19.03.2020 | 06:52

Иван Шамаев: Бэйэ өйүн-санаатын күүһүрдүөхтээхпит

Иван Шамаев: Бэйэ өйүн-санаатын күүһүрдүөхтээхпит
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Дьэ, бу сытар дьиҥнээх Конституциябыт, мантыбын олох уурунан кэбиһиэм”, – дии-дии Иван Иванович Шамаев Конституция чараас кинигэтин тэлимнэтэр.

– Иван Иванович, “Конституция куорҕалланна” диэбит суруккун аахтыбыт. Биһиги бары өйдүүр курдукпут ээ... Инник буолуо суохтаах диибит...

– Мин эрдэ “Национальный вопрос в России” диэн ааттаан улахан ыстатыйа суруйбуттаахпын – яктруга Дневникпэр, фейсбукпар. Онно маннык суруйбутум: «Биһиги Арассыыйабыт тутула, учуонайдар, экэнэмиистэр, политологтар да этэллэринэн, “судаарыстыбаннай олигархический капитализм” диэн.

Капитализм өйдөбүлэ киэҥ. Олигархическай – ол аата биир дьоҕус бөлөх дьон капитализма диэн. Дьиҥнээх сайдыбыт капитализмҥа киһи барыта кырата орто таһымнаах олохтоох, баайдаах-дуоллаах буолуо этэ. Оттон биһиэхэ, Арассыыйаҕа, судаарыстыбаннай былаас аҕыйах ахсааннаах киһи илиитигэр киирдэ. Уонна кинилэр, ол судаарыстыба былааһын ылбыттарынан муҥурдаммакка, судаарыстыбаннай мехнизмнары бэйэлэрин баайдарын хаҥатыыга хайыһыннардылар.

Инньэ гынан биһиги салайар систиэмэбит сүрдээх татым, примитивнэй механизмҥа кубулуйда. Дьиҥнээх үчүгэй судаарыстыба салайар систиэмэтэ уустук буолар. Холобур, суут былааһа, бэрэстэбиитэллээх былааһа, ситэриилээх былааһа тус-туһунан эрээри дьүөрэлэһэн үлэлиир институттар буолуохтаах этилэр.  Биһиэнэ буоллар барыта биир вертикальга эрдэ киирбитэ. Онтон бу саҥа Конституциянан букатын да биир илиигэ киирдилэр. Ити этэр ыстатыйабар “маннык олигархическай капитализм кэскилэ суох” диэн суруйбутум. Тоҕо диэтэххэ, Кытай курдук күүстээх судаарыстыба биһиги таспытыгар сайдан ньиргийэ сытар, океан уҥуор Эмиэрикэ сайдар, Европа эмиэ биир сиргэ олорбот.

Билигин дойдубутун салайар эргимтэ сабыдыаллыыр чэрчитэ кыччаатар-кыччаан иһэр. Туох баар аан дойду судаарыстыбаларын, хампаанньаларын кытары иирсэн-харсан, ханна да тахсар даҕаны, дуогабардаһар даҕаны кыаҕа суох. Ол түмүгэр былаастарын вертикалын өссө күүһүрдэ сатыыллар. Онтукалара аны итинник көрүөхтэн-истиэхтэн түктэри көрүҥнэннэ.

Урут да биһиги судебнай былааспыт ситэриилээх былааспыт анныгар этэ эрээри, ханан эрэ син биир тутулуга суох буолуу түгэннэрэ баара. Оттон билигин Президент ханнык баҕарар федеральнай судьуйаны, ол иһигэр Конституционнай Суут судьуйаларын, устар бырааптанна. Ол аата билигин ханнык да суут уопсастыба интэриэһигэр быһаарыыны ылар кыаҕа суох буолла. Мин санаабар, сууттары, судьуйалары кэтиир сулууспа тэриллиэҕэ. Ол сулууспа Институт быһыытынан биллиэ суоҕа, сабыылаах тэрилтэ буолуоҕа. Судьуйалар ханнык быһаарыылары ылалларын кэтээн көрө, дьаһал биэрэ олорор наада буолуо буоллаҕа...

Билиҥҥи балысхан сайдыы үйэтигэр маннык мөлтөх салайыылаах судаарыстыба ити обургулаах судаарыстыбалар күлүмэх күрэхтэһиилэрин хайдах да тулуйар кыаҕа суох.

– Маннык буолбутугар ким буруйдааҕый? Норуот буруйдаах дуо?

– Билигин бу система муҥур уһугар тиийдэ. Ситигирдик дэлби гайкатын кытаатыннаран, ыксары тарда олорор. Ол син биир ханнык эрэ түгэҥҥэ тиийэн быһа барар.

Оччотугар режим эстиитэ хайдах формалаах барыаҕай диэн сэрэйэн көрөбүт. Араас суол баар. Холобур, салайар эргимтэ иһигэр бары итинник нүдьү-балай өйдөөх-санаалаах буолбатахтара чахчы. От атах тэптэҕинэ, салайар эргимтэ иһигэр хамсааһын тахсан, бу билигин былааһы былдьаһыы бара турар кэмигэр, арыый бэтэрээ өйдөөх-санаалаах бөлөх былааска тиксэн хааллаҕына, бэйэлэрин өлөрүнэр суолтан тахсаннар, сымнатыы суолунан барар кыахтаахтар. Ол сымнатыы суолунан баран, бу билигин саҥа ылыллыбыт Конституцияны урукку чөлүгэр түһэриэхтэрин да сөп. Быыбардарга да сибиэһэй салгын киириэн сөп. Ол эрэн, хомойуох иһин, ситигирдик өй-санаа билиҥҥи салайар эргимтэҕэ үөскүүр кыаҕа наһаа кыра. Ким да онно эрэммэт, итэҕэйбэт. Ити сценарий кыаллыбатаҕына, Арассыыйа сирин баайыгар хараҕын хатаан олорор идэмэрдээх адьырҕалар бэйэлэрин сценарийдарынан Арассыыйаҕа кэнэҕэскитин тутуохтара...

Норуот өттүттэн диэтиҥ дии... Мин кэтээн көрөрбөр, Арассыыйаҕа ити чааһыгар дьыала мөлтөх. Билиҥҥи режими икки күүс утарса сатыыр: хаҥастар уонна уҥалар. Уҥалар – либераллар, хаҥастар – коммунистар, хаҥас фроннар. Хаҥастар социализм буолуохтаах дииллэр, Сталины өрө туталлар. Оттон либераллар туох баары ырыынагынан быһаарыахха дииллэр, Сталины ыкка быраҕаллар. Бу икки күүс хайдыһар түгэннээхтэр: Сталин боппуруоһа уонна сир баайын туһаныы (уҥалар барытын бизнес дьаһайыахтаах дииллэр, хаҥастар судаарыстыба илиитигэр киириэхтээх дииллэр). Дьиҥэр, уопсай тыл булар өттүлэрэ эмиэ баар эбээт: Арассыыйа сувереннай судаарыстыба быһыытынан бэйэтин бас билэн олоруохтаах, киһи бырааба көмүскэллээх буолуохтаах, судаарыстыба былааһын үс салаата эмиэ төһө кыалларынан тутулуга суох буолуохтааҕа – барыта уопсай өйдөбүллэр эбээт. Кинилэр бу платформаҕа күүстэрин түмүөхтээх этилэр. Ол эрэн ити күүстэри сатаан хайыталлар, инньэ гынан бу дьон отой бэйэ-бэйэлэригэр чугаһыспаттар. Оттон хайаларын да күүһүн туспа ылан көрдөххө, дуона суох.

Оттон норуот саҥата суох олорор. Норуоту туох диэн буруйдуоххунуй? Арассыыйа дьонун олоҕун историята ыарахана бэрт. Нуучча 19-ус үйэ иккис аҥаарыгар крепостной бырааптан босхолонор. Онтон баара суоҕа 50-ча сыл ааһаатын кытары, икки эрэ көлүөнэ солбуллубутун кэннэ, эмискэ Сэбиэскэй былаас тиийэн кэлэр. Ити Сэбиэскэй былаас эмиэ норуоттан үөскээн тахсыбыт былаас буолбатах этэ. Киһи барыта үөрэхтэнэр, босхо медицина, дьиэ-уот, ол гынан баран киһи көҥүлэ суох буолар.

90-ус сылларга диэри итинник олорон кэлэбит, онтон эмискэ демократиябыт тиийэн кэлбитэ. Баай-дуол диэни билбэт дьон буоллахпыт дии. Харчыны хайдах салайары, тэрилтэлэри хайдах тэрийэри, оҥорон таһаарары билбэппит. Барыта биир халыып систиэмэҕэ олордохпут. Кытаанах социалистическай систиэмэ кэнниттэн эмискэ рыночнай көҥүл кэллэ даҕаны, дьиҥнээх капитализм бэйэтэ сайдан кэлбэт, онон олигархическай, түөкүн капитализм кыайбыта оруннаах буолан тахсар.

Кэнники учуонайдар итини ырытыахтара, үөрэтиэхтэрэ. 90-ус сыллартан Арассыыйаҕа Ельцин, онтон Путин курдук дьон кэлиэхтээхтэрэ историческай өттүттэн буолуохтааҕын курдук анаалыстаан таһаарыахтара дии саныыбын.

– Салҕыы хайдах буолуохтааҕый?

Эрэл кыыма үөскүүр – академиктарбыт уһуктубуттар. Төһө кырдьык докумуонун билбэтим эрээри, бу дьон уһуктубуттарын көрдөрөр сурук тахсыбыт. Эрдэттэн уһуктуохтарын сөп этэ. Ол кыаллыбатаҕын кулуттуу майгыбыт, өйбүт-санаабыт содула диибин.

Холобур, 1825 сыллаахха Сенатскай болуоссакка декабристар турбуттара дии. Тохтоон хаалбаккалар, оҥоруохтаах революцияларын ситэри оҥорбуттара, конституционнай монархияны киллэрбиттэрэ буоллар, история хаамыыта букатын атыннык барыахтаах этэ буоллаҕа... Ол эрэн история бэйэтэ куолулаппат майгылаах. Маннык буоллаҕына, хайдах буолуо этэй диэбэккин. Нууччалыы “История не признает сослагательного наклонения” диэн этии баар.

Мин бэйэм тылым-өһүм тиийэр сиригэр маннык санааны тиэрдэ сатыыбын: биһиги бэйэ өйүн-санаатын түмүүнү сайыннара, күүһүрдэ үөрэниэхтээхпит.

– Ол аата?

Норуотуҥ ити эппит уҥа уонна хаҥас тардар күүстэр ортолоругар олорор.

Мин тоҕо академиктар уһуктубуттарыгар үөрдүм? Бу дьон уҥа да, хаҥас да барбаттар, орто сүнньүн тутуһаллар. Саҥа уһуктан эрэллэр. Мантан хамсааһын барыаҕа. Ол хамсааһын төһө сайдарын, төһө конструктивнай буоларын бириэмэ көрдөрүөҕэ. Биһиги ол хамсааһыҥҥа дьүөрэлэһэ сатыахтаахпыт.

– Оттон муус устар 22 күнүгэр куоластааһыҥҥа тахсан тугу туһаныахпытый?

Былаас муус устар 22 күнүгэр куоластааһыҥҥа тахсыыны оҥорумуон да сөп.  Тоҕо? Бу буола турар процесс көрдөрөрүнэн, салалта норуот бүгүҥҥү өйүн-санаатын үчүгэйдик билбэт. Чэ, холобур, биэнсийэни индексациялыахпыт, хамнас таһымын алын кээмэйин олох таһымын алын кээмэйигэр тэҥниэхпит, оччоҕуна норуот батыһыа дииллэр. Икки болдьоҕу суох гынныбыт дииллэр – онно эмиэ норуот сүүрэн кэлиэ дии санаатылар. Онтукалара сатаммата. Аны туран, Конституцияны уларытыы процеһыгар  “обнуление” буолуохтаах дииргэ күһэлиннилэр. Ити кэнниттэн норуот тиэрэ хайыста. Куоластыы кэлээччи аҕыйах буолар, өйөөччү баар буолара да саарбах. Ол иһин куоластааһын болдьоҕун сыҕарытыахха диэхтэрэ дии саныыбын. Коронавирус айдаана муҥутуоҕа, бу пандемияны сүрдээҕин туһана сылдьаллар. Куоластааһыны аны сайыҥҥа көһөрдөхтөрүнэ,  атын кыһалҕалар күөрэйэннэр, умнуллан да барыаҕа. Эбэтэр муус устар 22 күнүгэр оҥорбута буолуохтара, ыарыы турда диэн онлайн ыытабыт диэтэхтэринэ, албынныыр ньыма элбиир.

– “Государствообразующий народ” диэбиттэрин туох дии саныыгын?

Маны утаран биһиги, Саха конгресс, бастакынан суруйбуппут. Маннык сатаммат диэн. Биһиги суруйбуппутун кэннэ атыттар эмиэ суруйан барбыттара. “Демократический конгресс народов России” диэн түмсүүгэ баарбын, төрүттэспитим. Татардар, башкирдар, чуваштар, Кавказ омуктара түмсэн сылдьабыт. 2018 сыллаахха саас бастакы мунньахпытын ыыппыппыт. Демконгресстаах буоламмыт, бөлөхпүтүгэр биһиги ыҥырыыбыт тахсыбыта. Сурукка этиллибит сүрүн санаа маннык этэ: “Бу судаарыстыбаны айгыратар сүрдээх кутталлаах эксперимент буолар”.

“Государствообразующий” диэнтэн омуктар өһүргэнэбит. Кимнээх эрэ судаарыстыба тирэҕирэр омуга, кимнээх эрэ судаарыстыба тирэҕирбэт омуга буолар курдук. Ол гынан баран атын өрүтэ баар, нуучча норуота эмиэ өһүргэниэн сөп. Холобур, Арассыыйа историятыгар нуучча норуота сүрүн миэстэни ыларын ким да саарбахтаабат. Онтон 2000 сыллаахтан саҕалаан былаас вертикалын тутан, судаарыстыба аатыттан тахсан бардыбыт. 2020 сылга Конституция буолбат Конституцияны ылынныбыт, судаарыстыба буолбат судаарыстыба оҥоһуннубут. Ол кэнниттэн, холобур, мин, нуучча эбит буоллахпына, тоҕо миэхэ буруйу барытын сүктэрдилэр диэн өһүргэниэх кэриҥнээхпин.

– Ил Түмэн өйөөтө диэн буолла. Инникитин атарахсыппаттарын да туһугар өйүөхтээх этэ...

Балаһыанньа өссө кытаатыа этэ, аҥардас биһиги эрэ утарбыппыт буоллар. Утарбыт регион диэн суох.

12-кэ буолбут сессияҕа Гоголев хорсуннук тыл эттэ. Куоластааһыҥҥа туттунна. “Биһиги эйигин өйүүбүт” диэн ол киэһэ суруйбутум. Билигин киниэхэ ыгыы, баттааһын барыан сөп. Кини, юрист быһыытынан, сөптөөх тыллары оруобуна булан эттэ.

Сулустаана Мыраан утарбыта, мандаатын быраҕан тахсан барбыта...

–  Итинник быһыыламмыта төһө сөп дии саныыгын?

Кини биир мандааттаах дьокутаат буолбатах, быыбардааччылара суох, партияттан киирбитэ. Кини оннугар сиэрдээхтэр кими баҕарар угуохтарын сөп. Сулустаанаҕа бэйэм да суруйбутум, тоҕо итинник гынаҕын диэн. Онтон Навальнай суруйбута дии: Арассыыйа үрдүнэн икки эрэ герой баар диэн – бүрээт Мархаев (Чечня сэриитигэр саллааттары өрүһүйэн герой аатын ылбыт киһи) уонна саха Сулустаана Мыраан диэбитэ. Ол кэнниттэн санаам уларыйар – Сулустаана федеральнай таһымҥа таҕыста. Билигин биһиги төһө кыалларынан федеральнай хонууга үлэлии сатыахтаахпыт. Ол аата төһө кыалларынан Арассыыйа дьонугар тиэрдэ сатыахтаахпыт. Бу Конституцияны уларытыыны утарыахпытын наада, урукку Конституциябытыгар төннүөхпүтүн наада диэн санааны баар кыахпытынан Арассыыйа дьонугар тиэрдэ сатыахтаахпыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ылланарга айыллыбыт олох
Дьон | 11.10.2024 | 12:00
Ылланарга айыллыбыт олох
Хаһааҥҥытааҕар даҕаны ардахтаах күһүн буолла. Уһун ардахтарга өйбөр куруутун “Тохтообокко ардах түһэр, Түннүкпэр таммаҕы ыһар...” ырыа тыллара ытыллар.   Биһиги көлүөнэ оҕолор үрдүкү кылаастартан саҕалаан “Ардахха санаа” ырыаны истэ улааппыппыт. Оччолорго, биллэн турар, ким тыла, ким матыыба буоларын улаханнык билэ да сатаабат этибит. Ырыа баар да баар. Киһи олоҕун кэрдиис кэмнэринэн...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины”  нойосуус билиим»
Дьон | 10.10.2024 | 10:00
Борис Борисов: «Пушкиҥҥа сүгүрүйүүм — “Евгений Онегины” нойосуус билиим»
Саха киһитэ тыйаатыры, артыыстары олус ытыгылаан  ылынар ураты көрөөччү. Ол оруоллары ураннык толорор артыыстартан сүдү тутулуктааҕын саарбахтаабаппын. Оннук биир үтүө киһи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа, Щепкин аатынан Үрдүкү театральнай училище “көмүс выпускнига” Борис Иванович Борисовы кытта өрөгөйдөөх 75 сааһынан сэһэргэстибит.   – Артыыс буолар баҕа санаа оҕо эрдэххиттэн баара дуу? –...