28.01.2023 | 12:00

Ийэбитинэн киэн туттабыт

Бу сиргэ төрөппүт, бу күнү көрдөрбүт күн тэҥэ киһибит Нам улууһун I-кы Хомустаах нэһилиэгин олохтооҕо Евдокия Николаевна Винокурова 1937 сыллаахха Нам улууһун Өргөлөөх (Таастаах) учаастагар Винокуровтар дьиэ кэргэнигэр үһүс кыра кыыс оҕонон күн сирин көрбүтэ.
Ийэбитинэн киэн туттабыт
Ааптар: Ахтыыны суруйдулар оҕолоро, бэс ыйа, 2021 сыл
Бөлөххө киир

Аҕата Николай Николаевич, ийэтэ Евдокия Федотовна үс кыыс оҕону ас-таҥас суох аас-туор кэмигэр төрөтөн, көрөн-истэн улаатыннаран, дьон оҥортообуттара. Улахан кыыстара Феврония Николаевна-1, орто кыыстара Феврония Николаевна-2, кыра кыыстара Евдокия Николаевна. Таастаах (Өргөлөөх) холкуос эстиэр диэри Евдокия Николаевна пиэрмэҕэ ынах көрөөччүнэн 17 сааһыттан үлэлээбитэ.

1950 сыллаахха Николай Дмитриевич Казановтыын ыал буолан, 9 оҕону төрөппүттэрэ. Бастакы биэс оҕолорун Таастаахха улаатыннарбыттара, үөрэттэрбиттэрэ. Урукку ыарахан олоххо саҥа төрөөбүт оҕолор күн сириттэн бараллара элбэх этэ. Ол курдук, Евдокия Николаевна бастакы оҕото биир  ыйын туолбакка эрэ тымныйан күн сириттэн суох буолбута. Кэргэнэ Николай Дмитриевич сопхуос булчута буолан, айылҕа биэрбит булдунан оҕолорун  аһатан, таҥыннаран улаатыннарбыттара.

1973 сыллаахха «Өргөлөөх» сопхуос эстэн, оҕолорун үөрэттэрээри 1-кы Хомустаах нэһилиэгэр дьиэ туттан көһөн киирэллэр, онно кэнники 5 оҕону төрөтөн, көрөн-истэн улаатыннараллар. Ийэбит балыыһаҕа хачыгаарынан үлэлээн баран, кэлин өр сылларга санитарканан 54 сааһыгар диэри үлэлээн биэнсийэҕэ тахсыбыта. Евдокия Николаевна элбэх оҕолооҕунан элбэх мэтээллээх, “Ийэ албан аата” уордьан наҕараадалаах. Бу кэнники 2014 с. 1-кы Хомустаах нэһилиэгин «Ытык ийэ» үрдүк аатын ылбыта.

Евдокия Николаевна эдэр эрдэҕиттэн куруутун хамсана сылдьыбыт буолан бу сааһыгар диэри этэҥҥэ бэйэтэ дьаһанан, оҕолорун, сиэннэрин көрөн-истэн, сүбэлээн-амалаан олорор. Билигин оҕолор бэйэбит ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ, аҕалара буолан улуус араас нэһилиэктэринэн, Дьокуускай, Санкт-Петербург куораттарга тиийэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт: Руслан Николаевич Винокуров – РФ Үлэ бэтэрээнэ, Саха сирин авиациятын бэтэрээнэ, ГА 1 кылаастаах пилота, СӨ салгын тырааныспарын бочуоттаах үлэһитэ, Людмила Николаевна Шарапова – СӨ Үлэ бэтэрээнэ, СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна, үрдүк категориялаах медсиэстэрэ, Любовь Николаевна Никонова – СӨ Үлэ бэтэрээнэ, Нам улууһун ветеринариятын бэтэрээнэ, экономист-буҕаалтыр, Люция Николаевна Николаева – СӨ Үлэ бэтэрээнэ, СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна, үрдүк категориялаах медсиэстэрэ, Луиза Николаевна Ядреева – СӨ Үлэ бэтэрээнэ, үрдүк категориялаах педагог, Н.С. Охлопков аатынан Нам улуустааҕы гимназиятын иитээччитэ, Николай Николаевич Казанов – «Казанов Н.Н.» ГКФХ урбаанньыта, Владислав Николаевич Казанов – СӨ Доруобуйа харыстабылын туйгуна, медицинскэй наука кандидата, Алексей Николаевич Казанов – «Ростелеком» ПАО суоппара, Александр Николаевич Казанов – «Туймаада-нефть» АУо оператора, I-кы Хомустаах нэһилиэгин дьокутаата, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн аҕата.

Ийэбит Евдокия Николаевна, аҕабыт Николай Дмитриевич оҕолорун барыларын үөрэттэрэн, үтүө үлэһит дьон оҥортообуттара бу олоххо саамай үрдүк  ситиһиилэрэ, дьоллоро. Билигин ийэбит оҕолорун, сиэннэрин ситиһиилэриттэн үөрэр, киэн туттар.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...