01.12.2022 | 15:03

Иван ЯКОВЛЕВ: «Дьокуускайы сахалыы тыынныахха!»

Айан дьоно, кэлбит-барбыт ыалдьыттар национальнай өрөспүүбүлүкэ киин куората омуккут уратытын тоҕо көрдөрбөтүй диэн сурастахтарына, киһи кыбыстан мух-мах буолар. Дьокуускай куорат архитектуратыгар, көстүүтүгэр сахалыы тыыны иҥэрии туһунан кэпсэтии 90-с сыллартан барар да, сыарҕа хоҥноро олус бытаан.
Иван ЯКОВЛЕВ:  «Дьокуускайы сахалыы тыынныахха!»
Ааптар: Туйаара НУТЧИНА
Бөлөххө киир

Бу туһунан Кэбээйи улууһун 1-кы Лүүчүн нэһилиэгин баһылыга Иван Федорович Яковлев бэйэтэ туспа көрүүлээх, бэлэм идиэйэлээх.

— Дьокуускай куоракка саха итэҕэлин мэҥэ бэлиэтин – сэргэлэри туруоруохха диэн санаа хаһааҥҥыттан киирбитэй?  

— Эрдэ куораппытыгар сылдьан көрөбүн ээ: араас итэҕэл дьиэтэ тутуллубут, бэлиэлэрэ ууруллубут, ааттара ааттаммыт... Хоту-соҕуруу, илин-арҕаа аартыктарга православнай тимир кириэстэр анньыллыбыттар... Оттон бу төрүт олохтоох норуот – бачча улахан сири-уоту үйэлэр тухары сылаас тыынынан иччилээбит, Куйаар ситимин курдат анаарар улуу дьоҕурдаах өбүгэлээх дьон, аҥаардас көмпүүтэр тылыгар киирбит 45 мөлүйүөн (!) барҕа баай тыллаах омук итэҕэлин, сиэрин-туомун, үгэһин көрдөрөр дьиэбит-уоппут, мэҥэ бэлиэлэрбит тоҕо суохтарый дии саныырым. Ханна эрэ быыкаайык кытыы сиргэ баҕалааҕы батарарыттан ааспыт Арчы дьиэлээхпит.

Ити курдук 2012 сыллаахха саха төрүт итэҕэлинэн Сэргэ буолар, онон Үс сиргэ Үс куту көрдөрөр Үс сэргэни анньан Дьокуускайга сахалар баарбытын туоһулуох тустаахпыт диэн санаа киирбитэ. Сахабыт төрүт култууратын, итэҕэлин норуокка көрдөрүөххэ, дьоҥҥо таһаарыахха диэн.

Сэргэ көннөрү сылгыны аҕалан баайар баҕана буолбатах. Оннук аналлааҕа буоллар, өбүгэлэрбит мас аҕалан судургутук туруору анньыахтара эбитэ буолуо. Сэргэ – харысхал, көмүскэл, араҥаччы, арчы бэлиэтэ. Айыылары кытары ситимниир утах, төрдү-ууһу араҥаччылыыр аналлаах. Күүскэр күүс эбэр, тыыҥҥар тыын биэрэр, куккун-сүргүн күүһүрдэр ытык суолталаах.

Биһиги билигин итэҕэлбитин бэйэбит испитигэр эрэ илдьэ сылдьабыт: аал уоппутун аһатабыт, Байанайга сүгүрүйэбит, Эбэ иччитигэр бэлэх уурабыт. Оттон дириҥник эҥсэн итэҕэл өйдөбүлүн ыларга Мэҥэ Сэргэ аартыгы аһыаҕа, онон аартыктар түмсүүлэригэр (кольцевойдарга) туруортуохха наада.

Дьоҥҥо этэ сатаабытым да, ким да улаханнык өйдөөбөтөҕө. Ол дьоҥҥо киирэ сатыыбын, бу дьоҥҥо сыҥаланабын, бырайыак оҥоруохха диибин... Киһи барыта элбэх харчыны көрдүүр. Онон кэмэ кэлэ илик эбит диэн тохтоон хаалбытым.

Онтон 2014 сыллаахха  Алгыс Уйбааҥҥа Арчы дьиэтигэр барбытым.  Кини Вильям Яковлев нүөмэрин биэрбитэ. "Учуонай баар, кинини кытары кэпсэт", – диэн. Вильям Федоровичтыын Саха тыйаатырыгар көрсүбүппүт, сүрдээх болҕомтолоохтук истибитэ, кинигэлэрин бэлэхтээбитэ уонна ыйытыылаах буоллаххына кэлэ сылдьаар диэбитэ.

2018 сыллаахха болдьообут курдук Максим Дурановы кытары билсэбин, кини ылынар уонна Вася диэн доҕорум буолан үһүөн саха итэҕэлин туһугар үлэлиир дьону кэрийэн барабыт.  Куорат сүрүн архитектора Семен Сергеевкэ тиийэ сылдьыбыппыт. "Оо, хата, мин итинник идиэйэлээх дьону күүппүтүм", – диэн үөрэ көрсүбүтэ. Онтон барыларын хомуйан Арчы дьиэтигэр улахан мунньах оҥорбуппут. Онно мин хара маҥнайгыттан барыбыт идиэйэбит буолуохтаах, онон эһиги туох санаалааххытый, сүбэлэһэн туруорсуохха диэн эппитим. Дьонум күөдьүйэн турбуттара: "Улахан сир ылыахха, онно саха итэҕэлин дьиэтин оҥоруохха!". Мин буоллаҕына, чэ ити улахан дьыала, сэргэлэрбин кэлин да туруорсуом дии санаабытым.

— Онтон?

— Онтон пандемия, СВО...

— Сэргэлэриҥ быһыытын-таһаатын, ханна туруохтаахтарын чопчу билэҕин?

— Үс сиргэ. Бастакы ытык сэргэ – Бүлүүлүүр аартык айаҕар суол түмсүүтүгэр (“Йо-хо-хо” маҕаһыын аттыгар). Дьөһөгөй Айыыга ананан сылгы төбөлөөх буолуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, сахалар олохсуйа, тэнийэ айаннаабыт саамай уһун аар аартыктара саҕаланар сирэ – Бүтэй Бүлүү, Сыа Бүлүү диэки. Оһуора-мандара  Буор кут бэлиэлээх буолуохтаах.

Иккис – Хаҥалас аартыга, уурунуу суруктаах очуостарга ыйар суол түмсүүтүгэр – Чернышевскай-Покровскай тракт. Онно Хотой Айыыга ананан, Өксөкү кыыллаах сэргэ. Салгын кут – духуобунас бэлиэтэ буолуохтаах. Оһуорун көрөҕүн – үҥүүлээх оһуор – көмүскэл бэлиэтэ уонна баай-далбар ойуута (кумааҕыга уруһуйдаабытын көрдөрөр – аапт.).

Үһүс сэргэ – пуортуур суол түмсүүтүгэр (“Столичнай»), куоракка киирэр суол айаҕар, ыалдьыттары көрсөр аналлаах, ханнык сиргэ, кимнээх олороллорун туоһулуохтаах. Чороонноох. Ортотугар Ийэ сири көрдөрөр төгүрүк буолуохтаах. Ийэ куту көрдөрөр оһуор анньыллыахтаах.

Үс кут бэлиэтиттэн саҕалаан кэлбит ыалдьыттарга, айанньыттарга дьэ, бэйэбит култуурабытын билиһиннэрэн кэпсээн киириэхтээхпит. Ситимнээн, сиэттэрэн. Билигин, материальнай эйгэ күүһүрэн турар кэмигэр, саха итэҕэлин тутан-хабан, харахпытынан илэ көрөр бэлиэбит суох. Өбүгэлэрбит, Ийэ айылҕаны кытары күннэтэ алтыһа сылдьар дьон, салгын куттара — духуобунай күүстэрэ, билиилэрэ-көрүүлэрэ күүстээх этэ буоллаҕа. Оттон билигин, ордук куоракка олорор дьон, ыччат, оҕо саха итэҕэлэ баарын туоһутун материальнай эйгэҕэ эмиэ хараҕынан илэ көрүөн, илиитинэн тутуон-хабыан наада. Атын итэҕэллэр дьиэлэрэ-уоттара, маллара-саллара хара баһаам, биһиэнэ салгыҥҥа сылдьан суураллар кутталланна, сүттэ да диэхпин баҕарабын.  Ол иһин аныгы кэм ирдэбилинэн итини барытын материальнай эйгэҕэ эмиэ хараҕалаан хаалларыахха, туруоруохха, дьоҥҥо күннэтэ санатыахха наада. Уонна Айыылар ситимнэрин быһымыахха, Орто дойду иччилэрэ айыы аймаҕын көмүскүү, араҥаччылыы, сүрүн бөҕөргөтө сылдьалларын курдук, сэргэлэрбитин туох баар сиэри-туому тутуһан, иччилээн туруоруох тустаахпыт.

Итэҕэллээх, духуобунастаах омук кэскиллээҕин, бэл, бу соторутааҕыта дойду салалтата кытары өйдөөтө буолбаат? Путин ыйааҕа таҕыста дии, үгэс буолбут сиэри-туому, духуобунаһы судаарыстыба таһымыгар өйүөххэ диэн.

“Аан дойдуну мэҥэ бэлиэ салайар” (“Миром правят знаки и символы”) диэн Конфуций эппитэ. Ити үс сир үс муннугу таһаарар – харысхал бэлиэтэ. Федеральнай сокуон быһыытынан, 40 сыл кэнниттэн пааматынньыктар култуура нэһилиэстибэтин быһыытынан харыстанар эбийиэккэ киириэхтэрин сөп. Аны 100-200 сылынан туох буолуо биллибэт. Оччотугар бу мэҥэ бэлиэлэрбит көмүскэл оруолун эмиэ толоруохтара.  Билигин сэбиэскэй кэминээҕи идеология пааматынньыктара “култуура нэһилиэстибэтэ” буолан тураллар. 418 эбийиэктэн дьиҥнээх саха итэҕэлин, философиятын пааматынньыга түөрт эрэ баар: икки сэргэ уонна икки түһүлгэ.  Саха АССР 100 сылыгар норуот төрүт култууратын, итэҕэлин өйдөбүнньүктэрин тутар оннугар Ленин пааматынньыгын өрөмүөннээһин хайдах эрэ буолбатах дуо?

— Төһө да толуу мастан суор, ыраахтан киһи хараҕар быраҕыллар сэргэ буолуо дуо?

— Алтан – биһиги сахалар тимирбит. Алтанынан таптайан, киэркэтэн туруоруохха наада. Аскетичнай эрээри, дьиҥ дьайыылаах, бастакы аналын толорор сэргэ буолуохтаах.

— Ону ким оҥоруон, туруоруон сөбүй?

— Казань куораты ылан көрүөҕүҥ. Татаардар Казань 1000 сааһын бэлиэтииллэригэр “Парк тысячилетия” диэн 5 гаа сиргэ  паарка оҥорбуттара. Ол саадыгар аан дойдуттан бэрэстэбиитэллэр кэлэн бэйэлэрин мастарын олордубуттара. Бэл, дьоппуоннар сакураларын аҕалбыттара. Ону таһынан, биир итэҕэллээх омуктара ким сынньанар паарка, фонтан о.д.а. тутан бэлэхтээбиттэр. Көрөҕүт, итэҕэл түмэр күүһүн? Сахаларга ким кэлэн тугу тутан биэриэй? Оччотугар биһиги 34 улууспут бары кыттыһан, өрөспүүбүлүкэбит киинигэр итэҕэлбитигэр сыһыаннаах мэҥэ бэлэҕи туппаппыт дуо? Арҕаа, Илин  хаҥаластар – Хотой Айыы сэргэтин, ньурбалар, сунтаардар, орто, үөһээ бүлүүлэр, бүлүүлэр – Дьөһөгөй Айыы сэргэтин. Медкииҥҥэ барар суол түмсүүтүгэр байаҕантайдар, боотур уустар сиэдэрэй Аал Луук Маһы туттуннар. Хоту улуустарбыт, холобур, хомуһу – киһи туругун Куйаар вибрациятын кытары ситимниир бэлиэни оҥордуннар. Бары түмсэн үллэстэн, кыттыһан саха итэҕэлэ сөргүтүллэригэр бэйэбит кылааппытын киллэриэххэйиҥ ээ, доҕоттор.  Мин саныахпар, саха норуота ити хамсааһыны үөрүүнэн ылыныаҕа.

Дьокуускай – Саха сирин тэбэр сүрэҕэ, сүрэхтэн тыргыллан, тэнийэн, эрэһэ долгун курдук кэҥээн, төрүт итэҕэлбит тэнийэн барыахтаах.

Онон, улуустарбыт дьонугар-сэргэтигэр, Аҕа баһылыктарыгар туһаайан этии киллэрэбин: Итэҕэл эрэ норуоту түмэр кыахтаах. Төрүт итэҕэлбит сөргүтүллэрин, тэнийэрин туһугар сахалар бары ылсыаххайыҥ, үтүө үгэспит тилиннэҕинэ эрэ омук быһыытынан тыыннаах хаалыахпыт, кэнчээри ыччаппыт өлбөт-сүппэт үөстэниэҕэ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...