21.04.2022 | 19:00

Ийэбит сааһын тухары эдьиийиниин бэрт былдьаһар

Ийэбит сааһын тухары эдьиийиниин бэрт былдьаһар
Ааптар: Наталья Кычкина
Бөлөххө киир

Күрэстэһии, күрэхтэһии, бэрт былдьаһыы диэн киһи аймах үөскүөҕүттэн баар. Күүстээҕинэн өттөйүү, өй былдьаһыыта, талаанынан күөн күрэс, ким кыайыылааҕын быһаарсыы оҕо эрдэхтэн, уһуйаантан, оскуолаттан саҕаланар. Дьиҥэр, өйдөөхтүк, чиэһинэйдик күрэстэһии туох да куһаҕана суох. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан үчүгэйгэ тардыһаҕын, туйгуннук үөрэнэр оҕону холобур туттаҕын. Оттон дьэ, этэргэ дылы, “черная зависть” диэн кэллэҕинэ, тугу булан ылыаҥый? Ымсыырыы, ордук санааһын, киһи үрдүнэн көтө сатааһын, сиэр-майгы сатарыйыыта. Бу олоххо суох буолбатах, баар. Ол туһунан бүгүҥҥү суруйуубутугар ааҕыҥ.

 

Бүгүҥҥү кэпсээбит киһим бу туһуттан олус санаарҕыыр, саатар саамай чугас киһитэ, ийэтэ, бииргэ төрөөбүт эдьиийин кытта оҕо эрдэҕиттэн бэрт былдьаһар, кинини быһа түһэ сатыыр эбит.

“Ийэбит барахсан үйэтин тухары улахан эдьиийин кытта күрэстэһэр. Бу кэнники сылларга өссө иэдэйдэ, тоҕо диэтэххэ кини эдьиийин кытта бэрт былдьаһыыта биһиэхэ, оҕолоругар, дьайар, бэйэтэ да чараас кумааһынньыкпытыгар охсор. Атыннык эттэххэ, ийэбит күрэстэһиитин биһиги хааччыйабыт диэххэ сөп. Саамай көрүдьүөһэ, эдьиийбит ийэбитин кытары олох да куоталаспат, көннөрү бэйэтин олоҕунан олорор, бэйэтин эйгэтин оҥостор.

Ийэбит эдьиийэ Галинаны кытта кыра эрдэҕиттэн күрэстэһэрин туһунан биһиэхэ эбэбит кэпсээбитэ. Кыргыттарын араастаан өйдөтө, иитэ сатаан баран, «кэлин сапсыйан кэбиспитим, тугу былдьаһа сатыылларын өйдөөбөт этим” диэбиттээх. Чопчулаан эттэххэ, биһиги ийэбит куруук бэрт былдьаһар, күрэстэһэ сатыыр идэлээх. Онтубут көннөрү буолбатах, кыыһырсыылаах, этиһиилээх, ытааһыннаах, кырыы хараҕынан көрүүлээх. Дьиҥэр, эбэм аах туох да төрүөтү биэрбэтэхтэр, “эн оннук куһаҕаҥҥын, тугу да сатаабаккын, эн мөкүгүн, мараҕын” эҥин диэх курдук. Биир тылынан эттэххэ, ийэбит төрүөҕүттэн атын майгылаах-сигилилээх, оттон эдьиийбит, төттөрүтүн, үөрэ-көтө сылдьар, куруук настарыанньалаах, элэккэй.

Эдьиийбит Галя аҕатын курдук эбит. Эһэбитигэр майгынныыр. Уһун, хатыҥыр, хара хойуу баттахтаах. Маныаха ис киирбэх дьүһүннээх. Ийэбит да киһи сирбэт дьахтара. Ол эрэн эбэбит курдук кыра уҥуохтаах уонна суон соҕус. Дьиҥэр, эмис эҥин буолбатах, бэйэтигэр сөрү-сөп. Ол эрэн кинини маннык дьүһүнэ, быһыыта-таһаата, биллэн турар, үөрдүбэт, астыннарбат быһыылаах.   

Эдьиийин курдук буолаары, букатын эдэриттэн араас диеталары тутуһар, аччыктыыр эбит. Ол эрээри кини курдук быһыылаах киһи хайдах эдьиий Галя курдук хатыҥыр, көнө дьылыгыр уҥуохтаах буолан хаалыай?! Онуоха саатар эһэм «ырыган сүөһүтээҕэр эттээх ынах быдан сыаналаах” диэн ордук кыһытар эбит.

Ити курдук ийэбит эдьиийин эрэ иннигэр түһэр кыһалҕаттан, кинини кыһытаары, эрдэ ойох тахсыбыт. Онно туох кыайыы баар буолуон сөбүн киһи өйө хоппот. Ол эрээри, биир сыл олороот, арахсыбыттар, киһитэ кини баҕатынааҕар атын буолан быстыбыт. Хата ол киһититтэн оҕоломмотох. Сөптөөх толкуйдар син киирэн тахсаллар эбит диэх курдук. 

Мин эдьиийбин кытта ийэбит иккис кэргэниттэн төрөөбүппүт. Эдьиийэ Галя ол кэмҥэ үс сыл дьоллоох ыал буолан олорон, иккис кырачаанын кэтэһэрэ. Онон ийэбит, эдьиийиттэн хаалсымаары, суһаллык оҕолоно охсорго тиэтэйбит. Онон биһиги эдьиийбиниин сыры-сыллата оҕолорбут, мин Галя кыра кыыһыттан сыл аҥаарынан балыспын.

Дьэ ол курдук салгыы ийэбит күрэхтэһиитэ баран иһэрэ, ким кэргэнэ ордугуй, сатабыллааҕый, ким оҕолоро ордук өйдөөхтөрүй,  талааннаахтарый... Ол аайы өрүү аҕабытын үтэ-анньа сылдьара, быдан үрдүк хамнастаах, ким хайа иннинэ массыына атыыласпыт, дьиэлэрин өрөмүөннээбит, муораҕа баран сынньанан кэлбит эдьиийин ааҕы ситэн, куотан ааһар туһуттан. Онон аҕабыт ийэбит хаппырыыһын, атааҕын толороору, умса-төннө түһэрэ, күнүстэри-түүннэри үлэлиирэ, сынньанар, уоппуска да диэни билбэтэ. Ол да иһин буолаахтыа, биэс уонун туола илигинэ бу олохтон бараахтаабыта.

Эдьиийим биһиэхэ эмиэ чэпчэкитэ суох этэ, сатахха эдьиийбит оҕолоро эмиэ икки кыыс. Онон үөрэхпит билии туһугар буолбакка, тетя Галя оҕолоруттан итэҕэһэ суох үчүгэй сыананы ылыы туһугар этэ. Араас куруһуоктарга ийэбит, этэргэ дылы, төрүөхпүтүттэн эрэ биэрбэтэҕэ. Онон күн иллэҥэ суох дьиэбитигэр да көстүбэккэ оскуоланан, секцияларынан, куруһуоктарынан, сорохторго баҕарбатарбыт да, сылдьарбыт. Биллэн турар, ийэбит хаппырыыһын толороору, кимиэхэ эрэ киһиргиэн наада буоллаҕа.

Маны барытын олус үчүгэйдик көрө-истэ, билэ сылдьар эбэбит ийэбитигэр бу сырсыы кимиэхэ да наадата, туһата суоҕун, бэйэтигэр уонна бэйэтин дьиэ кэргэнигэр эрэ куһаҕаны оҥорорун өйдөтө сатыыра. Ити тыллары ийэбит кулгааҕын таһынан истэрэ. 

Эдьиийим биһикки оскуола кэнниттэн эрэ ийэбит утары барбыппыт. Кини киэптиир, кыахтааҕын көрдөрөр үөрэҕин утары. Холобура, “курутуой” үрдүк үөрэх кыһаларын талбытын. Онно дьиикэй куонкурус да, киһи саллар да сыаната этэ. Иккиэн онуоха хардары-таары бууннаабыппытыгар, ийэбит биһигини кытта балачча кэпсэппэккэ сылдьыбыта. Инник гынаммыт биһиги кинини эдьиийбит Галя иннигэр түһэрэр, намтатар үһүбүт. Оттон чүөчэбит онно эрэ наадыйбат. Кини боростуой олоҕу ордорор, оннук да олорор.

Билигин мин кэргэннээхпин, оҕобор олоробун, үлэлээбэппин, эдьиийим ипотекатын төлүүр. Ол тухары ийэбит күрэҕэ салҕанар – ким хамнаһа үрдүгүй, ким сиэннэрэ талааннаахтарый, ким дьиэтэ киэҥий-куоҥуй. Оҕо сааһыттан илдьэ кэлбит кыдьыга син биир тохтооботун курдук тохтообот, ити акаары дьарыгын олох бырахпат.

Аны бу соторутааҕыта ийэбит баай-дуол, үп-харчы өттүнэн бэрт былдьаһарга сананна. Ол аайы кини баҕатын толорор түүннэри-күнүстэри үлэлиир аҕабыт барахсан суох буоллаҕа. Онтун биһигинэн таһааран эрэр. 

Ол курдук маннык муодаланна: куукунатын гарнитурун саҥардар үһүбүт, саҕынньах наада үһү, ханна эрэ сынньана барыахтаах үһү. Эдьиийин кыргыттара ону барытын ийэлэригэр анаан оҥороллор эбээт үһү. Оттон биһиги оннук-маннык буолабыт, тугу даҕаны оҥорон биэрбэт үһүбүт. Аны туран куукунатын гарнитура көннөрү  саҥа буолбакка, булгуччу сыаналаах, саҕынньаҕа сылаас эрэ буолбакка, кыраһыабай, бастыҥтан бастыҥ, сынньалаҥа санаторийга буолбакка, ханна эрэ кыраныысса таһыгар буолуохтаах!

Дьэ ону биһиги ханнык үппүтүгэр-харчыбытыгар ыларбытын санаабыт хоппот. Мин, холобура, үлэлээбэккэ олоробун, кэргэним миллионер буолбатах. Эдьиийим харчыта ипотекаҕа барар. Биллэн турар, биһиги ийэбитигэр көмөлөһөбүт эрээри, кини биһигиттэн ирдиирин толору хааччыйбаппыт биллэр. Онтон кини олус ньиэрбинэйдиир. «Эһиги быраҕан биэрбит харчыгытыгар наадыйбаппын, улаатыннарбытым, сөптөөҕүн ииппитим, аһаппытым” диэн иэс баайар. Онтон сылтаан айдаан саҕаланар.

Ийэбит хаппырыыһыттан, олоҕо суох мөҕүүтүттэн-этиититтэн сылайдыбыт. Кини бэйэтин кэмигэр эдьиийбит Галя кыргыттарын кытта доҕордоһуннарбатаҕа, онон билигин сыһыаммыт тымныы, билсибэппит да диэххэ сөп. Кинилэр эмиэ биһиги ийэбитин, эдьиийдэрин билэ-көрө сырыттахтара, ыаллаһан да диэн дииллэрэ буолуо. Ийэбит биһигини дьиҥнээхтик таптаабыта дуо диэн ыйытыахпытын баҕарабыт. Арааһа, биирдэ эмит кууһара, сыллыыра эмиэ эдьиийин хараҕын хатаары эбитэ буолуо дуу...

Билигин ийэбин үчүгэй психотерапевтка көрдөрөргө харчыбын харыһыйыа суох эбиппин...

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Сонуннар | 20.10.2024 | 10:00
НВК Саха бырагыраамата алтынньы 21-27 күннэригэр
Понедельник, 21 октября 6:00 Сана кун 6+ 9:00 Утро Якутии 6+ 10:00 "Якутия" информационная программа 12+ 10:15 Саха сатаабата суох 6+ 10:45 Откровенно 12+ 11:15 Проавто 12+ 11:45 Репортаж 12+ 12:00 "Якутия" информационная программа 12+ 12:15 Эйгэ 6+ 13:30 "Саха Сирэ-Якутия" информационная программа 12+ 14:00 Тэтим 6+ 15:00 "Тыый!"  6+...