«Күөх Ньурба»: айылҕа эмтиир күүһүн туһанан
Дьоҥҥо-сэргэҕэ үтүөнү оҥорор баҕа санааны олоххо киллэрэн, Ийэ айылҕабыт биэрэр сүдү күүһүн таба туһаныахха, онно эбии билиини-көрүүнү, сатабылы дьүөрэлээн, бизнес эйгэтигэр бэйэ суолун-ииһин булуохха сөп. Бүгүҥҥү дьоруойдарбыт тустарынан аҕыйах тылынан билиһиннэрдэххэ, итинник.
Дмитрий, Дайаана Саввиновтар 2013 сылтан дьиэ кэргэнинэн ыҥырыа иитиитинэн дьарыктаналлар. Бастаан ыал ийэтин дойдутугар – Сунтаарга үлэлээн саҕалаабыттар. Ол курдук, ыҥырыаларын уйаларын Уһун Күөл сэлиэнньэтигэр Тыһакыыс диэн сайылыкка туруорбуттар. Санаабыттара сатанан, сыыйа-баайа бэйэ дьыалатын тэринэн, «Күөх Ньурба» диэн ааттаммыттар. Билигин Ньурба Хаҥалаһыгар быр-бааччы олороллор, дьиэ кэргэн бизнеһин сайыннараллар. Уоллара Андрей пасекаҕа алта сааһыттан тэбис-тэҥҥэ сылдьыһар, ийэлээх аҕатыгар илии-атах буолар. Билигин тутаах көмөлөһөөччүлэрэ хайыы-үйэ 14-тээх.
Дайаана Сайдам – апи уонна гирудо чэбдигирдии исписэлииһэ. Судургутук быһаардахха, дьону ыҥырыанан тиктэрэн, ыҥырыа иитиититтэн тахсар бородууксуйанан уонна медицинскэй ынах тылынан эмтиир. Билиитэ-көрүүтэ, сатабыла бизнеһигэр сүрүн тирэх буолар. Онон Саввиновтар бородууксуйалара мүөтүнэн эрэ муҥурдаммат. Ол курдук, үһүс сылларын ыҥырыа уйатыгар үөскүүр буоска көйүүрүттэн (восковая моль) «Огнёвка» диэн эмтээх ностуойканы оҥорон таһаараллар, дьон-сэргэ киэҥ сэҥээриитин ыллылар. Бу – Дайаана Сайдам уон сыл иитиэхтии сылдьыбыт ыра санаата.
– Ыҥырыаны иитээччилэр огнёвканы кытта кытаанахтык охсуһаллар. Тоҕо диэтэххэ бу көйүүр ыамата (личиинкэтэ) улахан хоромньуну таһаарар. Мүөтү, буосканы, ыҥырыа оҕолорун, прополиһы, маточнай молочкону, куоппастан оҥоһуллубут перганы барытын сиир. Ол эрээри биһиги огнёвканы кытта охсуһуохтааҕар, төттөрүтүн, үһүс сылбытын анаан-минээн иитэбит. Бу көйүүр бэлэм мүөтүнэн, буосканан, сибэкки куоппаһынан аһылыктанар, буосканы уулларарга айылҕаттан айыллыбыт церраза курдук ураты ферменнээх. Онон эмтиир күүһүн түмэн, ностуойка, ректальнай чүмэчи уонна маас оҥоробут.
– Туох туһалаахтарый уонна туох атыннаахтарый? Ааҕааччыларга кылгастык кэпсии түһүөҥ дуо?
– "Огнёвка" ностуойката тыҥа уонна сүрэх-тымыр ыарыыларыгар туһалаах. Ол курдук холестериннара уонна саахардара үрдүк дьон бу көрдөрүүлэрэ тупсар, дабылыанньалара халбаҥныыра тохтуур. Бэл диэтэр, үчүгэйдик утуйар буолаллар. Сорох дьон коронавирустан үтүөрэн да баран сөтөллөрө тахсыбакка, кураанаҕынан хахсайаллар, хас эмэ ыйы быһа сэниэтэ суохпут дииллэр. "Огнёвка" ностуойката сили хоҥнорон таһаарар, күүс-сэниэ киллэрэр диэн этэллэр. Уопсайынан, ыарыы кэннэ чөлгө түһэрэр, иммунитеты бөҕөргөтөр күүстээх.
Ыҥырыа уйатыттан ылыллар туох баар туһалаах барыта ректальнай чүмэчигэ түмүллэр – мүөт, прополис, буоска, перга, маточнай молочко. Онон доруобуйаҕа туһата баһаам. Эмтиир күүһэ эмиэ ностуойка курдук: олохсуйар кутталлаах сөтөлү таһаарар, тымныйыыга, ойоҕостотууга, сүрэх-тымыр ыарыыларыгар, эр киһи, дьахтар тымныйыыларыгар, хаан эргииригэр туһалыыр. Сотору-сотору ыалдьар оҕолорго иммунитет бөҕөргөтөргө туттуллар. Кыраттан түргэнник сылайар, куруук сэниэтэ суох дьоҥҥо үчүгэй. Аны туран, чүмэчи куртаҕы, оһоҕоһу нөҥүөлүүр курдук уһаабат буолан, дьайыыта түргэн. Онон эмтэнии болдьоҕо кылгаан биэрэр. Чүмэчини маас оннугар эмиэ туттуохха сөп – уос, тирии хатырарыгар, бааһырарыгар, айах бааһыгар, уокка кыра сиэтиигэ суһал көмө буолар. Оччугуй оҕолорго, кырдьаҕастарга, сытар ыарыһахтарга табыгастаах.
Хатарыллыбыт ыҥырыаттан оҥоһуллар ностуойкабыт уонна мааспыт ордук уҥуох, сүһүөх ыарыыларыгар көмөлөһөллөр.
Кытыан, бэс иннэтэ, үөрэ ото, лабыкта уонна да атын үүнээйилэр норуот медицинатыгар туттуллар буолбуттара ыраатта. Оттон биһиги бүгүҥҥү дьоруойдарбыт ырыаҕа ылламмыт кэрэ айылҕалаах күөх Ньурба эмтээх үүнээйилэрин, Сунтаар цеолитын, Кэмпэндээйи тууһун таба туһаналлар. Ол курдук, эмтээх оттортон ылыллар сүмэ эгэлгэтин (гидролат), эфирнэй арыыны, мүөттээх, прополистаах натуральнай мыылалары, ыҥырыа буоскатыттан чүмэчилэри оҥорон таһаараллар. Соҕуруу куораттарга сынньана тиийдэххэ, лааппыларыгар маннык бородууксуйа атыыланарын көрөр буолуохтааххыт. Дайаана кэпсээнин истэ олорон, бэйэм аҕыйах сыллааҕыта дьоммор кэһии гынаары, Сочиттан хас да иһит мүөт, маточнай молочко, былырыын Крымтан мыыла, эфирнэй арыы, шампунь, чүмэчи арааһын сүгэн-көтөҕөн аҕалбыппын санаатым.
Кэскиллээх предпринимателлэр элбэх бэрэбиэркэни этэҥҥэ ааһан, Евразийскай экономика сойууһун (ЕАС) декларациятын ылбыттар. Маны сэргэ, бу күннэргэ Wildberries маркетплейска «Дикоросы Вечной мерзлоты. Күөх Ньурба» диэн бренд быһыытынан киирэри ситистилэр. Бу – дьоһун хардыы.
“Кэнники кэмҥэ дьон-сэргэ натуральнайы, ол-бу химията суоҕу ордорор буолбута үөрдэр”, – диир предприниматель. Чахчы даҕаны, балысхан сайдыылаах олох барыбытын да үрүҥү-хараны араарарга балайда үөрэттэ. Информация көрүөх бэтэрээ өттүгэр тилийэ көтөн тарҕанар. Кырдьык, дьон-сэргэ кэнники кэмҥэ доруобуйатын сүрдээҕин көрүнэр, бэйэтин харыстанар. Дайаана Сайдам этэринэн, нэһилиэнньэ хаачыстыбалааҕы быһаарарга үөрэннэ, туох да эбилигэ, булкааһа, химията суох айылҕа биэрбитин сыаналыыр буолла. “Биир дойдулаахтарбыт эрэллэринэн, өйөбүллэринэн саҥа саҕахтары арыйарга дьулуһабыт”, – диэн сэһэргэһээччим кэпсэтиибитин түмүктээтэ.
Санкция сабардаан киириэҕиттэн предпринимательствоны ытарчалыы ылла, онто да суох пандемияттан сылтаан түөрэҥнээбит эйгэ өссө эмсэҕэлиир кутталлаах. Саҥаттан саҥа тургутуулар күөрэйэн тахса тураллар. Ол эрээри тыа сирин туруу үлэһит дьоно дьүккүөрдэринэн, дьулуурдарынан, мындыр өйдөрүнэн, инникигэ эрэллэринэн салайтараллар, араас үүтү-хайаҕаһы көрдөөн, сонун суоллары тобулаллар. Саввиновтар дьиэ кэргэн туһалаах бизнестэрин сайыннараллар, дьон-сэргэ махталынан кынаттаналлар.