Иван Иванович СЛЕПЦОВ: “Арктикаҕа соҕотох агротехнологическай университет буоллубут”
Иван Иванович Слепцов Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын Академиятын саамай уустук кэмнэригэр салайааччынан анаммыта. Билигин урукку ДьТХА Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет аатын ылары ситистэ. Онон наукаҕа уонна саха ыччатын үөрэтиигэ сайдыы саҥа саҕахтара арылыннылар, аан дойду ирдэбиллэригэр эппиэттиир үөрэх кыһатыгар идэни баһылыыр кыах үөскээтэ.
– Иван Иванович, аҕыйах сыллааҕыта ДьТХА сабыллан эрэр диэн хараастыбыппыт. Университет буолаары сабыллыбыт эбит дуо?
– Оннук буолбатах. 2015 сыллаахха аккредитацияларын сатаан ааспатахтара. 2015 сыллаахха Өлүөхүмэтээҕи филиал, икки бөдөҥ экономическай уонна юридическай факультет сабыллыбыттара. Академия улахан охсууну ылбыта, 2000 курдук устудьуону сүтэрбиппит. Оччотооҕуга балаһыанньа, чахчы, кытаанах этэ...
Мин 2016 сыл тохсунньутуттан үлэлиибин. Биир сыл ректор эбээһинэһин толорооччунан сылдьыбытым. Билигин ректорбын.
Бу ааспыт аҕыйах сыл иһигэр икки факультет эбилиннэ – “факультет лесного комплекса и землеустройства” уонна экономическай факультеппытын сөргүттүбүт. Маны таһынан, Технология уоннна салайыы коллеһа баар буолла.
– Билигин төһө устудьуон үөрэнэрий?
– Уопсай ахсаана 4200 киһи буолла. Кэккэ сылларга магистратура, аспирантура, бакалавриат, орто үөрэх саҥа салааларын арыйталаатыбыт. Университет статуһун быйыл муус устар ыйга саҥа ыллыбыт.
Ханна да суох үөрэх кыһата тэрилиннэ
– Агротехнологическай университет буоллугут.
– Арктикатааҕы судаарыстыбаннай агротехнологическай университет аатын ыллыбыт. Саха сирин иэнэ наһаа улахан эрээри, нэһилиэнньэтин ахсаана аҕыйах. Манна М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Арктикатааҕы култуура уонна искусство института, Чурапчытааҕы физкултуура уонна спорт института, Уу транспорын института уонна да атын үөрэх кыһаларын филиаллара бааллар. Ону барытын өйдүүбүт. Арассыыйа Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ 54 үрдүк үөрэх кыһатын тутан олорор. 2018 сыл түмүгүнэн, биһиги академиябыт аграрнай үрдүк үөрэх кыһаларын рейтиннэригэр 32-с миэстэҕэ сылдьар.
Биһиги “Экспорт образования” диэн национальнай барыйыакка сөп түбэһиннэрэн, маннык таһымҥа таҕыстыбыт. Арктика киэҥ сиригэр соҕотох агротехнологическай хайысхалаах университет буоллубут. Маннык ааты ылбыппыт бары өттүттэн туһалаах уонна барыстаах буолуоҕа.
Быйыл UАrсtiс диэн Арктиканы кытта ситимнээх судаарыстыбалар университеттарын сойуустарыгар киирдибит. Манна Арассыыйа, Канада, АХШ, Скандинавия дойдулара бааллар. Биһиги Арассыыйа уонна аан дойду таһымыгар күүскэ үлэлиир соруктаахпыт. Тоҕо диэтэххэ, усулуобуйа барыта баар. Биһиэхэ курдук баай айылҕалаах, үлэлиир-хамсыыр базалаах университет аҕыйах буолуохтаах.
– Үбүлээһин өттүнэн хайдах буоларый? Кыаҕырдыгыт дуо?
– Үбүлээһин өттүнэн саҥа ааннар аһыллыахтара диир тоҕоостоох. СНГ сүрүн аграрнай үрдүк үөрэх кыһаларын кэккэлэригэр киирдибит. Арассыыйа уонна норуоттар икки ардыларынааҕы граннарга, өрөспүүбүлүкэ граннарыгар кыттабыт. Ааспыт үөрэх дьылыгар 4 Арассыыйа Бэрэсидьиэнин гранын, 2 Ыччат министиэристибэтин гранын кыайдыбыт. Барыта бэйэбититтэн тутулуктаах, хайдах үлэлиирбитинэн сайдыахпыт.
– Быйыл төһө устудьуону ылыахтааххытый?
– Устудьуоннарбыт ахсааннара кыралаан эбиллэр. Былырыын 1286 киһини ылбыппыт, быйыл 1500 диэри элбэтэр былааны туруорбуппут. Пандемиянан, БКЭ түмүктэрэ биллэ иликтэринэн сибээстээн, үөрэххэ туттарсыы бытаарда.
Үөрэх сыаната чэпчэки
– Оттон бүддьүөттэн үбүлэнэр босхо миэстэҕит төһөнүй?
– Быйыл федеральнай үбүлээһининэн босхо миэстэ ахсаана элбээтэ. Былырыын 772 эбит буоллаҕына, быйыл 851 кэриҥэ бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэлээхпит.
Бүддьүөт таһынан киирэр харчы өттүгэр хамсааһыннар бааллар диэтим дии. Биһиги аҥаардас бүддьүөттэн үбүлээһиҥҥэ тирэҕирэр санаабыт суох. Бэйэбит дохуот киллэринэр бырайыактардаахпыт. Холобур, киин куораты көҕөрдүүгэ кыттыстыбыт. 170 000 сибэккини олордон болуоссаттары киэргэттибит, атыыга таһаардыбыт. Ленин болуоссатыгар, Автодорожнай уокурукка билигин биһиги олордубут сибэккилэрбит силигилээн тураллар. Икки хантараагы түһэрсэн, куонкуруһу кыайан үлэлээтибит. Ону таһынан, быйыл Хатаска баар “Баҕарах” ХЭТ сакааһынан 750 туонна от оттуубут. 47 гектарга туораахтаах үүннэйини ыстыбыт. 6000 табаны Анаабыр туундаратыгар тиийэммит бруцеллез ыарыыттан эмтээтибит.
Өлүөхүмэҕэ биир улахан бырайыактаахпыт. Быйыл саҥа дьылтан ойуур питомнигын тэрийии туһунан саҥа федеральнай сокуон олоххо киирбитэ. Онно айылҕа баайын туһанааччылар ойууру кэрдэн баран, хайаан да сөргүтэр үлэни толоруохтаахтар диэн этиллэр. Саха сиригэр ойуур питомнига диэн олох суох. Биһиги бэс уонна тиит олордуохтаахпыт. Термининэн эттэххэ, бу үлэ “лесовосстановление” диэн буолар. Саха сиригэр урут маннык үлэ хаһан да ыытыллыбатаҕа.
АГУТУ-га 48 үөрэх салаата баар. 5 факультет, Өктөмнөөҕү филиал, колледж, “Институт непрерывного профобразования” диэн баар.
– Төлөбүрдээх үөрэххит сыаната төһөнүй?
– Быйыл 1500 саҥа устудьуону ылыахтаахпыт. Онтон 851 миэстэ бүддьүөттэн үбүлэнэр миэстэ буолар. Уоннааҕыта төлөбүрдээх.
Үөрэх төлөбүрэ, билиҥҥи сыанабылынан, удамыр дии саныыбын. Саамай улааппыта биир үөрэх дьыла 120 тыһ. солк. буолар. Колледжка биир сыл үөрэх – 70 тыһ. солк. Чэпчэки сыанаҕа үөрэтэр биһиэхэ уустук соҕус эрээри, бүддьүөтү таһынан атын харчыны киллэриигэ күүскэ үлэлиир буоламмыт,оҕолорго удамыр сыананы олохтуубут.
– Тус сыаллаах (целевой) үөрэххэ ылыы төһө баарый?
– Быйыл өрөспүүбүлүкэттэн тус сыаллаах 103 миэстэ баар буолла. Биһиги Тыа хаһаайыстыбатын; Экология, айылҕа баайын туһаныы уонна ойуур хаһаайыстыбатын; Баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар министиэристибэлэри кытта үлэлиибит. Сүрүн сакаасчыттарбыт кинилэр. Ону таһынан, быйыл коммунальщиктарга аналлаах энергетика салаатын арыйдыбыт. Тыа хаһаайыстыбата уонна энергетика ыкса ситимнээхтэр. Онон инникитин ОДьКХ уонна энергетика министиэристибэтин кытта үлэлэһэр буолуохпут.
– Истипиэндьийэҕит хайдаҕый? Университет буолбуккутунан үрдээтэ дуо?
– Үрдээн. Ортотунан ыллахха, 5000 солк. Онно эбии култуураҕа, спортка, наукаҕа, үөрэххэ, уопсастыбаннай үлэҕэ баалынан куонкурус ааһан үрдэтиллибит истипиэндьийэни ылыахтарын сөп. Онно улахан куонкуруһу ааһаллар. Устудьуоннарбыт урут-уруккуттан олоххо көхтөөхтөр, бары дьулуурдаахтык уонна ситиһиилээхтик үөрэнэллэр. Үлэ буоллун, араас таһымнаах тэрээһин буоллун, биһиги устудьуоннарбыт инники күөҥҥэ сылдьааччылар.
Ыччат кэм ирдэбилигэр эппиэттииргэ кыһаллар. Оттон биһиги кинилэр сайдалларыгар, үөрэнэллэригэр бары усулуобуйаны тэрийэбит. Холобур, буор босхо омук тылын үөрэтэбит – факультатив быһыытынан. Спорт араас көрүҥнэринэн дьарыктанар кыаҕы биэрэбит. Култуура эйгэтигэр аан дойдуга аатырар “Сандал”, “Нуурал” ансаамбыллардаахпыт. “Академия креатива” диэн фотостудия баар. “Академия волонтера” диэн хамсааһын үлэлиир. Бизнес-инкубатор баар. Наука куруһуоктарыгар оҕолор сөбүлээн дьарыктаналлар. Араас таһымнаах күрэхтэргэ кытталларыгар улаханнык өйүүбүт – бырайыастарын эҥин барытын бэйэбит уйунабыт.
Саха сирин хортуоската, эттээх боруода ынахтар уонна кымыс сыворотката
– Наука өттүгэр туох үлэ барарый?
– Европейскай грант ылбыппыт. 2024-2025 сылга биһиги PhD дипломун биэрэр буолуохтаахпыт. Ол аата евростандартка эппиэттиир диплом.
Арассыыйа Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин үс научнай тиэмэтин ылан олоробут. Өрөспүүбүлүкэ министиэристибэттэн 5 научнай тиэмэни ылан үлэлэтэбит.
Ону таһынан манна хортуоппуй селекциятынан дьарыктанан эрэбит. Саха сиригэр сөп түбэһэр оройуоннаммыт хортуоппуй суордун таһаарыахтаахпыт. Бастакыта гибрид буолуоҕа. Манна лабораториялаахпыт, уопуттары туруорар бааһынабыт Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгэр баар. Урут оройуоннаммыт суорду 2013 сыллаахха таһаарбыттар. Онтон биһиги учуонайдарбыт күүскэ ылсан үлэлээн эрэллэр. Билигин үүнэ турар, күһүн үүнүүбүтүн ылыахпыт.
Уонна “Лаксимбиотик” диэн кымыс, быырпах сывороткатын оҥорон таһаардыбыт. Билигин биһиэхэ кымыс, быырпах оҥорон таһаарааччылар бары кэлии сывороткаҕа тирэҕирэн оҥороллор. Биһиги былыргы технологияны үөрэтэн, бэйэбит оҥорон таһаардыбыт. Саха сирэ бэйэтэ, килиэп доруоһатын туттубакка эрэ, саҥа сыворотканы таһаарда. Техническэй усулуобуйатын оҥордубут, патеҥҥа ыыттыбыт. Патент ыллахпытына бэйэбит сыворотка, ол аата аһытыы (закваска) диэни атыыга таһаарабыт.
Эттээх боруода хороҕор муостааҕы таһаарыынан дьарыктанабыт. Саха сиригэр сөптөөх эти биэрэр боруоданы таһаарарга үлэ барыахтаах диэн политика баар. Биһиги үлэбит сүрүн сыала-соруга – саха сүөһүтүн тупсаран, эт боруодатын үөскэтиэхтээхпит. 2025-2026 сылга калмыцкай боруодаттан саха боруодатын тип быһыытынан таһаарыахпыт. Бу барыта селекционнай уонна генетическэй үлэ. Ол түмүгэр Саха сиригэр бэйэбит мраморнай эттэниэхтээхпит.
– Выпускниктар үлэ булаллара хайдаҕый?
– 2019 сыл түмүгү ылан көрдөххө, биһиги үөрэхпит кыһатын бүтэрээччи 70-75 бырыһыана идэтинэн үлэ булунна. Сорох уолаттарбыт аармыйаҕа бардылар, кэллэхтэринэ кинилэри кытта салгыы үлэлиэхпит. Кыргыттар, олох хаамыытынан, ыал буолан оҕолонон олороллоро баар.
– Ынах, сылгы тутаҕыт?
– Биһиэхэ көнүүһүнэбитигэр 6 боруода сылгылаахпыт. Иппотерапияҕа Бэрэсидьиэн гранын сүүйэн, ыалдьар оҕолору кытта дьарыктанабыт. Баҕалаах устудьуоннары босхо ат миинэргэ, көрөргө-харайарга үөрэтэбит.
47 ынах сүөһүлээхпит.
Саҥа тутуулары олоххо киллэриэхпит
– Коронавирус кэмигэр үлэ-хамнас хайдах барда?
– Этэҥҥэ, биир да устудьуоммут ыалдьыбата. Бу үчүгэй көрдөрүү дии саныыбын. Ыарыы тарҕаныытын таһаарбатыбыт.
Ыраахтан олорон үөрэннибит. Үөрэх дьыла этэҥҥэ түмүктэммитэ. Балаҕан ыйын 1 күнүгэр үөрэх дьылын саҕалыахпыт диэн эрэлбит күүстээх.
– Материальнай-техническэй база өттүнэн хайдаххытый? Урукку сылларга ДьТХА уопсайыгар миэстэ аҕыйах диэн буолааччы...
– Саҥа уопсай тутуутун бырайыагын оҥортордубут, эскпертизаны аастыбыт. Аны билигин Бырабыыталыстыба, Ил Дархан көмөтүнэн Уһук Илини сайыннарыы судаарыстыбаннай бырагырааматыгар киириэхтээхпит. Онно үлэ бара турар. Бу үөрэнэр куорпуспут таһыгар сыбаайалар түспүттэрэ.
Ону кытта ипподроммутун сэргэхситиэхпит, конно-спортивнай комплекс диэн тутуллуохтаах. Ортотугар оҕолор дьарыктаналларыгар стадион баар буолуохтаах. Ипподром суоллара кэҥиэхтээхтэр. Ипподром билигин турар сирэ куорат киинэ буолла. Онон тас көстүүтэ кытта эппиэттиэхтээх.
Өктөмнөөҕү филиалбытыгар уруккута административнай тутуу дьиэтин уопсай дьиэ оҥоруу бырайыагын экспертизаҕа ыыттыбыт. Бырайыага оҥоһулунна. Алтынньыга экспертиза түмүгэ таҕыстаҕына, эһиилгиттэн үбүлээһин бопппуруостарыгар ылсыахпыт.
Быйылгы үөрэх дьылыгар 3 уопсай дьиэ баар. Устудьуон 50 бырыһыана уопсайынан хааччыллар.
Олох бары эйгэтигэр үлэлиибит
– Производственнай быраактыкаларын ханна ааһалларый?
– Билигин бэйэбит базабытыгар оҥороору тэринэбит. Тоҕо диэтэххэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр баар тэрилтэлэр таһымнара араас-араас. Сорохтор, чахчы, аныгылыы таһымнаахтар – технология, үлэ-хамнас тэрээһинин өттүнэн. Сорохтор олох былыргылыы дьаһанан олороллоро кистэл буолбатах. Оҕолор аныгылыы сайдыылаах, үрдүк таһымнаах тэрилтэлэргэ талаһаллар.
“Айболит” бэтэринээринэй клиникалаахпыт. Бэтэринээринэй факультет үлэлэтэр. Быйыл 2500 төбө дьиэ кыылын стерилизациялыыр, кастрациялыыр граны ыллыбыт. Үп көрүлүннэ, Дьокуускай куорат дьонун иитэр кыылларын аттыахтаахпыт, ыраастыахтаахпыт.
– Билигин саамай куонкурустаах, былдьаһыктаах факультеккыт ханныгый?
– Урут юридическай этэ. Билигин экономическай факультекка куонкурус үрдүк. Бары салааҕа барытыгар элбэх киһи докумуону туттарда.
Колледжка киириэн баҕалаах быйыл ордук элбээтэ. 9 уонна 11 кылаас кэнниттэн ылабыт.
Инженернэй факультекка быйыл цифровой уонна информационнай технология кафедратын арыйдыбыт. Тыа хаһаайыстыбатыгар аныгы технология күүскэ киирэн эрэр. Онно сөп түбэһэр специалистары бэлэмнээн таһаарыахпытын наада диэн толкуйга кэлбиппит.
“Агро НТИ” диэн федеральнай куонкуруска кытта сылдьабыт. “Агро-космос”, “Агро-метео”, “Агро-коптер”, “Агро-робот” диэн хайысхаларга 500-тэн тахса тыа сирин оскуолаларын оҕолорун кытыннардыбыт. Балаҕан ыйыгар манна регионнааҕы балаһааккаҕа полуфинал буолуохтаах. Онтон алтынньыга Арассыыйаҕа финалга тахсыахтаахпыт. 500 оҕоттон 100 оҕо полуфиналга таҕыста. Саха сириттэн урут биир да оҕо “Агро НТИ” куонкуруска федеральнай таһымҥа финалга тиийэ илик.
Онон наука буоллун, оҥорон таһаарыы буоллун, үөрэх буоллун – бары өттүнэн барытынан сэргэхтик үлэлии олоробут.
Быыбардааччыларым эрэллэрин толороору…
– Дьокуускай куораты кытта үлэҕит туһунан кэпсэтиэххэ.
– Этэн аһарбытым курдук, куораты көҕөрдүүгэ ылыстыбыт. “Баҕарах” бааһынай хаһаайыстыбаны кытта үлэлиибит. Ону таһынан, бэйэм Ил Түмэн дьокутаата буолабын. Залог быыбардыыр уокуругуттан талыллыбытым. Онон куораты кытта ыкса үлэлэһэбит. Хатастар оскуолаларыгар 6 мөлүйүөннэх федеральнай грант кыайбыттара – онно улаханнык көмөлөспүппүт.
Дьокутаакка биирдиилээн көрдөһүүлэр, ыйытыылар быыстала суох киирэ тураллар. Дьону кытта үлэлиибин. Хас биирдии боппуруос туһунан сыһыаны, толкуйу тобулууну эрэйэр.
Залог быыбардыыр уокурук кыһалҕалаах соҕус сир. Саамай элбэх быыбардааччылаахпын – 25000 кэриҥэ киһи. Хаарбах дьиэтэ, тупсарыыта суох дьиэ элбэх. Сирдэрин категориятыттан саҕалаан ууну-хаары аһардыы – барыта сытыы кыһалҕа.
Сүрүннээн сир буоппуруоһа сытыытык турар. Дьон дьиэ туттар, атыылыыр кыаҕа суох. Сурук-бичик, кэпсэтии бөҕө барар. Билиҥҥитэ улахан хамсааһын суох. Балаҕан ыйыттан, бары уоппускаларыттан кэллэхтэринэ, үлэбитин сөргүтүөхпүт.
Быйыл Кыайыы 75 сылын чэрчитинэн Автодорожнай уокуругу кытта сөптөөх үлэ-хамнас ыытылынна.
– Дьокуускайы саҥа оройуоннарга араарыы реформата ыытыллаары турар. Ону эн туох дии саныыгын?
– Үчүгэйдик ымпыгын-чымпыгын ааҕа иликпин. Олох сайдыытын быһыытынан уларыйыы барыахтаах дии саныыбын. Публичнай истиилэргэ хайаан да кыттыахпыт. Дьокутааттар, бастатан туран, дьоммут интэриэһин көмүскүөхтээхпит. Баар балаһыанньаны үөрэтэн, толкуйдаах хамсаныылар наадалар. Уларыйыылар туохха тирэҕирэллэрин үчүгэйдик үөрэтиэххэ, суоттуохха наада.
“Столица” диэн Ил Түмэн уона Куорат Дууматын дьокутааттарын ассоциациялара баар. Онно чилиэн уонна бэрэссэдээтэл солбуйааччыта буоларым быһыытынан, куорат дьаһалтата ыҥырда да, бу үлэҕэ кыттыһарга бэлэммит. Быыбардааччыларбыт санааларын, кинилэр этиилэрин дьаһалтаҕа тиэрдиэхтээхпит.
Сир боппуруоһа – сытыы кыһалҕа
– Быйыл ДСК оройуонугар 6 №-дээх оскуола тутулунна. Речевой оскуола эһиилгиттэн тутуута саҕаланар. Хатаска оскуолабыт иккис уочаратын тутуу 2021 сылтан саҕаланыахтаах. Хатас спортсаалатын бырайыагын оҥорторон, экспертизатын аһардан, судаарыстыба бүддьүөтүттэн үбүлээһиҥҥэ анньар былааннаахпыт.
Миэхэ быыбардааччыларым биир улахан сыал-сорук туруорбуттара – тыа сирин сайыннарар улахан бырагыраама үлэтин саҕалаабыта. Онно Хатаспыт, куорат уокуругар киирэр буолан, кыайан хапсыбат, ол онно киирсээри, быыс-хайаҕас була сатыыбыт. Ити бырагыраамаҕа киирэрбит буоллар, суол-иис тутуутугар да хамсааһын тахсыа этэ дии саныыбыт.
Бастаан дьокутаатынан талылларбар хатастар “үбүлээһиммит олус кырыымчык, биһиги Жатай курдук туспа муниципальнай тэриллии буолуохпутун сөп” диэн санааны тиэрдибиттэрэ. Бу саас эмиэ бу боппуруоһу күүскэ туруорбуттара.
– Толкуйдаан көрдөххө, туспа барыахтарын сөп буоллаҕа...
– Оннук. Күһүн бу тиэмэ эмиэ күөрэйиэҕэ дии саныыбын. Сирбитин-уоппутун бэйэбит дьаһаныа этибит дииллэр. Пайдарынан ылбыт сирдэрин туттар, атыылыыр, хапытаалынай дьиэ туттан пропискаланар кыахтара суох буоланнар, араас суолу толкуйдууллар.
Туспа баралларыгар өрөспүүбүлүкэ салалтата куорат салалтатын өйүөн наада. Ол барыта референдумунан барыахтаах. Норуот бэйэтэ барытын быһаарыахтаах.