Историк Владимир ПЕСТЕРЕВ: “История политика сабыдыалыгар улаханнык оҕустарар»
Бүгүн биһиги ыалдьыппыт – историческай наука кандидата Владимир Ильич Пестерев. Кинини биһиги ааҕааччыларбыт 2009 сылтан 2019 сылга диэри “Историяны саҥалыы хараҕынан” диэн рубрикабыт ааптарын быһыытынан бэркэ билэллэр. Влидимир Ильич история чахчыларын уонна билиҥҥи олох ситимин ааҕааччыга тиийимтиэтик быһааран биэрэрин сэргиибит.
– Владимир Ильич, Аҕа дойду сэриитин историятын өр сыллар устата үөрэтэн кэллиҥ. Историяны киһи уларыппат диибит. Ол эрэн сонунтан сонун, атынтан атын чахчы эбиллэн иһэр диир эбиккин.
– Хомойуох иһин, история политика сабыдыалыгар улаханнык оҕустарар. Былыр былыргыттан историяны кыайыылаах таптаабытынан суруйар дииллэрэ. Кэнники кэмҥэ Аҕа дойду сэрииитин историята кырдьык лаппа уларыйда. Ол төрүөтүнэн Арассыыйа оборонатын миниистирэ С. Шойгу көҕүлээһининэн интэриниэккэ урут учуонайдар үөрэппэтэх элбэх саҥа матырыйааллара бэчээккэ тахсыбыттара буолар. Ол докумуоннарга олоҕуран, Аан дойду иккис сэриитин сыанабыла эмиэ уларыйда.
Онно эбии аны араас дойдулар, холобур, Украина, Польша, Прибалтика уо.д.а. историяны токурутан, олох атыннык суруйаллар. Ол түмүгэр Бандера – Украина национальнай геройа, Польшаҕа, Чехияҕа, Венгрияҕа сэбиэскэй саллаакка туруоруллубут пааматынныктары сууллардылар, суох гыннылар. Кинилэр Кыһыл Аармыйа байыастарын фашистардааҕар өссө куһаҕан оккупаннар этэ диэн үөрэтэр буоллулар.
Сыыппаралар уларыйа тураллар
– Бу сэриигэ Кыайыыны уһансыыга хайа омук төһө кылааты киллэрбитин, төһө киһи тыынын толук биэрбитинэн сыаналыыр. Эн санааҕар, хайдаҕый?
– Уопсайынан архыып докумуоннара биһиэхэ, историктарга уонна үөрэтиэн баҕалаахтарга, уларыта тутуу сылларын саҕана арыллыбыттара. Ол түмүгэр, Сэбиэскэй Сойуус историята хаттаан көрүллүбүтэ. Манна урукку историктар буруйдара суох – үгүс докумуоннар кистэлэҥҥэ сыппыттара.
Аҕа дойду сэриитин саҕана Сэбиэскэй Сойууска 200-тэн тахса араас омук олорбута. Кинилэр бары биир киһи курдук фашистартан Аҕа дойдуларын көмүскээбиттэрэ. Политика сабыдыалынан И.В. Сталин 1946 сыллаахха 7 мөлүйүөн киһи өлбүтэ, Н.С. Хрущев 1961 сыллаахха 20 мөлүйүөн, Л.И. Брежнев – 20 мөлүйүөнтэн тахса, билигин В.В. Путин 26, 6 мөлүйүөн киһини Сэбиэскэй Сойуус Аҕа дойду сэриитигэр сүтэрбитэ диэн дакылааттыыллар.
Бу да сыыппара өссө ситэтэ суох дии саныыбын. Аармыйа Генеральнай штабын ааҕыытынан, сэриигэ 8668400 саллаат өлбүт. Бу өлбүт дьоҥҥо бырыһыанынан нууччалар 5 мөлүйүөнтэн тахса киһи, эбэтэр 66,4 %, украинецтар – 1 мөлүйүөнтэн тахса киһи – 15,8 %, белорустар 253 тыһыынча киһи – 2.9 %. Бу статистикаҕа сэриигэ кыттыбыт Сэбиэскэй Сойуус 42 омугуттан Саха сириттэн сэриигэ баран өлбүт дьон ахсаанынан 14-с миэстэҕэ турар. 37900 киһи өлбүт – 0,4 %.
– Саха сириттэн хас киһи барбыта, хас киһи кыргыһыы хонуутугар охтубута эмиэ уларыйан иһэр. Тоҕо оннугуй?
– «Память» кинигэҕэ киирбитинэн, Саха сириттэн 63509 киһи ыҥырыллан сэриигэ барбыт. Кинилэртэн 38415 киһи сэрии толоонугар охтубут, 112176 киһи Саха сиригэр төннүбэтэх, бириискэҕэ үлэлээбит омуктар, киин Арассыыйаҕа ойох ылан хаалбыт сахалар (С. Сюльскай), дьиэлэригэр 15754 киһи төннүбүттэр.
Бу бэриллибит сыыппаралар билигин да уларыйа тураллар. Нэһилиэктэртэн, улуустартан араас саҥа чахчылар киирэ тураллар. Саха сиригэр хоргуйан өлбүт дьон ахсаана эмиэ чуолкайдана илик. С.З. Борисов – 40 тыһыынча кэриҥэ киһи, С.И. Сивцева – 30 тыһыынча, Н.Х. Дьяконов 107 тыһыынча киһи хоргуйан өлбүттэрэ диэн суруйаллар. Бу сыыппаралар араастара, оччолорго политика ирдэбилинэн хоргуйуу туһунан суруйумаҥ диэн бопсуу түмүгэ буолар.
Итини таһынан 70 тыһыынча киһи араас ыарыынан ыалдьан өлбүтэ. Саха сирэ сэрии сылларыгар 138415 киһини сүтэрбитэ. 1940 сыллааҕы биэрэпиһинэн Саха сиригэр 412107 киһи баар эбит. Онон Саха сирэ Аҕа дойду сэриитин кэмигэр 13 % нэһилиэнньэтин сүтэрбит.
– Көмүс хостуур бириискэлэргэ уонна өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсайынан сэрии саҕана криминогеннай балаһыанньа ыарахан этэ диэн буолар...
– Сэрии саҕана чекистэр уонна милииссийэлэр Саха сиригэр хас да бандьыыт бөлөҕүн арыйбыттар эбит. Уус Майа, Алдан, Халыма бириискэлэригэр бандьыыттаабыттар. Араас нэһилиэктэргэ дезертирдэри, дьону талаан сылдьар дьону, холкуос үбүн, сүөһүтүн уорар дьону тутуталаабыттар. Бандьыыттар хас да холкуостааҕы, ол иһигэр пионер Сима Сергеевы өлөрбүттэрэ.
Киһи тыыныгар турбатах бандьыыттары штрафбатальоҥҥа утааран иһэллэрэ.
Дьокуускайга сэрии саҕана “Хара мааска”, “Хара куоска” уо.д.а. бөлөхтөр суох гыныллыбыттара. Бандьыыттааһыны утары охсуһууга чекистэр уонна милииссийэлэр бастыҥ буойуннарын былдьаталлара.
Кыайыыга барыбыт кылааппыт
– Кыайыыга кылааппытын кэпсиир буоллахпытына, Аллаах Үүн суолунан таһаҕас тиэйии туһунан кэпсиирбит булгуччулаах.
– 30-с сыллар бүтүүлэригэр Аллаах Үүҥҥэ көмүс хостуур бириискэлэр арылланнар, таһаҕас тиэйиитэ тэриллиэн наада буолбута. Саха сирин араас оройуоннарыттан холкуостаахтар үлэҕэ кэлбиттэрэ. Хас биирдии холкуоска бириискэҕэ таһаҕас илдьэргэ разнарядка бэриллэрэ.
Холкуостаахтар уопсай мунньахха 10-нуу киһини ыыталлар, биир киһиэхэ 4 ат көрүллэр. Хоту улуустар таһаҕаһы тиэйиигэ уонна идэһэҕэ табалары аныыллар.
Таһаҕастарын Дьокуускай ыскылааттарыттан, Томпоҕо Охотскайтан туталлара. Биир акка 300 кг тиэйиллэрэ. Таһаҕас тиэйээччилэргэ төһө ырааҕы баралларыттан көрөн хамнас ааҕыллара. Үлэ күнэ, докумуоннарга көрдөххө, 10 чаастан ордук буолуо суохтааҕа. Аттарга уонна табаларга 4-5 хонукка 1 күн сынньалаҥ бэриллэрэ. Ат өллөҕүнэ, таһаҕас сүттэҕинэ, таһаҕасчыт биригэдьиирин кытта холуобунай эппиэтинэскэ тардыллыахтарын сөбө.
Сэрии саҕаламмытыгар үлэ барыта дьахталлар уонна оҕолор чараас санныларыгар сүктэриллибитэ. 1941 сыл балаҕан ыйыгар 21 оройуонунан кыһыҥҥы таһаҕаһы тиэйии былаана бигэргэнэр. Онно 18270 ат уонна 1562 таба баар. Таһаҕасчыттар алтынньыттан ыам ыйыгар диэри сылдьаллар, 4-5 сырыыны оҥороллор. Алдан, Аллаах Үүн, Дьугдьура, Дьааҥы, Халыма унньуктаах суолуттан -50-60 кыраадыс бытарҕан тымныыга сыккырыыр тыыннара эрэ тыыннаах кэлэрэ.
– Саха атын кыайыыга кылаатын эмиэ сыаналыахтаахпыт.
– Сэбиэскэй Сойууска, сэрии саҕаланыан иннинэ, “Кыһыл Аармыйа ата” диэн пуонда тэриллибитэ. Статистикаттан көрдөххө, 1 900000 ат ааҕыллар. Сэрии сылларыгар 3 мөлүйүөн ат хомуллубут. Кыһыл Аармыйаҕа атынан ордук Монголия, Тува (ол саҕана туспа судаарыстыба), Турция уонна Иран көмөлөспүттэр. Саха сирэ 50 тыһыынча аты фроҥҥа ыыппыт. Саха аттара кавалерияҕа, артиллерияҕа уонна хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ туһаныллыбыттар.
Саха ата уһулуччу тулуурдааҕын уонна аһылыга кыратын байыастар хайҕыыллар эбит. Саха аттара сэриини кытта Берлиҥҥэ, Кытай уонна Хотугу Корея куораттарыгар тиийбиттэрэ.
Үгүс сахалар фроҥҥа аты тиэрдэн биэриигэ сылдьыбыттар.
Килбиэннээх үлэ куората
– Дьокуускай куорат «Килбиэннээх үлэ куората» ааты ыларын ситиһэр санаалаахпыт. Саҥа докумуоннар көһүннүлэр диэн буолбута. Ол туох докумуоннарый, Дьокуускай бу ааты ылара туох суолталааҕый?
– Арассыыйа бэрэсидьиэнэ В.В. Путин кулун тутардааҕы уурааҕынан, сэриигэ Кыайыы 75 сылынан сибээстээн, сэрии бириэмэтигэр улахан көмөнү фроҥҥа оҥорбут куоракка бу ытык ааты иҥэрэргэ диэн быһаарыллыбыта. Уураах тахсарын кытта миэхэ Дьокуускай куорат салалтата уонна уопсастыбаннай палаататыттан докумуоннары буларга көмөлөс диэн көрдөспүттэрэ. Уураах ирдэбилинэн Бочуоттаах аат иҥэрэргэ куорат үс ирдэбилгэ эппиэттиэхтээх:
- Куорат ханнык эмэ тэрилтэтэ фроҥҥа оҥорбут көмөтүн иһин Оборона Судаарыстыбаннай кэмитиэтин Кыһыл былааҕынан наҕараадаламмыт буолуохтаах.
- Куорат тэрилтэлэрин үлэһиттэрэ сэрии кэмигэр килбиэннээх үлэлэрин иһин араас уордьанынан, мэтээлинэн наҕараадаланыахтаахтар.
- Куорат тэрилтэлэрин сэрии кэминээҕи килбиэннээх үлэлэрэ туоһу суруктаах буолуохтаахтар.
Мин санаабар, Дьокуускай куорат ити ирдэбиллэргэ сөп түбэһэр. Билигин куорат дьаһалтата ирдэнэр докумуоннары хомуйа сылдьар. Ил Түмэн дьокутааттара куорат дьаһалтатын өйөөбүттэрэ.
Историяны токурутуу баар
– Билигин ыччат Аҕа дойду Улуу сэриитин историятын билбэт, билиэн баҕарбат өттүгэр эдэр ыччаты хайдах үөрэтиэхпитин сөбүй?
– Киһи куһаҕаны, ыараханы умнара – бэйэбит айылҕабыт, көмүскэл оҥостор ньымабыт эбит. Онон эдэр ыччат умнара сиэри таһынан дьыала буолбатах.
Холобур, 1812 сыллааҕы сэрии туһунан билигин историктар эрэ билэллэр. Бу сэриигэ Саха сириттэн архыып докумуоннарыттан көстөрүнэн, 10-ча киһи кыттыбыт. Бу сэрии кэмигэр биһиги өбүгэлэрбит харчы хомуйбуттара биллэр. Онон Аҕа дойду сэриитин, алдьархайын туһунан үөрэтии дьиэ кэргэнтэн саҕаланыахтаах.
Билиҥҥи ыччакка кинилэр хос эбэлэрэ, эһэлэрэ хайдах олорбуттарын, сэриилэспиттэрин, үлэлээбиттэрин дьиэ кэргэн иһигэр кэпсиэхтээхтэр. Оҕолору дьиэ кэргэн олорон ааспыт өбүгэлэринэн киэн тутталларын курдук үөрэтиэхтээхпит. А.С. Пушкин эппитинии: «Гордиться подвигами своих предков не только можно, но и должно. Не знание оного есть дело постыдное».
– Нацистар идеяларын өйүүр дьон (неонационалистар, скинхедтэр) билигин да бааллар. Олоххо маннык көстүү тоҕо билигин да баара буолуой?
– Атын омуктартан куттаныы – айылҕа сокуона, ханнык баҕарар омукка баар. Ол түмүгэр сэрэхэдийэр омук уһун үйэлэнэр, эстибэт. Холобур, Америка индеецтэрэ европеецтэри үөрэ-көтө көрсүбүттэрин түмүгэр, билигин симэлийдилэр. Аан дойду бастакы сэриитин кэнниттэн Германияҕа ыарахан, аччык, үлэтэ суох, батталлаах сыллар буолбуттара. Ол иһин ньиэмэстэр Гитлери уонна кини партиятын Германияны үчүгэй олоххо тиэрдиэн сөп диэн өйөөбүттэрэ. Түмүгэ, барыгытыгар бэркэ биллэр буолбута...
Дьокуускай куоракка 20-с үйэ саҕаланыытыгар сыылкаҕа олоро сылдьыбыт политсыылынай Иван Зубржицкай этэринэн, «Все зло в пауперизме» (нищете). Билиҥҥи кэмҥэ Европа араас судаарыстыбаларыгар миграннар кыһалҕалара үөскээтэ. Ол иһин Францияҕа, Англияҕа, Германияҕа уонна да атын судаарыстыбаларга “неонационализм” эмиэ күөдьүйдэ. Холобур, Германияҕа ханнык да негрдэр, арабтар баһылыа-көһүлүө суохтаахтар. Ньиэмэстэр бэйэлэрэ эрэ баһылыахтаахтар, олоруохтаахтар. Ити мөккүөр дьадайыыттан, ас-таҥас тиийбэт буоларыттан үөскүүр.
Арассыыйаҕа схинкедтэр Москваҕа, Санкт-Петербурга уо.д.а. куораттарга араас хара омуктар элбээтилэр, биһиги нууччалар бэйэбит дойдубутугар батталга олоробут, харчыбыт, дьиэбит суох диэн кэлии омуктары абааһы көрөллөр. Ол холобурун уонна историяны токурутуу түмүгүн биһиги Украинаҕа көрөбүт. Нууччалары буруйдаан оҕо саадыгар, оскуолаҕа, араас үөрэх кыһаларыгар “москали” биһигини баттаан олорбуттарын түмүгэр биһиги дьадайдыбыт дииллэр.