Иван Туласынов: Муусука дьикти алыбар куустаран
Тапталлаах «Киин куорат» хаһыаппыт бүгүҥҥү нүөмэригэр быйылгы «Алампа» аатынан норуот бириэмийэтин «Бастыҥ ырыа айааччы» лауреата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, үтүөлээх үлэһитэ, самодеятельнай композитор, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ырыа айааччыларын түмсүүтүн чилиэнэ, Бүлүү куорат бочуоттаах олохтооҕо Иван Туласыновы кытта кэпсэтиибин ааҕыҥ.
– Иван Иванович, үтүө күнүнэн! Быйыл бэһис сылын норуот номох оҥостубут, таптыыр суруйааччыта Алампа аатынан норуот бириэмийэтин лауреттара ааттаннылар. Олор истэригэр эн лауреат буолан, “Бастыҥ ырыа айааччы” үрдүк аатын ыллыҥ.
– Көҥүлү туойбут, тапталы хоһуйбут, сүгүрүйэр биир дойдулааҕым Алампа бириэмийэтин ылыы миэхэ олус долгутуулаах, олус соһуччу буолла. Бу үрдүк аат мин айар үлэм чыпчаала буолла. Култуураҕа араас өрүттээх сэмэй үлэлэрбин үрдүктүк сыаналаабыт дьоҥҥо, ырыа айааччылар түмсүүлэригэр, чуолаан Алексей Васильевич Егоровка, Степан Иванович Васильевка махтанабын. Үрдүкү наҕараадабын муусукаан, байаньыыс убайдарбар аныыбын. Бу бириэмийэ миигин элбэххэ эбээһинэстиир, кытаанах ирдэбили туруорар, ону толоруох эрэ тустаахпын. Бүлүүгэ өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот тыйаатырдарын көрүүлэригэр дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээбит кэмнээхпин, онно Алампа хос сиэнэ саллааттар уонна мотуруостар иккис ийэлэрэ Мария Емельянова фарфортан оноhуллубут байааннаах ангелы бары кэскиллээҕи баҕаран туран бэлэхтээбитэ эмиэ туhугар эрдэттэн түстэммит курдук.
Билигин Саха Өрөспүүбүлүкэтин икки айар түмсүүтүгэр баарбын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин ырыа айааччыларын уонна байаныыстарын, аккордеонистарын, хормуоскаһыттарын түмсүүтүн чилиэнэбин.
– Алампа тугунан эйигин абылыырый? Киниэхэ майгынныыр өрүттэрдээххин дуо?
–Алампаны үөһэттэн анаан айыллан кэлбит киһи диэн көрөбүн. Кини айымньылара, олоххо көрүүтэ, көҥүл санаата ханнык баҕарар киһини абылыан, санаатын күүһүрдүөн сөп. Оннук күүстээх дьайыылаах. Мээнэҕэ таҥара буолбут киһи, киһи буолбут таҥара диэн ааттаабаттар. Суруйуулара ол курдук бар дьону толкуйдаталлар. Саха саҥалаах киэн туттар, сүгүрүйэр, ытыктыыр суруйааччыта.
Улуу киһини кытта тэҥнэспэт буоллаҕым, ол эрээри туохпут майгыннаһарын этэн көрүүм. Иккиэн дойдубут – Таатта. Айар куттаахпыт. Тапталы хоһуйабыт, тапталы билэбит.
– Тааттаттан тардыылааххын билэбин.
– Кииним түспүт сирэ дьоллоох Дьокуускай куорат буолар. Ийэм миигин 50 сааһыгар төрөппүтэ. Ыараханнык оҕолонор, саастаах даҕаны буолан, куоракка ыыппыттар. Ийэм кэлин куруук: «Өйдөөн кэбис, эн дьолгор Дуглас диэн хирург киһи баар буолан бааргын»,– диэн этэр буолара. Мин орто дойдуну көрөр дьолбор, Москваттан командировкаҕа аатырбыт-сураҕырбыт хирург кэлэ сылдьар кэмэ эбит. Онон төрөөбүт куоратым туһунан Николай Иванов тылларыгар «Дьокуускай» диэн ырыалаахпын. Ырыабын талааннаах ырыаһыт Тамара Попова репертуарыгар киллэрэн ыллыыр. Дьокуускай куоратым сыллата тупсар, кэҥиир, киһи көрөн үөрэр.
Оттон ойор күннээх оҕо сааһым, биллэн турар, талыы-талба Тааттабар ааспыта. Ийэм Мария Терентьевна Уус Тааттаттан төрүттээҕэ, сааһын тухары оскуолаҕа остуорастаабыта. Аҕам Иван Михайлович Туласынов Томпоттон төрүттээх, экэнэмиис-буҕаалтыр этэ. Бэйэм Ытык Күөл орто оскуолатын 1976 сыллаахха бүтэрбитим.
– Ырыа айааччы, баянист быһыытынан биллэҕин. Киһи оҕо сырыттаҕыттан хайдаҕа биллэр. Муусука оскуолатыгар үөрэммитиҥ дуо?
– Биэс-алта саастаахпар хормуосканы тутаат оонньообуппун дьонум сөҕө-махтайа кэпсииллэрэ. Оҕо сааһым, чахчыта, байаан алыптаах тыаһыгар уйдаран ааспыта. Бииргэ төрөөбүт убайым Егор Егорович Баишев байаанын тыаһыттан уһуктарым. Таатта үрэх үрдүгэр сайыҥҥы киэһэ байаан тыаһа дайа көтөрө. Биллиилээх мелодист, «Таатта үрэх үрдүгэр» ырыа ааптара Андрей Андреевич Андросов ыаллыы олороро. Убайбыныын Егордуун байаан көмүс тимэхтэринэн кэрэ дорҕооннору кылыгырата тыаһаталлара. Кэлин «Этюд» диэн байааны бэлэхтээбиттэригэр, үөрүүм муҥура суох этэ. Араас пластинканы, магнитофону, араадьыйаны истэрим. Хайдах кулгааҕым истэринэн, ис сүрэхпиттэн умсугуйан оонньоон көрөрүм. Төрөппүттэрим муусуканы сөбүлүүрүм, кигинэйэн ыллыы сылдьарым, байааны тохтообокко тыаһатарым иһин үһүс кылаастан муусука оскуолатыгар байаан кылааһыгар киллэрбиттэрэ. Саха биллиилээх композитора, музыковед, РСФСР уонна Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Федот Семенович Аргунов музграмотаҕа, музлитератураҕа, онтон хорга ыллыырга Дора Дмитриевна Манчурина, байааҥҥа Петр Алексеевич Иванов үөрэппиттэрэ. Учууталым Петр Алексеевич кыһаллан-такайан, Чурапчыга ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэ таһымнаах байаныыстар күрэхтэригэр кытыннаран, иккис истиэпэннээх лауреат аатын ылан үөрбүппүн умнубаппын. Байаныыс буолуубар учууталым Петр Алексеевич өҥөтө-сабыдыала элбэх. Учууталым туйаҕын хатаран байааҥҥа үчүгэйдик оонньуубун. Идэлээх үлэһит буолбуппуттан учууталым миигиннээҕэр үөрбүтэ. Онтон муусука курдук кэрэ эйгэтин сүрүн ирдэбилигэр үөрэппит учууталым Федот Аргунов аата 2001 с. Таататааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатыгар иҥэриллибитэ.
Үрдүкү кылаастарга РДК-ҕа ВИА-ҕа оонньуурбут, муусукаҕа дьоҕурдаах доҕорбут Саша Меккюсяров гитараҕа, Анатолий Бравин солистыыра уо.д.а. Убайбыт Карл Христофоров сүбэлиир-амалыыр буолара. Карл Иванович олоҕун эмиэ култуураҕа анаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, билигин Ытык Күөл аҕам саастаахтарын хорун, «Алгыс» балаҕаны салайар. Кэлин оскуола, киинэ аппаратуратын салааскаҕа соһон илдьэн Стройклубка Егор, Ростал Новгородовтар, Саша Меккюсяров, Петя Петров, Алексей Уваров уо.д.а. оонньообуппут. Стройклуб сэбиэдиссэйинэн Октябрина Михайлова үлэлиирэ. Комсомол мунньаҕар улахан дьон танцытыгар оонньуугут диэн мөҕүллэрбит. Аны Ростаал Новгородовтыын телевышкаҕа үлэлиир убайыгар доҕор буола барсарбыт, тиэхиньикэ сабыдыала өйбүтүгэр-санаабытыгар күүскэ дьайан, телемаастар буолар баҕа санаа күүскэ киирбитэ. Росталлыын оскуоланы бүтэрэн баран икки сыл үөрэммит оскуолабытыгар хачыгаардаабыппыт. Ол кэннэ тутуспутунан телемаастар идэтин баһылаары, Томскай куоракка үөрэнэ барбыппыт. Тиийбиппитигэр баҕалаах идэбитигэр икки эрэ уолу ылбыттара. Онон Вася Протопопов биһикки культпросвет училищеҕа туттарсарга быһаарыммыппыт. Эксээмэннэри этэҥҥэ туттаран, мин – оркестровай салааҕа, Вася хореографическайга үөрэнэ киирбиппит.
– Билигин, дьэ, Бүлүүнү иккис төрөөбүт дойду оҥостон олороҕун.
– 1981 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн, ыллыыр кырылас кумах кытыллардаах Бүлүү куоратыгар күтүөт уол буолан кэлбитим. Бастакы сылбар детдомҥа муусука уһуйааччытынан үлэлээбитим. Нуучча уһулуччулаах композитора, дирижер, пианист, педагог Дмитрий Кабалевскай ньыматыгар Дьокуускай, Москва уонна Свердловскай куораттарга элбэх куурустарга үөрэнэн, оскуолаҕа муусука учууталынан, 1984 сылтан сүүрбэ биэс сыл устата Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педучилищеҕа муусука преподавателинэн таһаарыылаахтык үлэлээбитим. Бүлүүгэ кэлиим үөhэттэн түстэммит эбит дии саныыбын. Кыра кылааска үөрэнэ сылдьан биир сайын оҕо сааhым доҕотторунуун Чөркөөх мусуойугар баар таҥара дьиэтигэр киирэн, үөhээ-аллараа сүүрэкэлии сырыттахпытына, аллараа этээстэн биир мааны сэбэрэлээх оҕонньор: «Нохолоор, бэттэх кэлиҥ эрэ, бу быаланан сытар куолакалы көмөлөөн үөhээ таhаарыах»,– диэбитин, биhиги хоп курдук сосуhан-сысыhан таhаарбыппыт. Кэлин күтүөттүү кэлэн баран билбитим, Бүлүү былыргы таҥаратын дьиэтин куолакала эбит. Онтубун ол сысыһан таһаарсыбыппын. Кэрэ сэбэрэлээх оҕонньорбут Суорун Омоллоон эбит этэ.
–Ырыаны хаһааҥҥыттан айаҕын?
– Томскай куоракка үөрэнэ сылдьан бастакы ырыабын айбытым. Бу куоракка эдэр сааһым чаҕылхай кэмнэрэ ааспыттара, манна хоһооҥҥо, ырыаҕа дьоҕурум аһыллыбыта, бастакы «Таптаатым музыка тойугун» ырыам күн сирин көрбүтэ. Бу ырыа айыллар төрүөтүнэн тапталым Лена Иванова буолбута. Бүлүү кыраһыабай кыыһа иэйиим кыымын, айар куппун уһугуннарбыта.
– Ити курдук олоҕуҥ ырыа аргыстаах, байаан тутуурдаах салаллан кэллэҕэ...
– Кырдьыга, олоҕум ырыаны, муусуканы, байааны кытта быстыспат ситимнээх. Үрдүк Айыыларым оҕо эрдэхтэн байаан тыаһынан уһугуннаран, олоҕум суолун оҥорон биэрбиттэр. Оҕо, ыччат, орто, билиҥҥи сааһым барыта ити эйгэҕэ ааста. Сирдээҕи тапталбын эмиэ иэйии, муусука билиһиннэрбитэ. Бастакы «Таптал вальса» ырыам хомуурунньугум 1993 сыллаахха Өрөспүүбүлүкэтээҕи норуот айымньытын дьиэтин сүрүн исписэлииһэ, ырыа айааччылар ассоциацияларын салайааччыта Анатолий Николаевич Семенов көҕүлээһининэн «Ситим» издательство нөҥүө тахсыбыта. Онтон 1999 сыллаахха Бүлүү куорат 365 үбүлүөйдээх сылыгар анаммыт «Дьиэрэй, Бүлүүм ырыата», 2009 сыллаахха «Таптаатым музыка тойугун» хомуурунньуктарым бэчээттэммиттэрэ. Айар түһүлгэбин Бүлүүгэ, Сунтаарга, икки төгүл Дьокуускайга тэрийбитим. «Таптаатым музыка тойугун» бастакы ырыабын Саарын, Терентий Егоров ыллыыллар. «Бүлүү тыына, салгына» ырыабын Иоган Матвеев ыллыыр. Бу ырыанан Иоган ырыа күрэҕин кыайбыта. Ону таһынан Егоровтар иитиллээччилэрэ "Хаар түһэр үҥкүүтэ" ырыабынан Гран При буолбуттара, Таатта оҕо ускуустубатын үөрэнээччилэрэ ырыаны оркестрга, байааҥҥа оонньоон, сүүс оҕо үҥкүүлээн турар. «Төрөөбүт күн» бэйэм тылларбар, матыыппар, «Кубалар» Николай Гоголев тылларыгар ырыабын араадьыйаҕа истиэххэ, үтүүбкэ көрүөххэ сөп. Ону таһынан СКИХ пуондатыгар ырыаларым хараллаллар. Аккомпаниатор быһыытынан Мэҥэ Хаҥаласка сыллата ыытыллар Аркадий Алексеев «Сүрэхтэр кэпсэтэр кэмнэрэ» өрөспүүбүлүкэтээҕи ырыа күрэҕэр икки төгүл – 2021 с., 2022 с.– «Бастыҥ аккомпаниатор» ааты ылары ситиспитим.
– Ырыа туохтан үөскүүрүй? Ырыа күүһэ туохханый?
– Ырыа үөскүүр күүстээх тапталтан эбэтэр нарын иэйииттэн, айылҕа күүстээх сабыдыалыттан, үлүскэн үөрүү-дьол тосхойуутуттан. Ырыа – дууһа иэйиитэ. Кини киһини абылыыр сүдү күүстээх. Киһи туругун быһаарар, киһи иэйиитинэн айыллар кэрэ айыллыы буолар. Үчүгэй ырыа киһи санаатын көтөҕөр, сааһылыыр, үтүөҕэ-кэрэҕэ сирдиир, олоҕу тэтимирдэр. Ырыа күүһэ итиннэ сытар.
Талан ылбыт идэбин олус сөбүлүүбүн, сөпкө талбыппын диэн испэр үөрэбин. Үлэм ситиһиитинэн айбыт ырыаларым, алыптаах музыкам буолар.
Ырыа тыла киһи ис туругуттан, онтон матыып хоһоон ис туругуттан, тугу ойуулаан кэпсиириттэн айыллаллар. Ырыа тыла уонна матыыба дьүөрэлии, дьүөгэлии буолуохтаахтар.
– Төрөөбүт дойдуҥ ийэҥ кэриэтэ күндү буолар. Дойду ахтылҕана хайдах киирэрий?
– Чахчыта төрөөбүт дойдуҥ төрөппүтүҥ кэриэтэ күндү. Сааһыран истэҕиҥ аайы оҕо сааһыҥ ааспыт түөлбэтин, үөскээбит дьиэҕин-уоккун, сүүрбүт-көппүт кырдалларгын уонна доҕотторгун ахтарыҥ күннэтэ күүһүрэр. Түүлбэр куруук оҕо сааһым ааспыт дьиэм тэлгэһэтэ, күөх хонуута көстөн ааһар. Оннук күүстээх ахтылҕан киһини кууһар. Дойдум Таатта туhунан биир нарын ырыалаахпын, ол ырыабын Уус Тааттаҕа Ойуунускай 100 сылыгар аналлаах ырыа күрэҕэр метеорунан Алдан өрүһүнэн устан иhэн экспромтом айбытым. Күрэххэ лауреаттарынан Клавдия уонна Герман Хатылаевтар буолбуттара. Мин иккистээбитим.
Таптыыр, ахтар Тааттабын кытта сибээспин быспаппын. Дьонун-сэргэтин кытта билсэ-кэпсэтэ олоробун.
– Сөбүлүүр ырыаһыттарыҥ?
– Ырыа барыта кэриэтэ үчүгэй. Ол эрээри киһи ылынар ырыалаах, ырыаһыттардаах буолар. Саха ырыатын классига Марина Попованы, күүстээх куоластаах Раиса Захарова, нарын ырыалардаах Валерий Ноевы сүрэхпинэн, дууһабынан таттаран туран ылынабын.
– Урукку уонна билиҥҥи кэм ырыалара туох уратылаахтарый?
– Урукку кэм ырыалара бэйэтин кэмигэр үрдүк көрүүлэри, сөптөөх ирдэбиллэри, худсовет сыанабылларын ааһаллара. Билиҥҥи ырыалар, хоһооннор көҥүл соҕус буолан, оннук ирдэбиллэри ааспаттар. Төһөнү, тугу баҕарар айар-тутар, ыллыыр, киэҥ эйгэҕэ тарҕатар көҥүл. Ол иһин ис туруга, ис хоһооно суох ырыалар тахсаллара элбээтэ.
– Ырыа – олох аргыһа диэн мээнэҕэ этиллибэтэ буолуо. Ол аата доруобуйаҕа, оҕо иитиитигэр туһата тугуй?
– Этэн аһарбытым курдук, ырыа санааны көтөҕөр, күүһүрдэр, өйдүүр, өйгө тутар дьоҕуру сайыннарар, сөптөөхтүк тыынарга үөрэтэр. Тэтимнээх ырыаҕа сэрээккэ оҥорон, эккин-хааҥҥын чэбдигирдиэххин сөп. Педучилищеҕа үлэлиир кэммэр 1-4 кылаас оҕолоругар, учууталларга, эбии үөрэхтээhин педагогтарыгар анаан муусука босуобуйатын, барыта алта диискэттэн турары таhаарбытым. Оскуолалар билигин да туhаналлар.
– Ыам ыйыгар сыллата Ырыа күнэ ыытыллар. Ол туһунан санааҥ.
– Ырыа күнэ олохтоммута хас биирдиибитигэр туһааннаах. Этэргэ дылы, ырыа – олохпут аргыһа буоллаҕа. Алексей Калининскай-Луҥха Өлөксөй уонна ырыа айааччыларын холбоhуга бу бырааһынньыгы Бырабыытылыстыба таhымыгар туруорсан олоххо киллэрбиттэрэ олус кэрэхсэбиллээх, хайҕаллаах. Бу анал күнү Бүлүү куората, улууhа киэҥ далааhыннаахтык ыытабыт, тэрийэбит. Киин болуоссаппытыгар күргүөмүнэн ырыалар, вокальнай ансаамбыллар, биирдиилээн ырыаhыттар мустан, ырыа долгунугар куустарабыт, иэйиилээхтик ыллыыбыт.
– Билигин Бүлүүтээҕи Надежда Ылахова аатынан «Алгыс» норуот култууратын киинигэр үлэлииргин билэбин.
– Бу кииҥҥэ 1993 сылтан үлэлиибин. Бүлүүтээҕи хаһаахтар хордарын, «Иэйии», «Казачий круг», «Step» ырыа бөлөхтөрүн салайабын. Үлэлиир баҕа, былаан элбэх. Муусука тыаһыырын тухары айа-тута туруом турдаҕа.
– Иван Иванович, дьиэ кэргэҥҥин ааҕааччыларга сырдат эрэ.
– Биһиги дьиэ кэргэн биир уоллаахпыт. Уолбут Николай Бүлүүтээҕи Саханефтегазсбыт филиалын салайааччыта. Эбэ-эһэ дьолун биллэрбит икки кыыс, икки уол сиэннэрдээхпит. Олоҕум аргыһа, саамай чугас киһим, таптыыр доҕорум Елена Николаевна Иванова-Туласынова олоҕун оҕо иитиитигэр анаан кэллэ. Томскайдааҕы Герцен аатынан пединститут омук тылын факультетын бүтэриэҕиттэн Бүлүү 3-с нүөмэрдээх орто оскуолатыгар омук тылын учууталынан үлэлээбитэ. Билигин төһө даҕаны бочуоттаах сынньалаҥар олордор, үлэбэр уҥа илиим, кинитэ суох биир да ситиһии ситиһиллибэт, үлэм үлэлэммэт.
– Иван Иванович, норуот таптыыр ырыа айааччыта, байаан тыаһатааччыта буолан, маннык үрдүк сыанабыл эйиэхэ кэлбитэ сөптөөх уонна хайҕаллаах. Инникитин да нарын ырыалары айаҥҥын, норуоту үөрдэ, абылыы тур!
(Куар-код көмөтүнэн Иван Туласынов үтүүпкэ киирбит ырыаларын истиэххэ сөп)