03.02.2023 | 12:00

Көмө мүнүүтэ да тохтообот

Көмө мүнүүтэ да тохтообот
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Саха сирин дьоно-сэргэтэ төһө да тыһыынчанан килэмиэтиринэн ыраах олордоллор, өйдөрө-санаалара Кыайыы эрэ туһугар сытара. Биир дойдулаахтарбыт харчынан, облигациянан, үрүҥ көмүһүнэн, кыһыл көмүһүнэн, балыгынан, күндү түүлээҕинэн о.д.а. көмөнү хара көлөһүннэрин тоҕон туран фроҥҥа ыыппыттара. Ийэлэрбит, эбэлэрбит ыарахан үлэлэрин быыһыгар төһөлөөх кээнчэни, үтүлүгү тигэн ыыппыттарай! Дэлэҕэ сэрии кэнниттэн 59 тыһыынча тыыл үлэһитэ “1941-1945 сс. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаланыа дуо.

Аҕа дойду сэриитэ бүппүтэ 80-ча сыл буолан эрэр. Ол да буоллар хас биирдии киһи сүрэҕэр, хас биирдии ыалга ол ыарахан кэмнэр дуорааннара сүппэт, умнуллубат. Саха дьоно, норуота былыр-былыргыттан түмсүүлээх, бэйэ-бэйэҕэ көмөлөсүһэр, көмө-тирэх буолан бу тыйыс айылҕалаах кыһыммытын туораан, дьадаҥыга, кыаммакка илиибитин уунан “һай-һат” диэн кэллэхпит. Ол биир сомоҕо буола сылдьарбыт билиҥҥи уустук кэмҥэ, дойдубут ыарахан күннэригэр дьиҥ-чахчы билиннэ диэн толору этэр кыахтаахпыт.

Анал байыаннай эпэрээссийэ саҕаланыаҕыттан хас биирдии саха киһитэ, саха ыала, улууһа, нэһилиэгэ бары илиилэрин өрө уунан, киһи тылынан да этиллибэт көмөнү оҥорон, салалта, дьаһалта, Бырабыыталыстыба онуоха өйөбүл буолан күн бүгүнүгэр диэри ол тэтими ыһыктыбакка инникигэ эрэллээх олордохпут.

Ханнык да кэмҥэ сүүскүттэн өйүүр киһилээх, эрэллээх буоллаххына, күүскэр күүс эбиллэр, санааҥ бөҕөргүүр. Биһиги бааһырбыт уолаттарбытыгар, Арассыыйа араас куораттарыгар баар байыаннай госпиталларга сытааччыларга волонтердар диэн амарах санаалаах, үтүө майгылаах, ийэлии, эдьиийдии, балыстыы кыһанар, кэтит сарыннарын эрэллээхтик тоһуйан биэрэр эр дьон уоланнарбыт аҕыйаҕа суохтар.

Мин элбэхтэ истэн турабын, ханнык да регион биһиги курдук көмөлөспөтүн, ханнык да госпитальга биһиги амарах кыргыттарбыт, ийэлии истиҥ санаалаах далбар хотуттарбыт астаабыт минньигэс астарын курдук дэлэй кэһиилээх, астаах-үөллээх, дойдубут аһын илдьэн санааларын бөҕөргөтөр, доруобуйаларын тупсарар үтүө сонуннары.

Аны туран уолаттарбыт, хорсун буойуттарбыт дойдуларыгар кэллэхтэринэ эмиэ реабилитациялыыр санаторийдар ааннара аһаҕас, ону таһынан босхо үөрэттэрэн үлэ булуу, араас спортивнай саалаларга абонемент биэрии туһунан билигин тустаахтар анал реабилитациялыыр маршрут оҥороору үөрэтэллэр, хайдах гынан сирдээҕи олохторугар этэҥҥэ төннөллөрүгэр төбөлөрүн сынньаллар.

Ити барыта биһиги өрөспүүбүлүкэбит үөһэ салалтатыттан саҕалаан бүттүүн норуоппут уолаттарбытыгар кыһамньыбыт, иэспит буолар.

 

Саха волонтердара – Питерга

Москва, Ростов-на-Дону волонтердарын туһунан «Киин куорат» хаһыаппыт суруйан турар. Бүгүн Арассыыйа хотуммут биир улахан куоратыгар Санкт-Петербурга госпитальга сытар уолаттарбытыгар күүс-көмө буола, көрө-истэ, биэбэйдэһэ сылдьар далбар хотуттар туһунан сырдатарга сананныбыт.

Санкт-Петербург волонтердарын бу куоракка Ленинград саҕаттан 40-тан тахса сыл олорбут Евдокия Владимировна Ноева сүрүннүүр. Манна баар байыаннай госпитальга уустук уонна ыарахан туруктаах саллааттар киирэллэр.

Евдокия Владимировна бэйэтэ Хаҥалас улууһун Булгунньахтааҕыттан төрүттээх, сүрдээх элэккэй, үтүө санаалаах, дьону түмэр, кэпсэтэр дьоҕурдаах киһи.

“Мин манна 1975 сыллаахха кэлбитим, волонтердар эмиэ мин саастыылар. Үлэлээхпин, пенсионербын. “Маккаби” диэн Арассыыйа-Еврейскэй спортивнай тэрилтэ генеральнай дириэктэрэ буолабын.

Мин улахан эйэлээх дьиэ кэргэҥҥэ улааппытым. Ийэм Ороһуоспа күн, тохсунньу 7 күнүгэр, 95 сааһын туолла. Кыыһым икки оҕолоох, уолум соторутааҕыта ыал буолбута.

Биһиги буолбатаҕына – ким...

Волонтердар элбээн иһэбит, 20-чэ буоллубут. Үгүспүт бэйэм бараата саастаахтар, эдэрдэр да киирэн эрэллэр, сотору устудьуоннары хабыахпыт. Ленинград саҕаттан олорбут, этэргэ дылы, “костяктар” буоллахпыт. Онон билэрбит-көрөрбүт да элбэх, онно эбии уолаттарбытыгар күүс-көмө, сүбэ-ама буоларга биһиги саастаахтар ийэлии, эбэлии сыһыаммыт ордук курдук.

Волонтер кыргыттар бэйэ-бэйэбитин “легендарные ленинградки” диэн ааттыыбыт. Ол курдук Варвара Илларионова, Таисия Тарасова, Антонина Кондакова, Мария Винокурова саамай актыыбынайдар. Манна эбии кыргыттарбын ааттаатахпына табыллар: Альбина Комина, Зинаида Шильникова, Аристина Архипова, Атласовтар дьиэ кэргэн. Саамай “костяктарбыт” Наталья Иванова, Ирина Данилова, Тоня Кондакова, кинилэр манна эмиэ 70-с сылларга кэлитэлээбиттэр.

Саха-Санкт-Петербург култуурунай уопсастыба бэрэсидьиэнэ Гаврил Афанасьевич Троев бастакынан Байыаннай Медицинскэй Академия госпиталыгар бааһырбыт уолаттарга сылдьан саҕалаабыта. Онтон балаҕан ыйыгар биир дойдулаахтарбыт, уолаттар госпитальга бааһыран сыталларын истэн, ол кэмтэн ыла күн бүгүҥҥэ диэри кинилэргэ өйөбүл буолабыт, ас астаан илдьэбит, наадаларын быһаарсабыт.

Светлана Диодорованы кытта билсэн, кэпсэтэн, Москва волонтердара ас-үөл ыыталлар, онон биир дойдулаахтарбыт сылаас илиилэринэн тутан-хабан астаабыт астара, кэһиилэрэ биһиэхэ эмиэ тэҥинэн кэлэр. Дойдубутуттан волонтер-эмчиттэр биригээдэлэрэ кэлэн уолаттары көрөн-истэн, уоскутан, сүбэлээн, санааларын көтөҕөн барбыттара.

Биир дойдулаахтарбыт, саха, нуучча буоллун, бары биһиэхэ оҕолорбут тэҥэлэр, эп-эдэркээн барахсаттартан саас ортолооххо тиийэ бааллар. Аспытын барытын дьиэбитигэр астаан илдьэбит. Сахалыы астарын олус ахталлар, алаадьылыыбыт, миинниибит, бэрэскилиибит. Кылаабынайа уолаттарга истиҥ кэпсэтии, үтүө санаа наада. Сыыйа-баайа итийэн, олоххо тардыһаллара күүһүрэн барар. Олох наһаа чугастыы буолан хаалабыт, дойдуларыгар атаарарбытыгар сайыһа да хаалабыт, куруук билсэ турабыт, сибээстэрин быспаттар, махтаналлар.

Соторутааҕыта Тааттаттан Ольга Золотарева ас аҕалбыта, буотарах, тоҥ ас арааһа, ыһаарыламмыт, тоҥоруллубут собо, эт, индигирка. Уолаттар харысхал көрдүүллэр. Таатталарга эрийбиппэр хас биирдиилэригэр 20-чэ харысхалы ааттаан-суоллаан ыыппыттара.

Маны таһынан юридическай көмөнү Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ үлэһиттэрэ Юрий Кравцов, Евгений Петров, Станислав Константинов оҥороллор. Сорохтор пааспардара да суох буолар, онон кинилэр Санкт-Петербург органнарын кытта докумуоннарын чөлүгэр түһэриигэ эҥин улахан үлэни ыыталлар.

Биһиги кыргыттар сүрдээх доҕордуубут, саҥалар да холбостулар, бары биир санаалаах дьон буолан тапсабыт, өйдөһөбүт.  Уолаттар настарыанньалара арааһынай, бастаан утаа бэйэлэригэр бүгэллэр, үтүөрэн баран төттөрү барабыт дииллэр. Бастакы толкуйдара иэстэһии, анараа убай-быраат буолан хаалаллар эбит. Кэлин уоскуйаллар, аһаҕас буолаллар, өйөбүл баарыттан олус үөрэллэр, махтаналлар.

Бастатан туран төлөпүөн көрдүүллэр, таҥас-сап атыылаһан аҕалабыт. Чугас дьоно кэлэн бараллар, биир бааһырбыт киһи кыыһа кэлэн аҕатын ыарыылыы сылдьыбыта. Биһиги дьиэ, үлэ буларга көмөлөспүппүт.

“Волонтеры-Саха-Питер” диэн бөлөхтөөхпүт. Онно барытын суруйсабыт, быһаарсабыт. Питер олохтоохторо, блокада хас биирдии ыалы таарыйбыт буолан, саастаах өттүлэрэ биһигини сүрдээҕин өйдүүллэр, чугастык ылыналлар. Наада буоллаҕына көмөҕө кэлэргэ да бэлэмнэр. Оттон биһиги өттүбүттэн кими да болҕомтото суох хаалларбаппыт, күүспүт-кыахпыт тиийэринэн бүтэһик саллаакка диэри көмөлөһө туруохпут!”

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...