19.10.2022 | 19:00

«Ийэ кут» быыстапка көрөөччүлэри күүтэр

Алтынньы 12 күнүттэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай художественнай музейыгар Ийэ сылыгар анаммыт «Ийэ кут» быыстапка үлэлиир.
«Ийэ кут» быыстапка көрөөччүлэри күүтэр
Ааптар: Айыына ДОНСКАЯ
Бөлөххө киир

Экспозицияҕа биллиилээх саха маастардара – Э.С. Сивцев, В.С. Карамзин, А.Л. Соргоева, М.Г. Старостин, Л.И. Гоголева, М.М. Лукина, Т.Е. Шапошникова  живопись уонна графика көрүҥнэринэн айымньылара бааллар. Саха сирин худуоһунньуктара хатыламмат, ураты суоллаах-иистээх үлэлэрэ ийэ буолууну уруйдууллар, хас биирдии киһи дууһатын сылааһынан илгийэллэр.

Ийэ буолуу тиэмэтэ, ийэ уобараһа – былыр-былыргыттан аан дойду култууратыгар уонна искусствотыгар сүрүн хайысха. Поэзия буоллун, ойуулуур-дьүһүннүүр искусство эбэтэр скульптура буоллун, барытыгар үөрбүт-көппүт эбэтэр санааҕа ылларбыт, хомойбут ийэ сырдык мөссүөнэ үйэтитиллэр. Ийэ уобараһа – кэрэ буолуу муҥутуур үтүө холобура. 

Саха култууратыгар ийэ диэн тыл, кини уобараһа киһи дууһатын (кутун) кытта ыкса ситимнээх. Саха итэҕэлинэн, хас биирдии үүнээйи, көтөр, кыыл куттаах буолар. Киһини үс куттаах дииллэр: буор кут, салгын, ийэ кут. Куттары киһиэхэ икки сүдү күүс – Үрүҥ Айыы Тойон уонна Айыыһыт иҥэрэллэр. Киһи үөскүүрүгэр уонна төрүүрүгэр ити икки күүс холбоһон арчылыыллар, араҥаччылыыллар. 

Саха итэҕэлинэн, ийэ кут уонна буор кут сүрүн суолталаахтар, кинилэри куһаҕан тыын “уордаҕына” киһи ыалдьар, өлүөн да сөп диэн өйдөбүл өбүгэлэрбититтэн хаалбыт. Салгын кут киһи утуйа сыттаҕына сири-дойдуну кэрийэр.

Киин куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын «Ийэ кут» алаһа дьиэни араҥаччылыыр күн-күбэй ийэҕэ анаммыт быыстапка бу дьыл сэтинньи  27 күнүгэр диэри күүтэр. 

Быыстапка үлэлиир сирэ: Дьокуускай куорат, Киров уул., 9, Национальнай художественнай музей, 2 этээс фойета.

Музей үлэтин эрэсиимэ: сэрэдэ 12.00-20.00 (каасса 19.30 чааска диэри үлэлиир), чэппиэр-баскыһыанньа 10.00-18.00 (каасса 17.30 чааска диэри үлэлиир), бэнидиэнньик-оптуорунньук – өрөбүл күннэр.

Киирии билиэт сыаната: улахан дьоҥҥо – 150 солк.; 18 саастарын туола илик дьоҥҥо – босхо; устудьуоннарга – 80 солк., биэнсийэлээхтэргэ – 50 солк., элбэх оҕолоохторго – 75 солк., (туһааннаах докумуоннарын көрдөрөллөр). Экскурсиялары тэрийии сыаната туспа. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...