05.05.2022 | 09:00

Ийэ таҥаралаах кылаас

Ийэ таҥаралаах кылаас
Ааптар: Арассыыйа үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, СӨ үөрэҕин тиһигин Бочуоттаах бэтэрээнэ, Ньурба улууһун Бочуоттаах гражданина Семен Акимович Потапов
Бөлөххө киир

Мин ийэм

Степан Тимофеев тыла,

Валерий Платонов матыыба.

 

Мин ийэм сааскы күн кэриэтэ

Сандаара мичийэр харахтаах,

Мин ийэм – сааскы күн бэйэтэ,

Сайаҕас-ылааҥы майгылаах.

 

Мин ийэм нап-намыын саҥалаах,

Күлүөҕэ, күн курдук ылаарыа,

Мин ийэм саймаархай ырыалаах,

Санньыйбыт санааттан араарыа.

 

Туохтан да бу күндү киһибин

Туохха да тэҥниэхпин билбэппин,

Күн күбэй ийэбин, эйигин,

Көмүскэ, алмааска биэрбэппин.

 

Мин туспар кыһаллар, сүүрээхтиир –

Мин туспар, санаарҕыыр, үөрээхтиир –

  Соҕотох киһим, бу эн бааргын

 Солбуйар тугу да булбаппын.

 

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев 2022 сылы Ийэ сылынан биллэрбитин улаханнык сэргээтим.

Ийэни Таҥараҕа тэҥнээбит оҕолор тустарынан дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэриэхпин баҕарабын. 2000 сылга Ньурба оройуонун Убайаан орто оскуолатын бүтэрбит, Күн-күбэй Ийэ итэҕэллээх, поэт Степан Тимофеев тылыгар, Валерий Платонов матыыбыгар “Мин ийэм” ырыанан алгыстаммыт, арчыламмыт 11“б” кылаас үөрэнээччилэрин үөрэххэ, олоххо ситиһиилэринэн киэн туттабын.  5-с кылаастан оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри кылаас салайааччытынан үөрэ-көтө үлэлээбитим, онон ииппит-үөрэппит оҕолорум ситиһиилэриттэн үөрэрим, киэн туттарым оруннаах.

Киһи уопсастыбатын сайдыытыгар Ийэ оруола олус улахан. Оҕо аан бастаан көрөр киһитэ – Ийэтэ, саҥарар тыла – Ийэ. Ол иһин былыр-былыргыттан ханнык баҕарар дойдуга, омукка “Ийэ” диэн тылы дириҥ ытыктабылынан этэллэр, олоххо баар кэрэни, үтүөнү-үчүгэйи бу тылы кытта дьүөрэлииллэр. “Ыал — ийэтинэн”, ийэтин сүтэрбит оҕону “төгүрүк тулаайах” диэн тойоннооһун дириҥ ис хоһоонноох, олоххо баар чахчылары мындырдык быһаарыы буолар. Ийэ оҕотун туһугар тугу баҕарар кыайар, сатыыр модун күүстээх. Күн Таҥараҕа тэҥнээх Айыы киһитэ, онон оҕо төрөппүт ийэтиттэн киһилии үтүө сиэргэ-майгыга, чугастык санаһыы иэйиитигэр уһуйуллар. Ийэ өйө-санаата, олоххо сыһыана оҕону арыаллыы, арчылыы сылдьар. Ийэ курдук бигэ итэҕэллээх оҕо олоххо тардыһыыта күүстээх буолар, онон олоххо көрсөр ыарахан түгэннэрин чэпчэкитик аһарынар, дьол-соргу, ситиһии тускулланар.

“Мин ийэм” ырыанан алгыстанан, арчыланан, иитэр-үөрэтэр үлэ көрүҥүн толкуйдаан, тобулан Ийэ итэҕэллээх, бэйэни салайыныы ньыматынан үлэлиир-үөрэнэр “Барҕарыы кылаас” диэн ааты ылыммыппыт. Ийэлэрбит хаартыскаларын кылааспыт саамай көстүүлээх өттүгэр, анал оҥоһуулаах истиэндэҕэ кэккэлэччи олордубуппут. Оҕолор ийэлэрин мөссүөнүн утары көрөн олорон үөрэнэллэрэ. Мин уруоктарбын, төрөөбүт тыл, литература уруоктарын, кылаас таһынан тэрээһиннэри “Мин ийэм” ырыанан саҕалаан, “Ийэ” сылаас сымнаҕас эйгэтин үөскэтэбит.

Ийэ, аҕа, эһээ, эбээ оруола оҕону иитиигэ сүрдээх күүстээх, онтон Эһээ уонна Эбээ былыр- былыргыттан дириҥник ытыктанар дьон, ону тылбыт-өспүт кэрэһилииллэр. Сүгүрүйэр, ытыктыыр сирбитин аатын быһа “Эбэ” диибит, эбэтэр аатыгар эбэн этэбит: “Өлүөнэ Эбэ”, “Бүлүү Эбэ”. Ити көннөрү ааттыырдааҕар ураты ытыктабыллаахтык иһиллэр.

Хас биирдии оҕо ньир-бааччы ыал ийэтэ, аҕата, эһэтэ, эбэтэ буоларга бэлэмнэниэхтээх. Итинник өйү-санааны, саргылаах дьулууру үөскэтиэхтээхпит. Ийэ-аҕа ууһун удьуордуур, салгыыр, тэнитэр тускулу тутуһуохтаахпыт. Эбэлэрбит, эһэлэрбит, ийэлэрбит, аҕаларбыт тустарынан истиҥ-иһирэх тыллаах оҕолор өйтөн суруйууларын хомуурунньук оҥорон, төрөппүттэргэ анаммыт истиэндэни силигин ситэрэбит, эйгэтин кэҥэтэбит.

Ханнык баҕарар кэмҥэ киһи “Бэйэни ииттинии дьоҕурун сайыннаран, сатаан салайынан”, хайа баҕарар уустук түбэлтэттэн тахсыан сөп. Өбүгэлэрбит олоххо туруоруммут сыалларын-соруктарын ситиһэр туһугар, бигэ буоллун диэн, “андаҕар” биэрэллэрэ. Бу төрүт өйдөбүлгэ, үгэскэ олоҕуран, “Үтүө киһи биир тыллаах, үчүгэй ат биир кымньыылаах” диэн өс хоһоонунан салайтаран, хас биирдии үөрэнээччи “Бигэ тыл” диэн бэйэни ииттинии, салайыныы барылын оҥостубута. Үөрэнээччилэр бигэ тылларыттан холобур.

Туруорунар соругум: Мин олоххо туруоруммут сыалбын-сорукпун булгуччу ситиһиэм. Ол иһин бэйэм иннибэр маннык ирдэбиллэри туруорунабын: “Итэҕэл – баҕа санаа – сыал (сорук) – тулуур – дьулуур – сатабыл – эрэл = Ситиһии”. Бу ирдэбиллэри толордохпуна, олоххо ситиһиилээх киһи буолуом диэн бигэтик эрэнэбин.

Итэҕэл. Олоххо итэҕэлим – Күн күбэй Ийэм.

Төрөппүттэрбэр сыһыаным. Мин ийэлээх аҕабын олус сөбүлүүбүн. Миигин иитэн-харайан киһи буоларбар ис сүрэхтэриттэн баҕаралларын билэбин. Улааттахпына ииппит иэстэрин төлүөм, хараҕым харатын курдук харыстыам. Ийэм курдук аһыныгас, эйэҕэс буолуом, аҕам курдук көнө, үлэһит буоларга кыһаныам, кыраны-мөлтөҕү көмүскэһиэм.

Үөрэнэр оскуолабар учууталларбар сыһыаным. Үөрэнэр оскуолабын иккис төрөөбүт дьиэбинэн ааҕабын, онтон үөрэтэр учууталларым төрөппүттэрим курдуктар. Оскуола чиэһин үрдүктүк тутуом, күндүтүк саныам. Учууталларбын ытыктыам, кинилэр курдук сайдыылаах буоларга кыһаныам. Үчүгэйгэ, кэрэҕэ уһуйалларын умнуом суоҕа.

Төрөөбүт дойдуга, норуокка сулууспалааһын. Мин төрөөбүт дойдум – Саха сирэ, Күөх Ньурба. Төрөөбүт дойдум миэхэ сүрдээх күндү, атын дойдуга атастаһар санаам суох. Тымныы кыһыммынан, куйаас сайыммынан мэлдьи киэн туттуом. Үөрэхтээх, үчүгэй киһи буолан дойдубар, норуоппар сулууспалыам, баайын хаҥатыһыам. Саха сирэ аан дойду үрдүнэн сураҕырарыгар бары күүспүн ууран үлэлиэм.

Тус бэйэм майгым-сигилим. Үчүгэй киһи элбэх үтүөнү оҥорорун билэбин, ол иһин сайдыылаах, үчүгэй киһи буоларга дьулуһуом. Аһыныгас, эйэҕэс, күүстээх санаалаах буоларга кыһаныам. Мөлтөҕү көмүскүөм, ыарыһаҕы харыстыам. Улааттахпына арыгыны, табаҕы олох суох оҥорор иһин кыһаныам.

Дьэ, бу курдук, оҕолор дьиҥнээх санааларын аһаҕастык эппиттэр. Олохторугар туруоруммут сыалларын-соруктарын ситиһэр туһугар мэктиэ тылларын биэрбиттэрэ киһини үөрдэр. Үрдүкү кылаастарга улуустааҕы, регионнааҕы эдэр учууталлар, саха тылын, литературатын, кылаас салайааччыларын семинарыгар, үөрэтэр учууталларыгар күүс-көмө буолан, көхтөөхтүк кытталларын чорботон бэлиэтиибин. 9-11 кылаастарга улуустааҕы предметнэй олимпиадаларга тоҕуста 1, алтата 2, аҕыста 3 миэстэлэри ылан, үрдүк көрдөрүүнү ситиспиттэрэ. Оскуоланы бүтэрбит сылларыгар, 2000 сылга, 18 үөрэнээччиттэн 16 оҕо үрдүк үөрэххэ, 2 оҕо колледжка киирбиттэрэ. Кэлин бары үрдүк үөрэхтэммиттэрэ, иккилии үрдүк үөрэҕи бүтэрбиттэр бааллар.

Ийэ итэҕэллээх оҕо, улаатан киһи-хара буоллаҕына, үчүгэй үлэһит, элбэх оҕолоох ыал буолар эбит. Бу үөрэппит оҕолорум икки-үс оҕолоохтор, бастыҥ аҕалар, амарах ийэлэр. Норуот хаһаайыстыбатын араас салааларыгар таһаарыылаахтык үлэлии сылдьаллар, кэлэр өттүгэр олоххо элбэҕи ситиһиэхтэрэ диэн бигэтик эрэнэбин.

Ушакова Алена – экономист, Сартаев Алеша – инженер, Григорьев Толя – инженер, Иннокентьева Алена – экономист, Кляус Оля – юрист, педагог, Крайнов Юра – инженер, Гоголева Настя – экономист, педагог, Новгородова Катя – экономист, Никифорова Надя – экономист, Максимов Андрей - экономист, инженер. Үксүлэрэ тэрилтэ салайааччыларынан, тутаах исписэлиистэринэн үлэлииллэр. 8-с кылаас кэнниттэн Ньурба техническэй лиссиэйигэр ситиһиилээхтик үөрэммит оҕолор Михайлов Юра, Иванов Коля үрдүк таһымнаах исписэлиистэр, эппиэттээх үлэҕэ сылдьаллар. Юрий Владимирович Михайлов – Арассыыйаҕа биллэр инженер-программист. Ньурба лиссиэйигэр информатика учууталынан үлэлиир сылларыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интернат дириэктэрэ И.И. Шамаев Юрий Владимирович үөрэппит оҕолоро информатикаҕа дириҥ билиилээхтэрин хаһыакка чорботон бэлиэтээбитэ.

Төрөөбүт дойдуларыгар, Ньурбаҕа, олохсуйан, ыал буолан, оҕо-уруу тэнитэн ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар үөрэнээччилэрбин чорботон бэлиэтиибин:

Григорьева Жанна Ивановна – Ньурба улууhун поликлиникатын бырааhа, үс оҕолоох.

Андреева Светлана Ивановна – Ньурба улууһун нэһилиэнньэ социальнай харысхаллаах буолуутун управлениетын отделын начаалынньныга, Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай сулууспатын туйгуна, үс оҕолоох.

Костин Антон Васильевич – ГУП олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыбатын Ньурбатааҕы филиалын сүрүннүүр инженерэ, үс оҕолоох.

Иванов Максим Сергеевич  - ГУП олох-дьаһах, хомунаалынай хаһаайыстыбатын Ньурбатааҕы филиалын инженерэ, биир оҕолоох.

Степанова (Иванова) Снежана Александровна – Малдьаҕар орто оскуолатын агроспециалиһа, үс оҕолоох.

Егорова (Дьячковская) Александра Александровна – инженер-технолог, үс оҕолоох, Ньурба куоракка “Азиатско-Тихоокеанскай баан” үлэһитэ.

Түмүктээн эттэххэ, ииппит-үөрэппит оҕолорбун кытта тэҥҥэ олох үөһүгэр сылдьар курдук сананабын. Бу буолар – учуутал үөрүүтэ, үлэтин түмүгэ. Барыта этэҥҥэ буоллун!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...