21.05.2022 | 18:00

Үҥкүү — мин дьолум-соргум, тапталым, дьылҕам

Үҥкүү — мин дьолум-соргум, тапталым, дьылҕам
Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

Үҥкүү… үөрүү, көтүү, үрдүк үктэл… бэл диэтэр, дорҕооннуун дьүөрэлэһэр тыллар. Үҥкүү диэтиҥ да, дьэ, чахчы, ити тыллар барыта бааллар. Өссө үҥкүү чэпчэки, чаҕылхай, чэбдик, чөл, чиҥ … Бу тылларынан мин бүгүҥҥү суруйуум дьоруойун ойуулуубун.

Убаастанар  учуутал, умсугутуулаах уһуйааччы, эрэллээх  кэргэн, истиҥ, иһирэх ийэ, эйэҕэс эбээ,  үөрэ-дьүөрэ дьүөгэ, доҕор, аламаҕай атас –  СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ култууратын туйгуна, Хатастааҕы оҕо искусствотын оскуолатын үҥкүүгэ учуутала Лариса Егоровна Бурцева.

Лариса Егоровна үҥкүү эйгэтин арыйыыны бэйэтин баҕа санаатынан оччолордооҕу Дьокуускай куорат Пионер дыбарыаһыттан саҕалаабыта. Дьиҥ чахчы баҕалаах буолан хара маҥнайгыттан бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьыбыта. Кини манна үҥкүү саамай үрдүк чыпчаалын – классическай үҥкүү ыҥырар-угуйар ураты уйаҕас, киһи биир тылынан эппэт кэрэ эйгэтин  хаһан да ыһыктыбаттыы, умнубаттыы, бырахпаттыы умсугуйа таптаабыта. Сэһэргэһиибит онтон саҕаланна.

– Лариса Егоровна, классическай үҥкүүнү, бука, киһи эрэ ылсыбата буолуо ээ…

Оннук. Классическай үҥкүүнү толорор таһымҥа тиийиэххэ диэри үгүс элбэх сыра-сылба барар, сатабылы таһынан билии-көрүү, тулуур-дьулуур, бэйэҕэ эрэл наада. Бэйэҥ өйдөөн көрөрүҥ буолуо, классическай үҥкүүнү толорор дьон көстүүмэ сүрдээх судургу уонна киһи хараҕар наһаа быраҕыллыбат буолар. Манна сүрүн ирдэбил – хамсаныы, туттуу-хаптыы, илии, атах кыраһыабайа. Ол көрөргө наһаа үчүгэй, онтон толорооччу – үҥкүүлээччи хас биирдии хамсаныыта чочуонай, чоруун, чуолкай буолуохтаах. Этэргэ дылы, этиҥ-хааныҥ хас биирдии килиэккэтигэр тиийэ хамсаныыта өйүҥ-санааҥ сааһыламмыт санаатыгар сөп түбэһиэхтээх, а.э билиини-көрүүнү кытта сатабыл биир таһымҥа үлэлиэхтээхтэр.

– Оннук ээ. Үөрүөхпүт, киэн туттуохпут иһин, эһиги хас биирдии кылааскытыгар итинник таһымҥа тиийэр үөрэнээччилэрдээххит. Дэлэҕэ даҕаны «Новые имена» күрэскэ сыл аайы Хатас ааттаныа дуо?! Мин билэрбинэн, классическай үҥкүүнү таһынан историко-бытовой, норуодунай үҥкүүлэри үөрэтэр уруоктардааххыт.

Баар. Ол предметтэр классическай үҥкүүлэри ыллыы-туойа, астына-дуоһуйа толорор кыаҕы биэрэллэр. Биллэн турар, ити эн ааттаабыт үҥкүүлэриҥ  чэпчэкилэр дуу, суолталара кыралар дуу диэбэппин. Ол үҥкүүлэр норуоту норуот дэттэрэр, норуот олоҕун уратытын кэпсиир-ипсиир улуу улахан суолталаахтар, үрдүк иитэр-үөрэтэр сыаллаахтар-соруктаахтар. 

– Лариса Егоровна, дьэ эрэ, оҕо сааскар төннүөххэ. Үҥкүүгэ бастакы уһуйааччым Лидия Павловна Огуревич диэбитиҥ. Онтон салгыы дьарыгыҥ хайдах баран испитэй?

Ити чааһыгар мин олох дьоллоох киһибин. Лидия Павловна саҕалаабыт, олохтообут акылаата күн бүгүҥҥүгэ диэри туһалыы сырыттаҕа. Кини миэхэ иҥэрбит үҥкүүгэ таптала олоҕум суолун оҥкула буоллаҕа. Кини кэнниттэн үҥкүү эйгэтигэр биир сүдү улахан киһиэхэ – Зоя Гаврильевна Протодьяконова илиитигэр киирбитим. Дьэ түүн да ортотугар ойутан туруордаххына, үҥкүүлүүр турукка киллэрээччи буоллаҕа дии кини. Ол курдук хас биирдиибитигэр сүрдээх болҕомтолоох, ирдэбиллээх, кыаҕы-күүһү, дьоҕуру таба тайанан, киһи ис туругун арыйар талба талааннаах киһи, дьэ, кырдьык, кини. Санаан көр, оччолорго сэбиэскэй сойуус үрдүнэн аатырар-сураҕырар «Артек» лааҕырга бүтүн ансаамбылынан босхо сынньанар путевканы мээнэҕэ биэрбэттэр буоллаҕа! Эбэтэр дэлэҕэ улуу Москва куоракка үҥкүүлүүр-ыллыыр эрэ барыта ыраланар Большой тыйаатыр сценатыгар баран үҥкүүлүөхпүт дуо?! Ол курдук оскуоланы бүтэриэхпэр диэри сырыттым уонна 1979 сыллаахха оччолорго сабыс-саҥа тэриллибит СӨ Национальнай үҥкүү тыйаатыгар киирэн, Ленинград куоракка балтараа сыллаах айар-тутар мастарыскыайга үөрэнним. Ансаамбылбыт састаабын баһыйар өттө анал орто үөрэхтээхтэр – култуурунай-сырдатар училище кэнниттэн. Балтараа сылбыт балтараа ый курдук элэс гынан ааста. Кэллибит даҕаны үлэ үөһүгэр түстүбүт. Тапталлаах Сахабыт сирин сирэйэ буолан, Сэбиэскэй Сойуус киэҥ иэнин уһаты-туора сырыттыбыт, тас да дойдуларга тахсыылар аҕыйаҕа суохтар этэ. 

– Кырдьык даҕаны, дьол дии! Олох эн кэпсээниҥ долгунугар уйдаран, эдэр сааһым эрчимнээх күннэрин санаан ыллым. Оччолорго эһиги кэнсиэрдэргитин эккирэтэ сылдьан  көрөр буоларбыт. Ол саҕана кыраһыабайдары, көстүүлээхтэри «Тыый! Олох театр танца артыыһын курдук!» дэһэр буоларбыт (күлсэбит - Ааптар). Дьэ онтон?

Онтон диэ… Онтон ханныгын да иһин анал үөрэх, билии-көрүү наада диэн, Улан-Удэҕэ тиийэн, Илин Сибиирдээҕи култуура уонна ускуустуба институтун устудьуона буоллум. Биһиги дьолбутугар, Саха сириттэн үөрэммит иннибитинээҕи  куурустар олус эппиэтинэстээх, суобастаах, талааннаах дьон буолан, үөрүүнэн көрсүбүттэрэ. Уһуйааччыларбыт дьиҥ-чахчы идэлэригэр бэриниилээх, дириҥ билиилээх, киэҥ көрүүлээх дьон бастыҥа этилэр. Үөрэнэрим быыһыгар кэргэн таҕыстым, оҕолоннум. Онон үөрэхпин номнуо ыал, ийэ киһи буолан бүтэрбитим. Этэргэ дылы, барыта ыраас, дьэҥкэ, кэрэ, «эн үлэлээ эрэ” диэбит курдук этэ. Кэлбиппэр, Хатастааҕы музыкальнай оскуолаҕа анаатылар. Бу иннигэр  үҥкүү тыйаатырыгар тиритэ-хорута, умсугуйа-уйуһуйа үлэлээбит буолан эбитэ дуу, эбэтэр ити эппитим курдук оҕом, кэргэним иннигэр эппиэтинэспиттэн эбитэ дуу, маҥнайгы уруокпун хайдах ыытарбын чуолкай билэр уонна бэйэбэр эрэллээх этим. Үс кылаастааҕым. Сүрдээх истигэн, бэрээдэктээх, арылларга-аһылларга бэлэм оҕолору биэрбиттэрэ.

– Бастакы туруорбут үҥкүүлэриҥ ханныктар этэй?

Оо, дьэ ону өйдөөн бөҕө буоллаҕа дии. Анна Титовна Семенова салайар «Сандал» норуот үнүстүрүмүөннэрин оркестрын доҕуһуолунан «Эҕэрдэ үҥкүүтүн” туруораат да, бастыҥнар кэккэлэригэр ааттаммытынан бардыбыт. Манна оскуолам кэлэктиибигэр, оркестрбар, төрөппүттэрбэр махталым муҥура суох. Ону сэргэ маҥнайгы үҥкүүлэрбиттэн «Узбекскай»  үҥкүүнү сөбүлүүбүн. Ити курдук сотору кэлии-барыы, кэнсиэр, күрэх, бэстибээл буола түстүбүт. Үөрэнээччибит ахсаана лаппа элбээтэ. Бастакы кыргыттарым Анастасия Татаринова (Громова), Ольга Григорьева, Лена Борисова (Петрова), Ольга Осипова (Будищева), уолаттарым Семен Оконешников, Василий Лазарев о.д.а. этилэр. Уолаттардаах выпуск наһаа элбэх буолбатах. Кыра сылдьан кылааһынан саҕалыыллар, онтон улаатыыларын саҕана спорт араас көрүҥнэрэ тоһуйан туран (күлэр – Аапт.), «былдьаан» ылаллар. Холобура, Евгений Руфов 12 кыыһы кытта соҕотох бүтэрбитэ. Ол гынан баран суох буолбатахтар, бааллар. Быйылгы бүтэрэр кылаас элбэх уоллааҕа наһаа үчүгэй, улаатаннар, бары таҕыстахтарына сценаны тобус-толору тураллара, ама, кими үөрдүбэт, долгуппат буолуой! Манна салайааччылара Александра Александровна оруола улахан дии саныыбын. Бу кылаас хара маҥнайгыттан үгүс элбэх ситиһиилээх, сырыылардаах. Хаарчахтааһын иннигэр Монголияҕа тиийэ бара сылдьыбыта.

– Ол күнтэн бүгүҥҥэ диэри биир боруогу атыллыы сылдьаҕын. Оччотооҕу Лариса Егоровна бүгүҥҥү Лариса Егоровнаттан туох уратылааҕый?

Улахан уларыйыыта суох дии саныыбын. Ол күнтэн ыла үҥкүү мин дьолум-соргум, тапталым, дьылҕам, аналым. Астына-дуоһуйа бииргэ үлэлиир эдэркээн дьоннордоохпун – үөрэнээччибит Аина Постникова, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, үлэһит да үлэһит Александра Семенова. Үҥкүү күнүн кэнсиэригэр нүөмэр аайы үөрэнээччим, үөрэнээччим оҕото, үөрэнээччим ийэтэ, аҕата баар буолаллар. Уратым онно эбит. 

– Үҥкүү эйгэтэ кэҥииригэр, үҥкүү хаачыстыбата үрдүүрүгэр, саҥа саҕалааччыларга көмө-тирэх буолар сыаллаах «Праздник Терпсихоры» туһунан тугу этиэҥ этэй? 

Эппитим курдук, үлэм-хамнаһым, айар-тутар эйгэм чааһыгар дьоллоох киһибин. Дьоллоохпун миигин үөрэппит учууталларбынан, дьоллоохпун бииргэ үлэлиир кэлэктииппинэн. Олохпор биир суолталаах көрсүһүүм уонна күн бүгүҥҥүгэ диэри алтыһыым – СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, өр сылларга «Тускул» КК салайбыт Людмила Михайловна Чепаловалыын көрсүһүүм. «Праздник Терпсихоры», дьэ, кырдьык, бииргэ үлэлээһиҥҥэ биир таһаарыылаах бырайыакпыт. Людмила Михайловна салалтатынан норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсыбыт куонкуруска  оскуолабыт аата ааттанара үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии. Бу тэрээһин, нууччалыы эттэххэ, биһигини куруутун «на пульсе» тутар.

– Бары да билэрбит курдук, кэргэҥҥинээн иккиэн култуура, ускуустуба сайдыытыгар үлэлээн-хамсаан кэллигит. Олоҕуҥ аргыһа СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Монголия өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Хуухээ Балдорж бэйэтин омугун култууратын кытта саха омук култууратын тэҥҥэ алтыһыннаран, онно да, манна сыралаах үлэтэ сыаналанна. Этэргэ дылы, суукканы эргиччи бииргэ сылдьаргыт көмөлөһөр дуу, мэһэйдиир дуу? 

– Мэһэйдээбэт бөҕө буоллаҕа. Биһиги устудьуоннуу сылдьан билсэн, таптаһан холбоспуппут; онон, этэргэ дылы, биир киһилээх орон саҕаттан үөрүүнү-көтүүнү, хомолтону, кыайыыны, хотторууну бииргэ үллэстэн кэллэхпит. 

– Хатаска үлэлииргитигэр кыбартыыра аныахтарыгар диэри чааһынай дьиэни куортамнаан олорбуккут. Дьэ, бииргит куорат кыыһа, бииргит Монголия уола оккутун-маскытын хайдах дьаһанан, оһоххутун оттон олордугут? 

(Күлэр. - Ааптар) Оо, ол туспа сэһэн-кэпсээн. Бастатан туран, оччолорго сопхуос олус да кыахтаах эбит! Оттор маспытын кини хааччыйар этэ. Аҕаллылар, сүөкээтилэр. Биһиги оттон саҕалаатыбыт, дьэ, оттобут да оттобут. Үс ыйга тиийиэ диэбит мастарын ыйы кыайбатынан бүтэрдибит… Тиийэн өссө көрдүүбүн, дьонум «эс, хайдах, бэртээхэй, кураанахтаах да, инчэҕэйдээх мас этэ» диэн буолла. Ол да буоллар дьону тоҥоруохтара дуо, аҕаллылар. Арай хайдах-туох олорорбутун көрөөрү-истээри, сиэнин сыллаан-уураан бараары, мин аҕам хоно кэллэ. Оһохпутун отуннубут, өссө эбээри, мас киирдэ. Аҕам: «Бу мас хаһан умайан бүтүөй, итиитин куоттарбакка сабыах»,- диир. Тугун, тоҕо диэн буолла. Быһаарда. Онтон ыла аны угаардаабат туһугар күөх төлөн бүтэрин күүтэбит, ол эрээри аны итиитин куоттарыа суохтаахпыт. Бэйэтэ туһугар туспа үөрүйэх, сатабыл наада буоллаҕа. Биллэн турар, биирдэ-иккитэ угаардаатыбыт (Күлэр. - Ааптар).

– Кырдьык даҕаны, тыа ыалын түбүгэ-табыга элбэх буоллаҕа. Онно сүрэх-бэлэс, үөрүйэх наада. Сүрдээх үчүгэй кэпсэтии таҕыста. Арыллан-аһыллан кэпсэппиккэр махтал.

Эйиэхэ эмиэ махтал. Күн аайы этиллибэт тыллар, санаалар этилиннилэр (Мичээрдиир – Аапт.) Аны да бары бииргэ айыаҕыҥ, тутуоҕуҥ, кэрэ эйгэтэ кэҥииригэр туруулаһыаҕыҥ.

Түмүкпэр Лариса Егоровна 90-с сылларга тапталлаах оскуолатыгар дириэктэрдээн, үөрэнээччитин ахсаанын аччаппакка, үлэһиттэр миэстэлэрин былдьаппакка үлэлээбитин таһынан, эбии хоровой, театральнай, художественнай кылаастары арыйбытын тоһоҕолоон бэлиэтиэм этэ.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...