18.12.2022 | 11:00

Ийэм саламаатын амтанын билиҥҥэ диэри умнубаппын

2022 сылы дойду Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин Ийэ сылынан биллэрбитэ. Бу орто туруу-бараан дойдуга ийэттэн күндү туох да суох. Бу сыл устата дойду үрдүнэн ийэлэргэ аналлаах тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытылыннылар. Бүгүн Дьоруой ийэ Евдокия Дмитриевна Петрова, тапталлаах ийэм туһунан сырдатарга сананным.
Ийэм саламаатын амтанын билиҥҥэ диэри умнубаппын
Ааптар: Вера КАНАЕВА (Морхоева)
Бөлөххө киир

Хас биирдии киһи төрдүн-ууһун билиэхтээх. Киһиттэн көлүөнэ, көлүөнэттэн удьуор салҕанар. Биһиги эбэбит Настааччыйа Өттүүкэбэ – Кууһума Өттүүкэп кыыһа. Өттүүкэптэр төрүт түөлбэлэрэ Тыараһа. Эбэбит Анастасия Кузьминична 1882 сыллаахха Тыараһаҕа төрөөбүтэ. Кини Петров Дмитрий Николаевичка эргэ баран, кэлин Дьиэбэгэнэҕэ олохсуйбуттар. 1917 с. биэрэпис испииһэгэр суохтар, оттон 1926-1927 сс. хаһаайыстыбаннай испииһэккэ *Петров Дмитрий Николаевич, посева нет, крс-4 покос 66 копен. пашня 2.10 сельскохоз.налог- 2.65-2.65=0 недоимки* диэн баар. Ол кэмҥэ эһэбит Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбит. Ийэбит аҕатын бу диэн өйдөөбөт этэ, төрдө Чурапчы, Кыыдам диэн хос ааттааҕа диэн кэпсиирэ. Сымса, сүүрүк эбитэ үһү. Сэбиэскэй былаас олохтонуутугар актыыбынайдык кыттыбыт. 1921-1925 сс. Чөркөөхтөөҕү кыһыл дружина чилиэнэ. Петр Меккюсяров 1981 с. "Коммунист" хаһыакка "Үрүҥ бандьыыттар өрө туруулара" диэн ыстатыйатыгар эһэбит Дмитрий Николаевич Петров (Кыыдам) туһунан ахтыллар.

Биһиги ийэбит Евдокия Дмитриевна 1929 с. муус устар 22 күнүгэр төрөөбүт. Эбэбит Настааччыйа 16-та оҕоломмут, аас-туор, ыарахан олохтон соҕотох биһиги ийэбитин тутан хаалаахтаабыт. Эһэбит кыһыл этэрээккэ сырыттаҕына, бандьыыттартан саһан тыаҕа олорбуттар. Онно Лида диэн 19-таах кыыһа тымныйан, сэбиргэхтэтэн өлбүт. Эһэбит хас сыллаахха, хайдах өлбүтүн билбэппит. Сэрии кэмигэр ыар, сут-кураан олох хас биирдии саха ыалын тумнубатаҕа, ол көлүөнэ дьонун хас биирдиитин дьылҕатын  курдук, эбэм, ийэм эмиэ олус ыараханнык олорбуттара. Эбэбит Настааччыйа сэрии кэмигэр Дьуойаҕа субан сүөһү көрүүтүгэр, ийэбит хонуу үлэтигэр үлэлээбиттэр.

Эбэбит сахаҕа кыраһыабай, муус маҥан сэбэрэлээх, олус сымнаҕас майгылаах, ырааҕы-киэҥи толкуйдуур, сүүрдээх өйдөөх саха дьахтара эбит. Ону икки түгэн туоһулуур. Биирэ маннык. 16-та оҕоломмутуттан чороҥ соҕотох хаалбыт кыыһын сиэтэ сылдьан, биирдэ да суламмакка, ытаабакка, наар үөрэ-көтө, кэпсии-ипсии ыаллары кэрийэ сылдьан иистэнэн айахтарын булунан, аһаан олорбуттар. Ону дьиэбэгэнэлэр «Настааччыйа барахсан элбэх ыччаттанарын, удьуора тэнийэрин билэн, наар үчүгэйи биттэммит” диэн кэпсииллэр эбит.             Ийэбит бэйэтин курдук соҕотох хаалбыт, тулаайах Александр Павлович Морхоевка сыбаатынан ойох тахсыбыт. Аҕабыт 1919 с. от ыйын 18 күнүгэр Сиэллээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ыалга иитиллэн Морхоев диэн суруллубут, төрүөҕүнэн Аввакумов Александр Егорович диэн. Биэс ииппит ийэлээҕим диэн кэпсиирэ, урукку ыарахан олоххо, өлүү-сүтүү элбэҕиттэн, оччотооҕу дьон олоххо тардыһан, хас да ыал буолан ыараханы кыттыһан туорууллара. “Кыһыл Күүс» холкуоска үлэлии сырыттаҕына, 1939 с. тырахтарыыстар куурустара аһыллан, онно үөрэнэн, сэриигэ ыҥырыллыар диэри холкуоска тырахтарыыһынан үлэлээбит. Дьоппуоннары утары сэриилэспитэ, дойдутугар 1946 с. бэс ыйыгар, холкуос дьоно ыһыахтыы сырыттахтарына кэлэн, биир дойдулаахтарын үөрдүбүт. Аҕабыт туруу үлэһит, кыайыгас-хотугас, олус чиэһинэй этэ. Күлүүлээҕи кэпсээн бардаҕына, хараҕа уоттанан, тэҥҥэ мичилийэн барара. Аҕабыт Өлөксөөн 3 кылаас үөрэхтээҕэ, онон холкутук латыынныы, сахалыы ааҕара, суруйара. Буочара олус үчүгэйэ, кустары наһаа үчүгэйдик, табыллан уруһуйдуура. Ыал буолан баран, 1948 с. улуус киинигэр көһөн киирэн, Таатта үрдүгэр олорор Балбаара, Дьөгүөр Федосеевтарга дьукаах буолар. Ийэбит улуус балыыһатыгар роддомҥа санитарканан, аҕабыт МТС-ка, кэлин тэрилтэ аата уларыйан СХТ-га уһуннук үтүө суобастаахтык үлэлээбиттэрэ. 10 оҕону төрөтөн, Дьоруой ийэ, Дьоруой аҕа үрдүк аатын сүкпүттэрэ. Ийэбит түүннэри дьуһуурустубалыыр үлэлээх буолан, биһигини эбэбит Настааччыйа, аҕабыт балта Вера Павловна көрсөн улаатыннарсыбыттара.

Иккиһинэн, эбэбит соҕотох кыыһын аймахтарыттан быһымаары, кинилэргэ сыһыараары, сэрии кэнниттэн, олох тупсаатын кытта, куоракка быраатыгар Сэмэн Эртюковка киирэр. Биир туос иһит тапталлыбыт арыы кэһиилээх. Оччотооҕу массыына суох кэмигэр атынан айаннаатаҕа буолуо. Куоракка тиийээт, Сэргэлээххэ диэри дьонтон ыйыталаһан, өр хааман, Сэмэннээҕи булбут. Оччоттон баччааҥҥа диэри эбэм хаан-уруу аймахтарыттан быстыбакка, биир ситим буолан, уруулаһа-аймахтаһа сылдьабыт. Эбэбит Настааччыйа уһуннук олорбута, 1978 сыллаахха 96 сааһыгар олохтон барбыта.

Ийэбитин дьон таптаан Дьэбдиэй, Дьэбдьиэ диэн ааттыыра. Ийэбит оскуолаҕа үөрэнэр дьолу билбэтэҕэ, суруйбата, аахпата. Петрова диэн илии эрэ баттыыра. Биһиги “Коммунист” хаһыат сонуннарын, кинигэттэн ааҕан биэрэрбит. Оҕо дьон ону сүрэҕэлдьээн да ыларбыт ханна барыай? Улахан кыыстара Настаа бастакынан үөрэхтэнэн, биһигини кинигэ ааҕарга сыһыарбыта. Элбэх кинигэлээх этибит, ол иһин ыалбытыгар Попов Арамааҥҥа биир истиэнэ тилэри кинигэ ыскаабын оҥотторбуттара. Долбуурга 3-түү эрээт кинигэ киирэрэ. Ааҕар кинигэттэн ураты  тылдьыттар, ыйынньыктар хас биирдии үөрэх предметинэн бааллара. Эдьиийбит соҕуруу бардаҕына аҕалара эбэтэр почтанан сакаастыыра, атыылаһарбыт.

Эдьиийбит Настаа биир сыл ийэбитин путевканан соҕуруу сынньата ыыппыта. Ол сылтан саҕалаан ийэбит айанньыт бэрдэ буолбута. Бэйэтэ ыаллыы олорор чүөчэлэрин арыаллаан илдьэрэ. Биирдэ көрбүтүн олох умнубата. Кэрэни таба көрөр дьоҕурдааҕа. Туох үчүгэйи көрбүтүн, дьон хайдах олорорун, музейдарга сылдьыбытын кэллэ эрэ кэпсиирэ. Көмүс солотуулаах Петергоф, “Золотое кольцо России» куораттарын, оһох турбалара оҥойон хаалбыт Хатынь алдьархайын кэпсээтэҕинэ, тэҥҥэ хараастарбыт, Рига, Таллин таас уулуссаларынан тэҥҥэ хаамсыбыт, күннээх Арменияны, Азербайджаны кэпсээтэҕинэ, онно сылдьыбыт курдук сананарбыт. Аҥаардас Азербайджан Нафталаныгар түөртэ баран кэлбитэ. Иккис барыытыгар дьүөгэ дьахталларын илдьэ барар буолбута. Аахпат, нууччалыы билбэт да буоллар, айылҕа биэрбит өйүнэн, мындыр толкуйунан кинилэри сирдээн илдьэрэ-аҕалара. "Сталин" мэтээлин  иилиннэҕинэ, азербайджанецтар суолу аһан, туораан биэрэллэр эбит. Арменияҕа анаан түһэр ыаллааҕа. Сир хамсааһына буолбутугар аймаммыта, дьонум хайдах буоллулар диэн. Таатта өҥ сиригэр олохсуйбут нуучча дьүөгэлэрдээҕэ – акушерка Любовь Егоровна Неустроева, порт диспетчэрэ Тамара Тихоновна Третьякова. Ийэбит нууччалыы да билбэтэр, биир-икки тылынан бэйэ-бэйэлэрин кыһалҕаларын, наадаларын быһаарсаллара. Сэрэйдэххэ, дьахтар, ийэ киһи ис туруга биллэрэ, өйдөтө сыттаҕа буолуо.

Сайын аайы ийэбит кэлиитигэр портан арахпат буоларбыт. Кэлиэр диэри баһыылка бөҕө тутарбыт. Баһыылканан ыытар кумааҕытын эдьиийбит Настаа эрдэ суруйан бэлэмниирэ, оччоҕуна тиийбит куоратыттан Главпочтамтан талбыт ыытара. Баһыылкатын хаҕын эмиэ эрдэ тиктэн барара. Кэһиитэ элбэх буолара, парча тапочкалары, бэл, хлопок аҕалара. Ыас, заколка арааһын, таҥнар таҥаһы, оскуолаҕа кэтэр үрүсээктэри уо.д.а. Дьиэтигэр көбүөр, орон сабыытын арааһын аҕалара. Дьүөгэлэрэ, ыалларбыт, аймахтарбыт, бииргэ үлэлээбит дьоно үлэх бөҕө биэрэллэрэ. Аккаастыыр диэни билбэтэ. Хас киһиэхэ үлэх ылан аҕалбытын ааҕан сиппэккин.Сааһыран баран саас Иркутскайга таҥас, мал-сал ыла, 2-3 хонон кэлэрэ.  Бу да барыыларыгар эмээхситтэрин соһоро. Оччолорго электрическэй хобордоох, муос люстра, пельмень оҥорор халыып саҥа үөдүйэн эрэр кэмэ. Аҕыйах харчыны аттаран, үчүгэйдик туттара. Иркутскайтан эр киһи улахан размердаах плащтарын аҕалара. Кэлээт хайыта баттаан, истээн, кыргыттарыгар стёганнай сон тигэрэ. Урут мебель, түүлээх таҥас, курустаал барыта заготовкаҕа бэриллэрэ. Ол иһин түүлээх саҕалаах соннору Иркутскайтан аҕалара. Наар дьоҥҥо үтүөнү баҕарара, кыаммакка-түгэммэккэ сүбэ-ама буолара, көмөлөһөрө. Дьон туһунан куһаҕаны саҥарбат, наар киһи үчүгэй өрүтүн кэпсиир үтүө хаачыстыбалааҕа. Таас оонньуурдары, күндү иһити сөбүлээн мунньара. Ол таас оонньуурдара оҕо сааспыт кэрэһитэ буолан тураллар.

Ийэбит олус минньигэс чэйдээҕэ. Көбүөрдээх лэппиэскэни сотору-сотору оҥороро, ыһыахха, үөрүүлээх улахан тэрээһиҥҥэ үрүмэ оҥороро. Күнү быһа атын үлэни толоро сылдьан, үрүмэтин ылан истиэнэ быыһыгар анньыллыбыт ытыкка ыйаан ааһара. Кутурук миинэ иһэрбит, дырыһааҥкы оҥороро, көҥдөйү хортуоскалаан буһарара. Ийэм саламаатын амтанын билиҥҥэ диэри умнубаппын. Санаабар, оннук амтаннаах саламааты көрдүүбүн. Биирдэ эмит амтана майгынныыры сиэтэхпинэ, олус астынабын. Роддомҥа үлэлээн, сороҕор дьахтары төрөтөр да түгэннэрэ баар эбит. Ийэбитин дьахталлар үөрэ күүтэллэрэ уос номоҕо буолан билиҥҥэ диэри  кэпсэнэр.

Ийэбит элбэх, көрүдьүөстээх даҕаны кэпсээннээҕэ, устар ууну сомоҕолуур уус тыллааҕа. Олус үчүгэйдик тыл этэр буолара. Сатабыллаах хаһаайка быһыытынан биллэрэ. Этэрбэсчит быһыытынан оҕолорун, аймахтарын, билэр дьонун этэрбэстээбитэ. Бэргэһэ эмиэ тигэрэ. Ытык Күөлгэ олорор исписэлиис нуучча дьахтара төлөбүргэ тиктэрээри  гыммытын ийэбит босхо тигэрин эппитин, аны биирэ ылымматаҕа. Сайынын этэрбэстэри абырахтаан, уллаттаран, ампаарга туора маска ыйыыра. Ардахтаах күҥҥэ сөмөлүөт көппөтө. Ол быыһыгар биир эмит көтүүнү көҥүллээтэхтэринэ, ийэбит көппүтэ эрэ баар буолара. Порт дьиэбититтэн чугас буолан, элбэх хоноһолонорбут. Аны нэһилиэктэн аймахтарбыт саас-күһүн анаан олоро киирэллэрэ. Олорор томторбут ыаллара мустар сирдэрэ – биһиги дьиэбит. Онон элбэх бэйэбит кими да атарахсыппакка, бары батан утуйан, үөрэ-көтө олорорбут. Билигин, муһуннубут эрэ, төрөппүттэрбит, чугас ыалларбыт туһунан астына кэпсэтэбит.

Аҕабыт байанайдаах кусчут, балыксыт этэ. Киэҥ Эбэҕэ дугдаланан кустуура, балыктыыра. Сарсыарда аайы кустаан кэлээт, чэйдээт, үлэтигэр сүүрэрэ. Түүннэри балыктаан кэллэҕинэ, ийэбит хайаан да балык буһаран, нэһиилэ туран, уубутугар аҥаарыйа сылдьан, собо сиирбит. Ийэбит аҕабыт булдуттан ыалларбытыгар өлүүлээн хайаан да бэрсэрэ.

Ийэбит ыалдьар буолан, биэнсийэҕэ тахсаат, үлэтиттэн уурайбыта. Урукку кэм алдьархайа аала сылдьан, куттаҕар искэн үөскэппит этэ. Сэрии кэмигэр аан тириитин сиирбит, дэлби аччыктыырбыт диэн кэпсиир буолара. Эпэрээссийэ кэнниттэн уон сыл олорбута. Куһаҕан ыарыы арахпакка салгыы бүөрүгэр бэриллэн, 65 сааһыгар 3 ый кэриҥэ тиийбэккэ, 1994 с. тохсунньу 28 күнүгэр олохтон туораабыта. Өлөрүгэр кыра уолбут ыал буола илигэ. Кийиитигэр анаан уон хара имиллибит таба тыһын, электрическэй хобордооҕу хаалларбыта. Билигин бырааппыт икки оҕолоох, нус-хас олохтоох дьиэ кэргэн аҕата. Кийииппит Наташа ийэбит курдук минньигэс чэйдээх, элбэх астаах, сатабыллаах хаһаайка. Үгэһи тутуһан аҕыс кыыһа ыал буолуутугар, иэримэ дьиэбититтэн туспа ийэ буолан барыыбытыгар үрүҥ көмүс манньыат, сорохторго үрүҥ көмүс ытарҕа, иннэлээх сап, кыптыый энньэлээн ыыппыта.

Күндү төрөппүттэрбит, аҕабыт Александр Павлович Морхоев 100 сылыгар, ийэбит                Евдокия Дмитриевна Петрова 90 сылыгар анаан “Иллээх-эйэлээх ыаллыылар” диэн түөлбэбит хас биирдии ыалын сырдатан кинигэ таһаарбыппыт, “Ийэ сылын” чэрчитинэн “Таатта” музей тэрийбит муус оҥоһуктарыгар ийэбит аатынан бириис олохтообуппут. Дьокуускай куораттан күрэххэ соҕотох кэрэ аҥаарга Олеся Александроваҕа туттарбыппыт.

Ийэбит түүҥҥү үлэҕэ үлэлээмээриҥ диирэ. Үөрэхтээх, идэлээх үлэһит буоларбытыгар баҕарара. Ол баҕа санаатын толордубут. Аны сиэннэр, хос сиэннэр үөрэхтээх буолалларыгар хас биирдиибит үлэлэһэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...