. Вырдылиҥҥа,  бары үлэһиттэригэр, спонсордарбытыгар: СӨ Норуот айымньытын дьиэтин гендириэктэрэ С.С. Семеновка, “Таатта нэһилиэгэ” МТ баһылыга Е.И. Павловка, Таатта-Томпо биир мандааттаах быыбардыыр уокуругун дьокутаата В.Н. Лебедевка, “Тааттаавтодор” дириэктэрэ И.И. Бочониҥҥа, “Төлөн” чох разреһын дириэктэрэ П.Д. Рахлеевка, “Монтажник” тутуу хампаанньатын дириэктэрэ А.М. Ханиҥҥа уонна олохтоох урбаанньыттарбытыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...