11.07.2020 | 12:03

КҮММҮТ-ДЬЫЛБЫТ ТУРАН БИЭРИЭ ДУО?

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дойдубутугар күн-дьыл туруга кэнники кэмҥэ лаппа уларыйда. Хонон турдахпыт аайы дьүһүн кубулуйан соһутар. Бастаан куйаас турбута,  соҕуруу дойдуттан туох да итэҕэһэ суох итийбитэ. От ыйыгар үктэниэхпититтэн сөрүүн күннэр үүннүлэр. Сир аһа буһуо дуо? Күһүммүт хайдах буолуой? Бу барыбытын долгутар.

Быйыл кыһын Саха сиригэр хаһааҥҥытааҕар да элбэх хаар түспүтэ. Хаарбыт уута этэҥҥэ ууллан, улахан уу кэлбэтэ. Ол эрээри, сыл аайы хатыланар хартыына –  баһаар. Сир-дойду көхсө киэҥ диибит да, ханна да тиий –  буруонан тыынаҕын.

Ама, саха дьоно уһун унньуктаах кыһыммытын этэҥҥэ туораан баран, бэйэтэ да кылгас сайыҥҥы күннэр туран биэрбэтэхтэринэ хайдах буолабыт? Эппит-аспыт, сүөһүлэрбит, айылҕабыт...

ХАРСА СУОХ ОТТООҤ

Максим Сибиряков, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, норуот билгэһитэ:Ахсынньыбыт хаарынан көрөн сыппыта, тохтоло суох субу-субу кэлэн түһэрэ. Кыһынынан сылыктаннахха, билигин уустук балаһыанньа турар. Кыһыҥҥы хаарбыт бэс ыйыгар түбэһиэхтээх этэ. От ыйын саҥатыгар күүстээх, этиҥнээх, өрө күүрүүлээх ардахтар кэлэн аастылар. Сааскы хаар уута ууллан, элбэх чалбах таҕыста. Үрэх бастара туолан тураллар, суол да алдьанна. Быйыл оппут үүнүөҕэ, онон долгуйумаҥ, харса суох оттоон иһиҥ. Билиҥҥинэн сылыктаан көрдөхпүнэ, от ыйын 12 күнүттэн от ситиэҕэ, үүнүөҕэ. Атырдьах уонна балаҕан ыйа ардаҕы сэрэтэллэр. Отчуттар, үлэҕитин-хамнаскытын үмүрүтэ туруҥ. Сир үөннэрэ аһыҥалар бааллар дьэ, оккутун былдьатымаҥ. Киин куорат эркинин эттэхпинэ, Тулагы аттыгар от быйыл баҕас өлгөмнүк үүнэ сытар. Ол оннугар сирбит аһа мөлтөх быһыылаах. Дьэдьэн үүммэт, моонньоҕон суох. Хата, атырдьах ыйыгар уулаах отон ситиэҕэ. Онон сир аһыттан мэлийиэхпит суоҕа. Олус кураан, тымныы күһүн буолбата чахчы. Кыралаан ардыа эрээри, кураан диирбит эмиэ табыллыбат.

ОТОН ӨЛГӨМНҮК ҮҮНҮӨҔЭ

Алексей Божедонов-Сырдык, биоэнергетик:Быйылгы сыл биһиэхэ олус уратытык ааһан иһэр. Ыам ыйыгар, бэс ыйыгар ардахтаах күннэр-дьыллар турбуттара. От ыйа кураан ый буолар. Атырдьах уонна балаҕан ыйдарыгар ардахтар түһүөхтэрэ. Бүлүү сүнньүнэн, илин эҥээр, хоту кураан дьыллар тураллар. Ол эрээри, отчуттарга отторо үүнүөҕэ, билиҥҥиттэн ходуһаҕа киирэн саҕалыы туруохха наада. Атырдьах ыйыгар оккутун ардахха былдьаппат туһугар эрдэттэн дьаһаныҥ. Кэнники кэмҥэ дьон хойутаан оттуур, сир астыыр буолбут диибит. Сөбүгэр көрөҥҥүт ардахха баттаппат гына оттооҥ. Халлааммыт сотору-сотору тымныйыа, ардыа. Айылҕабытын харыстаабаппыт, ол иһин сирбит тутула, вибрацията уларыйар. Саха дьоно-сэргэтэ айылҕаны кытта тэҥҥэ биир кэрдиискэ турбаппыт, уһуктубаппыт... Айылҕабытыгар алгыс сатаан тиэрдибэппит. Билбэппит-көрбөппүт элбэҕэ бэрт. Итэҕэлбитин умуннубут, тылбытын сүтэрдибит. Ол иһин айылҕабыт биһигини араастаан хамсатар, хаамтарар буолла. Былыр сахалар айылҕа баар буолан, бу дойдуга тыыннаах олордохторо. Айылҕаны өйдүүр, сатаан үҥэр уонна итэҕэлгэ эрэллэрин сүтэрбэт буоланнар, ол кэмҥэ халлаан туран биэрэрэ. Уопсайынан, сир аһа быйыл куурар, хатар туруктаах. Ол эрээри, атырдьах ыйыгар уулаах отоммут өлгөмнүк үүнүөҕэ. Дьэдьэн, моонньоҕон, хаптаҕас барыта куурда-хатта, быһыыта. Айылҕаҕа, сиргэ-уокка таҕыстыгыт эрэ куруук махтана сылдьыҥ. Оччоҕуна халлаан туран биэриэ, күнүн көрдөрүө, кэмигэр ардаҕынан кутуо.

СЫЛ ТАХСАР ОППУТУН БУЛУНУОХПУТ

Тарас Тарасов-Тускул, күнү-дьылы билгэлээччи, Чурапчы Хайахсытын баһылыга:От ыйын саҕаланыыта үгүс сирдэргэ илин эҥээр уонна киин улуустарга, Саха сирин хотугулуу-арҕаа өттүгэр кэтэһиилээх ардахпыт кэлэн, сир-дойду нүөлсүйэн, мэктиэтигэр алаастарбыт, тыаларбыт иккис тыыннарын ылан үөрбүт көппүт курдуктар. От ыйын саҕаланыыта киин, соҕуруу, Бүлүү бөлөх улуустарга сөбүгэр ардахтаах буолуо уонна ый ортото, 15-16 чыыһылаларга ардаан ылыаҕа. Алаастарбыт кырыстара былырыын күһүн ардахтаах буолан тулуктас-тылар. Билигин бу ардахтар кэннилэриттэн от үүнэрэ саарбаҕа суох. Онон сыл тахсар оппутун булунуохпут дии саныыбын. От ыйа, урукку сайыннарга холоотоххо, наһаа куйааһа суох буолуо уонна кэмиттэн кэмигэр күүстээх этиҥнээх ардахтар сотору-сотору түһүөхтэрэ, үгүс сирдэри хабыахтара.

Саха оттуур кэмин үс таҥаранан бэлиэтиир: от ыйын 12 күнэ —  Бөтүрүөп, окко киирэр кэм. Эбэтэр хойутаабыт дьон «абааһылар мунньахтарын» кэнниттэн, от ыйын 15 күнүттэн киирэллэр. Атырдьах ыйын 2 күнэ –  Ылдьыын, хотуур ортото. Балаҕан ыйын 14 күнэ — Сэмэнэп, от үлэтин бүтүүтэ. Үгүс киһи от ыйын 13 күнүттэн, “Кунай Хотуурдаах” күнүттэн куттаналлар. Ол аата абааһылар мунньахтарын кэмигэр айдаарар, тыаһы таһаарар аньыы, тыаһаамаҥ-ууһаамаҥ, мээнэ күлүмэҥ-салымаҥ, улахан үлэни үлэлээмэҥ, сии дьүкээр сылдьыллыахтаах.

От ыйын 17 күнүттэн 27 күнүгэр диэри үгүс оттуур улуустарга кураан күннэр тураллар. Онно үлүмнэһэн оттуурга саамай табыгастаах кэмнэр буолуохтара. Онтон от ыйын 28, 29, 30 күннэригэр ардахтаах күннэр туруохтара. Быйыл от ыйыгар сөтүөлүүр кэм кэмчи буолуоҕа. От ыйын 10, 11, 12, 13, 14 күннэригэр муҥутаан куйаарыаҕа. Сөтүөлүүр кэм манан бүтүөҕэ. 30 кыраадыстаах куйаастар туруохтара суоҕа. Быйылгы сылтан күн (“солнечная активность”) мөлтүүр. “Малый Ледниковый период” саҕаланар. Ол курдук 1728 сыллаахха Европа, Азия барыта тоҥмута, ол оннугар хоту сир ирбитэ. Онон сибээстээн Дьааҥы, Өлүөхүмэ, Халыма, Муома, Өлөөн улуустарыгар киин улуустардааҕар итии, куйаас сабардыаҕа. Онтон куттанар табыллыбат. Санааҕытын түһэримэҥ, саха олоҕо салҕанан барыаҕа. Хоту дойду бэйэтинэн хаалыаҕа дии саныыбын.

Бу ардахтар сир аһын өрүһүйдүлэр. Ол курдук дьэдьэн, хаптаҕас, моонньоҕон өлгөмнүк үүнэн, дойдубут дьонун-сэргэтин күндүлүөҕэ.

Оттуур алааскытын-ходуһаҕытын,

Бэркэ болҕойон эргиччи көрүҥ!

Олорор сиргит иитин-саҕатын

Алгыстаах тылгытынан алҕаан анаарыҥ,

Аһыаххыт иннинэ арыылаах-сыалаах аскыт бастыҥынан,

Айах тутан аһатыҥ алҕаан,

Сир-дойду,

Сир-уот,

Сир  Ийэ оччоҕо ичигэс тыынынан илгийиэ,

Сылаас хоонньугар хоргутуо,

Итии хаанныа,

Уһун тыынныа.

Норуот билгэһиттэрин санааларын иһиттибит. Эппиттэрин курдук, сир ийэ айылҕабытын, үрэх баһа сытар алаастарбытын харыстыаҕыҥ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...