Иван Андросов-Айанньыт: «Суруйар киһи хаһан да астыммат буолар эбит...»
Кини ааҕааччыга «Тумаҥҥа симэлийбиттэр» кинигэтинэн киэҥник биллэр, уус-уран тылынан, умсугутуулаах сюжетынан биһирэнэр. Саҥа дьыл иннинэ арамаан төрдүс олуга “Айар” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбытын үөрэ истибит, үгүстэр номнуо аахпыт буолуохтааххыт.
Бүгүн биһиги кэммит кэрэхсэбиллээх суруйааччыта Иван Афанасьевич Андросов-Айанньыт олоҕун быыһын сэгэтиэххэ, айар үлэтин кистэлэҥнэрин арыйыахха.
«Кэскилтэн» кынаттанан, Нина Протопопова алгыһынан
– Иван Афанасьевич, ааҕааччылар суруналыыһы – суруйууларынан, суруйааччыны кинигэлэринэн билэллэр. Онон кэпсэтиибитин хантан төрүттээххиттэн, оҕо сааскыттан саҕалыахха. Айар тыл абылаҥар хаһааҥҥыттан ылларбыккыный?
– Мин Кэбээйи улууһун Мукучу нэһилиэгэр улахан дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтүм. Бииргэ төрөөбүт онуо этибит, билигин тохсуо буолан хааллыбыт. Аҕабыт Афанасий Иванович Андросов айар куттаах, тыллаах-өстөөх, киһи кэрэмэһэ этэ. Барытыгар инники күөҥҥэ сылдьар дьикти айылгылааҕа. Саанан үчүгэйдик ытарын туһунан дьон билиҥҥэ диэри ахталлар. Нэһилиэк кэнсиэригэр өрүү кыттара, драмаҕа, пьесаҕа оонньуура. Биһиги дьоммут Кэбээйи оройуонугар бастакынан «Лоокуут уонна Ньургуһун» пьесаны туруорбуттар быһыылааҕа. Аҕабыт Мөлчөс оруолун толорбут, ийэбит Прасковья Егоровна Андросова Ньургуһуну оонньообут. Биир кэмҥэ куоталаһыы кэнсиэрин көрө, сыаналыы Сиэн Чолбодук тиийэ сылдьан: «Кэбээйигэ Афанасий Иванович Андросов диэн сүрдээх талааннаах артыыс баар», – диэн суруйбут этэ. Аҕабыт биһигини, бытырыыс оҕолору, батыһыннарбытынан эргэ кулуупка пьесаҕа кытыннара илдьэрин өйдүүбүн. Бэйэтэ үксүн салайар үлэҕэ сылдьыбыта. Сииттэҕэ, Мастаахха управляющай, Мукучу сопхуоска профсойуус, биригэдьиир этэ. Биир кэмҥэ Сииттэҕэ көһөн тиийэн олоро сылдьыбыппыт.
Ийэбит Прасковья Егоровна – Герой ийэ. Эдэр сылдьан ыанньыксыттаабыта, онтон кэлин элбэх оҕолонон, биһигини көрөн олорбута. Сорох ардыгар барыбытын аралдьытаары, бэйэтэ да сынньанаары, сахалыы кинигэлэри ааҕара. Биһиги кинини төгүрүччү сытан истэрбит. Аҕабыт сэһэнньиттэри, олоҥхоһуттары аҕалан хоноһолоторо. Ону түүнү быһа истэллэрэ, биһиги, оҕолор, истэ сытан утуйарбыт. Кэлин «Ньургун Боотур» олоҥхо пластинкаларын атыылаһан аҕалбыта. Эһэбит бултаан кэллэҕинэ, киэһэтин кини кэпсээннэрин истэрбит. Арыый улаатан баран эһэлээх эбэбитигэр киэһэ аайы үөрэнэр кинигэлэрбититтэн айымньылары ааҕарбыт. Онтон дьоммут олус үөрэллэрэ.
– Хаһыакка хайдах кэлбиккиний?
– Танара орто оскуолатын бүтэрээт, үөрэҕи куоттаран, сопхуоска үлэлээбитим. Убайым Илларионы батыһан, сайын мехзвеноҕа, кыһынын от-мас тиэйиитигэр сылдьыбытым. Онтон аармыйаҕа сулууспалаан кэлбитим, салгыы үрдүк үөрэххэ бэлэмнэнии кууруһугар киирбитим. Университеты бүтэрэн баран Амма улууһун Покровка нэһилиэгэр үлэ, уруһуй учууталынан ананан тиийбитим. Биэс сыл олус үчүгэйдик ааспыта: саҥа мастарыскыай туттаран, санаам хоту оҥостубутум. Үөрэтэр оҕолорум уруһуй, черчение, прикладной искусство күрэхтэригэр миэстэлэһэр буолбуттара. Оскуола ис көстүүтүгэр күүскэ үлэлээбитим. Олоҕум аргыһа Мария Пантелеймоновналыын онно билсибитим. Кини кыра кылаастарга учууталлыыра. Онон олохпутун холбообут сирбит – Покровка. Онтон кэргэним дойдутугар – Чурапчы Арыылааҕар көспүппүт. Тиийбиппитигэр: «Орто оскуола буолуохтаахпыт, манна дириэктэринэн үлэлээ», – диэн соһуппуттара. Инньэ гынан аҕыс кылаастаах оскуоланы орто оскуола тэрийэр түбүккэ түспүппүт. Учебниктары көрдөөһүн, дьиэни-уоту оҥостуу, сүүрүү-көтүү буолбута. Учууталлар, төрөппүттэр көмөлөрүнэн балаҕан ыйын 1 күнүн орто оскуола буолан көрсүбүппүт. Кэлин оскуоланы дьаһалта бухгалтериятыттан арааран, туспа тэрилтэ оҥорбутум, тыраахтардаах этибит, онно эбии массыына булуммуппут. Ити курдук үс сыл дириэктэринэн үлэлээбитим. Дуогабарым бүтэн, куоракка көспүппүт. Кэргэним тута оскуолаҕа үлэ булбута. Онно санаан көрбүтүм, үөрэммит идэбиттэн ураты, оҕо эрдэхпиттэн илдьэ хаалбыт дьоҕурум – уруһуй эрэ баара. Ыллаабаппын, үҥкүүлээбэппин. Аны куорат оскуолатыттан саллар курдугум, онон эйгэбин уларытарга быһаарыммытым. Арай биир күн балтым Аля (Альбина Тарабукина, «Тэтим» араадьыйа ыытааччыта – Аапт.) эрийэн, «Учуутал аргыһа» хаһыакка миэстэ баар үһү диэтэ. Кырдьык даҕаны, хаһыакка уруһуйдьут наада буолуо дии санаан, эрэдээксийэлэри кэрийдим. Түмүкпэр Нина Иннокентьевна Протопоповаҕа киирэ сырыттым. «Учуутал аргыһыгар» миэстэ баар», – диэтэ. Николай Степанович Дмитриевы, Николай Прокопьевич Васильевы ыҥыран ылан: «Бу оҕону көрүҥ, кэпсэтиҥ», – диэтэ. Тиһиллэ сылдьар хаһыаттары көрдүм, аахтым, иккис күммэр Нина Иннокентьевна матырыйаал суруйтара биэрдэ. Аҕыйах хонугунан ыҥыран: «Эйигин үлэҕэ ылабын. Ол эрээри «Учуутал аргыһыгар» буолбатах, «Кэскилгэ», – диэбитэ. Мин өссө үөрбүтүм. Онно тута Наталья Никитична Томтосоваҕа сыһыарбыттара.
– Ол иннинэ суруйар этиҥ дуо?
– Суох буоллаҕа. Оҕо эрдэхпиттэн уруһуйдуур, уһанар этим. Ийэм куруук: «Илиигин харыстаа, аһатарыҥ-сиэтэриҥ ити буолуо», – диир буолара. Хаһыат үлэтин тута сөбүлээбитим. «Түүл дуу, илэ дуу?» балаһаны туттарбыттара, онно оҕолор матырыйаалларын быыстарыгар истибит кэпсээннэрбин суруйан киллэрэр буолбутум. Эрэдээктэрим: «Кытаат, суруйан ис», – диирэ. «Түүл дуу, илэ дуу?» балаһаҕа тахсыбыт суруйуулары түмэн, үс кинигэни таһаарбыппыт. Атыыга былдьаһыгынан барбыта. Онтон Нина Иннокентьевна уолаттарга аналлаах «Байанай» балаһаны биэрбитэ. Бастаан оҕо суруга аҕыйах курдуга, онон сыыйа-баайа бэйэм суруйан барбытым. Ону мунньан, түмэн, Нина Протопопова, Александр Васильев-Көрдүгэн эрэдээксийэлээн, «Бэргэн» диэн оҕолорго аналлаах үс кинигэни таһаарбыппыт. Кэлин уубар-хаарбар киирэн, олус уустаан-ураннаан суруйар буолбутум (күлэр). Ону Нина Иннокентьевна: «Биһиги ааҕааччыларга анаан суруйабыт. Хаһыат тыла судургу, оҕоҕо өйдөнөр буолуохтаах. Кэлин кинигэ таһаараргар уустаан-ураннаан холонон көрөөр. Суруйуоххун сөп эбит», – диэн алҕаабыта.
Оҕо эрдэхпиттэн айылҕа ортотугар улааппыт киһи куоракка көһүөхпүттэн саас аайы тыыным-быарым хаайтарар, халлааҥҥа хантаарыҥныы сылдьар буолбутум (күлэр). Онтон доҕотторбутун, кинилэр табаарыстарын кытта «Сонор» диэн булчуттар кулууптарын тэриммиппит. Кыттыһан массыына ылыммыппыт, сир ылан бииргэ бултуур буолбуппут. Ол сылдьан булчуттар сырыыларын суруйан саҕалаабытым. Биир сыл «Байанай» сурунаал өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕи биллэрбитэ. Онно матырыйаал ыыппытым, соһуйуом иһин, бастакы миэстэни ылбытым. Онтон кынаттанан, 2005 сыллаахха «Куорат булчуттара» диэн бастакы кинигэм күн сирин көрбүтэ.
Ол курдук «Кэскил» хаһыакка 27 сыл үлэлээбитим. 18 сыл хаһыаппытыгар профсойуус бэрэссэдээтэлэ этим. Сааһым ыраатта, айар үлэнэн дьарыктаныыһыбын диэн, бэйэм баҕа өттүбүнэн тохтообутум. Хаһыакка үлэлээбитим, элбэх дьону кытта кэпсэппитим, үгүс сири-дойдуну көрбүтүм суруйарбар туһалыыр.
Пьесаттан – арамаан
– Бу олоххо туох барыта ситимнээх. «Тумаҥҥа симэлийбиттэр» арамааныҥ хайдах айыллыбытын сэһэргиэҥ дуо?
– Эрэдээксийэнэн олус элбэх командировкаҕа айанныырбыт. Оскуола, нэһилиэк музейдарыгар үгүстүк ыалдьыттыырбыт. Ол сылдьан былыргы сэби-сэбиргэли, таҥаһы-сабы интэриэһиргээн көрөрүм. Биир саас кустаан кэлэн баран тугу эрэ суруйуохпун баҕара сырыттахпына, оптуобуска биир дойдулаахпын, убайбын Анатолий Павлович Николаевы (Арассыыйа үтүөлээх артыыһа, СӨ норуодунай артыыһа – Аапт.) көрсө түспүтүм. Онуоха кэпсэтэ олорон: «Туоҕа Боотур туһунан драмата суруй», – диэн өй укпута. Бастаан ыарырҕаппытым, онтон холонон көрүөх буолбутум. Ол курдук үһүйээннэри хасыһан, пьесалары ааҕан барбытым. Улахан матырыйаал буолан тахсыбыта. Анатолий Павловичка хаста да тиийэн көрдөрбүтүм, сүбэ-ама биэрбитэ. Биирдэ: «Үлэҕин күрэххэ биэрэбин дуо?» – диэн ыйыппыта. Өтөр буолбатаҕа, тыйаатыртан эрийэн наҕараадалааһыҥҥа ыҥыран соһуппуттара. Лауреат буолбут этим. Анатолий Павлович: «Тылыҥ-өһүҥ үчүгэй эбит, кинигэ гынан таһаарбаккын дуо?» – диэбитэ. «Кырдьык даҕаны!»– дии санаабытым. Ол саҕана биир дойдулааҕым, учуонай убайым Марк Петрович Григорьев архыыпка төрүттэрин хасыһа сылдьар кэмэ этэ, кини сүрүн сүбэһитим буолбута.
Туоҕа Боотуру урукку үһүйээннэргэ Тыгын Дархантан күрээн барбыт курдук суруйаллар. Ол эрээри Тыгын Тойон эккирэтиннэрбэтэх, суоллаппатах. Кини киһи хайаан да ир суолун ирдээн, булан ылыахтааҕа буолуо. Марк Петрович: «Дьикти эбит, арааһа, биһиги дьоммут кистэлэҥ сорудахха барбыттар быһыылаах», – диэн соһуппута. Ону иилэ хабан ылан, айымньыбын Туоҕа Боотур Орто Бүлүүгэ ил-эйэ олохтуу, сир-уот була, киис бултуу барбыт диэн бэйэм сабаҕалааһыммынан саҕалаабытым. Бастакы кинигэбин сыл курдук суруйбутум. «Бичик» кинигэ кыһатыгар аҕалан туттарбыппар, олус үөрбүттэрэ. Эрэдээктэринэн М.П. Степанова уонна А.В. Васильев-Көрдүгэн буолбуттара. Ааҕааччылар сөбүлээбиттэрэ, салгыытын ыйыталаспыттара. Онтон кынаттанан иккис кинигэм тахсыбытын кэннэ «Саамай ааҕыллар кинигэлээх ааптар» бириэмийэни туттарбыттара. Дьиҥэр, онон бүтэр санаалааҕым ээ. Ааҕааччы Хара Ойуун ханна барда диэн салгыытын күүтэр курдуга. Онон үһүс кинигэбэр киирбитим. Наһаа уһаан-кэҥээн барда диэн ыксаабытым, ол иһин бүтэһигэр «Туомтуу тардыы» диэбитим. Түргэнник өһүллэр, түргэнник бааллар, хаһан баҕарар төлө тардан суруйуом дии санаан түмүктээбит курдук буолбутум. Ол эрээри архыыптары хасыһарбын, үһүйээннэри ааҕарбын тохтоппотоҕум. Ол сылдьан биһиги дойдуга тиийбит дьонтон уос номоҕо буолбут, Мукучуну төрүттээбит Дагдаҕар Боотур туһунан интэриэһиргээн барбытым. Олорбут сирэ, уҥуоҕа ханна баара биллэр. Кинини үксүн кыргыс эрэ киһитин курдук суруйаллар. Тоҕо оннук буолбутун билиэхпин баҕарбытым. Онон «Тумаҥҥа симэлийбиттэр» төрдүс кинигэтигэр Дагдаҕар Боотуру оҕо сааһыттан саҕалаан, хайдах боотур буолбутун сабаҕалаан суруйдум.
Былыргы үһүйээннэргэ сурулларынан, уолаттары эһэлэрэ биитэр биилэрэ көмүскэнэргэ, сэби-сэбиргэли туттарга үөрэтэллэрэ. Биһиэхэ былыр түөлбэлэспиттэрин кэннэ сири-уоту харыстыыр, маныыр, көмүскүүр боотурдар баар буолбуттара. Бу дьон сааһыран истэхтэрин аайы, солбук баар буолуохтаах диэн, төрүттэриттэн саҕалаан үөрэтэн оҕолору талаллара. Ол уолаттары кырдьаҕас боотурдарга биэрэн, кыргыс үөрэҕэр такайтараллара. Оҕолор кыргыс үөрэҕин толору аастахтарына, түөлбэлэригэр төннөн тойон тус манабыла биитэр сэрииһит боотур буолаллара. Сэрии, кыргыс буолар түбэлтэтигэр, түөлбэ эр дьонун мунньан кылгас кэм иһигэр кыргыс үөрэҕэр уһуйаллара. Дагдаҕары эмиэ оннук ииттэрэ ыыталлар. Ити курдук, бэйэтэ бэйэтиттэн ситимнэнэн, улам-улам тахсан истэ.
– Пьесаҥ тыйаатырга турбата, кэлин ким да ыйыталаспата дуо?
– Суох. Мукучулар кинигэттэн быһа тардыыны ыһыахха туруорбуттар этэ. Былырыын Москваҕа олорор бииргэ үөрэммит доҕорум: «Казах режиссеругар эн сюжеккын кэпсээтим, киинэ гынан таһаарбаппыт дуо диэн интэриэһиргээтэ», – дии сылдьыбыта. Нууччалыы тылбааһа суох буоллаҕа. Тылбаастыырга да уустук. Бастаан үөрбүтүм аҕай, онтон «чэ, бээ» диэбитим.
Мин саныахпар, төрдүс кинигэттэн уол оҕону боотурга уһуйууну ылан кэҥэтэн, сайыннаран киинэ таһаарыахха сөп. Дьиҥэр, боотурга анаан-минээн үөрэтии туһунан улахан суруйуу суох курдук, үһүйээннэргэ даҕаны аҕыйахтык кэпсэнэр.
Мэлдьи туох эрэ тиийбэт курдук...
– Туохха ордук болҕомтоҕун уурдуҥ? Суруйаргар «батыллан» хаалбыт түгэннээххин дуо?
– Өбүгэлэрбит кыргыс кэмиттэн тахсан, или-эйэни, түмсүүнү, сомоҕолоһууну олохтуу сатаабыттарын көрдөрө сатаатым. Бастакы кинигэбэр таҥастарын-саптарын, сэптэрин-сэбиргэллэрин үчүгэйдик билбэт буолан, «батыллан» ылбытым. Ол саҕана «Тыгын Дархан» киинэ уһулла сылдьарын сэргии истибитим, баҕар, тугу эрэ туһаныам дуу диэн күүтэ санаабытым. Киинэ иккис кинигэм тахсарыгар биирдэ көстүбүтэ. Таҥастарын-саптарын, боотурдар сэптэрин-сэбиргэллэрин көрөн баран, «сыыспатах эбиппин», оччотооҕу кэми син сөпкө ойуулаабыппын диэн өрө тыыммытым.
– Сюжетын хайдах толкуйдуугунуй? Бэйэтэ тахсан иһэр дуу?
– Былаан диэн улаханнык оҥостубаппын. Холобур, Дагдаҕар Боотур туһунан суруйуум тугунан түмүктэниэхтээҕин эрдэттэн билэр этим. Онон биир туочукаттан иккис туочукаҕа тиийэрбэр, ол икки ардыгар туох буолуохтааҕын, кими көрсүөхтээҕин толкуйдуубун. Суруйбут дьонум ханна да барбаттар, баар буолуохтаахтар, хайаан да охсуллан ааһыахтаахтар. Сюжет бэйэтэ оннук тахсан иһэр. Сороҕор бэрт үчүгэйдик, бэйэтэ бэйэтиттэн ситимнэнэр.
– Айымньыгар былыргы, эргэрбит тыллары хайдах киллэрдиҥ?
– Дьиҥэр, эргэрбит тыл элбэх. Олус үлүһүйдэххэ, ааҕааччы дэбигис өйдүө суоҕа, киһи кыайан аахпат айымньыта буолуо. Быһаарыылаах тылдьыты оҥордоххо, аны бэйэтэ хас да сирэй тахсыа. Онон дьону да куттуоххун, бэйэҥ да саллыаххын сөп. Ол иһин түгэҥҥэ сөп түбэһиннэрэн, ол кэми көрдөрөр тылы кыбытан биэрэбин.
– Арамааны олуктарынан араарбакка, биир улахан кинигэнэн таһаардахха? Киһи барытын биирдэ тутан олорон ааҕыан баҕарара буолаарай?
– Холбуур судургу буолуо этэ. Үс кинигэни араарбакка, ситэрэн-хоторон биэрдэххэ, халыҥ кинигэ тахсыан сөп. Суруйар киһи хаһан да астыммат буолар эбит. Бастакы кинигэм эрэ кэнниттэн үөрбүтүм. Суруйабын уонна илиибэр хаһан тутуохпар диэри күүрэбин аҕай. Кэллэҕинэ, тута ааҕабын уонна мэлдьи туох эрэ тиийбэт курдук. «Маны эппитим буоллар», «итини көҕүрэппитим ордук этэ» диибин. Атын харахпынан, ааҕааччы курдук ааҕа сатыыбын. Бу кинигэбин эрэдээктэрим Александр Васильев-Көрдүгэн: «Үчүгэй», – диэбитигэр биирдэ уоскуйбутум.
– Ааҕааччы хайдах ылынна?
– Бастакы кинигэм тахсаатын кытта үгүстэр: «Салгыытын күүтэбит», – диэбиттэрэ. Иккис кинигэни эмиэ оннук кэтэспиттэрэ. Онон бэйэтин ааҕааччытын булбутуттан үөрэбин. Биирдэ сынньана тиийбит сирбит хаһаайыннара: «Кинигэҕин сыттыкпыт анныгар укта сылдьан, былдьаһа-былдьаһа ааҕабыт», – диэн сөхтөрбүттэрэ. Ыалдьыттары түһэрэр хас да дьиэлээхтэр этэ. «Сайын хаһан баҕарар суруйа, үлэлии кэл. Биир дьиэни туран биэрэбит», – диэн ыҥырбыттара. Итинник тыллартан кынаттанабын, үөрэбин.
Санаабын сааһыланабын
– Дьыл ханнык кэмигэр ордук таһаарыылаахтык үлэлиигиний? Иэйии хаһан кэлэрий?
– Саас, бултаан кэлэн баран. Айылҕа уһуктар кэмигэр суруйуохпун, уруһуйдуохпун баҕарар санаам күүһүрэр. Табылыннаҕына, күн аайы түөртүү страницаны суруйабын. Урут үлэлии сылдьан киэһэ эбэтэр түүннэри олорор этим. Сааһыран истэҕиҥ аайы уларыйар эбиккин. Билигин сарсыарда өттүгэр, эбиэккэ диэри ордук хотуулаахтык үлэлиибин. Атын кэмҥэ толкуйдуубун. Умнан кэбиһиэм диэн киэһэ утуйуом иннинэ бэлиэтэнэбин. Үгүстэр түүн суруйабыт дииллэр, мин оннук кыайан олорбоппун. Түүн сынньанабын (күлэр).
Тохтоон хааллахпына, араадьыйабын холбоон истэбин. Бассаапка кэлбит кэпсэтиини ааҕа олорон биир эмит тылы хабан ылан, салгыы барабын. Эбэтэр тугу эрэ сэргии көрдөхпүнэ, ханна эрэ сылдьан тугу эрэ иһиттэхпинэ. Чэ, ити курдук.
– Сылайар, уостан хаалар түгэннэргэр туох быыһыырый?
– Булт, айылҕа. Даачабар уһаммыта буолабын. Быыс буллум эрэ, онон дьарыктанабын. Ону сэргэ, айанныырбын сөбүлүүбүн.
– Арба, Айанньыт диэн псевдонимыҥ туһунан билбэт дьоҥҥо кэпсиэҥ дуо?
– «Кэскилгэ» биир сыл «Саамай элбэхтик командировкаҕа сылдьыбыт үлэһит» ааты ылбытым. Кырдьык, айанныырбын туохтааҕар да ордоробун. Ол иһэн наҕылыччы толкуйдуубун, санаабын сааһыланабын. Уһун айан өссө үчүгэй. Онон псевдонимым бэйэбэр барсар.
– Уруһуйдуур дьоҕуруҥ дьоруойдаргын ойуулуургар туһалыыра буолуо?
– Оннук. Харахпар ойуулаан көрөбүн. Итиэннэ бэйэм булка үгүстүк сылдьар буолан, айымньыларбар айылҕаны хоһуйа, булт түгэннэрин киллэрэ сатыыбын.
– Өссө туох дьарыктааххын?
– Кыра эрдэхпиттэн спорду өрө тутан улааппытым. Мээчиккэ, тустууга, теннискэ – барытыгар сылдьарым. Дэлэҕэ да илиибин, хомурҕаммын тоһуттаҕым (күлэр). Профсойуус күрэхтэһиилэригэр, киһи тиийбэт түгэнигэр, хайыахпыный, бэйэм киирэрим, хойукка диэри оннук сылдьыбытым. Элбэхтик миэстэлэспиппит, иккитэ кубок ылбыппыт.
Сааһыран баран спортинынан үлүһүйбүтүм. Өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэригэр биэс төгүл миэстэлэспитим. Убайбыт Семен Иванович Андросов сырдык кэриэһигэр аймахтар буолан сыл аайы спортиҥҥа күрэхтэһии тэрийэбит, сыаналаах бириистэри туруорабыт. Саас ыытабыт, куска бэлэмнэнии, сааны ититии курдук буолар. Кыттааччыбыт сыллата элбии турарыттан үөрэбит. Эдэрдэр сайдан, көрдөрүүлэрэ тупсан иһэр.
– Иван Афанасьевич, сэргэх кэпсээниҥ иһин махтанабын. Айар үлэҕэр үрдүк ситиһиилэри, ааҕааччы биһирэбилин ыла тураргар баҕарабын.