26.09.2024 | 10:00

Иван Егоров: «Үлэлээбитим тухары саҥаттан саҥаны киллэрэргэ дьулуһабын...»

Иван Егоров: «Үлэлээбитим тухары саҥаттан саҥаны киллэрэргэ дьулуһабын...»
Ааптар: Маргарита АКИМОВА
Бөлөххө киир

Үс мэндиэмэннээх Роспотребнадзор Саха сиринээҕи салаатын таас дьиэтигэр киирэн, ааныгар «Профессор И.Я. Егоров» диэн суруктаах кэбиниэккэ болдьоммут бириэмэбитигэр толло-толло тиийдим. Бу күннэргэ 85 сааһын туолбут Иван Яковлевич бэрт чэпчэкитик туттан-хаптан, утары хааман кэллэ. Уһун, улахан остуоллаах кэбиниэт эркинигэр хаартыскалар кэккэлээбиттэр. Муннукка Саха АССР бастакы санэпидстанциятын оһоҕунан оттуллар мас дьиэтин макета турар. Кинигэ ыскааптарыгар бэрт элбэх кинигэ кэчигирэспит. Сынньанар хоһун эркинигэр килэччи араас докумуоннар ыйаммыттар. Олор истэригэр – Иван Яковлевич устудьуон билиэтиттэн саҕалаан профессор дастабырыанньалара. Саха сирин оройуоннарын, бэлиэ кэмнэрин кэрэһилиир араас значоктар бүлүүс матырыйаалга кичэллээхтик иилиллибиттэр. Бу барыта биһиги бүгүҥҥү дьоруойбут олоҕун, үлэтин кэпсиир түгэннэр.

Улахан оскуоланы ааспытым

– Иван Яковлевич, санитарнай быраас быһыытынан үлэҥ ханна, хайдах саҕаламмытай?

– 1967 сыллаахха Иркутскайдааҕы медицинскэй институту бүтэрээт, төрөөбүт оройуоммар Уус Алдаҥҥа үлэбин саҕалаабытым. Онно үс сыл – 1967-1970 сылларга үлэлээбитим. Саҥа тиийэн баран олохтоохтортон СЭС ханна турарын ыйыталаспыппар, хата, бэйэбиттэн төттөрү: «Санэпидстанция диэн тугуй?” – диэн ыйыппыттара. Ол курдук тиийиэхтээх сирбин эрэй бөҕөнөн булбутум. Онтум амбулатория дьиэтигэр, харах бырааһын хоһугар биир төгүрүк остуолга санэпидстанция үс үлэһитэ олорор эбит. Биэлсэр, медстатист уонна дезинфектор. Бүттэ. Ол аата Уус Алданнааҕы оройуоннааҕы санэпидстанция. Улаханнык соһуйбутум, сонньуйа да санаабытым.

Үс сыл иһигэр элбээн, кэҥээн, 17 киһилээх кэлэктииптэммиппит. Быраас, биэлсэрдэр, санитарнайдар баар буолбуттара. Бактериологическай лабораторияны арыйбытым. Туспа тэрилтэ быһыытынан дьиэлэммиппит. Дьокуускайга Совминтан көрдөһөн, Уус Алдан санэпидстанциятыгар анаан массыына биэрбиттэрэ.

Оччолорго сыстыганнаах ыарыы элбэх этэ. Холобур, бруцеллез, туляремия, грипп, риккетсиозтар, корь, о.д.а. Сыстыганнаах ыарыылары утары үгүс үлэни ыытан, балачча аҕыйаппыппыт, сорохторун төрүт суох оҥорбуппут.

Бу диэн эттэххэ, төрөөбүт оройуоммар үлэһит быһыытынан улахан оскуоланы ааспытым. Тэрилтэ быһыытынан атаҕар туруутугар сүүрэн-көтөн, бастакы ситиһиилэрим кэлбиттэрэ, үлэ үтүө түмүгүн билбитим.

 

Аспирантура инникибин түстээбитэ

– Дойдубар үһүс сылбын үлэлии сырыттахпына, Саха АССР Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр: «Харьковка аспирантураҕа үөрэнэргэ биир миэстэ кэллэ. Онно эйигин ыытабыт», – диэтилэр. Кэргэммэр эппиппэр: «Ваня, сөбүлэс. Ити биһиги инникибит, дьолбут буолуо. Эйигинэ суох хайдах эмэ олоруохпут», – диэтэ. Онно олус үөрдүм. Билигин, сааһыран олорон санаатахпына,  кэргэним ырааҕы өтө көрөн эппит, биһиги дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буоларбытыгар, чахчы, аспирантураҕа үөрэниим элбэҕи быһаарбыт эбит.

Харьковка үс сыл олорбутум. Онтон наука хандьыдаата буолан, 1973 сыллаахха Сахам сиригэр төннүбүтүм. Ити сүрдээх улахан ситиһии этэ. Дойдубар кэлэн, университет медицинскэй факультетыгар «Лечебное дело» преподавателинэн үлэлээн барбытым. Хата, биэс саастаах кыыс оҕолоох ыал дьоҥҥо уопсай дьиэҕэ хос анаан биэрбиттэригэр үөрүү бөҕө буолбуппутун өйдүүбүн.

 

Эдэр салайааччы инникигэ эрэллээх хардыылара

– Баара-суоҕа 34 саастаах эдэр киһини өрөспүүбүлүкэ кылаабынай санитарнай бырааһынан анаабыттарын ааҕааччыларга кэпсиэххэ эрэ. Тута сөбүлэспитиҥ дуо?

– Ити соһуччута бэрт этэ. Арай биир күн министиэристибэҕэ ыҥырдылар. Ол саҕана Дьокуускай куоракка «Найрамдал» дьиэтин оннугар муннукка икки этээстээх мас дьиэ турбута. Үөһээҥҥи этээһигэр – тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ, бастакы этээһигэр – Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ. Оһоҕунан оттуллара. Миниистир кэбиниэтэ –  быычыкаа хос. Ыстаата да аҕыйах этэ. Миниистир Прокопий Андреевич Петров ыҥыран ылан: «Оройуоҥҥа үлэлээбит уопуттааххын. Партиялааххын. Эйигин, медицина наукаларын хандьыдаата киһини, кылаабынай судаарыстыбаннай санитарнай бырааһынан аныыбыт диэн Обкомҥа эттилэр. Итиэннэ Доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччыта дуоһунаска сөбүлэһэҕин дуо?» – диэтэ. «Эһиги хайдах быһаараргытынан, мин утарбаппын», – диэтим. Онтон партия идеологияҕа обкома Прокопьев Юрий Николаевичка киллэрдилэр. Салгыы РСФСР Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кэллиэгийэтигэр ыҥыраннар, Саха АССР кылаабынай санитарнай бырааһынан аныырга сөбүлэҥ биэрэн куоластаатылар. Ол курдук өрөспүүбүлүкэ кылаабынай санитарнай бырааһынан 26 сыл, бу эйгэҕэ барыта 59 сыл үлэлээн кэллим.

– Бу билигин дьэндэһэн турар таас тутуулар үлэҕэ киирэллэригэр эн быһаччы сыһыаннаах салайааччы эбиккин дии?

– Манна биири этиэхпин баҕарабын:  бэйэм наар саҥаны киллэрэр соруктаах үлэлиибин. Сайдыы, инникигэ хардыы хайаан да баар буолуохтаах диэн санаанан салайтарабын.

Ити дуоһунаска 34 саастаах киһи ананан кэлбитим. Үлэбин биир этээстээх оһоҕунан ититиллэр мас дьиэҕэ саҕалаабытым. Биһиги иннибитигэр уулусса нөҥүө Хаан кутар станция быычыкаайык оһоҕунан оттуллар мас дьиэтэ турар этэ. Ол саҕана тэрилтэбит аата «Өрөспүүбүлүкэтээҕи санэпидстанция» диэн этэ.

Онтон ССРС Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтигэр көрдөһөммүн, 1976 сыллаахха манна бу билигин үлэлии олорор икки таас дьиэни туттарбыппыт. Бу уулуссаҕа сабыс-саҥа бастакы таас дьиэ дьэндэйбитэ.

Сыстыганнаах ыарыы төһө, хайдах аччыыра, суох буолуута – барыта биһиги тэрилтэбит сүрүн соруга этэ. Өрөспүүбүлүкэ оройуоннарыгар баар санэпидстанциялар мин хонтуруолбар, салайыыбар киирбиттэрэ. Манна диэн эттэххэ, оччолорго материальнай баазалара быстар мөлтөх туруктаахтара. Тустаах үлэбит таһынан, салайааччы киһи буоларым да быһыытынан, бэйэм иннибэр тутуунан дьарыктанарга диэн сорук туруоруммутум. Онон барыта 35 улууска санэпидстанция дьиэлэрин туттарбытым. Бу аҥаардас Дьокуускай куоракка биэс дьиэ турар. Бу дьиэни Кайдышев көмөтүнэн туттартарбытым. Оччотооҕуга Магадан уобалаһа уонна Саха уобалаһа быыбарга биир этилэр. Ол быыбарга Кайдышев быыбарыгар үлэлэспитим. Миэхэ наһаа үчүгэй сыһыаннааҕа. Ол сылдьан киниэхэ кыһалҕаларбытын кэпсиибин: өссө да отделларбытын эбиэхпитин, саҥа исписэлиистэрбитигэр үлэлиир усулуобуйа тэрийиэхпитин, онно саҥа дьиэ наада диэн. Онуоха киһим “сөп” диэн баран төлөпүөн трубкатын ылла уонна куорат мээригэр эрийдэ. Инньэ гынан сыл иһигэр үһүс таас дьиэбитин тутан бүтэрбиттэрэ. Аны Петр Алексеев уулуссатыгар куораттааҕы санэпидстанция дьиэтин туттарбытым. Онон бу тэрилтэбэр Дьокуускайга биэс анал дьиэни туттарбытым.

«Якутзолото» (Т.Г. Десяткин) – Өймөкөөҥҥө, Усуйаанаҕа иккилии дьиэни; М.Е. Николаев тыа хаһаайыстыбатын миниистиринэн үлэлии олорон, Абыйга уонна Эдьигээҥҥэ эмиэ икки дьиэни туттарбыта.

Мииринэйгэ маҥнай тиийэн баран олох ытыы сыспытым. Эргэ баҕайы оһоҕунан оттуллар мас дьиэҕэ санэпидстанция баарын көрөн. Онон эмиэ туруорсан, көрдөһөн «Якуталмаз» (В.В. Пискунов) тэрилтэ нөҥүө Мииринэйгэ уонна Ленскэйгэ саҥа үстүү этээстээх лабораториялаах дьиэлэр баар буолбуттара. Покровскайга, Ытык Күөлгэ «Якутскгеология» (П.П. Бородин) көмөтүнэн туттарбыппыт. Онон ити кэмнэргэ туруорсуу, көрдөһүү бэрээдэгинэн хас оройуон аайы тэрилтэбэр үлэ усулуобуйатын сүүс бырыһыан тэрийэн, тутуу бөҕө ыыттарбыппыттан олус астынабын. Ити туһунан букатын кыбыстыбакка, бу билигин олорон этэбин. Материальнай баазабытынан инники күөҥҥэ турар, атын регионнарга холобур буолар дьоһун тэрилтэҕэ кубулуйбуппут.

 

Саҥа саҕахтар, атын таһым

– 90-с сыллар саҕаланыыларыгар туох үлэ барбытай?

– Ити кэмҥэ биир сүрүн боппуруоспутун быһаарбытым. Ол саҕана Өрөспүүбүлүкэтээҕи санитарнай сулууспа Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин састаабыгар киирэрэ. Үбүлээһин наһаа мөлтөҕө. Хамнаспытын эрэ ыларбыт. Саҥа лабораторияҕа прибору, саҥа чинчийиини киллэрэрбит төрүт кыаллыбат этэ.  Ити туһунан  Совмин бэрэссэдээтэлэ С.Н. Марковка уонна үп миниистирэ И.Н. Алексеевка тиийэн кэпсээбитим, үбүлээһиммитин туспа оҥоруохха диэн көрдөспүтүм. Иван Николаевич көмөлөспүтэ, онон министиэристибэбититтэн арахсаммыт, үбүлээһиммит быһаччы Үп министиэристибэтиттэн кэлэр буолбута. Уопсай ыстатыйанан. Онон биһиги үлэбитигэр сайдыы өссө биир кэрдииһэ саҕаламмыта. Командировка, барыы-кэлии элбээбитэ. Сылга 15-тии массыынаны биэрэр буолбуттара. Оройуон аайы массыыналаммыттара. Лабораторияҕа саҥа оборудование бөҕөтүн ылбыппыт. Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ кылаабынай санитарнай бырааһынан үлэлии сылдьан тэрилтэм сайдыытыгар улахан боппуруостары быһаарбыппыттан киэн туттабын, ол үлэм түмүгүттэн астынабын даҕаны.

Уларыта тутуу саҕаланыытыгар Үрдүкү Сэбиэт бэрэссэдээтэлэ М.Е. Николаевка киирэ сырыттым. Мин оччолорго икки дуоһунастаахпын – доруобуйа харыстабылын миниистирин солбуйааччыта уонна өрөспүүбүлүкэ кылаабынай судаарыстыбаннай санитарнай бырааһа. Михаил Ефимовичка биһиги ыарахан балаһыанньаҕа олоробут, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ бас билэр буолан, үгүс тыын боппуруостарбытын кинилэрэ суох быһаарар кыахпыт суох диэн үлэбитигэр туох ыарахаттары көрсөрбүтүн, кыһалҕаларбытын кэпсээтим. Саҥа Госкомитет тэрийэн, санитарнай сулууспаны Доруобуйа харыстабылын министиэристэбититтэн таһаарыахха диэн туруорустум. Ол этиибин Михаил Ефимович өйөөн, сөбүлэһэн, Климент Егорович Ивановка тута төлөпүөннээтэ. Климент Егорович оччолорго Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ этэ. Михаил Ефимович киниэхэ бу боппуруоһу Бырабыыталыстыба мунньаҕар түргэнник көрүҥ уонна өйөбүлү оҥоруҥ диэтэ. Ити курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ, ону ааһан Арассыыйаҕа аан маҥнай туспа санэпиднадзор Судаарыстыбаннай кэмитиэтэ тэриллибитэ. Бу саҥа  тэрилтэҕэ уопуттаах уонна үлэһит салайааччы, медицинскэй наука доктора, эйигиттэн атын ким да буолбат диэн бэрэссэдээтэлинэн анаабыттара. Бу Арассыыйаҕа бастакы уопут буолан, миигин куораттан куоракка командировкалыыллара. Регионнар бары сэҥээрэннэр, дойду Бэрэсидьиэнигэр туруорсан, Арассыыйа санитарнай сулууспата улахан өйөбүлү ылбыта. Биһиги уопуппутугар олоҕуран, дойду Бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин ыйааҕынан Арассыыйаҕа санитарнай эпидемиологическай кэтээн көрүүнү хонтуруоллуур Судаарыстыбаннай кэмитиэт  тэриллибитэ, кылаабынай санитарнай бырааһынан Беляев Евгений Николаевич анаммыта. Кэнники кэмитиэт аата уларыйан, Роспотребнадзор диэн буолбута.

Арассыыйа таһымыгар үлэлиир салайааччыларбыт биһиэхэ уопуппутун билсиһэ, үлэбитин көрө-истэ элбэхтик кэлэллэр этэ. Беляев Е.Н. сыл аайы, Анищенко кыбаартал аайы сылдьара.

 

Дьылҕабар махтанабын

– Үйэм тухары үлэлээбит үлэбиттэн дуоһуйуу уонна дууһабар үөрүү баар. Хаһан даҕаны кимтэн даҕаны бэйэм туспар көрдөспөтөҕүм. Чахчы, элбэх түбүктэрдээх түмүктэр баалларыттан испэр наһаа үөрэбин. Талбыт идэбэр бачча сааспар диэри, билигин даҕаны бэриниилээхтик үлэлиирбиттэн дьоллоох киһибин. Олохпор элбэх үтүө үлэһит дьону көрсүбүппэр уонна көрсөрбөр дьылҕабар махтанабын.

Биирдэ айаннаан истэхпинэ араадьыйаҕа Путин ыйааҕа тахсыбытын туһунан: «Министру здравоохранения РС (Я) Егорову И.Я. присвоено «Орден Почета» диэн эппиттэригэр соһуйбутум. Арассыыйа үтүөлээх бырааһа, СӨ үтүөлээх бырааһа, РФ Доруобуйа харыстабылын туйгуна – бу өр сыллаах үлэм сыанабыла. Соторутааҕыта «Пирогов аатынан уордьаны» туттарбыттара. Бу 57 сыл устата доруобуйа харыстабыла сайдыытыгар сүрдээх улахан үлэни ыыппыт буоламмын ити наҕараадалар кэлбиттэрэ.

 

Үлэтэ суох сатаммаппын

– Үлэлээбитим тухары өрүү саҥаттан саҥаны киллэрбитим. Саҥаттан саҥаны! Миниистирдээбит кэммэр дьоһун хардыылары оҥорбуппут, саҥа саҕахтары арыйбыппыт. Холобур, Саха сиригэр сүрэххэ бастакы эпэрээссийэни оҥоруу, бастакы бүөрү көһөртөрүү, бастакы телемедицинаны киллэртэрии, бастакы күнүскү стационары тэрийии, онтон да атын саҥаттан саҥа хайысхалар киирэн испиттэрэ. Бэйэм майгым оннук. Биир сонун хардыыны оҥордубут даҕаны: «Сөп, махтал. Аны билигин маннык кыһалҕа баар, ону быһаарыахха, саҥа соругу туруорунуохха» диэн буолан иһэрэ.

Доруобуйам таҥара көмөтүнэн этэҥҥэ. Үлэтэ суох сатаммаппын. Түөрт болдьоххо Уопсастыбаннай палаатаҕа, СӨ Ытык Сүбэтигэр эмиэ үлэлии сылдьыбытым. Эдэр көлүөнэ барытыгар киллэрэн иһэриттэн үөрэбин. Сахабыт сиригэр үлэлии олорор санитарнай сулууспабыт Арассыыйаҕа инники күөҥҥэ, олох бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар, атыттарга холобур буолар.

СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин иһинэн Уопсастыбаннай сүбэни салайбытым уонча сыл буолла. Санитарнай быраастар, инфекционистар, эпидемиологтар уопсастыбаларын салайабын.

Соторутааҕыта идэлээх күммүт буолбута. Арассыыйа үрдүнэн бу тэрилтэбит билиҥҥи салайааччыта Анна Юрьевна Поповалыын уонна араас кэмнэргэ бииргэ үлэлэспит салайааччыларбыныын  өрүү билсэ-көрсө, кэпсэтэ олоробут. Урут үлэлээн ааспыт дьонум сибээспитин тутааччы Иван Яковлевичка махтанабыт дииллэриттэн саастаах киһи үөрэбин.

 

Сүрүн сорук – историяны үйэтитии

– Өрөспүүбүлүкэ, ону ааһан Арассыыйа санитарнай сулууспатыгар аналлаах бэрт элбэх кинигэ ааптара эбиккин.

– Оннук. Суруллубут – суоруллубат. Кинигэлэрбэр санитарнай сулууспа историятын ахтан суруйабын. Оччотооҕу үлэһиттэр, салайааччылар тустарынан. Урут бруцеллез, туляремия, бешенство, сибирскэй язва, холера, корь, коклюш, о.д.а. сыстыганнаах ыарыы бөҕө кэлэ сылдьыбыта. Бу ыарыылар утары кимнээх хайдах үлэлээбиттэрин туһунан ахтабын. Өрөспүүбүлүкэ салалтата араас сылларга хайдах көмө оҥорбутун туһунан кэпсиибин. РФ таһымыгар үлэлиир салайааччылар Саха сиригэр көмөлөрүн туһунан. Саҥаны киллэриигэ РФ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ үтүмэн көмөнү оҥорбутун дьон-сэргэ билиэх тустаах. Бу кинигэлэрим Москва, Иркутскай, Новосибирскай, Санкт-Петербург, Сыктывкар, Магадан куораттарыгар тиийэ тарҕаммыттара. Онно ааттара киирбит үлэһиттэр оҕолоро махталлара бөҕө. Хомойуох иһин, урукку үлэһиттэр үгүстэрэ биһиги кэккэбитигэр суохтар.

Кинигэлэр аныгы кэм санитарнай сулууспатын үлэһиттэрэ историяны биллиннэр, холобур ыллыннар диэн санааттан суруллаллар. Сорохторо устудьуоннарга, эдэр исписэлиистэргэ үөрэх босуобуйатын курдук эмиэ туһаныллар. Манан бэйэм кэмим кэрэһитэ буоламмын, историяҕа санитарнай сулууспаҕа кырата суох кылааттарын киллэрбит дьоммут ааттарын үйэтитэбин.

 

Күнүм сэрээккэттэн саҕаланар

– Аҕыйах хонуктааҕыта (балаҕан ыйын 24 күнэ – Аапт.) 85 сааскын туолбут үөрүүлээх үбүлүөйгүнэн эҕэрдэлиибит. Маннык сааска диэри үлэ үөһүгэр сылдьыы кистэлэҥнэрин сэгэтэн кэпсиэҥ дуо?

– Бу доруобай сүүрэ-көтө сылдьарым диэн бэйэбиттэн тутулуктаах. Наар үлэнэн дьарыктанабын. Сарсыарда уһуктаат, саҥа күнүм сэрээккэттэн саҕаланар. Күн аайы чаас аҥаара эппин-сииммин уһугуннарбытым 35 сыл буолла. «Приседаниены» күн аайы сүүсчэни оҥоробун, атаҕым-илиим сүһүөхтэрин мускуйабын.

Сэрээккэ туһата баһаам. Сүрэҕим тилигэриччи үлэлии түһэр, тымырдарым бары сүүрүгүрэ, ис уорганнарым бары хамсыы түһэллэр. Бачча сааспар диэри балыыһа ханна баарын билбэппин. Күҥҥэ уончалыы килэмиэтири хаамабын. Кэргэним аспытыгар улахан болҕомтотун уурар. Барыта – бэйэбит дойдубут аһылыга. Үрүҥ ас, балык, эт. Үчүгэйдик утуйабыт.

Киһиэхэ үчүгэй сыһыан наада. Киһини кытта үөрэ-көтө кэпсэттэххэ, кырдьык, дууһаҥ да уоскуйар. 26 сыл СӨ кылаабынай санитарнай бырааһынан, 4 сыл СӨ Доруобуйа харыстабылын миниистиринэн үлэлиир кэмнэрбэр кими да кытта тыл тылга киирсибэтэх түгэммин өйдөөбөппүн. Билиҥҥэ диэри бэйэм кэлэктиибим ортотугар сырыттаҕым дии. Онон барыта киһиттэн бэйэтиттэн тутулуктаах: доруобай буолуу, уһун үйэлэнии.

 

Биһиги дьолбут, үөрүүбүт

– Быйыл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн сыла. Дьиэ кэргэҥҥин кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?

– Кэргэним Бүлүүттэн төрүттээх. Кини Дьокуускайга үөрэнэр кэмигэр, мин Иркутскайтан кэлэ сылдьан, билсэн холбоспуппут. Икки кыыстаахпыт. Быраас уонна юрист идэлэрдээхтэр. Сиэммит эһэтэ үөрэммит куоратыгар – Иркутскайга үөрэнэн, стоматолог идэтин баһылаан, үлэһит буолла. Биир сиэммит Сеулга үөрэммитэ, Прагаҕа олорор. Биир сиэн – 11 кылаас, кырабыт – 1 кылаас үөрэнээччилэрэ.

Оҕолорбут, сиэннэрбит – биһиги дьолбут, үөрүүбүтүн үксэтэр күндү дьоммут. Кинилэр үчүгэйдик сылдьалларыттан эбээлээх эһээ үөрэ-көтө олоробут. Оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр бэйэбитинэн холобур буолабыт. Онон өссө даҕаны инникибитин уһатыахпыт дии саныыбыт.

– Иван Яковлевич, баай ис хоһоонноох кэпсээҥҥэр, история быыһын сэгэппиккэр махтанабыт. Үлэҕэр ситиһиилэри, чэгиэн доруобуйаны баҕарабыт.

 

Хаартыскалар: дьоруой тус архыыбыттан

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...