17.12.2023 | 14:00

Истиҥ санаатынан, дьоҥҥо үтүө сыһыанынан

Истиҥ санаатынан, дьоҥҥо үтүө сыһыанынан
Ааптар: Валентина Сартаева-Васильева, Дьокуускай
Бөлөххө киир

Төһө даҕаны бириэмэ аастар, үтүөнү, үйэлээҕи оҥорбут дьон туһунан киһи өйдөөн хаалбытын санаан кэлэн, киэн тутта кэпсиир. Олоҕун салгыыр оҕолоругар, сиэннэригэр, кинилэр дьоһуннаах ааттарын умнубаттарыгар, дьоннорун курдук дьоһун дьон буоллуннар диэн билиһиннэрэр баҕа санаам баһыйан, чиэһинэй, сырдык санаалаах, үлэтигэр бэриниилээх, кимтэн даҕаны ол  туһугар махтал, наҕараада эрэйбэтэх, олоҕун бүтүннүүтүн талбыт идэтигэр анаабыт Юлия Сергеевна Григорьева туһунан билиһиннэрэр ытык иэһим дии саныыбын.

 

«Үтүө киһи олоҕо үс үйэ тухары уос номоҕо буолар» диэн биһиги өбүгэлэрбит Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгин иккис дойду оҥостубут, 40 сыл устата эҥкилэ суох медицина салаатыгар үтүө суобастаахтык үлэлээбит, дьон-сэргэ билиҥҥэ диэри махтана кэпсиир, ыарахан, мускуурдаах эрээри, чаҕылҕай олоҕу олорон ааспыт Юлия Сергеевна Григорьева курдук дьон туһунан этэн кэбиспиттэрэ буолуо. Мин саныахпар, ханнык баҕарар киһи бэйэтин олоҕор сүгүрүйэн, махтанан, сүрэҕин биир муннугар илдьэ сылдьар дьоннордоох, ахтан-санаан ааһар кэмнэрдээх, көрсөн сэһэргэһэр үтүө күннэрдээх. Киһи сааһырдаҕына оҕо сааһын үгүстүк саныыр дииллэрэ оруннаах эбит. Мин төрөөбүт дойдубар, Ньурба оройуонун Хаҥалас нэһилиэгэр, эн-мин дэһэн бииргэ улааппыт, ахсыс кылааһы бүтэриэхпитигэр диэри бииргэ үөрэммит оҕолорбуттан барыларыттан чорбото саныыр Ольга Григорьева диэн үөлээннээхпин хайгыы саныырым, сааһырдаҕым аайы махтана ахтарым элбээн иһэр. Ольга төрөппүт ийэлээх аҕатын курдук, дьоҥҥо-сэргэҕэ сайдам, сайаҕас санаатынан, биир тэҥ сыһыанынан оҕо эрдэҕиттэн уратылаах.

Күн күбэй ийэтэ Юлия Сергеевна Григорьева үс оҕолоох Сергей Николаевич, Ольга Васильевна Коростелевтар диэн холкуостаах дьиэ кэргэнигэр иккис оҕонон от ыйын 5 күнүгэр 1930 с. Кировскай уобалас Уржумскай оройуонун Буйскай сэбиэтин сэлиэнньэтин Викулята диэн дэриэбинэтигэр күн сирин көрбүтэ. Бииргэ төрөөбүт Александра диэн эдьиийдээх, Евгений диэн бырааттаах.

Юлия Сергеевна аҕата Сергей Николаевич Коростелев алын кылаас учууталынан үлэлиирэ. 1942 с. кулун тутар ыйга Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллан, 1945 с. сэтинньи ыйыгар сэрииттэн этэҥҥэ тыыннаах эргиллибитэ. Ийэтэ Ольга Васильевна кэргэнин уоттаах сэриигэ атааран баран, үс оҕотунуун соҕотоҕун хаалан, холкуоска суотчуттаабыт.

Аҕалара суоҕар, ийэлэригэр көмө буолаары, Юлия эдьиийэ Александралыын 1942 сылтан 1945 сылга диэри сайын аайы бэс ыйыттан саҕалаан балаҕан ыйыгар үөрэх кэмэ саҕаланыар диэри холкуос араас үлэтигэр улахан дьону кытта тэҥҥэ үлэлииллэрэ. Аҕалара Сергей Николаевич сэрииттэн кэлэн баран атын ыраах дэриэбинэҕэ ананан учууталлаабыта, онон бары дьиэ кэргэнинэн төрөөбүт түөлбэлэриттэн көспүттэрэ. Юлия ол кэнниттэн төрөөбүт дэриэбинэтигэр төннүбэтэҕэ. Сопхуостары бөдөҥсүтүү кэмигэр кыра дэриэбинэлэрэ эстибитэ, ийэлээх аҕата уонна быраата күн сириттэн күрэммиттэрэ. Эдьиийэ атын оройуоҥҥа олохсуйбута. Сэрии кэннинээҕи аас-туор олох ыараханыттан толлубакка, 1945 с. Буйскай орто оскуолатын бүтэрэн, 1948 с. Уржумскай фельдшерско-акушерскай техникумҥа туттарсан киирэр. Юлия бэйэтэ учуутал буолуон баҕарара үһү, ону ийэтин сүбэтин ылынан, медицина салаатыгар үөрэммит. Ол саҕана соҕурууттан үөрэҕи бүтэрбит ыччаттары Саха сиригэр көмөҕө ыыталыыллара. Үөрэхтэрин бүтэрбит сүүрбэччэ эдэркээн нуучча кыргыттара ыраах Саха сиригэр икки сылга дуогабарынан үлэлии кэлбиттэр. Ийэ эрэйдээх оҕотун итиччэ ыраах ыытыахтара диэн түһээн да баттаппатаҕа буолаахтыа.

Ити курдук эмиэ Сергачскай педагогическай училищены бүтэрбит эдэркээн нуучча кыргыттара Ньурбаҕа кэлэн тыаларынан тарҕанан үлэлээбиттэрин, саха уолаттарыгар эргэ тахсан, оҕо-уруу тэнитэн олохсуйбуттарын билэн, олор тустарынан кэпсээн, көрсүһүү киэһэтин тэрийэн, Ньурбам дьонугар билиһиннэрэн турардаахпын.

Биир оннук эдэркээн нуучча кыыhа, Ньурба оройуонун балыыһатыгар дьахтар консультациятыгар акушерканан анаммыт. Ол Юлия Сергеевна этэ. Эдэр, эрчимнээх, сытыы-хотуу исписэлиис кэлбит диэн тута билэннэр, ханна үлэһит тиийбэт, ыарахан сиригэр ыытан, үлэлэтэн испиттэр. 1949 с. бэс ыйыгар билиилээх-көрүүлээх кыыһы Араҥастаах медпуунугар сэбиэдиссэйинэн аныыллар, онтон, үлэһит суоҕунан, 1949 с. балаҕан ыйыгар тубсанаторийга рентгентехнигынан үлэлэтэ ыыталлар, салгыы 1950 с. алтынньы ыйга оройуоннааҕы балыыһаҕа операционнай сиэстэрэнэн үлэлэтэллэр. 1951 с. алтынньы ыйга Аканатааҕы ФАП сэбиэдиссэйинэн ыыталлар. Үлэһит тиийбэккэ, 1952 с. бэс ыйыгар Марха учаастактааҕы балыыһатыгар медицинскэй сиэстэрэнэн үлэлэтэллэр. Ити сыл Марха балыыһатыгар сопхуоһунан үлэлии сылдьар Сататтан төрүттээх Григорьев Николай Андреевичтыын көрсөн, сөбүлэһэн, ыал буолаллар. 1953 с. балаҕан ыйыгар аны Малдьаҕар нэһилиэгэр ФАП сэбиэдиссэйинэн анааннар, кэргэниниин иккиэн онно көһөн бараллар. Малдьаҕарга олорон икки кыыс оҕолоноллор. 1955 с. улахан кыыс Людмила, 1956 с. кыра кыыс Ольга төрүүллэр. 1957 с. атырдьах ыйыгар төттөрү Аканатааҕы ФАП сэбиэдиссэйинэн аныыллар, онтон 1958 с. I-Хаҥаласка ФАП сэбиэдиссэйинэн үлэлэтэ ыыталлар. Хаҥаласка кэлэн икки уол оҕолоноллор. 1960 с. улахан уол Василий, 1965 с. кыра уол Александр төрүүллэр. Хаҥалас балыыһатыгар сэбиэдиссэйинэн, тубфельдшеринэн, кэлин сиэстэрэнэн үлэлээбитэ. Ити курдук Юлия Сергеевна үтүө суобастаахтык үлэлээн, 1988 с. балаҕан ыйыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта.

 Николай Андреевичтыын кылгас эрээри олус чаҕылхай олоҕу дьоллоохтук олорбуттара. Дьылҕа хаан ыйааҕынан кэргэнэ 1971 с. эдэр сааһыгар, 45-гэр эрэ, ыалдьан олохтон туоруур. Юлия Сергеевна түөрт оҕолоох огдообо хаалан, соҕотоҕун оҕолорун иитэлээн, атахтарыгар туруортаан, киһи-хара оҥортообута. Өрүү үөрэ-көтө сылдьар, үлэтигэр олус бэриниилээх, дьоҥҥо-сэргэҕэ аламаҕай сыһыаннаах буолара. Түүннэри-күнүстэри дэриэбинэҕэ ким эмэ ыалдьан, ыҥырдаллар эрэ, түүн ортото, утуйа да сыттар, олус сэргэх буолара, валетка суумкатын туппутунан сүүрүү-хаамыы быластаах, хайдахтаах да тымныыны, куйааһы аахсыбакка, тиийэн кэлэн үөрдэрэ. Оҕо да, улахан да киһи буоллун, түүннэри олорон, кыраадыһа түһэрин кэтэһэн, чахчы ама буоллаҕына биирдэ дьиэтигэр барара.

Элбэх оҕолоох ыал улахан оҕолоро буоламмыт, убайбыныын дэриэбинэ биир уһугуттан биир уһугар, бырааттарбыт, балыстарбыт ыарыйдаллар эрэ, түүннэри төһөлөөх сүүрбүппүт буолуой. Ол тухары биирдэ да аккаастаабатаҕа, төһөлөөх дьону абыраабытын ааҕан сиппэккин. Юлия Сергеевна улахаҥҥа, оҕолорго дьикти, ураты истиҥ сыһыаннаах буолара. Мин Ольгалыын бииргэ үөрэнэр буолан, элбэхтик ып-ыраас, сылаас тыыннаах дьиэлэригэр сылдьарбын үчүгэйдик өйдүүбүн. Сымнаҕастык көрүллэр сиригэр оҕо тардыһар дииллэр. Ыалга мээнэ сылдьарбын сөбүлээбэппин эрээри, истиҥ, иһирэх сыһыаннаах дьоннордоох буолан эбитэ буолуо, уонна Ольга аҕата Николай Андреевич ийэбин “Биһиги саталар» диэн аймаҕыргыырын иһин эбитэ дуу, сөбүлээн биирдэ эмэ сылдьарым. Ольга эһэтэ Боттотуу оҕонньор биир тиэргэҥҥэ кыра дьиэҕэ кэргэниниин Степанидалыын уонна Вера Николаевна диэн учуутал кыыһыныын олорбуттара. «Оо, бу мин балтым», - диэн оҕонньор көрдөр эрэ үөрэ түhэрэ, төбөбүттэн имэрийэн ылара.

Оҕом алта ыйдааҕар тыына хаайтаран балыыһаҕа киирбиппит. «Оҕоҥ бүттэ, бараахтаата» диэн быраас уонна биэлсэр аккаастаабыттарын, Юлия Сергеевна көҕөрөн хаалбыт оҕону хаба тардан ылан, айаҕын хаһан мунньуллубут хойуу силин хостоон, хотуолатан тыын киллэрэн өрүһүйбүттээх. Ити билигин эттэххэ дөбөҥ. Оҕом куотан эрэриттэн аймаммыт ийэ оҕобор тыын киллэрбитигэр, оо, үөрбүппүөн!!! Киһи сатаан тылынан ылбычча эппэт дьоллоох түгэнэ эбит этэ. Бу күн тэҥэ аанньал курдук киһини, оҕоҥ улаатан истэҕин аайы, махтана саныырыҥ үгүс. 

Итиччэ ыраах сиртэн икки эрэ сылга дуогабардаһан үлэлии кэлэн баран, дьиҥнээх тапталын манна көрсөн, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн, Хаҥалаһы иккис дойду оҥостон, уу сахалыы саҥаран, Юлия Сергеевна дьоһун олоҕу олорбута. Сыралаах үлэтэ сыаналанан, үлэ бэтэрээнэ мэтээлинэн, Коммунистическай үлэ ударнига, доруобуйа харыстабылын туйгуна бэлиэлэринэн, Саха сирин Үрдүкү Сэбиэтин Президиумун бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта, Хаҥалас сэбиэтин дьокутаатынан хас да төгүл талыллыбыта элбэҕи кэрэһилиир.

1994 с. ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта. Дьоҥҥо үтүөнү оҥордоххуна уон оччонон эргиллэр дииллэринии, кини олоҕун билигин икки оҕото, уон сиэн, уон тоҕус хос сиэн, икки хос-хос сиэн салҕыыллар, үйэтитэллэр. Юлия Сергеевна аймахтара, оҕолоро уонна сиэннэрэ билигин Краснодар, Рязань, Москва, Новосибирскай, Дьокуускай, Ньурба куораттарыгар олороллор, биир бырааттара Вятскай Полянаҕа дьонун дьиэтигэр олорор, бары бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса билсэллэр, сылдьыһаллар. Ити курдук үтүөнү кэрэһилээн, дьоһуннаах олохторун салҕаан, тэнийэ, кэҥии туруҥ диэн баҕа санаам бастыҥын анаан бэчээккэ бэлэмнээтим.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Сонуннар | 09.11.2024 | 10:00
Биэнсийэлээхтэргэ туох көмө баарый?
Быйылгыттан 100 сааһын туолбут ытык кырдьаҕастарга 1 мөл. солк. харчы төлөнөр буолбута. Биэнсийэлээхтэргэ өрөспүүбүлүкэ уонна дойду таһымнаах өссө ханнык өйөбүллэр баалларый?   Үлэ бэтэрээннэригэр Үлэ бэтэрээннэригэр, 55 саастарын туолбут эр дьоҥҥо уонна 50 саастарын туолбут дьахталларга, социальнай өйөбүл тугу үлэлээбиттэриттэн тутулуга суох көрүллүөхтээх.   Биэнсийэҕэ эбии 1226 солк. төлөнөр, сайабылыанньаҕытын МФЦ-га эбэтэр...
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Сонуннар | 12.11.2024 | 17:14
Тулагыга «Икки булчут» скульптура баар буолла
Баай Байанай ыйыгар түбэһиннэрэн, сэтинньи 9 күнүгэр Тулагы Киллэм нэһилиэгэр «Икки булчут» пааматынньык үөрүүлээх арыллыытын Тулагы оскуолатын үөрэнээччилэрэ киинэҕэ устаннар, сурукка тиһэннэр, нэһилиэк биир бэлиэ түгэнин үйэтиттилэр. Муниципальнай хантараак чэрчитинэн боруонсаттан кутуллубут скульптурнай композиция ааптарынан Арассыыйа худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Роман Викторович Босов буолар. Композицияҕа уончалаах уолчаан убайын таҥаһын кэтэн, бобуччу...
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сонуннар | 14.11.2024 | 14:28
Кэлэр нэдиэлэттэн, сэтинньи 18 күнүттэн, куорат оптуобустара саҥардыллыбыт схеманан айанныахтара
Сэтинньи 18 күнүттэн куорат уопсастыбаннай тырааныспарын ситимин уларытыы бырайыагын маҥнайгы түһүмэҕин быһыытынан бастакынан 2, 4, 5, 6, 7, 14, 16, 19, 35 №№-дээх оптуобустар саҥардыллыбыт схеманан айаннаан саҕалыахтара. Быйылгыттан маны кытта икки урут суох, саҥа маршрут киирдэ – 11 №-дээх уонна 12 №-дээх. Санатар буоллахха, 11 №-дээх маршрут алтынньы 14...