Иван Луцкан: «Сүрүн сыалбыт — дьоҥҥо көмөлөһүү»
Арассыыйаҕа, статистика көрдөрөрүнэн, 100 тыһыынча нэһилиэнньэҕэ көрөр уоргана патологиялаах киһи ахсаана 11 тыһыынча киһиэхэ тэҥнэһэр. Мөлтөхтүк көрөр уонна хараҕа суох киһи ахсаана – 218 тыһыынча, итинтэн 103 тыһыынчата букатын көрбөт. Сыл аайы Арассыыйа үрдүнэн 45 тыһыынча киһи хараҕынан инбэлииккэ тахсар.
Саха сиринээҕи харах балыыһата Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка аныгы медицинскэй тэрилинэн толору хааччыллыылаах үрдүк таһымнаах тэрилтэ буолла. 2020 сыл атырдьах ыйыттан Харах балыыһатын кылаабынай бырааһынан медицинскэй наука хандьыдаата Иван Луцкан үлэлиир.
Иван Луцкан, Харах балыыһатын кылаабынай бырааһа:
– Быйыл кулун тутар ыйтан ыарыһахтары уруккубут курдук приемнуур буоллубут. Ол курдук, бастаан ыарыһах олорор сиригэр көрдөрүнэр, харах бырааһа диагноһын чопчулуур, ол кэнниттэн биһиэхэ кэлэр.
Балыыһабыт үс таһымнаах, ол аата биһиги үрдүк технологиялаах анал көмөнү оҥоробут. Сороҕор биһиэхэ поликлиника таһымыгар көрдөрүнүөхтээх кыһалҕалаах кэлэллэр, холобур, конъюнктивиттаан эбэтэр ачыкы аната. Мин санаабар, биһиги быдан уустук түбэлтэлэргэ көмөнү оҥорор курдук үлэбитин тэриниэхтээхпит.
Ол иһин соторутааҕыта Дьокуускайдааҕы медицинэ киинигэр филиал арыйдыбыт уонна эмиэ биһиэхэ баар тэрилинэн хааччыйдыбыт. Итиннэ харах снимогын (глазное дно), электрофизиологическай уонна ультразвуковой чинчийиилэри оҥоруохха сөп. Инньэ гынан куорат ыарыһахтара, поликлиникаҕа сыһыарыллыбыт буоллахтарына, медицинэ киинигэр көрдөрүнэллэр, эпэрээссийэҕэ бэлэмнэнэллэр. Дьиҥэр, балыыһалары барыларын итинник тэрилинэн хааччыйар буоллар, уочарат кыһалҕата сүтүө этэ. Биһиги өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа буоларбытын өйдүөххэ наада, соҕотох харах балыыһата буоламмыт, Саха сирин олохтоохторо бары көрдөрүнэллэр.
Хомойуох иһин, дьон көмө оҥоһуллар бэрээдэгин туһунан билбэт. Сороҕор оройуоннартан ыарыһахтары барыларын биһиги диэки салайаллар.
Киһи биһиэхэ кэлэн көрдөрүнүөн баҕарар буоллаҕына, бастаан олорор сирин балыыһатыгар барар, наада буоллаҕына, «Медведь» анал бырагырааманан биһиэхэ ыытыллар. Манна кинини көрөбүт-истэбит, салгыы көрдөрүнэргэ төрүөт баар буоллаҕына, өссө хаһан кэлиэхтээҕин этэн ыытабыт.
Сорохтор эмискэ тиийэн кэлэллэр, булгуччу приемнааҥ диэн туруорсаллар. Итинник түбэлтэлэри биирдиилэн быһаарабыт. Сорох ыарыыларга суһал, оттон атыттарга былаан быһыытынан көмө оҥоһуллар. Ол эрэн итини бары өйдүүр буолбатахтар, онон, хайа сатанарынан, информацияны киэҥник тарҕата сатыыбыт.
Оҕо офтальмологар хайдах суруйтарабыт диир буоллахха, судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө эбэтэр Call киин нөҥүө 500-707 төлөпүөнүнэн эбэтэр Дьокуускайдааҕы медицинэ киинигэр кэлэн, аадырыһа: Кальвица уул., 3 (итиннэ сыһыарыллыбыт ыарыһахтарга).
– Чуолаан туох көмө оҥоһулларый?
– Сорох хайысхалары бастакы уочарат сайыннара сатыыбыт. Ити, бастатан туран, үрдүк технологиялаах көмөнү оҥоруу. Бүгүн биһиги ОМС сыллааҕы былаанын номнуо 47% толордубут, РФ бүддьүөтүн суотугар – 37%.
Эппитим курдук, биһиэхэ кэллилэр да, балыыһаҕа киирэр кыахтара суох. Барыта былаан быһыытынан үлэлиибит. Биһиги, бастатан туран, суһал (экстреннэй) көмөнү оҥорор балыыһа буолабыт. Ол иһин былааннаммыт ыарыһахтар куойкаларын сэргэ суһаллык киириэхтээх дьоҥҥо саппааска тутабыт. Итинник ыарыһахтар – харахтарын эчэппит, сетчаткалара хоҥнубут, глаукома приступтаах дьон. Кинилэри суһал көмө кииниттэн тута балыыһаҕа киллэриэхтээхпит, тоҕо диэтэр уталытар сатаммат, харахтарын сүтэрэр куттал баар. Холобур, катаракталаах өр кэмҥэ сылдьыахха сөп, оттон глаукомалаах – суох. Баалаппыт буоллахтарына, харахтарын ылан быраҕар түбэлтэ кытта бааллар.
Биһиэхэ глаукома киинэ баар, регистр оҥордубут, онтубутун патенныахтаахпыт. Глаукомалаах киһи, хомойуох иһин, наһаа элбэх, инбэлииккэ тахсааччы да аҕыйаҕа суох.
Катарактаҕа икки хараҕы иккиэннэрин эпэрээссийэлиибит. Урут иккис харахтарын биир ый буолан баран биирдэ оҥорор этилэр. Ити үбүлээһинтэн тутулуктааҕа.
Итиннэ даҕатан эттэххэ, сорох регионнарга билигин даҕаны катарактаны икки харахха тэҥҥэ эпэрээссийэлээбэттэр. Сорох дьон медицинаны саҥараллар, ол атын субъектарга баар балаһыанньаны билбэттэриттэн дии саныыбын. Ханнык баҕарар региоҥҥа тиийдим даҕаны харах балыыһаларыгар сылдьан көрөбүн, тэҥниир буоллахха, биһиги медицинабыт олох үрдүк таһымҥа турар.
– Оҕолору хайдах эмтиигит?
– Былырыын Москваҕа Гельмгольц аатынан институт клиникатыгар сылдьыбытым, онно 48 куойкаттан үһүгэр Саха сирин оҕолоро сыталларын билбитим. Быраастарбытыгар оҕолору бэйэбит эмтиэххэ, Москваҕа эмтэнэллэрэ төрөппүттэригэр ороскуота бэрт диэбитим. Ол кэнниттэн медиктэрбит үөрэнэн, былырыын сэтинньи ыйга икки бастакы эпэрээссийэни оҥордулар. Кэллиэгэлэрбэр махтанабын, мин этиилэрбин ылыналлар, балаһыанньаны өйдөөн, өрөбүллэргэ кытта үлэлииллэр. Сүрүн сыалбыт – дьоҥҥо көмө.
Соторутааҕыта икки саастаах кыыс «вторичнай» катарактатын эпэрээссийэлээтибит. Хирург Пантелеймон Аргунов квалификациятын үрдэтинэ баран кэлбитэ, тоҕо диэтэр итинник эпэрээссийэ урут өрөспүүбүлүкэҕэ оҥоһулла илигэ. Кыысчаан бэлэмнэнии кэнниттэн муус устар 21 күнүгэр ситиһиилээхтик эпэрээссийэлэммитэ. Онон балыыһабыт историятыгар саҥа сүүрээни киллэрдибит, билигин итинник эпэрээссийэлэр тиһиктээхтик ыытыллар буолуохтара. Төрөппүттэр оҕолорун киин регионнарга илдьэ сатыахтара, ороскуотуруохтара суоҕа.
– Төлөбүрдээх өҥөлөр сыаналара хайдаҕый?
– Төлөбүрдээх өҥөлөр сыаналара, эрдэттэн атыылаһыллыбыт туттар матырыйаалбыт бүттэҕинэ, үрдүөхтээх. Оҥорон таһаарааччылары кытта быһаччы үлэлэһэбит.
Биһиэхэ барыта чуолкай көстө сылдьар. Холобур, хараҕы лазерынан коррекциялыырга туттар матырыйаал сыаната 47 тыһыынча солкуобай кэриҥэ. Итиннэ өссө атын эбиликтэр киирэллэр, ыарыһах ону билбэт буоллаҕа. Лазеры үлэлэтэргэ сыаналаах гааһы туттабыт. Биир лазер «төбөтүн» сыаната 15 мөлүйүөн солкуобайдаах. Ону мин хайдах даҕаны бүддьүөт эбэтэр ОМС суотугар атыылаһар кыаҕым суох. Ол иһин бэйэбит харчы киллэриэхтээхпит.
Төлөбүрдээх эпэрээссийэлэр сыаналара ыам ыйын бүтэһигэр – бэс ыйын саҥатыгар чопчуланыахтара. «ФемтоЛасик» эпэрээссийэ (механическай инструмена суох лазерынан коррекциялааһын) сыаната 100 тыһыынча солкуобайтан үрдүө суоҕа, оттон ФРК ньыманан (Фоторефракционнай кератэктомия) 40 тыһыынча солкуобайга тиийиэ суоҕа дии саныыбын. Бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын, биһиги лазернай коррекциябыт сыаната Уһук Илин судаарыстыбаннай клиникаларыттан саамай чэпчэки.
– Инники өттүгэр былааҥҥыт?
– Региоммутугар сотору кэминэн лазернай эпэрээссийэлэри оҥорор кыаҕы биэрэр уонна лабораторияларга ирдэнэр тэрилинэн толору хааччыллыбыт мобильнай офтальмологическэй комплекс баар буоларыгар эрэнэбин. Комплекс биһиги тымныы усулуобуйабытыгар анаммыт, ичигэс, үс кэбиниэттээх. Итини ыллахпытына, бэйэбин дьоллооҕунан ааҕыныам. Атыылаһар туһунан өрөспүүбүлүкэбит Ил Дархана Айсен Николаевтыын кэпсэппиппит. Комплекс наһаа улахан сыаналаах буолан, өрөспүүбүлүкэ көмөтө суох сатаммаппыт. Атырдьах ыйыгар кэлэрин күүтэбит. Кэллэҕинэ, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн, ол иһигэр ыраах сытар улуустарга сылдьан, диагноз туруорар, эпэрээссийэлэнэр ыарыһахтары сүүмэрдиир кыахтанабыт.
Итини таһынан, саҥа лазер уонна микроскоп ылыахтаахпыт. Ити барыта эмиэ улахан сууманы ирдиир, өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн үбүлэнэр. Тэрилинэн хааччыллыы кэнники арыый да уустугурда. Арассыыйа оҥорон таһаарааччыларын талабыт. Дьиҥэр, барытын солбуйуохха сөп, 30 сыл анараа өттүгэр улахан тэрилэ да суох эпэрээссийэлэри оҥороллоро.
Бүгүҥҥү күҥҥэ саҥа УЗИ-аппарааты холбоотубут. Кини портативнай аппарааттар ортолоругар саамай үрдүк кылаастаахтара, хараҕы сэргэ сүрэх, ис уорган, щитовиднай железа, тымыр «сканированиетын» оҥорор кыахтаах.
Эпэрээссийэ саҥа көрүҥнэрин киллэрэр былааннаахпыт. Билиҥҥи туругунан Арассыыйаҕа оҥоһуллар эпэрээссийэлэр 95%-н оҥоробут, онон 97%-ҥа тиийэр соругу туруорунабыт.