Ийэлэргэ көрүллэр көмө
Бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ (барыларыгар)
Ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаала
1 зона (хоту улуустар) – 524 527,90 солк.
2 зона (Дьокуускай о.д.а.) - 524 527,90 солк.
Судаарыстыбаннай өҥөлөр сайтарыгар (gosuslugi.ru) оҕо күн сирин көрдө да (“проактивно”) оҥоһуллар.
Оҕо төрөөтөҕүнэ, иитэ ыллаххытына бэриллэр биир кэмнээх көмө (01.01.2019 сылтан)
1 зона – 46 458 солк.
2 зона – 38 914 солк.
e-yakutia.ru
Бастакы оҕоҕо бэриллэр биир кэмнээх көмө
1 зона – 7 768 солк.
2 зона – 7 768 солк.
e-yakutia.ru
Бастакы оҕоҕо (дьиэ кэргэн дохуотуттан көрөн)
Бастакы оҕоҕо ый аайы төлөнөр босуобуйа (01.01.2018 сылтан)
1 зона – 23 229 солк.
2 зона – 19 457 солк.
gosuslugi.ru
Ый аайы төлөнөр босуобуйа
1 зона – 1397 эбэтэр 1815 солк.
2 зона – 1186 эбэтэр 1543 солк.
gosuslugi.ru
Иккис оҕо төрөөтөҕүнэ
Ийэ (дьиэ кэргэн) судаарыстабыннай хапытаала, иккис оҕо 2020 сыл иннинэ төрөөбүт буоллаҕына:
1 зона – 524 527,90 солк., 2020 сыл кэннэ – 693 144,10 солк.
2 зона – 524 527,90 солк., 2020 сыл кэннэ – 693 144,10 солк.
“Проактивно”, gosuslugi.ru
Регионнааҕы Ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаала
1 зона – оҕо 2019 с. төрөөбүт буоллаҕына 157 358,40 солк., 2020 сылтан – 207 943,23 солк.
2 зона – оҕо 2019 с. төрөөбүт буоллаҕына 157 358,40 солк., 2020 сылтан – 207 943,23 солк.
gosuslugi.ru
Иккис оҕо төрөөтөҕүнэ (дьиэ кэргэн дохуотуттан көрөн)
Ийэ хапытаалыттан ый аайы бэриллэр төлөбүр
1 зона – 23 229 солк.
2 зона – 19 457 солк.
gosuslugi.ru, pfrf.ru
Ый аайы төлөнөр босуобуйа
1 зона – 1397 эбэтэр 1815 солк.
2 зона – 1186 эбэтэр 1543 солк.
gosuslugi.ru
Үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ
СӨ Дьиэ кэргэн хапытаала
1 зона – 144 467 солк.
2 зона – 144 467 солк.
gosuslugi.ru
Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн дастабырыанньатын gosuslugi.ru оҥоттороҕут.
Ипотека иэһин көҕүрэтэргэ судаарыстыбаттан көмө көрүллэр – 450 000 солк.
Үһүс оҕо төрөөтөҕүнэ (дьиэ кэргэн дохуотуттан көрөн)
Ый аайы төлөнөр босуобуйа
1 зона – 1397 эбэтэр 1815 солк.
2 зона – 1186 эбэтэр 1543 солк.
gosuslugi.ru
Элбэх оҕолоохторго оскуола форматыгар бэриллэр харчы (сылга биирдэ)
1 зона – 3 884 солк.
2 зона – 3 884 солк.
gosuslugi.ru
Үһүс оҕоҕо ый аайы төлөнөр босуобуйа
1 зона – 23 229 солк.
2 зона – 19 457 солк.
gosuslugi.ru
Хас биирдии төрөөбүт оҕоҕо
Оҕо төрөөтөҕүнэ биирдэ бэриллэр харчы
Үлэлээх дьон тэрилтэҕититтэн ыйыталаһаҕыт, үлэтэ суохтарга – 28 661,87 солк. саҕалаан.
Ый аайы төлөнөр босуобуйа
Үлэлээх дьон тэрилтэҕититтэн ыйыталаһаҕыт, үлэтэ суохтарга – 9 915 солк. саҕалаан;
МФЦ эбэтэр Биэнсийэ пуондатыгар оҥоһуллар.
Хат дьахтар босуобуйата
Үлэлээх дьон тэрилтэҕититтэн ыйыталаһаҕыт.
Өйөбүл саҥа көрүҥнэрэ
3-7 саастаах оҕоҕо ый аайы көрүллэр босуобуйа
1 зона: 50 % – 11 614,50 солк., 75 % – 17 421,75 солк., 100 % – 23 229 солк.
2 зона: 50 % – 9 728,50 солк., 75 % – 14 592,75 солк., 100 % – 19 457 солк.
8-17 саастаах оҕоҕо ый аайы көрүллэр босуобуйа
1 зона – 9 927 солк.
2 зона – 9 927 солк.
Оҕо күүтэр дьахтар босуобуйата
Ый аайы – 10 414 солк.
Саха АССР 100 сылыгар төрөөбүт оҕолорго Тус сыаллаах хапытаал – 100 тыһ. солк.
Саха сирэ икки зонаҕа арахсар.
1 зона – Абый, Аллайыаха, Анаабыр, Булуҥ, Үөһээ Халыма, Дьааҥы, Эдьигээн, Муома, Аллараа Халыма, Өймөкөөн, Өлөөн, Орто Халыма, Усуйаана, Эбээн Бытантай, Айхал, Удачнай.
2 зона – Алдан, Амма, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Ленскэй, Мэҥэ Хаҥалас, Мииринэй, Нам, Нерюнгри, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар, Таатта, Томпо, Уус Алдан, Уус Майа, Хаҥалас, Чурапчы, Дьокуускай.
Дэбиэринэс туһунан
Оҕо босуобуйатын оҥотторорго эн ааккыттан атын киһи барарыгар, дэбиэринэс наада буолар. Саамай судургу дэбиэринэскэ аччаабыта 4 реквизит ыйыллыахтаах:
– Диэбиэринэс оҥоһуллубут күнэ-дьыла;
– Дэбиэринэс биэрээччи уонна ылааччы туһунан информация;
– Дэбиэринэс бэриллэр киһитин боломуочуйата;
– Дэбиэринэс биэрбит киһи илии батааһына.
Туох ыйыллыахтааҕый?
– Дэбиэринэс ханнык кэмҥэ бэриллэрэ болдьохтоох буолуохтаах. Болдьоҕо ыйылллыбытах дэбиэринэс биир сыл үлэлиир;
– Дэбиэринэс биэрэр киһи илии баттааһына.
Кэккэ төлөбүрдэргэ нотариус бигэргэппит дэбиэринэһэ ирдэнэр. Холобур, Ийэ хапытаалын араас көрүҥүн дьаһайыыга. Оттон “Дьиэ кэргэн хапытаалын” аҕа боростуой дэбиэринэһинэн дьаһайыан сөп.
Ыал дохуотун быһыытынан ааҕыллар:
* Хамнас, бириэмийэлэр, хамнаска эбии төлөбүрдэр – 13 бырыһыан нолуок тутуллуон иннинэ ааҕыллар.
* Ханнык баҕарар биэнсийэ, босуобуйа.
* Стипендия.
* Алименнар.
* Бааҥҥа уурунууттан бырыһыаннар.
* Бэйэ дьыалатынан, предпринимательствонан киирэр дохуот.
* Өлбүт дьон страховкаларын ылбыт буоллаххытына.
* Ый аайы страховкаҕытыттан ылар харчыгыт.
* Ханнык баҕарар биэнсийэ уонна босуобуйа.
* ИДьМ, УФСИН, таможня уо.д.а. сулууспалаахтар хамнастарыгар эбии төлөбүр.
* Судаарыстыбаннай уонна общественнай үлэ иһин компенсация.
* Сыаннай кумааҕылартан киирэр дивиденнэр, бырыһыаннар.
* Баайы-дуолу атыылааһынтан киирбит үп.
* Интеллектуальнай, ааптарыскай бас билии иһин дохуот.
Ыал дохуотугар хабыллыбат:
* 3-7 сааһыгар диэри саастаах оҕолорго ылбыт босуобуйаҕыт.
* “Путин босуобуйаларыттан”: 3-7 саастаах оҕоҕо оҥотторор буоллаххытына, бу иннинэ ылбыккыт дохуокка эбии ааҕыллыбат.
* Бүддьүөттэн айылҕа саахалларыгар түбэһэн ылбыт көмөҕүт киирбэт.
* Ахсынньыттан өрөспүүбүлүкэттэн 3-7 саастаах оҕоҕо ылыллыбыт босуобуйа киирбэт.
* Ийэ хапытаалын хайа да көрүҥэ дохуот быһыытынан ааҕыллыбат.
* Эмтэнии, реабилитация айаныгар анаммыт төлөбүр харчыта түспүт буоллаҕына, ол дохуот буолбат.
Дьиэ кэргэн дохуота сайабылыанньа биэриэхтэрин иннинээҕи 12 ыйдааҕы, ол иһигэр ааспыт 6 ый устатынааҕы ааҕыллар. Ол аата 2022 сыл тохсунньутугар 2020 сыл бэс ыйыттан 2021 сыл бэс ыйыгар диэри дохуот суоттанар.
Дьиэ кэргэн састаабыгар киирэллэр:
– Икки төрөппүт иккиэн, кэргэннии буолуулара сокуонунан буолбатах да буоллаҕына (бииргэ олорор буоллахтарына).
– 18-тарын туола илик оҕолор. Бииргэ олорор сокуоннай саастарын сиппит оҕолору, эбэлэри, эһэлэри дьиэ кэргэн састаабыгар киллэрбэттэр.