26.04.2020 | 15:20

Күбэй Хотун күндүлүүр

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Күндү ааҕааччыларым! Биэс сыл анараа өттүгэр Сахам сирин олохтоохторугар, эһиэхэ анаан “Күбэй Хотун күндүлүүр” диэн ас ырысыаптарын кинигэтин таһаарбытым бэрт хамаҕатык атыыга баран, эбии икки төгүллээн бэчээттэтэн турабын. Ол кинигэбин хаһаайкалар куукуналарыгар уура сытыаран астыыбыт диэн этэллэрин үөрэ истэбин. Мин ол кинигэҕэ үксэ бэйэм астаабыт бүлүүдэлэрим, бэрэбиэркэни ааспыт, дьиэ кэргэнинэн “классика” да оҥостубут астарым киирбиттэрэ. Сорох ырысыаптары чугас дьүөгэлэрим, сорохтору интэриниэттэн, кинигэлэртэн биһиги усулуобуйабытыгар, маҕаһыыммыт долбуурдарыгар баар астартан, астанарга судургу буоллуннар диэн, талан киллэрбитим.

Бүгүн эһиэхэ ол биэс сыл кэннэ эмиэ муспут, астаабыт ырысыаптарбыттан, бу дьиэҕэ хаайыллан олорор кэмҥитигэр астаныҥ, чугас дьоҥҥутун күндүлээҥ диэн таһаарабын.

Тиэстэтэ суох пицца

Мин ордук эт аһы, салааттары оҥорорбун ордоробун. Бурдугунан туттарбын соччо сөбүлээбэппин. Сорох ардыгар, кистээбэккэ эттэххэ, бэрэским тиэстэтин маҕаһыынтан да атыылаһааччыбын. Онон бу оруобуна миэхэ сөптөөх ырысыап диэн хайҕыы көрөммүн, тэтэрээппэр суруммутум. Ол курдук:

  1. Духуопка илииһин арыынан сотон баран, килиэп тэлгэтэбит. Ол үрдүгэр сымыыты үүккэ ньыһыйан кутабыт уонна итийбит духуопкаҕа 10 мүнүүтэ угабыт.
  2. Таһаарабыт, онтон томат паастатынан сотобут, туох баарынан – халбаһы, помидор, сыыр – ууран, эбии биэс мүнүүтэ уган ылабыт. Пицца бэлэм!

Олус сымнаҕас бэрэски

Бу тиэстэни бэйэм наһаа астыммытым. Баата курдук сымнаҕас бэрэскилэр тахсаллар. Быһа холоон 20-тэн тахса, аҕыйах киһилээх ыалга сөп ахсааннаах бэрэски буолар.

  1. 1 ыстакаан сылаас ууга + 2 ч. нь. доруоһа + 1 ост. нь. саахар;
  2. 15 мүнүүтэ “иитэбит”, хабахтар тахсыахтара;
  3. Бу кэннэ 1 сымыыт + 4 ост. нь. мас арыыта + туус + бурдук.
  4. Сотторунан сабан баран, 30 мүнүүтэ таһаарабыт уонна начыыннаан бэрэскибитин буһарабыт.

Доруоһата суох килиэп

Бу килиэп ырысыабын билиэхпиттэн, сөбүлээн астыыр буоллум. Оруобуна суруллубут ырысыабыттан бэйэм көрөн элбэтэн биэрбитим. Бастаан утаа тэнитэн килиэп курдук оҥорбутум, кэлин саха лэппиэскэтин курдук кыра төкүнүктэри оҥорон буһарабын, өссө эбии биилкэнэн анньан хайаҕастыыбын.

  1. 1 ыстакаан кефир;
  2. 1 ч. нь. суода, туус;
  3. 2 ост. нь. мас арыыта;
  4. 1 отс. нь. саахар;
  5. 2,5 ыстакаан бурдук.

1,5-2 чаас сылаас сиргэ туруорабыт, ол кэннэ 180 кыраадыс итийбит духуопкаҕа 35-40 мүнүүтэ устата буһарабыт. Аны бу тиэстэнэн доруоһата суох бэрэски буһарыахха сөп эбит. Баар буоллаҕына, тиэстэҕэ эбии 2-3 ньуоска сүөгэйдэ эбиҥ. Ыһаарылыахха да, духуопкаҕа да буһарыахха сөп.

Салапааҥҥа буспут сибиинньэ этэ

Бу эти биһиги дьиэнэн бары сөбүлээбиппит. Сибиинньэ сыалаах этин тымныылыы, тоҥорон баран сиир үчүгэй буолааччы. Онон маннык буспут эти куруук буһарыаххыт диэн эрэнэбин, өйүөҕэ, сааһыттарга да барсар сүрдээх минньигэс сокууска. Мин наар харахпынан холоон, көрөн кутааччыбын, үгүс хаһаайка да оннук гынара буолуо. Онон бу этиллибит ингредиеннэртэн бэйэҕит быһа холоон кутаарыҥ, эккит төһө элбэҕиттэн.

  1. Сыалаах сибиинньэ этин тууһунан сотобут;
  2. Салапаан иһигэр уган баран чеснок + лавр сэбирдэҕэ + хас да төгүрүк хара биэрэс кутабыт.
  3. Иккис хос салапаанныыбыт, биир чаас устата оргутабыт.

Быыппах

Бу быыппах ырысыабын бэйэм оҥорбутум. Эмиэ харахпынан быһа холоон. Онтум табыллан, кыһыннары-сайыннары быспакка иһэр буоллубут, ыалдьыттыы барарбытыгар кэһии оҥостобут. Манна биири бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын. Суорат ыларгытыгар, хайаан да састаабын көрүҥ. Онно “на грибковых палочках” диэн аһытыы баар буоллаҕына, ылымаҥ, тоҕо диэтэххэ быыппаххыт санньылыйа сылдьар (вязкай), бифацил курдук, иһэргэ киһи астыммат буолааччы.

  1. 5 лиитэрэлээх бытыылка бэлэмниигит;
  2. Чаанньыкка уу оргутан, туспа иһиккэ 3 ыстакаан саахар кутан итии уунан булкуйан ууллараҕыт;
  3. Саахардаах уугутун бытыылкаҕытыгар кутуҥ, ол кэннэ тымныы ууну ыаммыт, үүт курдук сойуор диэри кутуҥ.
  4. Өйдөөҥ! Үрүҥ аһы хаһан да итии ууга булкуйуллубат, иирэн хаалар.
  5. Сойбут бытыылкалаах уугутугар 1 лиитэрэ суораты таҥнары кутуҥ;
  6. 2 кыра ыстакаан (миэнэ 150-нуу граммнаах) быырпах (бастаан оҥорорбор маҕаһыынтан атыылаһабын, онтон бэйэм быырпахпыттан хаалларан иһэбин) аһытыы (закваска) кутаҕыт;
  7. Бу кэннэ дьэ бытыылкаҕыт туолуор диэри сойутуллубут сылаас уу кутаҕыт. Сылаас сиргэ биир-икки эрэ хоннороҕут. Ол кэннэ холодильникка хас хонноҕун аайы аһыйан-кутуйан, минньийэн иһиэҕэ. Холодильникка уурарбар атыыласпыт суоратым бытыылкаларыгар кутаттыыбын, биэстээхпин сайҕаан ууран кэбиһэбин.

Маннык быырпаҕы оҕолорум, кырачаан сиэннэрим кытта, ыалдьыттарым былдьаһыгынан иһэллэр.

Кыһыл балыгы тууһааһын

Бу ырысыабы туттубутум хас да сыл буолла. Дьүөгэм биэрбитэ, онтон ыла күн бүгүҥҥэ диэри маннык эрэ тууһуубун. Ырыынактан кыһыл балык: форель, кета эбэтэр семга ылабыт. Кета кураанах, арыыта-сыата суох буолар. Онон кинини кытта форель эбэтэр семга ылааччыбыт уонна иккиэннэрин тэҥҥэ тууһуубун. Оччоҕо эмис, күндү балыгыҥ амтана, сыата-арыыта кетаҕа иҥэн, туох да ааттаах бүлүүдэ буолар!

  1. Ыстакаан аҥаара уу;
  2. 2 ост. нь. туус;
  3. 1 ост. нь. саахар;
  4. 6 ост. нь. арыы.

Балыккын эрдэттэн хоһуоччуктуу кырбаан бэлэмниигин, бу оҥорбут ороһуолгар уган ыла-ыла, миискэҕэ үрүт-үрдүгэр уурталыыгын. Ороһуолуҥ ортоҕуна, үрдүгэр кутан баран биир суукка тымныы сиргэ уураҕын. Сарсыарда тураат сиэххин сөп буолар.

“Саҥа күн” салаат

  1. Ханнык баҕарар халбаһыны уһун синньигэс гына кырбыыбыт;
  2. 1 устуука сибиэһэй оҕурсу эмиэ соломолуу кырбанар;
  3. Биир бааҥка кукуруза;
  4. Кытаанах сыыры бэйэҥ көрөҥҥүн түөкэлиигин;
  5. Майонеһынан булкуйан остуолга биэрэҕин.

Бу салаат үчүгэйэ диэн, оҥорорго түргэн-тарҕан, тугу да буһара барбаккын.

“Полуоливье” салаат

  1. Биир бааҥка горох;
  2. Биир бааҥка туустаах оҕурсу;
  3. 5-6 буспут сымыыт.

Эмиэ бэрт судургу, аҕыйах астан турар салаат. Күннээҕи остуолга барсар. Оливье салаат бородууктатын аҥаара баар буолан, бэйэм ити аат быстым.

“Астык” балык

Бу балык ырысыабын бу күннэргэ булан буһардым. Аатын араастаан толкуйдуу сатаатым. “Короналаах балык”, “Карантин” эҥин диэн көрдүм да, санаам буолбата. Онон “Астык” диэн ааттаатым.

  1. Ханнык баҕарар үрүҥ балыгы (кыһыл да барсара буолуо) ылаҕыт. Мин уомулунан оҥордум.
  2. Духуопкаҕа буһарар иһиккитигэр мас арыыта кутан баран, эриэппэ луугу үрдүгэр кутаҕыт, туустуугут.
  3. Майонеһы уонна хартыыһаны холбоон соус оҥороҕут, онон бэлэмнээбит, кырбастаабыт балыккытын сотоҕут.
  4. 200 кыраадыс итийбит духуопкаҕа 20-чэ мүнүүтэ угаҕыт.
  5. Хостоон ылан баран түөркэлэммит сыырынан саба бүрүйэҕит.
  6. Төттөрү духуопкаҕа 5-10 мүнүүтэ угаҕыт.

Ханнык да ресторан балыгыттан итэҕэһэ суох минньигэс!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Дьон | 07.11.2024 | 12:00
Лена Егорова: «Оҕолорбут тустарыгар бэйэбитин харыстаныахха»
Оҕото анараа сырыттаҕына, бааһырыы ыллаҕына, хайа ийэ сүрэҕэ долгуйбат, санааҕа ылларбат буолуоҕай. Оттон кини сибээскэ тахсыбатаҕына, олох да утуйар ууларын умналлар, үрдүк айыылартан эрэ көрдөһөн, кинилэргэ эрэ эрэнэн сылдьаахтыыллар.   Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан элбэх киһи олоҕо тосту уларыйда. Этэргэ дылы “ол иннинэ” уонна “ол кэнниттэн” диэн икки аҥы арахсыбыта. Лена...
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьон | 07.11.2024 | 10:00
Александра Иванова: «Биһигини Өктөөп тыыннаах хаалларбыта...»
Дьүөгэм, урукку кэллиэгэм: “Биһиэхэ группаҕа  Александра Дмитриевна диэн 85 саастаах үҥкүүлүүр, ыллыыр, фитнескэ сылдьар, куорат бэтэрээннэрин хамсааһыныгар биир да тэрээһини көтүппэт уопсастыбанньык, олоххо олус көхтөөх көрүүлээх ытык кырдьаҕас баар. Билигин эдэр дьону кытта Бухара-Самарканд-Ташкент күүлэйдээн кэллэ”, – диэбитин соһуйа иһиттим.  Итинник эриэккэс киһини кытта хайаатар да көрүстэхпинэ сатанар диэн, бириэмэтин...