23.12.2022 | 09:00

Итэҕэйиэҥ этэ дуо?

Итэҕэйиэҥ этэ дуо?
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Саҥа дьыллааҕы викторина ыйытыктара:

1. Былыр Тымныы Моруос Оҕонньору плащтаах ойуулууллара (Оннук).

2. Саудовскай Аравияҕа Саҥа дьылы бэлиэтээбит киһи хаайыыга угуллуон сөп (Оннук).

3. Бали арыыга сыл 210 хонуктаах, ол иһин Саҥа дьылы бу арыыга саамай элбэхтик бэлиэтииллэр (Оннук).

4. Санта Клаус уобараһын “Кока-Кола” рекламатыгар туттаары айбыттар (Оннук. Хандон Сандблом диэн худуоһунньук “Кока-Кола” рекламатыгар анаан 1931 сыллаахха Санта Клаус уобараһын уруһуйдаабыт).

5. 1991 сылаахха ахсынньы 31 күнүгэр тэлэбииһэринэн Бэрэсидьиэн оннугар сатирик Михаил Задорнов тыл эппитэ (Оннук).

6. Грецияҕа саҥа дьыллааҕы кекс иһигэр күлүүс тылын уган буһараллар (Суох).

7. 1984 сыллаахха ХНТ быһаарыытынан Лапландия Тымныы Оҕонньор дойдутунан биллэриллибитэ (Суох).

8. 96930, Финляндия, Полярный круг – диэн аадырыстаах сурук Тымныы Оҕонньорго тиийэр (Оннук).

9. Киприоттар Тымныы Оҕонньордоро Василий диэн ааттаах (Оннук).

10. Монголлар Тымныы Оҕонньордоро сылгыһыт таҥастаах (Оннук).

11. Италияҕа эргэ дьылы атаараары уонна саҥа сылы көрсөөрү Саҥа дьыл түүн ааннарын нэлэччи арыйаллар (Оннук).

12. Африка биир дэриэбинэтигэр куурусса сымыытын тутан түөрт атах туран Саҥа дьылы көрсөллөр (Оннук. Кинилэр сымыыты алдьаппакка эргитэн аҕаларга күрэхтэһэллэр – бу аата Саҥа дьылларын бырааһынньыга).

13. Венгрияҕа Саҥа дьыллааҕы остуолга куурусса, кус, хаас этин буһарбаттар (Оннук. Дьолбут көтөн хаалыа диэн куттаналлар).

14. Судаҥҥа Саҥа дьылга үрэхтэргэ харахадьыылы көрсөөрү тыынан уста тахсаллар – харахадьыылы көрүстэххэ, дьоллоох сыл тосхойор дииллэр (Суох).

15. Лондоҥҥа саҥа дьылга Трафальгарскай болуоссакка фонтаҥҥа сөтүөлүүллэр (Оннук. Саҥа дьылга бу фонтаҥҥа сөтүөлээбит киһи сыл устата дьоллоох буолар дииллэр, халыҥ уочарат үөскүүр).

16. Данияҕа Саҥа дьылга элбэх иһити алдьатар үгэстээх буоланнар, эрдэттэн чэпчэки сыаналаах иһити-хомуоһу атыылаһан бэлэмнэнэллэр (Суох).

17. Японияҕа Саҥа дьыл түүн куолакал 108-с тыаһын күүтэн баран утуйа бараллар (Оннук)

18. Бельгияҕа Саҥа дьыл бырааһынньыгар тиэргэҥҥэ баар кыылларга сөбүлүүр астарын биэрэллэр (Оннук).

19. Непал олохтоохторо Саҥа дьылга кумааҕыга баҕа санааларын суруйан баран сииллэр (Суох).

20. Амстердамҥа Саҥа дьыл бастакы күнүгэр хайаан да хаҥкылыахтаахтар (Оннук).

21. Кубаҕа хас биирдии киһиэхэ 12 виноград бэлэмнииллэр, курааннар охсор кэмнэригэр барытын сиэн кэбистэхтэринэ, ыра санаалара олоххо киирэр (Оннук).

22. Кипрга эргэ дьылы уоту барытын арааран атаараллар, Саҥа дьылы уоту барытын холбоон көрсөллөр (Оннук).

23. Кытайга дьиэ иһигэр тыыннаах лыах көтүттэхтэринэ, баай-байылыат олох буолар (Суох).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

«Кэлиэм, эргиллиэм буоллаҕа дии» ...
Дьон | 12.04.2025 | 10:00
«Кэлиэм, эргиллиэм буоллаҕа дии» ...
Ийэ барахсан... Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан төһөлөөх ийэ утуйар уута көппүтэ, аймаммыта, хараҕын уутунан сууммута буолуой? Уол оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн баран эдэр сааһыгар илиитин соттуута ийэҕэ, аҕаҕа, чугас дьонугар олус абалаах, кыһыылаах. Бүгүн кэпсэтэр ийэм Евдокия Андреевна Баишева оҕотун, сүрэҕин чопчутун туһунан кэпсиири олус ыарырҕаттар да, сөбүлэҥин биэрбитигэр улаханнык...
Оҕурсу ыам ыйын  5 күнүттэн ыһыллар
Дьон | 11.04.2025 | 16:00
Оҕурсу ыам ыйын 5 күнүттэн ыһыллар
Билигин ханна да тиий, хаһаайкалар биир сүрүн түбүктэрэ – оҕуруот аһын олордуута. Социальнай ситимнэргэ анал бөлөхтөргө мустан, кэпсэтии эрэ барыта арассаада, сибэкки тула. Оттон олох сатабыллаахтар түннүккэ олордубут оҕурсуларын амсайан эрэллэр, клубникалара хайыы-үйэ сибэккилээн ыраатта.  Бүгүн биһиэхэ Мэҥэ Хаҥалас Ороссолуода сэлиэнньэтин олохтооҕо, анал идэлээх оҕуруотчут Тамара Михайловна Степанова ыалдьыттыыр.   –...
Хабырылла Хаабыһап албаһа
Сынньалаңңа | 17.04.2025 | 10:00
Хабырылла Хаабыһап албаһа
Хабырылла Хаабыһап бу манна, айан суолун айаҕар, төрүт уус өбүгэлэрин сиригэр, Харыйа үрэҕин үрдүгэр олохсуйан олорор. Аҕата кини сүүрбэлээҕэр сэбиргэхтэтэн бу сиртэн барбыта, ийэтэ эмээхсин суох буолбута уонча сыл буолла. Бииргэ төрөөбүттэрэ бэһиэлэр, киниттэн ураты бары кыргыттар. Онон кинилэр кэргэн тахса-тахса эрдэрин дойдуларыгар баран, инньэ Сунтаарынан, Бүлүүчээнинэн, олохсуйбуттара. Бастаан утаа...
Айыына: «Бэйэбитин ситэрсэн-хоторсон биэрэбит»
Дьон | 10.04.2025 | 10:00
Айыына: «Бэйэбитин ситэрсэн-хоторсон биэрэбит»
Бүгүҥҥү дьоруойум – «Алаҕаркаан» дьабака ааптара, этэргэ дылы, ааттыын амарах, санаалыын сайаҕас талааннаах дизайнер, үс оҕо күн күбэй ийэтэ, эрэллээх кэргэн, көхтөөх дьүөгэ, СВО кэмигэр саха волонтёрдарын хамсааһынын саҕаласпыт саппаас рядовойа Айыына Иевлева-Храмова.   Айыына оҕо сылдьан аҕата Виссарион Дмитриевич төрөөбүт-үөскээбит сиригэр – олоҥхо дойдута Сунтаарга олорбут. Ийэтэ Марианна Алексеевна  –...