10.05.2021 | 09:20

«Көҥүлэ суох тутуу» диэн тугуй?

«Көҥүлэ суох тутуу» диэн тугуй?
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Саха сиринээҕи Росреестр управлениета көҥүлэ суох тутуу уонна ол тутуу бас билии быһыытынан билиниллэр түгэнигэр судаарыстыбаннай регистрациялааһын бэрээдэгин туһунан иһитиннэрэр.

Көҥүлэ суох тутуу, сокуоҥҥа олоҕуран, көтүрүллүөхтээх эбэтэр ирдэбиллэргэ эппиэттиир гына оҥоһуллуохтаах. Сорох түгэннэргэ көҥүлэ суох тутууну бас билии быһыытынан суут нөҥүө оҥотторуохха сөп.

Бас билии быһыытынан туох да көҥүлэ суох тутуллубут дьиэни-уоту суутунан эрэ билиниэххэ сөп.

Бастакы хардыы. Чахчы көҥүлэ суох тутууну бас билэр кыахтааххытын чуолкайдааҥ.

Маннык бырааптаах сир учаастагын бас билээччи, ону тэҥэ тутуллар сир учаастагын бас билээччи, бу учаастак сир баайын бас билээччи бас билиитигэр эбэтэр быстах кэмҥэ туһаныы быраабылатыгар бэриллибит:

• тутууга туһуламмыт сир учаастагар бу эбийиэк тутуутун киллэрэр бырааптаах;

• сууттаһыы күнүгэр тутуу ирдэбилигэр сөп түбэһэр буоллаҕына;

• тутуулары оннунан хаалларыы атын дьон интэриэстэрин кэспэт уонна гражданнар олохторугар-дьаһахтарыгар, доруобуйаларыгар кутталы үөскэппэт буоллаҕына.

 

Иккис хардыы. Бас билии быраабын билиниини ирдиир сайабылыанньа оҥоруҥ.

Исковой сайабылыанньаҕа көҥүлэ суох тутуу турар сирин бас билэр сирэй (эһиги эбэтэр атын киһи) сиргэ быраабын көрүҥэ ыйыллыан наада.

Тутуу тоҕо “көҥүлэ суох тутуу” буолбутун олохтоохтук быһаарыахтааххыт. Холобур, ханнык көҥүлү ыла иликкитин.  Тутуу кэмигэр куорат тутуутун быраабылаларын кэһии тахсыбатаҕын, тутуу атын дьон олоҕор-дьаһаҕар, доруобуйатыгар буортута суоҕун быһаарыахтааххыт. Көҥүлэ суох тутууну бэйэҕит тутан таһаарбыт буоллаххытына, көҥүл ыларга тугу гыммыккытын сиһилии быһаарыҥ. Холобур, тутууга көҥүл көрдөөбүккүтүн, тутууну олоххо киллэрэр туһунан аакта толорторо сатаабыккытын суруйуҥ. Боломуочуйалаах уорган аккаастаабытын эмиэ ыйыахтааххыт.

Эһиги сиргитигэр көҥүлэ суох тутуу оҥоһуллубут буоллаҕына тутааччыны ыйан туран, эһиги бэйэҕит көҥүлэ суох тутууну туппут буоллаххытына олохтоох бэйэни салайыныы уорганын ыйан туран, сайабылыанньа суруйаҕыт.

 

Үһүс хардыы. Туһааннаах докумуоннары бэлэмнээҥ.

Сири  бас билэргит туһунан докумуоннар.

Учаастакка көҥүлэ суох тутуу баарын туоһулуур докумуоннар – чинчийии аактата, БТИ докумуоннара.

Тутуу дьон олоҕор-дьаһаҕар, доруобуйатыгар буортуну оҥорботун, бырааптарын кэспэтин туоһулуур докумуоннар. Манна ЫБМ, СЭС, баһаарынайдар, Архитектура управлениетын чинчийиилэрин түмүгэ киириэн сөп.

Боломуочуйалаах уорганнарга көҥүл көрдөөн суруйбут суруктаргытын, түмүктэри, аккаастары барытын мунньан иһиҥ.

Исковой сайабылыанньалары тустаах дьоҥҥо туттарбыккыт туһунан суруктары, куоппуйалары, о.д.а.

Эйэлэһиигэ туһуламмыт дьаһаллары ыла сатаабыккытын туоһулуур докумуоннары.

Госпошлина төлөммүтүн туһунан докумуон. Чэпчэтиилэри туһанар бырааптаах буоллаххытына, ону туоһулуур докумуоннар. Бэрэстэбиитэлтэн хайаан да дэбиэринэс ирдэнэр.

 

Төрдүс хардыы. Суукка исковой сайабылыанньа ыытан баран быһаарыы тахсарын кэтэһиҥ.

Тутуу сыаната 50000 солк. тахсар буоллаҕына иск мировой судьуйаҕа, онтон атын түгэннэргэ – оройуоннааҕы суукка барар.

Дьыала көрүллэн бүтүүтэ көҥүлэ суох тутууну бас билии быһыытынан билинии эбэтэр аккаастыыр быһаарыыны илиигитигэр тутуохтаххыт.

 

Бэһис хардыы. Докумуоннаргытын Росреестргэ туттараҕыт.

Тутууну регистрациялыырга маннык докумуоннар наадалар:

Судаарыстыбаннай регистрацияҕа сайабылыанньа.

Сайабылыанньаны биэрээччи докумуона.

Бэрэстэбиитэлтэн дэбиэринэс ирдэнэр.

Көҥүлэ суох тутууну бас билии быһыытынан билинэргэ суут быһаарыыта.

Быраабы регистрациялыырга госпошлина төлөнөрө ирдэнэр. Госпошлина төлөммүтэ, төлөммөтөҕө Судаарыстыбаннай информационнай систиэмэҕэ көстө сылдьар, сайабылыанньаҕа сыһыарар наадата суох. Госпошлинаны төлүүрү, төлөөбөтү киһи бэйэтэ быһаарар. Ол эрэн төлөммөтөх буоллаҕына, Ростреестр сайабылыанньаҕытын төннөрөр. Госпошлина кээмэйэ хас биирдии ураты түгэнтэн тутулуктаах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...