16.07.2020 | 16:24

Иван СТЕПАНОВ: “Искусство дьонугар ураты харыстабыллаах сыһыан наада”

Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

От ыйын 14 күнүгэр саха искусствотын чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, П.А. Ойуунскай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, Арассыыйа норуодунай артыыһа, норуокка “Саха Шаляпина”, “Кыһыл көмүс бас куолаһа” диэн сүрэхтэммит, бары таптыыр уонна ытыктыыр тыыннаах легендабыт Иван Прокопьевич Степанов 75 сааһын туолла.

Иван Прокопьевичтыын дьиэтигэр атах тэпсэн олорон кэпсэттибит. Дьиэ иһинэн-таһынан оҕото-уруута, сиэннэрэ бары түмсүбүттэр. Иван Прокопьевич  ис дууһатыттан аһыллан сэһэргэстэ, оҕо сааһын, уолун санаан уйадыйан да ылла.

– Ийэм этэринэн, 1945 сыллаахха от ыйын 14 күнүгэр Майаҕа 5 киилэ ыйааһыннаах уол сарсыарда 4 чааһы 14 мүнүүтэ ааһыыта төрөөбүппүн. Ону сыыппаралары суоттуур дьон туох эрэ суолталаах диэн тойоннуур буолаллар эбит... Ийэм ол кэннэ оҕоломмотох, онон дьоммор суос-соҕотох күҥҥэ көрдөрбүт уоллара буолабын.

Миэхэ ханыы буоллун диэн, 10 оҕолоох дьонтон кыыс оҕону иитэ ылбыттар. Балтым Светлана Прокопьевна Нөмүгүгэ олохсуйан олорор. Оҕолоро, сиэннэрэ элбэх. Игирэ сиэннэрэ мин төрөөбүт күммэр төрөөбүт дьиктилээхтэр, уоллаах кыыс 16-ларын туоллулар.

Бурдук ыла киирэн баран кэргэн ылбыт

Ийэм Варвара Яковлевна Захарова диэн этэ. Аҕам Прокопий Васильевич Степанов дойдута – Наахара Тиэлиги. Эрдэ аҕата суох тулаайах хаалбыт киһи. Аҕам Майа Харатыттан ыҥыырдаах аты мэҥэстэн киирэн бурдук атыылаһар эбит. Наахараҕа сэлиэһинэй уруккуттан үүммэт. Ол киирэ сылдьан ийэбин уруккуттан бэлиэтии көрөр эбит.

Аҕам биирдэ бурдук ыла киирэн баран, урут бэлиэтии көрбүт кыыһын, Манчаары Баһылай Кэтириинэтин күрэппитин курдук, кимтэн да көҥүл ылбакка, мэҥэстэн илдьэ барбыт. Аҕам 27-лээх, ийэм 20-лээх кыыс.

Ийэм тулаайах хаалан, аймахтарыгар чаҕар оҕо быһыытынан сыстан сылдьыбыт киһи буолан, туспа олох оҥостоору тута сөбүлэҥин биэрэн барсар. Оннук 1944 сыллаахха ыал буолбуттар. Онтон мин Кыайыы сылыгар төрөөбүппүн.

– Аҕаҥ фроҥҥа ыҥырыллыбатах эбит дуо?

– Суох, сэриигэ ыҥырыллыбатах. Уҥуох сэллигэ буола сылдьыбыт буолан, уҥа илиитэ хамсаабат этэ. Майаҕа киирэн хаста да тыллана сатаабытын ылбатахтар. “Сэриигэ барбытым буоллар, дьон тэҥинэн тугу эмэни оҥорбут буолуом этэ”, – диирэ. Наахараттан иккитэ киирэ сылдьыбыт.

Онно Майаҕа хомуурга Герой Федор Попову көрбүтүн ахтааччы. Күнү быһа уочаракка тураллар, уолаттар оонньууллар эбит. Аҕам кэпсииринэн, Федор Попов сис туттан баран биир сиргэ туран эрэ үс мастаах күрүөнү үрдүнэн ойон кэбиһэрэ үһү. Иннинэн ойон баран, кэннинэн эмиэ ойор эбит. Оннук эт-хаан өттүнэн уһулуччу кыахтаах киһи буолан, Днепри харбаан туораатаҕа диэччи.

Өтөххө улааппыт оҕобун

– Олох боростуой, үөрэҕэ суох дьон оҕолоробун. Оҕо сааһым сайылык өтөхтөрүгэр ааспыта. Аҕам оскуола паартатыгар мүнүүтэ да олорботох, ийэм 4 кылаас үөрэхтээх буолан, Наахараҕа суотчуттуу эҥин сылдьыбыт. Кэлин наар ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Аҕам кадровай булчут, оройуон хас да төгүллээх чемпиона этэ. Онон сыл аайы атынтан атын өтөххө көһөр этибит. Ынах сааҕыттан тахсыбыт, киһи буолбут киһибин диэн кыбыстыбакка кэпсиибин.

Кими батан, кими удьуордаан маннык мааны куолас бэриллибитий?

– Ийэм да, аҕам да кыралаан ыллыыллар этэ. Маннык улахан опернай куоластаах киһи баарын билбэппин. Ийэм аҕата Бабыйах Дьаакып 42 саастааҕар сэриигэ барбыт уонна сураҕа суох сүппүт. 4 оҕону хаалларбыт. Мин ийэм улаханнара.

Бурдук үүнэр сирин кыыһа диэн Бөтүрүөптэр кыыстарын Хараттан сүгүннэрбит. Быйылгы Кыайыы сылыгар кинилэри ахтан ааһарым хайаан да наада эбит.

Ийэм аҕата бэйэтэ Чыамайыкыттан төрүттээх эбит, бурдук төрүт үүммэт сирэ. Онно аймахтарым Захаровтар уонна Романовтар бааллар. Түгэх сытар сир, бэл, ырааҕа, суола-ииһэ суоҕа бэрдиттэн сэбиэскэй былаас хаһан да кэлбэтэх сирэ диэн билигин күлэбит. Чыамайыкылар кинигэҕэ суруйалларынан, Захаровтарга олоҥхоһут киһи үөскүү сылдьыбыт. Ону удьуордаабыт буолуон сөп диэн миигин күтүрүүллэр эбит.

Ол эһэм сэрии толоонугар сураҕа суох сүппүт.

Көрдөөбөтөххүт, ирдэспэтэххит дуо?

– Мин толкуйдуурбунан Ильмень күөлгэ тимирбит буолуон сөп. Уолум Айаал эһэтин ирдэспитэ, сурук кэлбит этэ. Чурапчыттан сборданан барбыт. Пулеметчигынан сылдьыбыт эбит. Онно кыахтаах дьону ылаллара.

Ырыаһыт буолар өйбөр да суоҕа

Художественнай училищеҕа үөрэммит эбиккин дии. Ырыаһыт буолар былааныҥ суох этэ буоллаҕа...

– 7 кылааһы Лоомтукаҕа үөрэнэн бүтэрбитим. Оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуур этим. Виктор Афанасьевич Саввин диэн драматическай артыыс баара, ол бииргэ төрөөбүт быраатыгар уруһуйга үөрэммитим. Киһини өйдүүр буолуохпуттан, ону-маны уруһуйдуу сылдьар этим.

Ырыаһыт буолар туһунан толкуйдаабатаҕым даҕаны. Таайым “куоракка худуоһунньук үөрэҕэ баар” диэн өй укпута. Дьиҥэ, 8 кылааһы бүтэриэхтээх этим, онтон холкуоска үлэлиэхтээҕим...

Ону бэрэссэдээтэл Михаил Дмитриевич Петров диэн киһи көҥүл суруйан, туруу үлэһит дьоммут соҕотох уоллара хайаан да үөрэҕи баһылыахтаах диэн үөрэххэ быһа ыытан кэбиспитэ.

Художественнай училищеҕа биэс сыл үөрэммитим.

1962 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэбин. Татьяна Георгиевнаны көрсөн ыал буолабын, Айаалбыт төрүүр. Үс уоллаах этибит – Айаалбыт, Пронябыт уонна Ньургуммут.

Айаал Степанов диэн тыа хаһаайыстыбатын наукатын доктора буолбут уолу билэргит буолуо, былырыын наһаа хомолтолоохтук сүтэрдибит (Иван Прокопьевич хараҕын уута ыгыллан тахсыбытын маҥан платогунан соттон кэбиһэр. Ону көрөн бэйэм да уйадыйабын. Айаал Степанов диэн сахаҕа тарбахха баттанар чаҕылхай уопсастыбаннай деятель, мындыр өйдөөх салайааччы, өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар ураты кылааты киллэрбит киһи буоларын үгүспүт билэр. Кини соһуччу суох буолбута,  саха норуотугар чахчы ыар сүтүк буолбута – ааптар).

9 сааспыттан Хаатылымаҕа оҕус сиэппитим. Биэс сайын атынан от мустарбытым. Алта сайын тыраахтар охсоругар прицепка үлэлээбитим. Комбайнер көмөлөһөөччүтүнэн сылдьыбытым.

Бииргэ үлэлээбит аллар атаһым, эт саастыылааҕым Климент Николаевич Ксенофонтов дойдутугар олорор. Кини кэргэнэ Полина – бары бииргэ үөскээбиппит. Күн бүгүҥҥэ диэри наар көмөлөсүһэн, табаарыстаһан сылдьабыт.

Оннук хара үлэҕэ сылдьан ырыаһыт буолуом диэн баҕа санаа да үөскээбэт буоллаҕа.

Үйэ аҥаара театрга үлэлээтибит

– Музыкальнай драмтеатрга толорооччу худуоһунньук быһыытынан үлэлээн иһэммин, Анна Ивановна Егорова этиитинэн, Ураллааҕы консерваторияҕа туттарса барбытым. Манна 3 тууру туораабытым, онтон Свердловскайга баран туттарсан киирбитим. Аҕам: “Ол консерватория диэн үрдүк үөрэх буоллаҕына бар”, – диэбитэ. Дьиҥэ, кини миигин илдьэ сылдьан булчут оҥоруон баҕарбыта, ону ийэм оҕоҕун үөрэхтэн матарыма диэн сүгүннээбэтэх эбит.

Оччолорго Свердловскайга Обком сэкирэтээринэн Борис Николаевич Ельцин үлэлии олороро. Наһаа элбэх үөрэх кыһата баара. Биһиэхэ сахалартан консерваторияны аатырбыт Анастасия Петровна Лыткина, Надежда Семеновна Шепелева (Суорун Омоллоон кэргэнэ), Эдьиий Марыына, о.д.а. бүтэрбиттэрэ. Итинник улуу дьон кэннилэриттэн мин баран үөрэммитим.

Свердловскайга биир кэмҥэ үөрэммит табаарыстарым Саха сиригэр кэлэн бары улахан дьон буолбуттара.

Бүтэрэн кэлээппин кытта үлэҕэ ылбыттара. Күн бүгүнүгэр диэри театрбар үлэлии сылдьабын. 2017 сыллаахха диэри Ньургун Боотуру ыллаабытым.

Бастаан 1972 сыллаахха худуоһунньугунан киирбитим. Ол сылдьан 6 сыл консерваторияҕа үөрэнэн кэлбитим.

Кэргэмминиин  Опера уонна балет театрыгар үлэлээн кэллибит. Кэргэним Татьяна Георгиевна – худуоһунньук, А.П. Мунхалов үөрэнээччитэ. Үс уолу төрөтөн, бииргэ олорбуппут 56 сыл буолбут, докумуоҥҥа киирэринэн 55 сыл эбит дии!

Дойдубар 4 ферма үлэһитин барытын  ыҥыран уруу тэрийбиппитин бу баардыы өйдөөн кэллим. Ити сылабаарга (ытык долбуурга турар алтан сылабаары ыйан көрдөрөр) аҕам испиири уулаан куппута, итинтэн кутта-кутта ыалдьыттар көрү-нары көҕүлүттэн туппуттара.

Айылҕабар махтанабын

– Опера ырыаһыта уустук үөрэҕи ааһар, наһаа өр үөрэнэр. Холобур, аатырбыт Анегина Ильина бастаан манна Костин диэн киһиэхэ училищеҕа, онтон консерваторияҕа, салгыы аспирантураҕа үөрэммитэ. Ырыаһыттар наһаа өр уһуйуллаллар, мин алта эрэ сыл үөрэммитим. Куолаһым аппарата билигин да үчүгэй, 75 сааспар диэри ыллыы сылдьабын.

Бииргэ үөрэммит оҕолорум бары анал үөрэхтээхтэр этэ. Мин эрэ худуоһунньук үөрэхтээхпин.

Училищеҕа да, консерваторияҕа да үөрэнэ сылдьан дьоммуттан, дойдубуттан, сиртэн-буортан хаһан да тэйбэтэх киһибин. Оҕолорум эһэлээх эбэлэригэр сайылыктарынан сылдьыбыттара. Айааллаах Ньургун мин дьоммор, Проня кэргэним дьонугар Намҥа улааппыттара.

Бэйэм 4 сааспыттан сайылыктарынан улааппыт киһи буоламмын, айылҕалыын алтыспыт оҕо сааспын күндүтүк саныыбын. Наар үрдүккэ ыттан тахсар оҕо этим. Өһөттүгэн Бүргэһэ диэн сиргэ олоро сылдьыбыппыт, улахан хотон туппуттарыгар онно кыстаабыппыт. Сайын мэччирэҥнээх сиргэ Өһөттүгэҥҥэ бэйэтигэр киирэн сайылыырбыт. Онтон күһүн Өһөттүгэн Арыылааҕар тахсарбыт. Быыкаайык дьиэҕэ элбэх баҕайы буолан, сиидэс таҥаһынан быыс оҥостон олорор этибит...

Онтон Улуу Тоҕойго кэлэн олорбуппут. Ханна ыанньык сүөһү баар да, онно көһө сылдьабыт. Мин онно бурдук малатыылкатын көрөөрү, үлүһүйэн атахпын үлүтэн кэбиспиппин өйдүүбүн. “Тал-тал-тал” тыаһыырын кэтиибин, онтон кыһыны быһа атаҕым уллуҥаҕын аҕынахтаан, маастаан, дьонум ол айдаана буолбуттара.

Улуу Тоҕой Күөрэтэ диэн сиргэ сайылаабыппыт. Улахан да улахан чугуун сэппэрээтэри дьахталлар эрийэллэрэ. Туох да олох реактивнай сөмөлүөт курдук тыастааҕа. Ону эрийэ туран ытыга көтөн тахсан оҕону төбөҕө охсор диэн куттууллара, ол иһин сэппэрээтэрдээтэхтэринэ наара орон анныгар киирэн саһар этим. “Күүр-күр-күүр-күр” тыаһыырын өйдүүбүн.

Онтон дьэ сэттэбин туолбутум кэннэ ийэм акка мэҥэһиннэрэн Майа оскуолатыгар киллэрбитэ. Нулевой кылааска киирбитим. Туох да бэлэмэ суох киһи.

Тыла суох оҕо этим

– Мин 5 сааспар диэри саҥарбатах оҕобун, “тыла суох” диэн ааттанан сылдьыбыппын. Билигин аатырбыт сүүрүк Татьяна Жиркова бастакы тренерэ, Наахара киһитэ Анатолий Никитич Осипов кэлин кэпсиир ээ: улахан уолаттар күөлгэ күөҕүнэн мундулууллар эбит, ону тыла суох, халадаай ырбаахылаах 3-тээх уол тута батыһа сылдьар үһүбүн. Аччыгым бэрт буолуо, балык хаптаҕын аайы “Бах-бах-бах” дии-дии, күстэҕи сиир курдук утары тиниктээн сиэн иһэр үһүбүн.

– Куоласкын, күөмэйгин хайдах көрүнэҕин?

– Хайдах да көрүммэппин, харыстаммаппын. Айылҕа биэрбитинэн сылдьабын.

Арай эһэ үөһүн хаҕын эминньэх оҥостон улааппыт оҕобун. Сүтэрдэхпинэ улахан айдаан түһэрэр үһүбүн, ол иһин ол эһэ үөһүн хаҕын иҥиир сабынан түөспэр иилэн кэбиһэллэр эбит. Аһыы да аһыы буоллаҕа. Баҕар, онтон күөмэйим үчүгэй буолбута буолуо дуу...

Куолас, куолай аппаратым үчүгэйэ аҕам үтүөтүнэн диибин. Иҥэмтиэлээх натуральнай аһынан аһатан улаатыннардахтара дии.

Чугдаарар чуораан арыаллаах

– Өтөх оҕотобун диэтим. Ол эрэн ити кэпсиир чөчүөккэлэрин кытта хаһан да оонньооботоҕум, харахтаан көрбөтөҕүм. Оҕо сылдьан наар онно-манна үрдүккэ хатаастар идэлээх этим. Биирдэ киһи уҥуоҕун ампаарыгар ыттан тахсан оонньуу олордохпуна, бүтэй ампаар иһиттэн ып-ыраас чугдаарар тыастаах чуораан тыаһаабыта. Этим барыта арылла түспүтэ. Куттанан куоттум, эбэбэр Бороскуобуйаҕа сүүрэн тиийэн кэпсээтим. Аны итиннэ оонньообот буол диэбиттэрэ.

Музыкальнай чуораан тыаһын аан бастаан онно истибитим. Кэлин истибитим, онно ойуун уҥуоҕа баар үһү.

Ол чуорааным билигин да арыаллыы сылдьар дии саныыбын. Баһаам элбэх чуорааны коллекциялаатым. Мунньарбын билэн кэһиилэнэллэр. Аҕам чуорааннара кытта бааллар. Ахсаанын аахпаппын.

Оҕо сырыттахпына Хаатылымаҕа киһи кыайан кууспат модьу тииттэрэ үүнэллэр этэ. Дьиҥэ, Хаатылыма бэс чагда дойду. Ол тииттэргэ ыттабын. Тиит оройугар тиийэ хатаастабын. Дьиэбэр ыам ыйыттан кырыыһаҕа утуйабын, муосталаан хайаан, уруок аахтар услуобуйа оҥостобун. Экспедициялар вышкаларыгар ойоҕоһунан ыттабын, ортоку кирилиэһинэн буолбакка, муннугунан эрэ. Кэнники ол вышкалары суулларбыттар этэ. Кыра эрдэхпиттэн үрдүккэ талаһар, үөһэ сылдьарбын сөбүлүүр оҕо этим.

Биир сайын мунньар массыынаҕа улахан уолга бааралаатылар. Биирдэ аттарбытын сүтэрэн Куула диэн сиргэ тиийдибит. Сынньанаары тиэрэ түһэн, сиргэ кэтэх тардыстан сытабыт. Уҥуохтаах отону тарбахпытынан тарыйан, баһан таһаара-таһаара сии сыттыбыт. Арай халлаанынан оҕолор аастылар. Күлсүү-салсыы, көр бөҕөлөрө. Саҥалара өрө оргуйан олорор. Иккиэн иһиттибит. Улахан киһи саҥата суох. Хаатылыма Куулатын диэки кэлэн аастылар. Үйэбэр биирдэ итинник дьиктини истэн турабын.

Бу кырдьан олорон дойдубун ахтарым күүһүрдэ, олох күн аайы саныыбын.

Үйэбэр биир куонкуруска кыттыбытым

Элбэх куонкурустарга, улахан сыаналарга тахсыбыт киһи буоллаҕыҥ...

– Суох. Үйэбэр биирдэ Ф.Шаляпин куонкуруһугар кыттыбытым. Манна аһара хайҕаабыттарыгар, бэйэбин бэрэбиэркэлэнэн көрөөрү кыттыбытым. Кыайбытым, нуучча бастарын уҥа-хаҥас быраҕаттаабытым (күлэр).

Ол куонкуруска кучуйбут, тэрийбит киһим Валерий Филиппович Шадрин этэ. Кини миэхэ 13 сыл продюсердаабыта. Үйэм тухары концертмейстерым, музыканым – Марк Маркович Слепцов. Кини өлөн арахсыахпытыгар диэри бииргэ сылдьыбыппыт. Борис Годунову үөрэтэн аан бастаан Шаляпин куонкуруһугар, Мусоргскай аатынан Малай театрга ыллаабытым. Онтон Валерий Филиппович кэпсэтэн, Новосибирскайга аҕалбыта. Новосибирскай театрын космодром диэн ааттыыбыт, Большой театрдааҕар улахан театр, онно ыллаабытым.

Годунову ол эрэ кэннэ манна ыллаабытым. Андрей Саввич Борисовы кытта кэпсэтэн, туруор диэн көрдөһөн. Кини бэйэтин көрүүтэ киһиттэн ураты буолар. Традиционнай туруорууттан олох атыннык барбыта. Хайдах баарбынан тахсан ыллаабытым, “Якутский Борис Годунов” диэн.

Саамай таптыыр айымньым, ырыам диэн араараҕын дуо?

– Суох-суох. Ырыаһыт ырыатын барытын бэйэтин сүрэҕинэн, быарынан киллэрэн аһарар. Уонна улуу дьон айымньыларын толороҕун, ол иһин барыта дириҥ ис хоһоонноох. Көннөрү “Саас буолла” диэбэттэр, “ыҥыыр атынан айаннаан иһэн, күннүк сиртэн көстөр хайаларга күн сардаҥата сандаарда” диэбит курдук барытын баай тылынан этэллэр. Билиҥҥи оҕолор бэйэлэрэ ырыа суруйан баран толороллор дии, онно дириҥ суолталаах ырыа суоҕун кэриэтэ, үксэ “Мин ахтабын, эн ахтаҕын” буолан хаалаахтыыр...

Аны туран Грант Григорян, Марк Жирков курдук улуу композитордар айымньыларын үөрэтэҕин. Онон Уйбаан айаҕын атта да ыллыыр буолбатах диибин. Барыта элбэх үлэттэн, сыраттан тахсар. Уонча компакт-диискэлээхпин.

Ырыаһыт эрэ операны мээнэ ыллаабат. Биһиги дипломмутугар “опера ырыаһыта” уонна “камернай кэнсиэр ырыаһыта” диэн икки идэ сурулла сылдьар. 75 сааһыгар диэри операны ыллаабыт атын омуктарга дьиҥэ суох. Миигин театртан усталлара сыыһа буолара буолуо диэн бэйэм санаалаахпын.

Сорох ырыаһыт эрдэ уурайар. Мин билигин куолаһым аппарата эргэрэрин эҥин билэ иликпин. Көрүммэппин, бэриммэппин, айылҕабар махтанабын. Кондиционертан эҥин сэрэммэппин. Утуйар хоспор Айаал кондиционер туруорбута, ол анныгар утуйан турабын.

Театрга ураты сыһыан наада

– Билигин классическай толорууга эдэрдэр төһө кэлэллэрий?

– Саамай үчүгэй боппуруос бу. Биһиги театрбытыгар сүнньүнэн Ураллааҕы консерваторияны бүтэрбит дьон. Ведущай ырыаһыттар бары – Свердловскайдарбыт. Олох үчүгэй, баай куоластаах оҕолор бааллар, элбэхтэр. Үлэлиэххэ эрэ наада.

Театрга үчүгэй дириэктэр, култуура салаатыгар үчүгэй миниистир, өйдүүр уонна өйүүр бэрэсидьиэн наада. Элбэх дириэктэри, араас миниистири кытта үлэлээн кэлбит киһибин. Биһиги көлүөнэ театр атаҕар турарыгар, үүнэригэр-сайдарыгар олохпутун анаатыбыт. Биһиги кэлиэхпит иннинэ үксэ кэлии нууччалар үлэлииллэр этэ – балет буоллун, хор буоллун. Билигин барыта саха оҕолоро – оркестр бэйэ оҕолоро, Музыка Үрдүкү оскуолатыттан аан дойду таһымнаах музыканнар кэлэллэр; хорга эдэр оҕолор, бэйэбит киэннэрэ; балекка эмиэ – Посельскаялар хореографическай училищеларын оҕолоро. Бу күннэргэ хаарыан эдэр уолбутун сүтэрдибит, киһи кыһыйар...

Биһиги театрбытыгар хас биирдии музыкант, хор ырыаһыта, балет үҥкүүһүтэ, опера ырыаһыта көмүс, алмаас суолталаах буолбатах, оҥоһуллубут, чочуллубут, ураннык кырыыламмыт бриллиаҥҥа тэҥнээх дьон үлэлииллэр. Кинилэри харыстыахха наада. Култуура миниистирэ, Бырабыыталыстыба, Ил Дархан, Ил Түмэн харыстыахтарын наада.

Биһиги урут национальнай статустаах театр этибит, ону устубуттара. Көннөрү Саха оператын уонна балетын театра буоллубут. Суорун Омоллоон да аатын ааттыыллара ахсааннаах буолаары гынна. Мин элбэх салайааччыны кыта үлэлээбитим, тэҥниир кыахтаахпын дии саныыбын. Билиҥҥи курдук сыһыан театрга урут суоҕа. Онтон наһаа хоргутабын, хомойобун, кырдьаҕас кадр быһыытынан хараастабын. Хаһан да бэйэбин бэрпин диэбэппин. Театр бүгүҥҥүтэ баар буоларын туһугар улуу дьон үлэлээн ааспыттара. Ону сыаналыахха, кыһаллыахха баар этэ.

Биирдэ эмэ эдэрдэр хампаанньаларыгар мустууга “Туох үлүгэрдээх куоластааххыный?” диэччилэр. Оччоҕо: “Хаатылыматтан хадаар хааннаах, Лоомтукаттан лоҥкунуур куоластаах, Тыыллыматтан тыыллаҥныыр уохтаах, Мэҥэ Хаҥалас мэҥэ халлааныттан соҕотохтуу окко түспүт Уйбаан Ыстапаанап диэммин! Ону билбэккэ ханна сылдьыбыт киһигиний?” – диэн дьээбэлээччибин.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....