11.02.2023 | 12:00

Ийэ тыл — аптаах күүс

Ийэ тыл — аптаах күүс
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Христина Петровна Попова – биэс оҕолоох Габышевтар күн-күбэй ийэлэрэ:

– Биһиги биэс оҕолоохпут – 14 саастаах кыыс уонна 10, 8, 4, 2 саастаах уолаттар. Оҕолор бары сахалыы ааттаахтар – Дайаана, Айтал, Эрхан, Аслан (түүрдүү аат), Дархан. Аҕаларын аатын уолаттарбытыгар “Айхал уола” диэн сурукка киллэртэрбиппит, оттон кыыспытыгар “кыыһа” диэҥҥэ “Һ” дорҕоон cуоҕун иһин докумуоҥҥа уларыппатахпыт.

Бары сахалыы сайа саҥарабыт. Дьиэбит иһигэр сахалыы кэпсэтэбит, оҕолорбут “ийэ”, “аҕа” диэн ыҥыраллар, бэйэ-бэйэлэрин “эдьиий”, “убай” дэһэллэр. Эбэлээх эһэлэрэ эмиэ ону өйүүллэр, сиэннэрин кытта наар төрөөбүт тылларынан эрэ кэпсэтэллэр. Онон оҕолорбут дьиҥнээх истиҥ эйгэлэрэ – сахалыы.

Тылларын саппааһын байыта сатаан сахалыы кинигэлэри ааҕабыт, остуоруйалары кэпсиибит, таабырыннары таайсыахпытын сөп. Кыра эрдэхтэриттэн уһуйааҥҥа төрөөбүт тылларынан иитэр бөлөххө сылдьыбыттара. Биллэн турар, тас эйгэҕэ таҕыстахтарына, төһө да сахалыы бөлөх буолбутун иһин, нууччалыы саҥарар оҕо элбэх буолар. Олортон үөрэнэллэр, ол эрэн дьиэ кэргэннэригэр, төрөппүттэригэр тирэхтээх буоланнар, ийэ тылларын ыһыктыбаттар эбит.

Холобур, кыыспыт төһө даҕаны саха оскуолатыгар үөрэннэр, аныгы үйэ сабыдыала, нууччалыы кутулла турар эйгэ охсуута баар. Ол эрэн олох сахалыы саҥарар оҕолор туспа бөлөхтөһөр, бэйэ-бэйэлэригэр тардыһар буолаллар эбит. Нууччалыы бутуйан саҥарар оҕолор эмиэ туспа соҕус сылдьалларын курдук. Манан хайдыһаллар диэбэппин, көннөрү оҕо оҕоҕо тардыһарын туораттан бэлиэтии көрөрбүн этэбин – сахалыы иитиилээх оҕо оннук оҕолордуун алтыһар буолар эбит.

Оҕо нууччалыы билбэтэҕинэ, үөрэҕин ыарырҕатыа, эксээмэннэрин куһаҕаннык туттарыа диэн сэрэхэдийэр дьону кытта сөпсөспөппүн. Бастаан оҕо ис санаатын төрөөбүт тылынан сааһылаан этэр буолуохтаах, оччоҕо сахалыы толкуйдаах буолар диэн санаалаахпыт. Ийэ тылын илдьэ сылдьар оҕо ханнык баҕарар омук тылын судургутук ылынар. Биһиги оҕолорбут бары бастакы кылаастан нэдиэлэҕэ иккитэ английскай тыл куруһуогар дьарыктаналлар – олох ыарырҕаппаттар. Саха тылын билэр оҕо омук тылын холкутук ылынар.

Аны туран оҕолорун сахалыы иитэр дьон нууччалыы киинэни, гаджеттары олоччу боболлор диэн буолабатах ээ. Көннөрү дьон курдук нууччалыы киинэни эҥин көрөр буоллахпыт дии. Нууччалыы үөрэппэтэххэ даҕаны 5-с кылаас кэнниттэн, тулалыыр эйгэ дьайыытынан, киһи билбэтинэн даҕаны оҕоҥ нууччалыы бэйэтэ барытын өйдүүр буолар эбит, онон анаан-минээн үөрэтэр наадата суох. Ол эрэн гаджеттары кытаанах соҕустук хонтуруоллуубут, кээмэйдээн биэрэбит уонна бэйэбит кинилэр көрөллөрүгэр төлөпүөн тутан баран олорбоппут, үлэни-дьыаланы быһаарыстыбыт да бүттэ, күнү быһа ону көрөн сытар наадабыт суох – гаджекка аһара убаныыны төрөппүттэр бэйэбит холобурбутунан эрэ салайыахпытын, кыайыахпытын сөп дии саныыбыт. Оҕону кытта алтыһар кэмҥэ сахалыы остуоруйалары, кэнники син элбээн эрэр сахалыы ойуулуктары наһаа сөбүлээн көрөбүт.

Оттон оскуолаҕа үөрэнэр оҕолорбут нэдиэлэ бары күннэригэр эбии дьарыктаах буоланнар, ютуб көрө олорор иллэҥнэрэ да суох – оҕо таптыыр, үлүһүйэр дьарыктаах буолуохтаах диэн санаанан салайтарабыт. Нэдиэлэ биэс күнүгэр барытыгар дьарыктаахтар – дуобакка, бассейнҥа, английскайга, ырыаҕа, робототехникаҕа сылдьаллар. Кыра киһини төрөппүт бары өттүнэн сайыннара сатыахтаах, холобур, кэрэ эйгэтигэр эмиэ сыһыарыахпытын баҕарар буоламмыт, музыкаҕа дьарыктаахтар, спорт өттүгэр дьиэбитигэр анал муннук оҥорон, уолаттар бэйэлэрин кыанар буолуохтарын наада диэн аҕалара бэйэтэ эрчийэр – тардыналлар, сэрээккэлииллэр. Кыралар убайдарын үтүктэллэр.

Биһиги ыам ыйын бүтэһигэр оҕолорбутун тыа сиригэр таһаарабыт. Айылҕаҕа чугас усулуобуйаны тэрийэргэ кыһаллабыт – ол омук быһыытынан уратыларын уонна тылларын илдьэ сылдьалларыгар олус туһалаах. Сайылаан, тыаҕа көҥүллүк сылдьан, сөтүөлээн улааталлар.

Баҕар ким эрэ маны ааҕан баран «ээ, бу сололоох ийэ-аҕа оннук дьарыктанар буоллахтара” диэхтэрэ. Мин оҕо көрөн олорор буоламмын оҕолорбунан күүскэ дьарыктанабын. Оттон иккиэн үлэлээтэхтэринэ эрэ табыллар төрөппүттээх ыалга оннук сатамматын өйдүөххэ наада. Оскуолаҕа бэйэлэрэ кэлэр-барар, күнү быһа соҕотох олорор оҕолор бааллар.  Куруһуоктарга сылдьыахтарын таһыылара кыаллыбат буолуон сөп, үп өттүнэн даҕаны кыаллымыан сөп. Ону эмиэ өйдүөххэ наада.

БКЭ-тэн, ОГЭ-тэн куттанан оҕолорун нууччалыы иитэр дьоҥҥо эксээмэннэртэн куттанымаҥ диэм этэ. Оҕо бэйэтин таһымынан туттарар, ааһар тургутуктара. Мин аймахтарым оҕолорунан да көрдөхпүнэ, сахалыы саҥарар оҕо ханнык да эксээмэнин улаханнык ыарырҕаппат эбит.

Оҕо төрөөбүт тылын билиэхтээх уонна сахалыы толкуйдуур буолуохтаах диибит. Оннук да быһыылаах. Холобур, биһиги оҕолорбут саха тылын уруогар бэриллибит сорудаҕы холкутук оҥороллор. Нуучча тылын сорудаҕын тылбаастаан, быһааран биэрдэххэ, эмиэ бэйэлэрэ толороллор. Кыыспыт аман өс күрэстэригэр, улахан уол саха тылын олимпиадаларыгар кыттааччылар.

Улахан оҕобут бастаан уһуйааҥҥа киирэрин саҕана, кырдьык, куоракка сахалыы эйгэлээх уһуйаан, бөлөх аҕыйах этэ. Билигин ийэ тылынан иитии үчүгэйин өйдөөбүт төрөппүттэр элбээн иһэр курдуктар, бырааптарын да сатаан туруорсаллар. Дьокуускайга ити өттүгэр үлэ барыахтаах, оҕолорун төрөөбүт тылларынан иитиэн баҕалаах төрөппүттэргэ сөптөөх усулуобуйа тэриллэн иһэрэ буоллар, бары өттүнэн туһалаах буолуо этэ.

Мин ийэ тылбынан саҥарарым оҕолорбун иитэрбэр, бэйэм баҕа санаабын олоххо киллэрэн иһэрбэр көмө буолар. Ханнык баҕарар атын дойдуга тиийдэхпитинэ, биһиги түүр омуктан төрүттээх саха дьонобут диэн киэн тутта этэбин. Былыргы түүр тыла буолан биһиги тылбыт күүстээх энергиялааҕар ийэ быһыытынан күүскэ итэҕэйэбин. Сотору улахан оҕобут улаатан ыраах барыа, бэйэтин суолун көрдөнүө, онно кини ийэ тылын билэрэ биһиэхэ ордук чугас буоларыгар көмө буолуоҕа дии саныыбын. Бэйэбит тылбытын илдьэ сылдьар буоламмыт, оҕолорбутугар чугаспыт, сыһыаммыт истиҥ дии саныыбын. Төрөппүт сахалыы, оҕо нууччалыы кэпсэтэр буоллахтарына, тэйсии үөскүөн сөп.

Биһиги оҕолорбут кэпсэтэллэрин, ийээ, аҕаа диэн ыҥыралларын истэр дьон “үчүгэй баҕайытык иһиллэр эбит дии” диэн ымсыырааччылар. Бэйэбит тыа сириттэн төрүттээх буолан баран хайдах атын тылынан чобугураһа сылдьыахпытый. Ийэ тыл – оҕону төрөппүккэ чугастык тутарга төһүү күүс буолар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...