Ирина Саввина: Арассыыйа үрдүнэн итинник мөһөөччүгү ким да тигэн, толорон биэрбэт
«Мэтээл туһугар буолбакка, кыайыы туһугар» диэн ырыаҕа ылланарын курдук, иистэнньэҥ кыргыттар күннэри-түүннэри, өссө үлэ чааһын кэнниттэн кэлэн биир кэппиэйкэни эрэйбэккэ, биир хайҕал тылы күүппэккэ үлэлииллэр эбит. Барыта кыргыттар диэхпин, хамаандаларыгар биир соҕотох эр киһи эбиллибит, кини туһунан ааҕан иһэн билиэххит.
Дзержинскэй уулусса 76 нүөмэригэр, “Технопарк” дьиэтигэр анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар кыһынын – ичигэс, сылаас, билигин хайыы үйэ дьыл кэмиттэн көрөн чараас таҥаһы тигэн тиритэ-хорута сылдьар иистэнньэҥнэргэ тиийэ сылдьан, барытын илэ харахпынан көрөн, кэпсэтэн, чахчы, киһи сөҕө хайҕыыр, махтал тылларын булан эппэт хоһуун дьон баарыгар итэҕэйэн кэллим. Бүгүн биһиэхэ Ирина Егоровна Саввина, доброволец, сыах салайааччыта ыалдьыттыыр.
Суоппар идэлээх салайааччы
Бэйэм суоппар идэлээхпин. Томпо улууһун Мэҥэ Алданыттан төрүттээхпин. Төрдүм-төбөм дьиҥнээх Тааттабын. Ийэм, аҕам иккиэн таатталар, Мэҥэ Алдан уруккута Таатта улууһугар киирэрэ. Бэйэм кыралаан да буоллар суруйар этим, бөһүөлэкпэр суруйааччы аатынан биллэбин. Таатталар кыраайы үөрэтээччинэн билинэллэр. Тоҕо диэтэххэ Саввиннар диэн халыҥ аймахтар бааллар, Таатта Саввиннара барыта биир аймахпыт. Олору хостоон таһааран, барыларын холбоон-илбээн үөрэппитим. Таатта үс гыммыттан биирэ аҕам өттүттэн аймахтарым диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо, ийэм өттүттэн Чабыыкын диэн аатырбыт сүүрүк аттаах киһи баара, ол кини кыыһа буолар ийэм, кинилэр чычымахтар. Аҕам Соҕуйга төрөөбүт. Төрүттэрим барыта тимир, көмүс уустара. Аҕам Саввин Степан Егорович, ийэм Чабыкина Татьяна Гаврильевна соҕотох кыыс, тулаайах хаалбыт, аҕата сэриигэ баран Ржев анныгар охтубут. Веригино диэн бырааттыы көмүллүү баар, онно бара сылдьыбытым.
Төрөөбүт дойдубар дьоммун көҕүлээн стела туруортарбытым. Сырдаабыт диэн сиргэ, Амма икки Алдан ардыларыгар турар. Бастакы кинээстэргэ анаан мэҥэ таас туруортарбытым. Кылааһым оҕолорун кытта. Тааттаҕа Даккы сиригэр, "Бараһыылап" холхуос сиригэр ханна да суох улахан стеланы туруорбуппут, онно мин эмиэ кыттыыны ылбытым, онно дьоммут ааттара киирдэ.
Бииргэ төрөөбүт тохсуобут. 1976 сыллаахха 8-с кылааска үөрэнэ сырыттахпына аҕам сылгытыгар баран иһэн ууга түһэн өлөөхтөөбүтэ. Саамай улахаммыт 21-дээх, кырабыт бастакы кылаас. Тулаайахсыйан хааллыбыт, дьиэбит иһигэр салгын күүлэйдиир курдук буолбута. Ийэм барахсан собус-соҕотоҕун мөхсөөхтүүр, хаһан улаатан үлэһит буолаҕыт, айаххытын ииттинэҕит диирэ өйбөр-санаабар иҥэн хаалбыт. Эдьиийим барахсан ахсыс кылаас кэнниттэн хотоҥҥо умса түспүтэ. Мин эмиэ, үлэһит буола охсоору, биир сыл аҕа убайбын кытта Чурапчыга барсыбытым, кини онно спортивнай оскуолаҕа киирээри, ону батыһааччы буоллум. Эйиэхэ сөптөөх туох да суох диэбиттэригэр, Одьулууҥҥа СПТУга бардым. Аны оҕуруотчут эҥин идэтэ баар, онно баҕарбаппын, суоппарга киирэбин диэтим да, ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитим. Онтубун билигин олох кэмсиммэппин.
Дойдубар тиийбиппин, ийэм, «киэҥ сиргэ бар” диэн, куоракка ыытан кэбистэ. Мин оччоттон да сытыыбын. Туох да университеты бүтэрбит киһи курдук Минсельхозка көтөн түһэммин, «үлэтэ аҕалыҥ” диибин. Наһаа диэн соһуйдулар, баламатым да бэрт эбит. Маҥнайгы түбэһиэх кабинекка көтөн түспүтүм. “Аата барахсаны, бу хантан тиийэн кэллиҥ?”– дииллэр. Суоппарбын диэбиппэр, букатын соһуйуу, өмүрүү буоллулар. Ити 1980 сыллаахха. Ол турдахпытына Иван Иванович Афанасьев диэн киһи киирэн кэллэ, аатын-суолун кэлин биллэҕим дии, өссө племенной үлэҕэ миниистири солбуйааччы эбит. Онуоха кыргыттар, буҕаалтырдарга киирбит эбиппин, “бу кыыһы суоппарынан ыл эрэ” диэтилэр. Онон үлэҕэ киирэн хаалбытым. Ол курдук “Племобъединениеҕа” ГАЗ-69 диэн массыынаҕа, газикка суоппардаабытым, инженер-строитель киһини таһар этим. Байыаннай, алдьархайдаах массыына, биллэн турар, саҥаны биэрбэттэр буоллаҕа. Үлэҕэ ылбыттарыгар баһыыба этэ.
Сылы кыайбат үлэлээбитим, онтон кэргэн тахсыбытым. Түөрт оҕолоохпут, 10 сиэннээхпит, сиэннэрбиттэн биирэ эрэ кыыс, уоннааҕыта уолаттар.
Бастакы күннэр
– 2022 сыл балаҕан ыйын 21 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин мобилизация биллэрбитэ. Биһиги 22-с чыыһылаҕа былырыын баһаарга бииргэ үлэлээбит Гульнара Георгиевна Алексееваны кытта норуокка биллэринэн “Полтинникка” тиийбиппит, номнуо хамыыһыйа үлэлии олорор этэ. Бастакы оптуобус барда, иккиһи кэтэһэн олоробут диэбиттэрэ. Ол күннэргэ, балаҕан ыйын 22-23 чыыһылаларыгар, Уопсастыбаннай палаатаҕа гражданскай форум буола турар этэ. Биһиги онно барааччыларга көмө, өйөбүл наадатын туһунан аһаҕас микрофоҥҥа тахса сылдьыбыппытын, норуот тута өйөөбүтэ.
Дьэ онтон 23-с чыыһылаҕа олорон толкуйдаатыбыт, сүбэлэстибит. Хайдах буолабыт, тугу гынабыт диэн; төрдүөбүт – Уопсастыбаннай палаата салайааччыта Николай Бугаев, мин, “Көмүлүөк” салайааччыта Ольга Григорьева уонна саллааттар ийэлэрин кэмитиэтин салайааччыта Мария Емельянова. Дьэ ол курдук, ойуур баһаардарыгар арыйбыппыт курдук, пуунна тэрийиэххэ диэн буолла. Балаҕан ыйын 24 күнүгэр тиийэн былырыын баһаарга киирбит таҥаспытын-саппытын, утуйар мөһөөччүктэри, олорор, сытар маллары, ону кытта ордубут эми-тому бүтүннүү хомуйан ылан, ол күнтэн үлэлээн саҕалаатыбыт уонна 25 чыыһылаҕа бастакы малбытын Хабаровскайга, уолаттарбытын эккирэтиннэрэн, Н.Д. Бугаев салайан-дьаһайан, ыыттыбыт. Ким да бэлэмэ суох, соһуччу буолан, уолаттар таҥнар таҥастара, утуйар мөһөөччүктэрэ да суох барбыттара, ону кытта аптечка хомуйарга сорудах ылан хомуйаары гыммыппыт, туохпут да суох эбит. Суһаллык таһынааҕы маҕаһыыҥҥа сүүрэн тахсан салапаан мөһөөччүк атыылаһан, эмпитин онно уган ыыталаабыппыт. Сонно М.Е. Емельяноваҕа Сахабыт сирин Далбар Хотуттарыгар аптечка тигиитигэр ыҥырыыта таһаарыах диэн этии киллэрэн, бассаабынан ыҥырыы таһаарбыппыт. Ыҥырыыбыт тута тарҕана охсон, үс күннээх түүн тохтоло суох эрийэн, хайдах тигэри ыйыталаһан, ким хайдах кыайарынан тигэн, Саҥа дьылга диэри арааһынай быһыылаах-таһаалаах, кыра-улахан да буоллар, 5000 кэриҥэ аптечка тигиллибитэ. Күннэтэ 120-150 оҕо барара, ол оҕолорго эмиэ баһаартан ордубут “сухой паек” биэртэлээн ыыталаабыппыт, дьон да көмөтө күн-түүн эбиллэн испитэ.
Сотору волонтердар дьэ буолунай кэлитэлээн бардылар. Орджоникидзе, 10 нүөмэригэр билигин да өрөспүүбүлүкэтээҕи пуун үлэлии турар. Онно сүрүннээччинэн мин хааллым, волонтердуу сылдьар кыргыттары кытта сүбэлэһэн, бу хамсааһыммытын "Якутия с тобой!" диэн ааттыахха диэн этии киллэрбитим. Онон приемнай пууммут "Якутия с тобой!" диэн ааттанна. Дьон бөҕөтө кэлэн барда, үлэ күөстүү оргуйар. Ол быыһыгар оҕолорун СВОҕа атаарбыт ийэлэр, дьиэ кэргэттэрэ айманан киирээхтииллэрэ. Ордук маҥнайгы 3-4 күҥҥэ сүрдээх ыарахан этэ, туга да биллибэт, быыһык, хараҥа кэм. Оҕолорун, аҕаларын СВОҕа атаарбыт дьону уоскутуу, кинилэргэ быһаарыы Мария Егоровна биһикки санныбытыгар сүктэриллибитэ. Ол да буоллар Бырабыыталыстыба, Уопсастыбаннай Палаата өйөбүллэринэн төрдүс күммүтүгэр юридическай, психологическай көмө тигинэччи үлэлээн барбыта. Ол күннэргэ таҥас кэлэрэ олох аҕыйах этэ.
Иистэнэр сыах арынныбыт
Аптечка тигээччилэр бассаап бөлөхтөрүн иһигэр “Кэрэ” ателье салайааччыта Александра Колесова баар эбит. Ону билэн, сүбэлэһээри, көрсүһэргэ быһаарынныбыт. Балаҕан ыйыгар 30 чыыһылатыгар көрүстүбүт, “Хоту-тент” тойоно Афанасий Махатыров киирэн кэллэ. Үһүөн мунньахтыахха диэн буолла. Ол мунньах түмүгүнэн Александра Саввична “ательем аҥаарын иистэнэр массыыналары туран биэрэбин”, - диэтэ. Онон, сарсыҥҥы күнтэн саҕалаан, добровольческай иистэнэр сыахпыт үлэлээн барда. Ити барыта аҕыйах хонук иһигэр.
Ол кэмҥэ Айыл Дьулурҕа тиийэн кэлбитин, бэйэм оннубар олордон кэбистим. Иистэнэр сыахпытын сайыннаран үлэлиэхпит, онон дьарыгырыахха диэбиппэр, үөрүүнэн сөбүлэспитэ. Инньэ гынан мин, дьахтар киһи быһыытынан, СВОҕа барбыт оҕолорго, кыһын кэлэн иһэринэн сибээстээн, "Якутия с тобой!" иһинэн тэринэммин, ииһинэн дьарыктанан бардым. Алтынньы 9 күнүгэр СӨ Бэрэсидьиэнин уонна Бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччыта Георгий Николаевич Михайлов кэлбитигэр, иистэнэр сыахпытыгар саала көрдөспүтүм. Көрдөһүүбүн сонно тута өйөөн, “Технопарк” конференц-саалатын уларсаннар, алтынньы 11 күнүттэн иистэнэр сыахпыт арыллан, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамсыы олоробут. Бары босхо, баҕа өттүнэн кэлэллэр. Бары арааһынай дьылҕалаахтар — мин бэйэм оҕом СВОҕа баран бааһыран кэлбитэ, ким эрэ оҕото, сиэнэ, аймахтара онно сылдьаллар, байыаннай дьайыыга сыһыаннаахтар, ким эрэ көннөрү, ис сүрэҕиттэн... Күннэтэ аччаабыта 12 киһи куруук баар, сороҕор 20-ҕэ эҥин тиийэ сылдьыбыппыт. Маастарбыт Айталина Гаврильевна Рожина, иис хаачыстыбатын кини көрөр, саала иһигэр тэрийээччи Роза Васильевна Тарабукина, мин кинилэр икки ардыларыгар салайааччы быһыытынан сылдьабын, уолаттарга тигиллэр таҥаһы бэйэм дизайнныыбын, быһабын, сүүрэбин-көтөбүн, кэпсэтии ыытабын.
Ыҥырыыбытын улуустар ылыныахтарын наада
Сорохтор үлэ чааһын кэнниттэн кэлэллэр, наһаа элбэх медиктэр бааллар, инфекционнай, фтизиатрия салаатын үлэһиттэрэ көхтөөхтөр. Көмөлөһөр дьоммут чуолаан биэнсийэлээхтэр, бэйэлэрин кэмнэригэр үлэ бөҕөтүн үлэлээбит дьон. Тыаттан кэлэн уопут атастаһан бараллар, уонча оройуонтан кэлэ сырыттылар. Дойдубут Бэрэсидьиэнэ уолаттары алта ый кэннэ уоппускаҕа ыыталыыбыт диэтэ, онон кулун тутар бүтэһигэр алта ыйдарын туолан элбэх уол уоппускаҕа кэлиэҕэ, онно хас биирдии нэһилиэк, улуус биһиэнин курдук “Эр хоһуун” мөһөөччүккэ таҥас туттаран ыыталлара буоллар өссө ордук буолуо этэ диэн ыҥырыы таһаарбыппыт. Сүрдээҕин интэриэһиргээтилэр, ыйыталаһаллар, билиҥҥитэ Мэҥэ Хаҥалас Томторо кэлэ сылдьыбыта. Мария Дмитриевна Лукина салайааччылаах “Түмэл” диэн уопсастыбаннай дьахтар тэрилтэтэ баар, холобурга сылдьар актыыбынай дьон. Кинилэр биһигини кытта үлэлэһэ олороллор. Биһигиттэн кэлэн таҥас ылан, илдьэн, тигэн, аҕалан биэрэллэр этэ. Билигин, ыҥырыыбытын ылынан, туһунан иистэнэр сыах тэринэн, үлэлэрин саҕалаары сылдьаллар. Таатталар эмиэ кэлиэхтээхтэр.
Альберт Павлович Кохолов диэн биир эр киһилээхпит, сүрдээҕин иистэнэр, дьахталлартан хаалсыбат. Олунньу ый саҥатыгар эрэ кэлбитэ диэтэххэ, баһаам эбилиннэ, үөрэннэ, наһаа кэпсэтинньэҥ, элэккэй киһи, Дьокуускайга олохсуйбута төрдүс сыла буолбут.
«Аналогов нет» диэн хайҕанныбыт
Хааччыллыы мөлтөх соҕус, ким тугу утары ууммутунан үлэлии сатыыбыт. Аан маҥнай манна кэлээппитин кытта үһүс күнүгэр таһырдьаттан биир киһи флис тутуурдаах, фурнитура бөҕөлөөх киирэн кэлэн соһуппута. Айыуол Новиков диэн эбит, бэйэтин олох билиһиннэрбэт, нэһиилэ тутан хаартыскаҕа түһэрбиппит. 100-чэкэ миэтирэлээх матырыйаалы аҕалбыт этэ. Онон толстовкалары тигии саҕаламмыта. Онтон Роза Васильевна үлэлиир тэрилтэтэ, оҕо инфекционнай балыыһата, 100 тыһ. солк. биэрбиттэрэ, 1-кы поликлиникаттан Алевтина Эверстова эмиэ 100 тыһ. солк. биэрбитэ, иистэнэр массыыналарбытын Намнааҕы “КоммунЭнерго” 200 тыһ. солк. биэрэн атыыласпыппыт. Бу көмөлөрү уу харчынан ылбаппыт, барытын тэҥҥэ сылдьыһан, кэрийэн, наадалаахпытын көрөн атыылаһабыт. Соторутааҕыта 203-с түөлбэҕэ баар “Школа инновационных технологий” диэн тэрилтэ 80-ча тыһ. солк. көмөлөстө. Бу курдук син ичнэҕэй тирбэҕэ быстыбакка, норуот көмөтүнэн олоробут. Маҕаһыыннарга иэскэ киирэн эрэбит, 80-тан тахса тыһыынча солкуобайга. Харчы хамсыах курдук диэтилэр, кэтэһэбит, тэрилтэлэргэ сурук суруйбуппут. “Кыайыы” пуондата харчы тыырыан сөп этэ, сайабылыанньа суруйан биэриэхпитин наада. Ыйга 250 тыһ. солк. сүүстэн тахса оҕону таҥыннарыахпытын сөп. Ити сүрдээх барыстаах, атыылаһар оннугар.
Ииспит хаачыстыбатын көрбүт эрэ сөбүлүүр, оҕолор эрэ буолбатах, үнүрүүн Москваттан Туйаара Константинова кэлэ сырыттаҕына таҥаспытыттан биэрэн ыыппыппытын “аналогов нет” диэн суруйбута, биһиги волонтердарбыт эһиги курдук сатаан тикпэппит диэн аккаастаннылар диэбитэ.
Сакааһы түүннэри да тигэн биэрэбит
Оҕолор бу чыыһылаҕа бардыбыт диэн эрдэттэн кэлэн сакаастыыллар, сибилигин баар буоллаҕына биэрэн ыытабыт, суох буоллаҕына, размердарын ылан тигэбит. Сарсын диэтэҕинэ – сарсын бэлэм оҥоробут. Бу “Эр хоһуун” диэн көрдөххө кыра мөһөөччүк курдук гынан баран, кэмпилиэккэ ортотунан 15-17 араас таҥас баар: ыстааннаах толстовка, билигин халлаан сылыйан тохтоттубут, бүрүүкэлээх сайыҥҥы ветровка-көстүүм, футболка, баккы эбэһээт, плащ, сэлээппэ, сайыҥҥы ырбаахы, снуд о.э. балаклава, повязка, футляр икки көрүҥэ – прицелын кыҥыыр снайперскай чехол, аптамаакка төбөтүгэр чехол, куллуку син биир наада, сайын да буоллар наскытааҕар ордук, боростуой икки паара наскы, ис таҥас. Норуокка биллэринэн, “Эр хоһуун” кэмпилиэкпит биһиэхэ брендовай буолла. Ханна да, Арассыыйа үрдүнэн итинник мөһөөччүгү ким да тигэн, толорон биэрбэт. Аны туран, анал алгыстаах, тыллаах-өстөөх. Хас эмэ сүүһүнэн оҕо кэлэн таҥнан үөрэн-көтөн, махтанан барда, күҥҥэ ортотунан 5-6 уол син биир кэлэр.
Эдэр оҕолор буоллахтара, муодатын эҥин көрөллөр, ыйан-кэрдэн биэрэллэр, сорохтор таҥастарын абырахтата хааллараллар. Анараа сылдьыбыт оҕолор санааларын истэ сатыыбыт. Хайдаҕый, тугуй, туох нааданый диэн. Ол иһин мөһөөччүкпүт хомуллуута мээнэ буолбатах, кинилэр баҕаларынан.
Флис матырыйаалтан толстовкаларбыт саҕалара үрдүгэ биир уол олоҕун быыһаан турардаах. Ону байыаннай быраас кэлэ сылдьан эппитэ, наһаа үчүгэйдик тигэр эбиккит, өссө үрдэтэн биэриҥ диэн. Уонна ол оҕо туһунан кэпсээбитэ. Буулдьа соннай артериятын таарыйбыт, хаана тоҕо барбыт. Өйүн сүтэрэн охтон хаалбыт, өлбүт дии санаан тиийэн көрбүтэ, саҕатын сыҥааҕар диэри тардынан баран сытар эбит. Ону хаана дэлби саҕатыгар киирэн мунньустан бааһын бүөлээн кэбиспит, хорук тымырын. Инньэ гынан ол оҕо тыыннаах хаалбыт. Моонньо аһаҕас эбитэ буоллар, хаана тоҕо баран өлөр эбит. Киирэн тобус-толору бөлөнөх буолан хаалбыт. Онон билигин саҕатын өссө үрдэтэн тигэр буоллубут.
Билигин сүрүн кыһалҕабыт, наадабыт диэн – тигэр матырыйаал наада, атынын син дьаһанан олоробут. Дьон үлэлиэхтэрин баҕараллара сүрдээх, манна ким да алҕас кэлбит киһи суох. Аһылыкпытын, эбиэппитин Бырабыыталыстыба аттыбытынааҕы “Саха кафелары” кытта кэпсэтэн, абыранныбыт, онон наһаа махтанабыт.
Альберт Павлович Кохолов, биэнсийэлээх, куорат олохтооҕо:
– Мин манна оҕолорго көмөлөһүөххэ наада диэн кэлбитим. Дьиҥэр, истибитим ыраатта, бастаан утаа ханна баалларын билбэт этим, онтон тардыллан эҥин бу соторутааҕыта, олунньу саҥатыгар, кэлбитим. Иистэнэр дьоҕурум суох да буоллар, оҕолорго көмөлөһүөххэ, оҥоруохха наада диэн санаалаахпын. Бэйэм Өлүөхүмэҕэ Димитров сопхуоска мастарыскыайга үлэлээбитим, уһанар этим.
Манна тугу биэрбиттэрин, тугу үөрэппиттэрин барытын оҥоробун. Бастаан кэлэрбэр ылыахтара суоҕа диэн куттаммытым, иистэммэт буоллаҕым дии, ыйыппыттарыгар, киириэх баҕаттан, барытын сатыыбын диэбитим.
70-тан тахса саастаах киһини анараа ылбаттар буоллаҕа, барыахпын баҕарбытым да иһин. Онон саатар манна көмөлөһөр баҕаттан сылдьабын. Бэйэм дьоммуттан ким да анараа, Украинаҕа, сылдьар киһи суох.
Уолаттарга баҕа санаам диэн – этэҥҥэ сылдьалларыгар, санаабыттара туолан иһэригэр уонна, кылаабынайа, доруобуйаны. Саас кэлэн халлаан уларыйан, киһи сыыстарара түргэн, онон харыстанан, этэҥҥэ сылдьан, бары бүтүн эргиллэн кэллиннэр.