10.11.2022 | 15:20

Ийэни уоскутар аптаах тыллар бааллара буоллар...

Ийэни уоскутар аптаах тыллар бааллара буоллар...
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Киһи уйадыйар, долгуйар кэпсэтиитэ... Хайа эрэ түгэҥҥэ хараҕыҥ уутун туора соттоҕун. Чугас киһиҥ, оҕоҥ, кэргэниҥ, быраатыҥ, кимиҥ эрэ бу байыаннай дьайыыга сылдьар буоллаҕына өссө чугастык ылынаҕын. Ийэ сүрэҕэ, Ийэ хараҕын уута, Ийэ сылыгар... 
Бүгүн саллаат ийэтэ Светлана Владимировна Диодорова-Лаврентьева кэпсээнин истиэҕиҥ.

Ийэлэр барахсаттар оҕобутун үчүгэй киһи, дьонугар, дойдутугар бэриниилээх, чиэһинэй, көнө майгылаах буола улааттын диэн бу орто дойдуга төрөтөр буоллахпыт. Хайа да ийэ уолум саа-саадах тутан сэриигэ аттаныа диэн түһээн да баттаппатаҕа чахчы.

Ийэни уоскутар аптаах тыллар бааллара буоллар, эбэтэр остуоруйаҕа курдук өлбөт мэҥэ уутун утары ууналлара буоллар... 

Мин ыам ыйыгар сүрэҕим тугу эрэ сэрэйэн, долгуйан уолум сулууспалыы сылдьар сиригэр, Подмосковьеҕа, Таманскай дивизиятыгар тиийбитим. Манна 30-тан тахса саха оҕото баара. Бу биир улахан передовой дивизия, аатырбыт Таманскай, урукку кэмҥэ манна байыаннайдар эбэтэр билсиинэн эрэ сулууспалыыллара. Мээнэ киһи түбэспэт дивизията. Хайыы-үйэ дивизия саллааттара инники кирбиигэ сылдьаллар диэн сир-буор аннынан иһиллэрэ.

Уолум былырыын үөрэнэ сылдьан тылланан аармыйаҕа барбыта, оччолорго балаһыанньа көнө этэ. Биир сылынан кэлиэ, син биир барыахтаах диэн туорайдаспатахпыт. Онтубут ханна баарый, дойдубут үрдүнэн байыаннай балаһыанньа уларыйан, уолаттары, срочниктары ол иһигэр саха оҕолорун оччолорго номнуо ыыппыттар этэ. Ону кэнники билбитим.

Биһиги оҕолорбут учебкаларын Читаҕа барбыттара, сорохторун кытта видеосибээһинэн кэпсэтэрбит. Киһи эрийдэҕинэ барыта этэҥҥэ, үчүгэй дииллэр. Ыам ыйыгар кыра кыыспын сиэппитинэн Таманскайга тиийдибит, арай бииртэн биир кыһалҕа тахсан истэ. Миигин билэр буолан кыбыстыбакка арыллан кэпсээтилэр. Кыайар боппуруостарбын командованиены кытта билсэн син быһаарсыбытым, уустук боппуруостарга Федерация Сэбиэтин чилиэнигэр, сенаторбытыгар Егор Афанасьевич Борисовка тиийэн көмө көрдөөбүтүм. Егор Афанасьевич барытын болҕойон истэн, тустаах ийэлэргэ оннооҕор төлөпүөннээн, көмөлөһөбүн диэн уоскутан, ону таһынан оҕолору көрсө барарга тута сөбүлэспитэ. Күн болдьоһон уолаттары көрсө барбыппыт. Командование мээнэ көҥүллээбэт, инньэ гынан уолаттар кини тиийэригэр, көрсөөрү, сорохтор күрүө үрдүнэн ойон, сорохтор куотан кэлбиттэрэ. Наһаа истиҥ көрсүһүү буолбута. Егор Афанасьевич хас биирдиилэрин кытта урут-уруккуттан билэр дьонун курдук кэпсэтэн, уолаттары уоскутан кэбиспитэ. Маннык ыксалга киирэ сылдьар уолаттарга аҕалыы, сорохторго эһэлэрин курдук сүбэлээн-амалаан истиҥник кэпсэппитигэр наһаа үөрбүттэрэ. Сахаларын сирин, дойдуларын, билиҥҥи политика суолтатын, эр киһи хайдах буолуохтааҕын, хас биирдиилэрэ норуоппутун салҕыыр үөрэхтээх, үлэһит дьон буолуохтаахтарын туһунан тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Салгыы уустук боппуруостары бэйэтигэр ылынан эккирэтиспитэ, хаста да Таманскайга баран тустаах байыаннайдары кытта кэпсэппитэ.

*       *       *

Срочниктар олунньу 24 күнүттэн киирбиттэрин билэн “Ветеран боевых действий” буолар докумуоннарын эккирэтиигэ сүүрэн барбытым. Сайыны быһа ол туһугар хаста да баран кэллим. Аны араас ротаҕа казармаҕа олорон ыалдьыбыттарга мантан эмп-томп булуу, тиийэн барыларын эмтээһин. Түбэспэтэхпэр түбэһэ сылдьабын. Биир уол оҕолоох этим, билигин отучча уолланан хааллым. Оҕо кыһалҕатыгар ким эрэ сылдьыахтаах, ылбычча киһи мээнэ сүүрбэт, барбат-кэлбэт, кэпсэппэт, үүтү-хайаҕаһы билиэххэ эҥин наада буоллаҕа. Мин аны саллааттар ийэлэрэ да буолбатахпын, боростуой ийэбин. Байыаннайдары кытта ийэлии кэпсэтэбин, кинилэр тустарыгар эмиэ ийэлэрэ долгуйалларын туһунан бэлиэтээн этэн кэпсэтиибин саҕалыыбын.

*       *       *

Үнүргү “Саха” НКИХ эпиирин кэннэ төлөпүөн бөҕөтө киирэр. Хайа кыалларын быһаарабын, бэйэм кыайарбын. Кыайбатым элбэх буоллаҕа. Байыаннай чаастарга ийэ киһини аҕатааҕар быдан чугастык көрсөллөр, ылыналлар. Эр киһи тиийдэҕинэ аан сабыллар. Таманскай дивизия хас да ротатыгар, Подмосковьеҕа Ашутино диэн ВДВ баар сирдэригэр, саха оҕолоро бааллар, итинник хас да сиринэн. Туох кыайарынан, бэйэм сүрэҕим тугу этэринэн тэринэн барабын. Уолаттар бары аһыахтарын баҕараллар, төрүт астарын наһаа ахтыбыттар. Кэнники дьоннорун булаттаабытым, онон ийэлэрим бэйэлэрэ көмөлөһөн (санаан көрүҥ, отуттан тахса оҕо баар!), барарбар тэрийсэллэр. Өлөөнтөн тиийэ кэлэн алаадьылыыр ийэни көрбүккүт дуо?! Ийэлэр диэн оннуктар. Ийэ барахсан син биир оҕотугар көмө буолар буоллаҕа. Биһиги кинилэри кыһалҕаҕа ыллара сылдьалларын көрөөрү төрөппөтөхпүт.

*       *       *

Бу дьайыыга саас былаас орооһоро көҥүллэммэт этэ. Тустаах эрэ дьон айманар, сүүрэр этибит. Наһаа элбэхтэ араас ааны тоҥсуйа сатаабытым, хомойуох иһин, сорохтортон хаҕыс сыһыаны көрсүбүтүм. Айсен Сергеевичка сурук бөҕөтүн суруйбутум, штаб наада диэн. Кини ийэлэри ыҥыран көрсүбүтэ, онно тыл эппитим, штаб тэрийэр түгэммитигэр көмөлөһүөҥ дуо диэбитэ, онуоха сөбүлэспитим. Координационнай киин тэриллэр буолан, Москваҕа үс нэдиэлэ кэргэмминиин үлэлээн кэллибит. Брянскайга тиийэ сырыттыбыт. Москва ийэлэрин Постпредство үлэһиттэрэ мунньаннар көрсүһүү буолбута. Ийэ бөҕөтө кэлэн, тэҥҥэ кыһалҕаны истэн ытаһан, санаарҕаан, ол мунньахпытыгар тута үлэ хайдах барыахтааҕын, былааны барытын торумнаан кэбиспиппит. Ийэлэри кытта кэпсэтэ олордохпуна, арай электронкабар сурук кэллэ, оҕоҕун Бурденкоҕа ылабыт диэн. Оҕобор бу госпиталга миэстэ көрдүү сатаабытым, сенатор Егор Борисовка суруйбутум. Онон бу туохха да кэмнэммэт олус улахан өйөбүл буолбута. Бурденко – саамай улахан госпиталь, кырдьык, миэстэ суох, эмтэниэхтээх оҕону киллэрбэттэр. Манна даҕаны киһини тас дьүһүнүттэн көрүү, ким эрэ нөҥүө кэпсэтии эмиэ баар. Онон Егор Афанасьевичка махталым муҥура суох. Кини срочник саллааттар кыһалҕаларын олус элбэҕи быһаара сылдьар. Ийэлэр олус үөрэллэр, саллаакка эрэ барытыгар Арассыыйа сенатора кэлбэт ээ диэн махтаналлар.

*       *       *

Уолаттарбыт бааһыран, госпиталларга кэлэн сыталлар. Атыттарга дьон бөҕөтө кэлэр, соҕуруулар чугас, айаннара табыгастаах буоллаҕа, оннооҕор бэйэлэрин быраастарын, массаастыыр киһилэрин ыыталлар. Москваҕа олорор ийэлэр бу сааскыттан биир бааһырбыт уолга сүүрэ аҕай сылдьаллар этэ. Бу “Саха Волонтер” хамсааһыны аан бастаан байыаннай саллаат кэргэнэ Аина Храмова саҕалаабыта. Кини “Саха” НКИХ Москватааҕы филиалын салайааччыта Туяра Константиноваҕа тахсан, салгыы кыргыттар Марфа Макарованы буланнар уолга көмөлөспүтүнэн барбыттара. Кинилэргэ Вера Свешникова салайааччылаах Постпредство үлэһиттэрэ холбоһоннор биир санааҕа киирбиттэрэ. Ол оҕо төрөппүттэрэ Дьокуускайга бааллар, ылбычча киһи барбат ээ. Олох сааскыттан быһа көрөн, аһа табыллан, бүөбэйдэһэн атаҕар туруордулар. Бу манныкка мээнэ киһи ылсыбат, буолаары буолан итиччэлээх киэҥ Москва куоракка. Кыһалҕалаах, аһыныгас, уйан сүрэхтээх киһи үлэлиир. Москваҕа олох тэтимэ, бородуукта, ас-үөл барыта сыана бөҕөтө. Кыргыттар бу саха оҕото диэн ийэлии кыһаллан, оҕолорун курдук көрөн-истэн билигин уол этэҥҥэ сытар. Эпэрээссийэтин ааспыта.

Ийэлэр уоскуйуохтарын наада. Кэтээн көрөбүн ээ, айманар ийэлэр бааллар, уолаттара эмиэ оруобуна оннуктар, үчүгэйдик толкуйдуур, туттунар ийэлэр бааллар, уолаттара эмиэ холкулар, ыксаабаттар. Онон ийэ туруга оҕотугар, кини хас да саастаах буоллун, оруобуна бэриллэр. Күн сирин көрдөрбүт дьон холку буолуохтарын наада, ытаабакка-соҥообокко, наһаа ытыыллар, харах уута тахсымыан наада, ийэ хараҕын уута. Хайдах эмэ гынан бары түмсүүлээх буолан, санаабытын холбоон, сүрүнэ дьиэ кэргэҥҥэ аймалҕаны таһаарымыахха. Ити аттыгар баар оҕолоругар, кэргэнигэр охсор.

Барыларын кытта син биир кэпсэтэбин, тиһигэ суох эрийэллэр, көмөлөһөөрү, тугунан көмөлөһүөххэ сөбүй дииллэр. Сорохтор, олох билбэт дьонум көмө харчы ыыталлар, саамай истиҥ сүрэхтэринэн эбэлэр мунньан ыыталлар. Хас биирдии эмтэнэ сытар байыаска бу харчы наһаа наада, кинилэр сэрии толоонуттан кэлэллэр, туохтара да суох хаан буолбут таҥастарынан эрэ киирэллэр. Тиис суунар суоккаттан ис таҥаска, туттар малга-салга тиийэ барыта наада. Маны “Саха Волонтердара” тэрийэллэр.

*       *       *

Бастаан армияттан олунньуттан киирбит уолаттар төрөппүттэргэ тугу да биллэрбэккэ олорбуттара. Төлөпүөн холбоноллоро көҥүллэммэт, ийэлэр бары тулуйан кэтэстилэр, ытаабакка, кырдьык, элбэҕи тулуйдулар. Оттон оҕоҥ суох да суох, хантан эрэ оҕолоро наступлениеҕа суох буолбут диэн иһитиннэрии кэлэр... Инник эрэ буолбатын, кимиэхэ да ити сонун кэлбэтигэр баҕарабын. Армияҕа ыыппыт оҕоҥ оннук буолан хаалыа диэн өйгө да суох буоллаҕа. Ааспыкка биир ийэ эрийэр: “Светаа, сабыылаах хоруобу киллэрэн тэлгэһэбэр уурдулар, көмтүлэр, чэ, этэҥҥэ олоруҥ диэн баран баран хааллылар. Ол кэнниттэн биһиги атын олоҕунан олоробут, кэргэним иһэр, мин ытыыбын, оҕолорум оннук улааталлар. Оҕом хаартыскатын кууһан утуйабын. Иннибэр ууран олорон аһыыбын”, – диэн. Мин уоскутарым диэн “кытаат, дьылҕа диэн хас биирдии киһиэхэ баар дииллэр. Эн оҕоҥ дьоруой. Хорсун, дьиҥнээх саха киһитин төрөппүккүн. Этэргэ ыарахан гынан баран, уолуҥ көстөн кырамтата да буоллар дойдутун буорун булбута үчүгэй” диибин. Сорох ийэлэр көрдүү сылдьаллар, миигин истэн миэхэ кэлбиттэрэ. Оҕолоро сураҕа суох сүппүттэр. Военкоматтарыгар тиийэллэр, байыаннай чаастар эппиэт ыыппаттар. Ким эрэ нөҥүө тахсан, хас биирдиилэрин хомуйан, суруйан тустаах уорганнарга ыыппыппыт. Билиҥҥи туругунан үс уолу көрдүүбүт... Ростовка поисковиктары булбутум, кэтэһэбит эрэ буоллаҕа. Оттон көстүбэтэхтэринэ, бу балаһыанньа, дьайыы барыта бүттэҕинэ икки сылынан суут нөҥүө эрэ дакаастанар, суох буолбуттара. Онуоха диэри суох. Ол иһин ийэлэр бэйэлэрэ көрдүү бараары сылдьаллар. ДНК-ларын тута ыыталлар.

*       *       *

Москваҕа Координационнай киин тэриллэн бу буола турар быһыыга-майгыга улахан үлэни таһаарыа диэн эрэнэбин. Оннук үлэлии да сылдьаллар. Бары бөлөхтөрүнэн арахсыбыттара, тус бэйэм икки бөлөххө баарбын. Үлэни ыыта сылдьабыт. Мин ханнык да саллааттар кэмитиэттэрин үлэһитэ буолбатахпын. Бэйэм Ил Түмэҥҥэ норуот дьокутаата Гуляев Михаил Дмитриевич көмөлөһөөччүтэбин. Кини сүрдээҕин өйдүүр, өйүүр. Бырайыас  боппуруоһа ыарахан буолан, сороҕор бэйэм барабын, 110 кг таһаҕаһы соҕотох илдьэбин, аэропорка саха эр дьоно көмөлөспөттөрүттэн олус хомойобун. Кэргэмминиин иккиэн сырыттахпытына элбэҕи ситиһэн кэлэбит. Икки киһи аата икки киһи буоллаҕа.

Байыаннай дьайыыга сылдьар оҕолор сороҕор аһыыр астара суох буолар. Чалбахтан уулууллар. Хастыы да күн аһаабакка, уот ортотугар сылдьаллар. Биир оҕо этэр: “Манна буола турар түгэн мин дойдубар тиийиэн баҕарбаппын. Ити дьон мин ийэбин, дьоммун барыларын кыргыахтара. Ол буолбатын туһугар мин манна тулуйуом”.

Көмө наада диэн эрийэллэр. Сэттэлии ый эҥин сэриилэһэн баран, сыккырыыр тыыннара эрэ хаалан кэлэллэр. Биир уол дьиэлэри барытын ытыалаабыттарын кэннэ оруобуна дойдутугар, дьиэтигэр ыйаммыт түннүк сабыытын курдугу көрбүт этэ. Уонна мин дьиэбэр эрэ итинник буолбатын диэхтиир. 19-20 саастаах оҕолор итинник толкуйдаахтарыттан сөҕөбүн. Билигин олох атыннык кэпсэтэллэр, бэйэбин үөрэтэллэр, бу аҕыйах кэм иһигэр бирээмэ сааһырбыт курдук буолбуттар, өйдөрө-санаалара уларыйбыт. Баттахтара маҥхайа сатаан баран, кыламаннара маҥхайбыт...

*       *       *

Ийэ быһыытынан, биир биллибэт нуучча эмээхсинигэр олус махтанабын. Анараа кыраныыссаҕа олорор, оҕолорбут хас да күн аһаабакка аччыктыы сырыттахтарына аһаппыт, өссө уолум атын омук буоларын көрөн, тоҥмотун диэн халыҥ сибиитэрэ биэрбит. Ол эмээхсини төһө даҕаны билбэтэрбин (аны хаһан да билбэтим, көрсүбэтим биллэр), оҕолор кыһалҕаларын өйдөөн ис сүрэҕиттэн кыһаллан аһаппытыгар, таҥыннарбытыгар тыыннааҕым тухары махтанабын. Уолум палаатаҕа сыттаҕына Зоя Егоровна Тумусова тиийбит этэ, сахалыы ас бөҕө астаан илдьибит. Дьиэ аһа, ийэ аһа диэн ураты буоллаҕа эбээт. Олус истиҥник ийэлии, эбэлии кэпсэппит, күн аайы билсэ олорор. Олох билбэт дьоммут ити курдук тиийэллэр, саха саллааттара бааллар диэн. Сенатор Егор Афанасьевич Борисовка махтанабын, өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар, ийэлэргэ. Тулуурдарын иһин саллаат оҕолорго махтанабын. Наһаа элбэҕи көрө сылдьаллар. Үлэбэр саамай өйөбүлүм Михаил Дмитриевич Гуляев, саҕаланыаҕыттан кыһанар, саллааттар тустарыгар тэҥҥэ долгуйар. Кинини кытта Феодосия Васильевна Габышева, Владимир Михайлович Прокопьев, Алена Николаевна Атласова, Владимир Ильич Чичигинаров күннэтэ билсиһэ тураллар. Бырабыыталыстыба салалтатыгар, чуолаан Георгий Николаевич Михайловка махтанабын. Москва куоракка сүрүн көмөлөһөөччүм, тирэҕим, байыаннай чаастарга дурдам-хаххам Алексей Алексеевич Филиппов буолар. Түүн буоллун, күнүс буоллун саллааттар тустарыгар аҕалыы долгуйар, барытыгар сүүрэр. Уолаттары көрсөр, атаарар, санааларын уоскутар, аһатар, хоннорор. Быһаччы эттэххэ, барытын быһаарар. Биир дойдулаахпыт, амарах санаалаах Алексей Семенович Пинигин, аймахтарбыт, чугас дьоммут, доҕотторбут, кэллиэгэлэрим, билэр-билбэт дьонум өйөбүллэрин олус биллим. Диодоровтар, Лаврентьевтар дьиэ кэргэн кинилэргэ махталбытын ыытабыт. 

*       *       *

Биһиги сэриибит буолбатах дииллэр. Арассыыйаҕа олоробут, онон хайдах баарынан ылынабыт, аҕаларбыт, эһэлэрбит да оннук ылынан күүстээх санаанан туруулаһан кыайыыга тиийдэхтэрэ. Онно айманан таах мээнэ олорор табыллыбат. Улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара өйүөхтэрин наада. Төлөпүөнүм сууккаҕа 24 чаас үлэлиир, кыһалҕалаах син биир булар.

Таманскай дивизия хамандыырдарын көрсөн, бирикээс выпискатын ылан аҕалан манна өрөспүүбүлүкэ военкомугар биэрбитим. Кинилэртэн докумуон Хабаровскайга тиийэн көрүллэн, Мэҥэ Хаҥалас уола бэтэрээн дастабырыанньатын ылла. Түөрт кыттан кэлбит срочниктары кэпсэтэн үлэҕэ, үөрэххэ киллэрбитим. Киһи итинник ылыстаҕына эрэ табыллар. Бэйэҥ оҕоҥ курдук саастаах оҕолор буоллахтара. Кинилэр муммут уонна көмө көрдөөбүт харахтарын көрбүт буоламмын сүрэхпэр киллэрбитим. Олох атыннык көрөллөр, атыннык кэпсэтэллэр. Биһиги, ийэлэр, бу тухары оҕолорбутун кытта тэҥҥэ окуопаҕа сытабыт... Срочник буоланнар туох да төлөбүр суох, байыаннайыгар бирикээһэ суох, онон анаммыт 200 тыһыынча солкуобай көмө харчы бэриллибэт. Харчы харчынан, биһиги оҕолорбут хас биирдиилэрэ дьиҥнээх саха уоланын хорсун быһыытын көрдөрдүлэр, норуоттарын аатын түһэн биэрбэтилэр. Бу барыта түргэн соҕустук куһаҕан түүл курдук ааһарыгар баҕарабын.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...