28.07.2022 | 10:00

Иван Сивцев: Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин тулуурдаахтар, дьулуурдаахтар эрэ тулуйаллар

«Киин куорат» хаһыат бүгүҥҥү ыалдьыта – Дьокуускай куорат «Баҕарах» сүөһү иитэр хаһаайыстыбатын салайааччыта Иван Константинович Сивцев.
Иван Сивцев:  Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин тулуурдаахтар, дьулуурдаахтар эрэ тулуйаллар
Ааптар: Наталья Руфова
Бөлөххө киир

Биллэрин курдук, хаһаайыстыба урукку Хатас сопхуоһун базатыгар тэриллэн үлэлиир. 2020 сыллаахха манна соҕурууттан 100 устуука холмогуор боруода ынах кэлбитэ. Бүгүҥҥү туругунан хаһаайыстыба 800-чэкэ сүөһүлээх, онтон ыанар ынаҕа – 330 төбө. Бу күннэргэ баҕарахтар үс биригээдэнэн окко киирээри бэлэмнэнэ сылдьаллар. Хаһаайыстыба үрүҥ илгэни үрүлүтэрин, оту, сиилэһи бэлэмнээһини таһынан, оҕуруот аһын үүннэрии, комбикорм, патока курдук сүөһү эбии аһылыгын  оҥоруу саҥа хайысхаларыгар үлэлэһэр.

Тэрилтэ салайааччыта Иван Сивцев – сааһыгар холооно суох мындыр, киэҥ билиилээх, холку майгылаах, талбыт идэтигэр бэриниилээх киһи. Кинини биһиги, хатастар, 2000 сыллар саҕаланыыларыгар (ол кэмҥэ «Хатас» СХПК – Аапт.) үлэлии кэлиэҕиттэн билэбит. Билигин санаатахха, эдэр, үлэтин саҥа саҕалыыр киһиэхэ киһи эрэ саллыах, төттөрү түһүөх күннэрэ-дьыллара эбиттэр. Хамнас диэни сылы-сылынан көрбөтөх үлэһиттэр, оҥоруохха-тутуохха диэтэххэ бары өттүттэн туох да хааччыллыыта суох усулуобуйа… Дьэ манна, мин санаабар, «саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой” диэн мээнэҕэ этиллибэтэх тыллар Иваҥҥа улахан оруолу оонньообут буолуохтарын сөп. Тоҕо сатаныа суохтааҕый? Тоҕо төрүт үгэс сүтүөхтээҕий? Төрүт үгэс сүттэҕинэ, саха да буолан бүтэбит дуо? Бу курдук санаалар кинини үгүстүк үүйэ-хаайа туталлар. Ааҕар-суоттуур, ырыҥалыыр, анаарар исписэлииһи бэлиэтии көрөннөр, үөһээ салалтаҕа ылаллар. Онтон Дьокуускай куорат дьаһалтатыгар тыа хаһаайыстыбатын боппуруоһун салайар управлениеҕа ыҥыраллар. Ол кэмҥэ «Хатас» сопхуос аата-суола, үлэлиир ньымата олох хардыытынан уларыйан-тэлэрийэн, «Баҕарах» ХЭХ диэҥҥэ кубулуйар. Маны кини ыраахтан, сурах хоту буолбакка, дьиҥ-чахчы ис-сүрэҕиттэн баҕаран туран үөрэтэн, билэн, маннык гыннахха үчүгэй буолаарай диэн салайсан, уларытыһан, өйүнэн-санаатынан кыттыһан, тэҥҥэ «ыалдьан” билэрэ. Онтон 2019 сылтан быһаччы салайааччы быһыытынан ананан кэлбитэ.

Иван Константинович аныгы технологияларын урукку бастыҥ уопуту кытта тэҥҥэ алтыһыннарар уратылаах салайааччы. Аныгы үйэ киһитин быһыытынан төлөпүөнүн иһигэр үлэтин туох баар хамсааһынын тутан олорор, хас биирдии ынахха тиийэ билэр-көрөр, уруккуттан ылбыта диэн – хас биирдии үлэһиккэ киһилии, сиэрдээх сыһыан, нэдиэлэ аайы атах тэпсэн олорон производственнай мунньах уо.д.а.

Аны туран, Иван Константинович сүрдээх үчүгэй бархатнай куоластаах буолан, 2000 сыллар саҕаланыыларыгар нэһилиэк улахан тэрээһиннэригэр диктордаан турар. «Тускул» КК Ийэ тыл күнүнэн ыыппыт хомоҕой хоһоону уустаан-ураннаан ааҕыыга күрэҕэр кыттан, элбэх киһи биһирэбилин ылбыта.

Сэһэргэһиибит маннык буолла.

– Үтүө күнүнэн, Иван Константинович! Хантан хааннаах, кимтэн кииннээх диэнтэн саҕалыахха уонна тыа хаһаайыстыбатыгар хайдах, хаһан кэлбиккиний, үлэҥ-хамнаһыҥ хайдах саҕаламмытай?

– Төрдүм ийэм өттүттэн – Хатас, аҕабынан Мэҥэ Хаҥаластан силистээхпин.  Константин Васильевич, Татьяна Иннокентьевна Сивцевтэр диэн сэттэ оҕолоох дьиэ  кэргэҥҥэ сэттис оҕонон күн сирин көрбүтүм. 4 эдьиийдээхпин, 2 убайдаахпын. Ийэм эмчит этэ, аҕам тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбитэ. Хайа баҕарар тыа оҕотун курдук кыра эрдэхпиттэн дьиэ-уот түбүгүттэн саҕалаан сайыҥҥы сынньалаҥмар окко-маска үлэлээн улааппытым. Оскуоланы бүтэрэн баран Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын үнүстүтүүтүгэр киирэн, зоотехник идэтин ылбытым. Ананыы быһыытынан Өлүөхүмэ улууһуттан саҕалаабытым. Онно үлэбэр, олохпор даҕаны ураты суолталаах, улаханнык ытыктыыр салайааччыбын Виктор Дмитриевич Сидоровы көрсүбүтүм. Кини Хатаска үлэлиир буоллум диэбитигэр, барсар баҕабын эппиппэр, «үөрүүнү кытта ылабын» диэн үөрдүбүтэ уонна, биллэн турар, эппиэтинэһи үөскэппитэ. Кини эрэлин түһэн биэрбэт туһугар түһүнэн кэбистэҕим дии (мичээрдиир – аапт.). Кыра эрдэхпиттэн иитиллиибит да оннук этэ: туппуту –  ыһыктыбат, саҕалаабыты – бырахпат.

– Түбүктээх үлэҕин дьиэ кэргэниҥ өйүүр-өйдүүр эрэ буоллаҕына, тирэхтээх, эркиннээх буоллаҕыҥ. Дьиэ кэргэниҥ туһунан кыратык сырдатан аас эрэ.

Дьэ итиннэ сүүс бырыһыан сөбүлэһэбин. Киһи орто дойдуга олох олороору, аҕа ууһун салҕаары, ийэ ууһун тэнитээри кэлэрэ чахчы. Бу санаабын кэргэним Зоя Николаевна  өйүүр уонна өйдүүр буолан, Арассыыйа таһымыгар ылыныллыбыт сокуонунан элбэх оҕолоох ыалбыт – 3 уоллаахпыт, биир кыыстаахпыт. Оҕолорбут олох киэҥ аартыгар үктэнэллэригэр бэлэмнээх буолалларын туһугар төрөппүт эппиэтинэһэ үрдүгүн өйдүүбүт. Манна төрөппүт тус бэйэтин холобура ордук дьайыылаах диэн санаалаахпын. Биһиги ыал бары олоххо көхтөөхпүт: үөрэх-үлэ буоллаҕына – туйгун, үчүгэй буолуохтаах, сынньалаҥ буоллаҕына – бары бииргэ, уопсай субуотунньуктартан, араас тэрээһинтэн аккаастаммаппыт, олорор, үүнэр-сайдар куораппыт уопсастыбаннай олоҕор кыах, күүс баарынан куруутун кыттабыт. Кыыспыт Саина Дьокуускай куорат 2 №-дээх оскуолатын 8 кылааһын туйгун үөрэнээччитэ, улахан уолбут Айсен 17 №-дээх оскуола 9 кылааһыгар ситиһиилээхтик үөрэнэр, ону тэҥэ Дьокуускай куорат 3 №-дээх спортивнай оскуолатыгар тустуунан дьарыктанар, орто уол Борис 35 №-дээх оскуола 5 кылааһыгар үөрэнэр, кини ох саанан ытыыга дьарыктанар. Оттон кыра киһибит Василий биирин туола илик. Кэргэммэр махталым улахан. Мин талбыт идэм сүрдээх түбүктээх, муҥутуур бэриниилээх, эппиэтинэстээх буолууну ирдиир. Үлэҕэ да, дьиэҕэ да үөрүү, ситиһии, кыайыы элбэх толкуй, ырытыы, анаарыы кэннэ кэлэр. Хайа, уонна, сыыһа-халты туттуу да ханна барыай? Ону барытын тэҥҥэ үллэстэн, сүбэ-ама буолан, баар-суох эрэнэр эркиним, тыылым кэргэним буоллаҕа. Этэргэ дылы, биир чымадаантан саҕалаан билигин дьиэлээхпит-уоттаахпыт, аат ааттатар оҕолордоохпут, ол барыта эмискэ, биир күн, биир сыл кэлбэтэҕэ.

– Элбэх оҕолонууга тохтоотоххо, кистэл буолбатах, билиҥҥи сир саарбах кэмҥэ тоҕо элбэх оҕолонуохпутуй диэччилэр бааллар. Ол дьоҥҥо туох диэҥ этэй? Оҕолоргутун иитэргитигэр туохха болҕомто уураҕытый?

– Хас биирдии киһи, ыал бэйэтин дьыалата буоллаҕа дии… Онтон мин туспун этэр буоллахха, элбэх оҕолоох ыалга төрөөбүтүм, иитиллибитим, улааппытым, элбэх ааттыын элбэх, ол аата эн тирэх буолар дьоннооххун, ол аата эн эмиэ кимиэхэ эрэ наадаҕын уо.д.а. Биир тылынан, үчүгэйэ мөкүтүнээҕэр үгүс. Оҕолорбут туохха дьоҕурдаахтарынан көрөн салайан эрэ биэрэбит, хайаан да биһиги этэрбитин оҥор диэн буолбатах, оттон үөрэх өттүн ирдиибит. Билигин улаатаннар бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр, көмө дьон буоллулар. Кыра киһибит дьиэ кэргэммит барыбыт тапталбыт, муруммут бүөтэ, чуораанчыкпыт. 

– Дьэ, наһаа үчүгэй сиһилии кэпсээн буолла. Аны үлэбитигэр киириэххэ. Ити этэн аһарбытыҥ курдук, ийэҥ өттүгүнэн хатаскын. Эһэҥ өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр библиотекарь, Аҕа дойду сэриитин уот кыргыһыыларын кыттыылааҕа Панаев Иннокентий Дмитриевич. Онон эн манна үлэлии кэлбиккин нэһилиэк дьоно үөрэ-сэргии истибиттэрэ.

– Оннук. Ол биир өттүнэн үчүгэй, онтон биир өттүнэн – миигиттэн ирдэбил икки-үс бүк улахан буоллаҕа: эһэтэ үлэһит быһыытынан уос номоҕор сылдьара, ол киһи сыдьаана хайдах эбитий? диэн. Үлэбэр хамаанда быһыытынан үлэлиири сөбүлүүбүн. «Биир киһи – барыбыт туһугар, бары – биир киһи туһугар» диэн санааны тутуһабын. Ол да быһыытынан бээтинсэ аайы буолар производственнай мунньахтарбытыгар барытын ыраас лиискэ ууран олорон ырытабыт, итэҕэһи-быһаҕаһы сирэйгэ этэбит, ситиһииттэн үөрэбит. Үлэһит киһи үлэтэ-хамнаһа кэмигэр, бириэмэтигэр сыаналыахтаах диэн өйдөбүллээхпин уонна ону куруутун да тутуһабын. Олоххо көхтөөх буолууну өйдүүбүн, дьонум – үлэһиттэрбит нэһилиэк араас тэрээһинигэр кытталларын өйүүбүн. Нэһилиэкпит дьаһалтата, «Тускул» КК ыытар тэрээһиннэригэр кыах баарынан кыттабыт. Этэргэ дылы, ырыаҕа-тойукка да баарбыт, үлэҕэ да дьон тилэҕин көрө сыппаппыт. Тыа хаһаайыстыбатын ыарахан үлэтин оччоттон баччаҕа диэри дьиҥ-чахчы тулуурдаахтар, дьулуурдаахтар тулуйаллар диэни эппинэн-хааммынан билэбин уонна бииргэ үлэлиир дьонум баһыйар өттө эмиэ оннуктар. Уопуттаах да баар, удьуор утумун туппуттар да бааллар.

– Биир кэмҥэ 100 тиҥэһэ айаннаан кэлбитэ дии. Олоргут төһө төһүү күүс буоллулар?

– Оруобуна кыстыкка киириигэ алтынньыга айан бөҕөтүн айаннаан кэлбиттэрэ. Кэлээт даҕаны бэрт сотору төрөөн-ууһаан саҕалаабыттара, тоҕо диэтэххэ анаан уулаах тиҥэһэлэри талан ылбыппыт. Адаптацияны этэҥҥэ ааһан, үрүҥ илгэ үрүлүйэ сүүрүгүрэригэр төһүү күүс бөҕө буоллахтара дии. Быйылгы кыстыгы этэҥҥэ туораан, күөх окко үктэнэн, сүөһүлэрбит оннуларын булан үс сайылыгынан тураллар. Бүгүҥҥү туругунан сүөһүбүт ахсаана 800 тиийдэ, онтон ыанар ынаҕа – 330 төбө. Сылга 870 туонна үүтү оҥорон таһаарар былааннаахпыт, онтон 811 туонната куораттааҕы үүт собуотугар туттарыллыахтаах. Билигин күҥҥэ ортотунан 3,5 туоннаҕа тиийэри ыыбыт, муҥутаан 4,0 туонна ыанара күүтүллэр. Алта ый түмүгүнэн үүтү оҥорон таһаарар былаан 51 бырыһыан туолан турар.

– Күн бүгүҥҥү сонуннаргын кэпсээ эрэ.

– Саха дьонун быһыытынан сайыны баттаһа кыстык бэлэмигэр үлэлэһэбит, күөх дуол үүнүүтүн куоттарбаттыы окко киирдибит. Үс биригээдэ оттуур, былааммыт 2 200 туонна. Ону таһынан 800 туонна сиилэс баттыахтаахпыт. Быйылгыттан оҕуруот аһын үүннэрэн саҕалаатыбыт, 2 гектар иэннээх сиргэ хортуоппуй ыспыппыт. Үс сайылыгынан баарбыт, субан сүөһүбүт ыраах мэччирэҥҥэ тахсыбыта. Дьокуускай куоратын дьаһалтатын көмөтүнэн ааспыт кыһын дробилка ылынан, билигин комбикорм оҥорон ынахтарбытыгар бэйэ оҥоһуу комбикормун сиэтэн боруобалыы сылдьабыт. Олус учугэй эбит диэн сыаналаатыбыт, ону тэҥэ патока оҥорон, эбии аһылык гынан биэрэбит. 

Биллэн турар, итэҕэс-быһаҕас да баар, кыаллыбатах боппуруос аҕыйаҕа суох эрээри, олох баран иһэр, үлэбит ылыныллыбыт былаан быһыытынан ситимнэнэн айанныыр. Үлэ былааннаахтык барыахтааҕын кэлэктиибим хас биирдии үлэһитэ билэр, өйдүүр. Ону кытта, саастааҕыттан, эдэриттэн тутулуга суох, барыларыттан эппиэтинэстээх, чиэһинэй буолууну ирдиирбин бары билэллэр. Тэрилтэбитигэр уопсайа 50-тан тахса үлэһиттээх, онтон 40 үлэһит Хатас олохтоохторо. Төһө кыалларынан олохтоох дьону үлэҕэ ыла сатыыбыт, холобура, ыанньыксыттар бары олохтоохтор, билигин 7 ыанньыксыттаахпыт. Бүгүҥҥү күҥҥэ хамнаска иэспит суох. Тэрилтэ сыл түмүгүнэн орто хамнаһа 47 тыһыынчаҕа тэҥнэһэр, ол иһигэр сүөһү көрөөччүлэр хамнастара (ыанньыксыттары холбоон) 42 тыһыынча солкуобай буолан турар.

Ыанньыксыттар кыһын үүт түһэр кэмигэр ортотунан 30-40 тыһ. солкуобай хамнаһы аахсаллар, сайын үүт элбэҕэр 50-60 тыһ. солк. хамнастаналлар.

– Үлэҕитигэр сахалыы сиэри-туому төһө тутуһаҕыт?

– Айылҕа оҕолоро буоларбыт быһыытынан, үйэттэн үйэҕэ бэриллибит үгэстэри тутуһабыт. Кыстыкка киирии, сайылыкка көһүү, окко киирии, төрүөх кэлиитин уо.д.а туомнарын оҥоробут. Нэһилиэк дьонун кытта Сиэллээх Аартыкпытыгар ыһыахха хайаан да киирэбит. Бэйэбит түһүлгэбитигэр анал бырагыраамалаах ыһыахтыыбыт.

БЛИЦ-ЫЙЫТЫК

Кэпсэтиибит бүтэһигэр Иван Сивцевтэн аҕыйах кылгас ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүм.

Н.Р.: Салайааччы киһи сүрүн хаачыстыбалара?

И.С.: Чиэһинэй буолуу, чопчу сыал-сорук, дьоҥҥо тэҥ сыһыан.

Н.Р.: Тыа хаһаайыстыбата инникилээх дуо?

И.С.: Баар. Тоҕото «Хайдах?” диэн ыйытыыга чопчу хоруйга сытар.

Н.Р.: Сөбүлүүр суруйааччыҥ уонна тоҕо кинини сөбүлүүгүн?

И.С.: А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй. Кини миэхэ олоҕум хардыытынан, олоҕу ылыныыбынан сырыы ахсын саҥаттан саҥа өҥүнэн арыллан иһэр. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан “наһаа да уустаан-ураннаан суруйар” диэн санааны тутуһар буоллахпына, билигин өтө көрүүлэрин, ураты бөлүһүөктүү толкуйун сөҕөн, дьиҥ-чахчы улуу диэн ылынабын.

Эдэр салайааччы туһунан нэһилиэк дьонун санаатын истиэҕиҥ

Хатас нэһилиэгин дьаһалтатын салайааччыта Евгений Петрович Пермяков:

– Иван Константиновиһы Дьокуускай куорат тыатын хаһаайыстыбатын салайар кэмиттэн билэр буоламмын, кэлин «Баҕарах» ХЭХ салайааччыта буолбутуттан үөрбүтүм. Үп-харчы хамсааһынын, уопсай салалта үлэтин хайысхатын, хардыытын, хантан, туохтан эбии үбүлээһин дуу, анал бырагыраама дуу баарын чуолкай билэрэ үчүгэй. Сүрдээх эппиэтинэстээх, көнө, урут-хойут хамсаныыта суох чуолкай, нууччалыы эттэххэ, кэнкириэтинэй салайааччы. Үлэлиир кэлэктиибигэр сыалы-соругу табан туруорара, былааннааһын, барыллааһын диэни таба туһанара, уруккуну, билиҥҥини сатаан алтыһыннарара атыттарга холобур буолуон сөп. Нэһилиэк олоҕор, улахан тэрээһиннэрбитигэр көмө-тирэх буолаллара элбэх, уопсастыбаннай олоххо куруук кытталлар. Өссө биир сыаналыыр өрүтүм –  үлэһиттэрин сүрдээх үрдүктүк сыаналыыр, бэлэх-туһах туттартыыр, кэмигэр, бириэмэтигэр бириэмийэлиир, ол, биллэн турар, үлэни көҕүлээһиҥҥэ кырата суох оруоллаах.

«Баҕарах» ХЭХ ыанньыксыта Елена Ксенофонтова:

– Иван Константинович бэйэтигэр да, биһиэхэ да үрдүк ирдэбиллээх салайааччы. Сүрдээх кыһамньылаах, болҕомтолоох, үлэ усулуобуйатын олохтооһуҥҥа элбэх үлэни ыытар. Бээтинсэ аайы мунньахтыыр буоламмыт, үлэбит хардыытын илиибитигэр тутан олоробут.

«Баҕарах» ХЭХ зоотехнига Ольга  Слепцова:

– Иван Константинович биир баһылаабыт дьоҕура – сыалы-соругу итэҕэтиилээхтик тиэрдии, ол гынан баран атын киһи санаатын эмиэ истэр, учуоттуур.

«Баҕарах» ХЭХ ыанньыксыта Екатерина Олесова:

– Сүрдээх мындыр өйдөөх, сахалыы толкуйдаах салайааччы диэн сыаналыыбын. Кими баҕарар кытта уопсай тылы булар. Чорботон бэлиэтиирим диэн, эппит тылын экчи толорор, биэрбит сорудаҕын ирдиир.

Хатас олохтооҕо Руслан Николаевич Кондратьев:

– Иван Константиновичтыын оттуур ходуһа боппуруоһугар киирэн анаан кэпсэтэ сырыттым. Дьэ, сүрдээх дуоспуруннаах уонна чуолкай, көнө кэпсэтиилээх астык киһи эбит. Ахсаан, сыыппара өттүн төрүт олох сиэбиттэн хостуур курдук кэпсиир, ааҕар-суоттуур эбит уонна, кэпсээнэ-сэһэнэ барыта туохха эрэ олоҕуран, тирэҕирэн буолан, оннук киһиттэн аккааһы даҕаны ылынаҕын. Оннук ылыннарыылаах тыллаах.

Дьэ ити курдук орто дойду дьиктилээх суолларын арыйаары, үлэ-хамнас суһумун тутаары, олох мөҥүрүөн мөккүөрдэриттэн муннукка анньыллыбакка, охсуулартан охтубакка, тулуурдаахтык тутуһан, дьулуурдаахтык үлэлиир-хамсыыр Иван Константинович Сивцевка ситиһиилэрэ ситимнээх, арыллар аартыктара айхаллаах буоларыгар баҕарыахха. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Дьон | 16.11.2024 | 10:00
Кэрэтик да иһиллэр «Кэрэтик»...
Прасковья Николаева, Кюннэй Андреева, Надежда Саввинова уонна Анастасия Фёдорова – түөрт иистэнньэҥ дьүөгэлиилэр «Кэрэтик» диэн кэрэ ааттаах мастарыскыайы тэрийбиттэр. Сөбүлүүр дьарыккынан бэйэ дьыалатын саҕалыыр икки бүк кынаттыыр!    Ийэ бэйэтэ тигэрэ ордук! Туох барыта кыраттан саҕаланар, ханнык баҕарар бэйэ дьыалата кыырпах саҕа санаа кыымыттан саҕыллар. 2017 сыллаахха Прасковья иккис оҕотугар олорон...